07.02.2022 | 14:00

Олоҕу чэпчэтэр сүбэлэр

Олоҕу чэпчэтэр сүбэлэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киһи кыһалҕаны үксүн бэйэтэ «толкуйдаан» таһаарар үгэстээх дииллэр. Ол чахчы. Үгүс «кыһалҕабыт» араас сабыытыйалар, табыллыбат түгэннэр түмүктэрэ, бэйэбит наар куһаҕаны кэтэһэр үөрүйэхпититтэн тахсаллар.
Олору хайдах туоратар туһунан, онтон да атын тэттик сүбэлэри бүгүҥҥү балаһаҕа бэчээттиэхпит.

Күн аайы үөрэ-көтө сырыт

Ыксаллаах түмүктэри оҥорума. Маннык кэмэлдьи олоххун уустугурдуон сөп. Бастакытынан, “син биир оннук буолуо” диэн санаанан салайтаран, “атынҥа”, сырдыкка болҕомтобутун уурбаппыт.”Киһи – соччото суох көрбүөччү. Үксүгэр сыыһыан сөп. Онон буола турарга үчүгэй өртүн эрэ көрө сатаа.

Куһаҕаны баҕарыма. Тугу саҥарарыҥ бэйэҕэр утары туруон сөп.  Оннук буолбатаҕын билэ-билэ, соруйан, кими, тугу эрэ куһаҕаннык саныыр, саҥарар буоллаххына, бэйэҥ туругуҥ эмиэ оннук буолар. Ол иһин дьарылыктары ыйаабакка эрэ, ис дьиҥи көрдөххүнэ, үтүө баһыйарын билиэҥ. Көрөөр да истээр: куһаҕаны баҕарбатаххына, бэйэҥ да чэпчиэҥ.

Барытын түмүмэ. Биирдэ-иккитэ табыллымыы – куруук таҥнастыыга киирбэт. “Бу сыыстым, ол иһин мантан ыла барыта итинник буолуо” диир оруна суох. Бүгүн табыллыбатаҕына – сарсын икки төгүл үчүгэй буолуо. Кыһалын, баҕар, толкуйдаа.

Сүрэххэр чугастык ылыныма. Үчүгэйи да, куһаҕаны да. Олоххо араас барыта буолар: түһүү-тахсыы, үөрүү-хомойуу. Хас буолар быһыыга тэнҥэ санаарҕаан истэххинэ, доруобуйаҕын мөлтөтүөххүн сөп. Биир этиллибит тылтан сылтаан түүнүн утуйбат буолуу сыыһа.

Интэриэскин сүтэримэ. Оптимист буоларга дьулус. Наар кыһалҕаны күүттэххинэ, сотору кэминэн көрсүөҥ. Куһаҕаны толкуйдааһын син биир олоҕу алдьаммыт ачыкы нөҥүө көрөр кэриэтэ. Хараххар куруук сиппэтэх, соччото суох эрэ быраҕыллар буолуо. Үчүгэйгэ тардыһар быдан ордук буолбатах дуо?

Уруккунан олорума. Бу барыгытыгар сыһыаннаах саамай сыаналаах сүбэ, умнуҥ уонна салгыы олоруҥ! Урукку хомолтолорун тута сылдьар, барыларыгар өстүйэр дьон үксүгэр киҥнээх, дьоло суох, элбэх кыһалҕалаах буолаллар. Маннык киһи эрдэ кырдьар. Төһө чаастатык урукку сыыһаларгын саныыгын да, оччонон кинилэр улаатан көстүөхтэрэ, олоххор мэһэйдиэхтэрэ. Барытын туора сотон кэбис.

Маннык боростуой, хас биирдии киһиэхэ сыһыаннаах сүбэлэри тутустаххына, олоҕуҥ сырдык сардаҥалара элбиэхтэрэ.

Олох – хонууну туорааһын буолбатах, ол эрээри ону чэпчэтэр, үөрүүнэн толорор кыах үгүс.

Кырдьыыны, сааһырыыны билинимэҥ

Эрдэ кырдьыбат туһугар, бастатан туран, ыйааһыны көрүнэ сылдьыахха наада. Аһара уойуу эрдэ кырытыннарар. Ыарыыны, олоххо кыайан ситиһиллибэтэҕи наар саныы сылдьымаҥ, ыар баттык оҥостумаҥ. Өрүү сырдык өттүн көрөн, хайа да түбэлтэҕэ сөптөөх быһаарыыны, быыһы-хайаҕаһы була сатааҥ. Уруккунан олорумаҥ, кэми кытта тэҥҥэ барсан иһиҥ, ыччаты кытта элбэхтик алтыһа сатааҥ. Хайа кыалларынан хамсана сырыттаххытына, бэйэҕит күүскүтүгэр эрэлгит бөҕөргүө. Үчүгэйдик утуйан сынньаныҥ уонна холку буоларга үөрэниҥ. Мэлдьи кыыһырыы, олохтон астыммат буолуу араас ыарыыны үөскэтэрэ чахчы. Сааһырыы диэн олох кэмэ-кэрдииһэ буолар, ол эрээри тулалыыр эйгэни, бэйэҕин хайа да кэмҥэ кыраһыабай гына оҥорон көр, эрэмньигин күүһүрт.

Харчыны үлүннэрэр 10 кистэлэҥ

1. Дьиэҕит иһин ыраастык, чөкөтүк тутуҥ. Ордук куухунаны, көрүдүөрү ыраастыыргытын умнумаҥ. Харчы киирдээх дьиэҕэ киирбэт.

2. Харчы ылбыт бастакы күҥҥүтүгэр тута туһанымаҥ, дьиэҕитигэр хоннорон, олохтуу түһүҥ, мээнэ бараабат наадаттан, толкуйдуурга да бириэмэ буоллаҕа.

3. Кумааһынньык кыһыл (кытархай) өҥнөөх эбэтэр кыһыл оһуордаах-бичиктээх буолуохтаах.

4. Кумааһынньыкка харчыттан уонна карточкаттан ордук тугу да угумаҥ. Хаартыска, буолаары буолан атыыласпыт табаарыҥ счетун угар отой сыыһа.

5. Биир тэҥ күпүүрэлэри барыларын сааһылыы тутан кумааһынньыккытыгар ууруҥ.

6. Харчыны ыраас илиилээх ааҕыҥ уонна сарсыарда ааҕаргыт ордук.

7. Кумааһынньыкка эмэгэт курдук араас дойду валютатыттан укта сылдьыаххытын сөп. Ол эмиэ харчыны тардар.

8. Хамнастанар үлэҕитигэр төһө кыайаргытынан сайда сатааҥ. Хамнас диэн кэмигэр кэлэр харчы, онтон атын эмиэ харчыны өлөрөөһүн диэн баар. Мунньуллубут харчыны быыллыта сыппакка, хамсата үөрэтиҥ.

9. Туттуллар харчыны бачча бырыһыаҥҥа үллэрэн туттуҥ: 50% - үтүө дьыала оҥоруҥ (холобур, ыһыахха бириистэ туруоруҥ, детсаакка оонньуурда ылыҥ о.д.а.); 25% - суһал, ыксал кэмҥэ туттуллуо диэн уурунуҥ; 10% - бэйэҕит чугас дьоҥҥутугар, наадыйар аймахтаргытыгар биэриҥ; 15% - дьэ бэйэҕит баҕа санааҕытынан туһаныҥ.

10. Төһө кыалларынан “кэлбит харчыны барыта – бэйэбэр» диэн cанаанан салайтарымаҥ, «тулалыыр дьоммор биэриэххэ” диэн девизтээх буолуҥ. Оччоҕо эрэ харчыгыт хас эмэ төгүл үрдүө, элбиэ.

Эриэппэ луук туһата

Эриэппэ луугунан дьиэ эйгэтин ыраастааһын диэн эмиэ баар. Эриэппэ луугунан, сибэккитинэн хара тыыннартан, дьон санаатыттан ыраастыыллар. Хос аайы эриэппэ луук аҥаардыытын уурталаан, дьиэ иһиттэн туох баар ыарыы тыынын, дьаҥы-дьаһаҕы хомуйтараҕыт.

Сарсыарда лууккутун сыгынньах илиигитинэн туппакка (бэрчээккэ кэтэн баран) хомуйан ылан быраҕаҕыт.

Ыалдьар буоллаххытына, лууккут аҥаарынан ыалдьар сиргитин сотоҕут.

Сибэккилээх вазаҕа — дьиэ киэргэлэ оҥостон луугу уга сылдьыаххытын син — хаһан да, ким да кэллэр — өрүү харысхаллаах буолуоххут.

Эмчиттэр үлэҕитигэр быһах туттар буоллаххытына — быһаххытын ыраастыырга — луугу туттуҥ.

Эриэппэ луук ыйы кытта ыга сибээстээх, ол иһин ыйы кытта үлэҕэ, туомнарга луугу туттуҥ. Луук чесногу кытта араас туомнарга, ыарыылары эмтииргэ, ыраастааһыҥҥа хара тыыннартан, абааһылартан харыстыыр.

Түннүккүтүгэр, оҕуруоккутугар луук олордор буоллаххытына — лууккут үүнэрин тухары өрүү харысхаллаах буолуоххут.

Кытыан ото

Кытыан отонноох лабаатын ылан мясорубкалаан, кыратык мас арыылаан, нэдиэлэ курдук көөнньөрөн баран убаҕаһын сүүрдэн ылаҕыт, дьэ ол туохха барытыгар элбэх эмп буолар. Бултуу сылдьан тоҥууга, сөтөлгө, туох баар ыарыыга, атах, баас да мааһа, кыра луосканан чэйи кытта сөтөлгө, куртах да ыарыытыгар эмп. Бу уруккуттан булчуттарга үүтээн эмэ диэн ааттанара.
Кытыан уопсайынан барытыгар сүдү күүстээх. Хатырыгын сулуйан ылан ууга оргутан иһэртэххэ, ити билигин элбээн эрэр искэн хайа да көрүнэ хахтанан хатан хаалар дииллэр. Иннэтин мас арыытыгар кутан уу паарыгар 2 чаас устата туруоран баран, ол арыынан сис, сүһүөх ыарыыларыгар сотуннахха, хайа да мааска тэҥнэспэт күүстээх дьайыылаах оҕунуох буолар. Аны буруолатан ыраастаатахха, киһи аурата чөлүгэр түһэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....