30.04.2022 | 12:00

Олоҕу кыайыынан оһуордаан

Олоҕу кыайыынан оһуордаан
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Хас биирдии киһи устар олоҕун тухары кыайыыга дьулуһар буолуохтаах, ордук эр дьон.

Эҥсиэли хочотун хатыҥ чараҥнардаах, намыын сыһыылардаах Нам Үөдэйигэр биэс уон биэс сыл анараа өттүгэр аҕыс оҕолоох Охлопковтар дьиэ кэргэннэригэр Уйбаан күн сирин көрбүтэ. Аҕата дьоҥҥо "Күүстээх Мэхээлэ" диэн аатынан биллэр. Үөдэй мырааныгар сүүс киилэлээх сымара тааһы бэрт ыраахха диэри илпитин туһунан билиҥҥэ диэри уос номоҕо оҥостоллор. Ийэлээх аҕа иккиэн даҕаны икки өттүттэн быһый атахтаах, күүстээх өбүгэлэрдээх дьон эбиттэр. Онон Уйбаан оҕо сааһыттан ийэ, аҕа, эдьиий, убай үлэҕэ, олоххо, спорка кыайыыларын-хотууларын холобур оҥостон улааппыт. Ол курдук бииргэ төрөөбүттэр бука бары билигин даҕаны спорду өрө туппуттарын ыһыктыбакка сылдьаллар.

Улахан эдьиийдэрэ Татьяна Михайловна бырааттарын, балтыларын спорт туонатыгар сирдээбит, бастакынан суолу тэлбит киһилэрэ. Эдьиийдэрин холобур оҥостон кыралар бары эр-биир спорт араас көрүҥнэригэр суолларын-иистэрин хаалларбыт дьон: Александра Михайловна – сүүрүү, Михаил Михайлович – тустуу, Клавдия Михайловна – хайыһар, чэпчэки атлетика, Григорий Михайлович – хапсаҕай, Семен Михайлович – хайыһар, чэпчэки атлетика,  Нюргуяна Михайловна – чэпчэки атлетика.

Биһиги бүгүн кэпсиир дьоруойбут Иван Михайлович сүүрүүнэн, хайыһарынан утумнаахтык дьарыктанан, олоҕун аргыһа оҥостон, биир тыа уолун холугар дьоһун ситиһиилэрдээх, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар биллибит күүстээх спортсмен. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан аҥаардас “Урожай” спортивнай уопсастыба сүүрүүгэ күрэҕэр өрөспүүбүлүкэҕэ пъедестал иккис үктэлигэр тахсыбыта оҕо киһини төһөлөөх кынаттаабыта, кэнэҕэски кыайыыларга сирдээбитэ буолуой?!

Бу курдук убайдыын-бырааттыын, эдьиийдиин-балыстыын бука бары спорду өрө тута сылдьыылара – дьиэ кэргэн сырдык эйгэтиттэн иитиллэн тахсыбыт дьарык. Сайын ыһыахха ийэлээх аҕалара сүүрүү күрэҕэр кытталларын көрө, «ыалдьа” улаатан даҕаны, бэйэлэрин өйдүүр буолуохтарыттан дэриэбинэ, оройуон чиэһин көмүскээн, төһөлөөх тиритэ-хорута, көлөһүн алла күрэхтэспиттэрин, биэтэккэ дьулуспуттарын билигин ааҕан сиппэккин. Уйбаан төрөөбүт дэриэбинэтэ даҕаны спорду өрө туппут сир. Манна  хайыһар, бокса, волейбол көрүҥнэрэ уутуйан сайдыбыт сирдэрэ. Ол да иһин Охлопковтар, билигин кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ биир хамаанда туруоран, сыл аайы төрөөбүт Үөдэйдэрин спортивнай олоҕор эһэлэрин кэриэстээн, "Күүстээхтэр сыдьааннара" диэн аатынан кытталлар. Оттон Иван Михайлович уолаттара эмиэ үһүөн спортан туора турбаттар. Кыра уол мас тардыһыытыгар улуус, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр ситиһиилэриттэн аҕа киһи иһигэр сэмэйдик үөрэр.

Спортивнай дьиэ кэргэн кыра уоллара Иван Михайлович Бүлүүгэ ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар бэтэрээннэргэ 5 км маҥнайгы миэстэтэ, "Кросс наций" күрэхтэһиигэ сыл аайы бэйэтин дистанциятыгар бастааһына – бу билигин даҕаны форматыгар сылдьар спортсмен көрдөрүүтэ буоллаҕа.

Сэттис кылааска үөрэнэр кэмигэр төрөөбүт сиригэр Үөдэйгэ аан бастаан сөҕө-махтайа көрбүт түгэнин субу баардыы өйдүүр. "Саас этэ. Күн да күн. Оҕо аймах таһырдьаттан киирбэт кэммит. Биир күн «хайыһар күрэхтэһиитин баран көрүөххэ” дэһии буолла. Мин бииргэ сылдьар саастыы уолаттарбыныын тиийдибит. Хайыһардьыттар күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэн, бу ааһаллар, ити ааһаллар. «Старт” бэриллээтин кытта, дьэ, саҕаланна. Көрөн турааччы уолаттар, биһиги, букатын "азартка" киирэн, ыһыы-хаһыы бөҕөбүт. Көрдөхпүнэ, убайым Сэмэн бииртэн биир хайыһардьыты хааллардар хаалларан, сүүрүү да сүүрүү. Ол түгэн харахпар хатанан хаалбыт. Оҕо киһи көрдөхпүнэ, мин эрэ убайым атыттары олох ырааҕынан хаалларан, бу кылбаҥнатан иһэрэ үчүгэйин! Түөспэр туох эрэ дьикти сүүрээн киирбитин билигин да өйдүүбүн. Онтон ыла спорт кыайыытын өрөгөйүн билэр санаа үөскээбит быһыылаах. Онон спортан дуоһуйууну ыларга бастакы олугу убайым Семен Михайлович уурбута диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо", — диэн кэпсиир Иван Михайлович. Ону туоһулууллар кыайыы өрөгөйүн мэктиэлиир үгүс элбэх грамоталар, мэтээллэр.

Онус кылааска сылдьан Покровскайга сааскы кросска 3 км бастаабыт түгэнэ сүрэххэ-быарга ордук дириҥник сөҥпүт. «Урожай” күрэхтэһиитигэр өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһии оҕо киһиэхэ улахан стимулу биэрбитэ саарбаҕа суох.

Уол оҕо чуолаан спортан эр киһи буолан тыыллан-хабыллан тахсара мэлдьэх буолбатах. Бэйэ иннигэр туруорунар сыалы толорорго тулуурдаах, дьулуурдаах буолуу курдук хаачыстыбалары баһылаатахха эрэ, уол оҕо бу  олоххо ситиһии сэтиилэнэрэ биллэр.

Талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэрэ чахчы. Уйбаан биир тэҥҥэ "кырдьыбыт" дьарыга – уһаныы. Тутуу эйгэтигэр бастакы хардыыларын оҥорбут сиринэн Уус Алдан Дүпсүнүн ааттыыр. Онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри тутууттан илиитин араарбакка, күннээҕи килиэбин оҥостор. Дьиэ, баанньык, гараас эрэ тутуутунан муҥурдаммакка, дьиэ-уот ис бараанын, сантехникатын ымпыктаан-чымпыктаан оҥорор ураты дьоҕурдаах. Тимири иһэрдэр дьарыга эмиэ биир саамай идэтийбит көрүҥэ.

Дьиҥнээх эр киһи сиэринэн Уйбаан булда суох сатаммат. Баай Байанайтан биир түгэҥҥэ соһуйбутун маннык ахтар: "Оттуур алааспар кырдьаҕас киирэн кэлбиттээх. Мин эмискэ көрсүбүт "ыалдьыппыттан" соһуйан эрэ хааллым. Олус ыксаабакка, оргууй хомунаммын, чугас убайым оттуур сиригэр тиийэн ыттардаах кэлбиппитигэр, эһэбит кэтэспиттии олорон биэрбиттээх. Онон Байанай дьикти түгэннэри тосхойоро". Ити курдук аахтахха, баһаам. Иллэҥ эрэ буоллар балыкка, куска, куобахха, тайахха, ону ааһан улахан булка өрүү сылдьарын астына кэпсиир.

Киһи олоҕун орто омурҕанын аастаҕына, кэннин хайыһан көрүнэрэ баар суол. Тугу сөпкө гынным дуу, гымматым дуу, ситистим дуу, ситиспэтим дуу диэн. Биһиги Уйбааммыт биир үтүө өрүтэ – ханна да сырыттар үтүө дьыаланы үксэтии. Саастаах, билэр-билбэт да дьоҥҥо ыраахтарын чугаһатар, ыараханнарын чэпчэтэр аламаҕай майгытын, дьоҥҥо хайдах баарынан биир тэҥ сыһыанын уонна эрэллээх табаарыс быһыытынан уратытын билэр дьоно чорботон бэлиэтииллэр. Били "Уйбаан диэн киһи да киһи, үчүгэй да киһи" диэн тыллардаах ырыа бу биһиги дьоруойбут Иван Михайловичка анаммыкка дылы.

"Спорт кыайыыга эрэ дьулуур буолбатах", — диэн бэлиэтиир спорт бэтэрээнэ Иван Михайлович Охлопков. Чахчы даҕаны, спорт – бүтүн олох. Эти-сиини чэдбигирдэрин таһынан, санааны сааһылыыр, олоҕу ис хоһооннуур ураты эйгэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...