27.11.2020 | 05:40

Олоҥхону толорооччу Айсен ФЕДОРОВ: “ТЫЛ СУОЛТАТЫГАР БОЛҔОМТО УУРУЛЛУОХТААХ”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнүн уонна сэтинньи 31 күнүгэр Хомус күнүн бэлиэтиибит.

Олоҥхо дойдутугар Сунтаарга “Олоҥхо уонна Хомус ыйдара” биллэриллэн,  куйаар ситиминэн үлэ бөҕө бара турар. Саха музыкальнай инструменын өрө туппут, олохторун аргыһа оңостубут, хомуска оонньооһун төрүт үгэстэрин үөрэтэр, тарҕатар, кэнчээри ыччаты хомуска уһуйар, хомус алыптаах дорҕоонун дьоҥҥо-сэргэҕэ бэлэхтиир, уус кыһатыттан тимиртэн ытыс ымыытын –  хомуһу уһааран таһаарар биир дойдулаахтарыттан саҕалаан, Сунтаар аатырбыт олоҥхоһуттарын уонна олоҥхону толорооччуларын туһунан киэҥник кэпсээтилэр.

Бүгүн биһиги хаһыаппытыгар ураты истииллээх, экспертэр этэллэринэн, “Сэргэй Сибиэрэптии ньымалаах” олоҥхону толорооччу Айсен Федоров ыалдьыттыыр.

Ситиһиилэрэ: - 2008 с. «Олоҥхо дойдутун оҕотубун» Өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхону толоруу бэстибээлигэр 1 степеннээх диплом; - 2010 с. «Уруйдан, Улуу Олоҥхобут!» Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл Кылаан Кыайыылааҕа; - 2011 с. Н.А. Абрамова- Кынат аатынан «Олоҥхо ийэ тыл өлбөт-сүппэт сүмэтэ» олоҥхону толорооччулар күрэстэригэр «Кэскиллээх толорооччу» аат хаһаайына; - 2011 с. «Олоҥхо оонньуулаах оһуокайа» күрэскэ 3 миэстэ; - 2011 с. «Муҥха олоцхото» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат күрэһэр «Тэтимнээх олоҥхоһут» Анал аат; - 2013 с. «Муҥха олоцхото» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат күрэһэр «Түөлбэ олоҥхоһуттара» Анал аат; - 2013 с. «Эпосы мира на земле потомков Джангара» 5-с Аан Дойдутааҕы олоҥхону толорооччулар бэстибээллэрин кыттааччыта (г. Элиста, Калмыкия); - 2014 с. «Олоҥхо уйгулаах ыһыаҕа»- Ытык Хаҥалас сиригэр «Туойабын олоҥхо тойугун» «ОЛОҤХО ПЕРСОНАЖТАРЫН ЫРЫАЛАРА- ТОЙУКТАРА»- Анал аат; - 2014 с. Өрөспүүбүлүкэтээҕи остуоруйаны, кэпсээни уонна үһүйээни сэргээччилэр күрэстэригэр «Эрэннэриилээх кэпсээнньит» Анал аат; - 2014 с. «Сунтаар- ытык алаһам» «Сахалыы сайа этэн ыһыаҕы уруйдуох» хомус тардыытыгар көрүү – курэс - 3 миэстэ; оһуохай - 1 миэстэ, тойук - 1 миэстэ, дэгэрэҥ ырыа күрэһэр - 1 миэстэ; - 2015 с. 9-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар «Нохтолоох сүрэхтэн долгуйан, «Ноо» дэтэн чоргуйан» Чулуу аат 3 үрдэлэ (Чурапчы); - 2015 с. 9-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар «Хоммут уоспун хоҥнорон, өрөөбүт уоспун өһүлэн» Чулуу Аат 3 урдэлэ (Чурапчы); - «Уруйдан Улуу олоҥхобут!» Өрөспүүбүлүкэтээҕи бөлөҕүнэн олоҥхону толоруу күрэһэр «Кыыһар туҥат» - 1 миэстэ;

- «Мин олоҥхо дойдутун оҕотобун» Өрөспүүбүлүкэтээҕи бөлөҕүнэн олоҥхону толоруу күрэһэр «Кыыһар туҥат» - 1 миэстэ; - 2017 с. Бүлүү куоракка ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Кылаан кыайыылаах; - 2017 с. Мирнэй куоракка ыытыллыбыт ыччат ыһыаҕыгар олоҥхо толоруутугар ыччаттарга Кылаан кыайыылаах.

НОРУОТ ЫРЫАТЫТТАН ОЛОҤХОҔО

 – Айсен, бастатан туран, бэйэҥ тускунан кэпсээ.

– Сунтаар улууһун Кутана нэһилиэгэр сэттэ оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ бэһис игирэ оҕонон төрөөбүтүм. Ийэм Августина Алексеевна Федорова үйэтин тухары балыыһаҕа асчытынан үлэлээбитэ, билигин сиэннэрин көрөн олорор.

Биһиги дьиэ кэргэнинэн бары ыллыыбыт. Ыллыыр идэттэн саҕалаан олоҥхоҕо кэлбиппит.

Оскуола инниттэн уһуйааҥҥа сылдьан игирэм аҥаарын кытта сыанаҕа былдьаһан туран ыллыыр оҕолор этибит. Александра Дмитриевна Федорова – ырыаҕа үөрэппит бастакы учууталбыт этэ. Байаанынан доҕуһуоллаан элбэхтэ сыанаҕа таһаарбыта. Ырыа бастакы өйдөбүлүн кини биэрбит эбит. Музыкальноһы киниттэн ылбыппыт.

Оскуолаҕа киирэн бараммын “Күн сардаҥата” образцовай ансаамбылга дьарыктаммыппыт. Онно, билигин Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар преподавателлии сылдьар, Елена Митрофановна Егорова үөрэппитэ. Уонна  Кутанаҕа билигин да үлэлии сылдьар Мария Павловна Афанасьева такайбыта. Ол үөрэнэр сылларбар фонограмманан дэгэрэҥ истииллээх ырыалары толорор этим. Байбал Сэмэнэп, Лэгэнтэй ыарыаларын толорорбун сөбүлүүрүм.

Алтыс кылааска киирэрбэр олоҥхоҕо Никандр Прокопьевич Тимофеев талан ылбыта. 2006 сыл сайына этэ, Архангельскай уонна Новай уулуссалар быһа охсуһууларынан оонньуу тэбэн аҕай эрдэхпинэ, оччолорго кинини билбэппин, көннөрү саастаах киһи диэн билэр этим, тутан ылла. “Айсен, эн, дэгэрэҥ ырыалары ыллыыр оҕо, олоҥхоҕо холонон көрбөккүн дуо? Күүкэйгэ “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” диэн лааҕыр баар”, –  диэтэ. Оччолооҕу истибит киһи, саҥа оҕолору кытта оонньуу бараары, сөбүлэҥмин биэрэн кэбистим. Олоҥхо суолтатын, ис хоһоонун соччо билбэт да этим...

“МИН – ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ОҔОТОБУН”

– Ол лааҕырга тиийбитим: өрөспүүбүлүкэттэн барытыттан олоҥхо толорор оҕолор мустубуттар эбит. Ол быыһыгар мин олоҥхону толорон көрө илик киһи тиийбиппин. Ол лааҕыры билигин Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуот айымньытын киинигэр үлэлиир Зоя Григорьевна Сысолятиналаах тэрийэллэр этэ. Кинилэргэ 3 сыл сылдьыбытым.  Оҕолор талааннарын сөҕөн дуоһуйбутум, интэриэһиргээбитим, олоҥхо толорон көрөргө санаммытым.

2006 сыллаахха уһуйааччым Никандр Прокопьевич “Кыыс Дэбилийэ” диэн олоҥхону туттарбыта. Ону сыл устата үөрэтэн, иккис сыл устата тойуктарын чочуйан, бастакытын 2008 сыллаахха “Мин - Олоҥхо дойдутун оҕотобун” диэн фестивальга Үөһээ Бүлүүгэ кыттыбытым. Бастакытын кыттар оҕоҕо Гран-прины биэрэр сатаммат диэн, бастыҥмын туоһулуур диплом биэрбиттэрэ. Онно кынаттаммытым, сыал-сорук туруорунан дьарыктанан барбытым.

“Кыыһар туҥат” диэн ансаамбыл тэриммиппит. Кыыһар туҥат –Күндэ кинигэтиттэн ылыллыбыт тыл. 5 буолан дьарыктаммыппыт, оскуолабытын бүтэриэхпитигэр дылы икки олоҥхону толорбуппут. Бөлөҕүнэн толорууга өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьыбыппыт.

УЧУУТАЛЛАРБАР МАХТАНАБЫН

– Оскуолабын бүтэрэн баран М.Жирков аатынан музыкальнай училище иһинэн үлэлиир Г.Г.Колесов төрүттээбит фольклор салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Оскуолаҕа эстраднай ырыаны уонна олоҥхону өрө туппут буоллахпына,  бу үөрэҕим кыһатыгар оһуохайы, хомуһу, чабырҕаҕы, норуот ырыатын – дэгэрэҥ ырыаны үчүгэйдик ылсан эппэр-хааммар иҥэрбитим.

Онно үөрэппит учууталларбар Э.К.Соколоваҕа; оһуохайга, хомуска үөрэппит В.А.Степановаҕа; домбраҕа, саха төрүт музыкатыгар А.И.Томскаяҕа; куолаһы туруорууга М.И.Николаеваҕа; ансаамбылга хомус уруогар В.В.Лыткинаҕа о.д.а. идэлэригэр бэриниилээх уһуйааччыларбар махтанабын. Кинилэртэн иҥэриммит билиим билигин олохпор суолдьут буолар.

ТЕАТР КИИНЭ 

Үлэҥ  туһунан кэпсээ. “Норуот айымньытын театральнай киинэ” диэн ол аата туох үлэни ыытарый? Маннык киин сир аайы суох ээ...

–  2014 Сыллааха үөрэхпин бүтэрэн бараммын, төрөөбүт дойдубар Сунтаарга, Кутанаҕа төннөн кэлбитим. Бастакытын кулуупка операторынан киирбитим, биир сыл үлэлээбитим. Улууһум Култуураҕа управлениета эдэр специалиһы өйөөннөр, кэтэхтэн үлэлииргэ улуустааҕы олоҥхо киинигэр ылбыттара. Оччолорго Култуура салаатыгар үлэлээбит М.А.Тараяроваҕа махтанабын. Мин үөрэнэ сылдьар кэммэр, Сунтаар үүнэн эрэр олоҥхону толорооччутугар диэн, сахалыы таҥас тиктэрэрбэр 30 000 солк. сертификат бэлэхтээбитигэр үйэм тухары махтаныам. Ол таҥаспын билиҥҥэ диэри кэтэбин. Бастакы үлэм оннук алгыстаахтык саҕаламмыта.

2016 сылга Бартыһааннааҕы Норуот айымньытын киинигэр кэлбитим. Оччолорго Ю.Д.Очосов олоҥхоҕо үлэлиир кэмнэрбэр таба көрөн: “Штат аҥаарыгар сылдьар эбиккин, миэхэ фольклорга толору штакка кэл”, – диэн ыҥыран ылбыта. Эдэр кэлэктиипкэ киирбитим.

Билигин “Норуот айымньытын театральнай киинэ” диэн ааттанан үлэлиибит. Биһиги дириэктэрбит урукку кэмнэргэ В.Николаев аатынан норуодунай театрга үлэлии сылдьыбыта, режиссер, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Үйэтин тухары театрга үлэлээбит буолан, билигин кулуупка ол тиһигин быспакка, кулууп иһинэн түмсүүлээх, оҕолору, элбэх кэллэктииби хабан испэктээкиллэри туруорар. Театр өттүгэр күүскэ охтобут, ол да буоллар кулууп үлэтин барытын толору биэрэбит.

Биһиги улууска икки Театральнай киин үлэлиир. Биирэ Сунтаардааҕы Олоҥхо, төрүт култуура киинэ диэн иккиһэ – биһиги, Бартыһааннааҕы Норуот айымньытын театральнай киинэ.

Үлэм сүнньүнэн элбэх кэллэктииби кытта үлэлиибин. Оскуола оҕолоругар, ыччакка урут тэрийбит “Кыыһар туҥаппын” илдьэ сылдьабын. Ыччаты олоҥхоҕо, норуот ырыатыгар, саха фольклоругар үөрэтэр икки ансаамбыллаахпын.

Корона хамсыгын иннинэ кииммитигэр баар саха балаҕаныгар хас субуота ахсын оһуохай тэрийэр этибит. 2018 сыллаахтан дьон мустан оһуохайдыыр этэ...

ОЛОҤХОНУ ҮӨРЭТЭРГЭ ТЫЛГА БОЛҔОМТО УУРУЛЛУОХТААХ

Оҕо эрдэххиттэн олоҥхону толороҕун. Бастаан ким уһуйбутай?

– Олоҥхоҕо үөрэппит киһим – Никандр Прокопьевич Тимофеев эрэ. Кини үөрэтэр ньымата диэн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тарҕаммыт, билигин биир бастыҥ олоҥхону үөрэтэр ньыма быһыытынан тарҕанна.

Бөлөҕүнэн толорор буоллахпытына, барыбытын бииргэ олордубакка эрэ, бастаан хас биирдиибитин кытта үлэлэһэр этэ. Элбэх оҕону бииргэ туойтаран ыллаттахха толоруу хаачыстыбата мөлтүүр диир этэ.

Учууталгын үөрэтэр ньымата олох ураты дииллэр. Хайдах этэй?

– Олоҥхо тылын үөрэтэргэ тыл суолтатын өйдүүргэ үөрэтэр этэ. Туох туһунан этиллибитин ыйытара, билбэтэхпитинэ сиһилии быһаарара.

Кылыһаҕы билигин араастаан таһаараллар. Мин учууталым кылыһах таһаарар ньыматын Саха сиригэр киэҥник туһаналлар.

Аҕам саастаах уһуйааччыларбыт методикаларын кинигэ курдук таһааран тарҕатар буоллар үчүгэй буолуо этэ. Тоҕо диэтэххэ, билигин киһи барыта араастык үөрэтэр. Сорохтор сыыһа соҕус үөрэтэ сылдьалларын бэлиэтии көрөбүн.

Учууталым саамай сөбүлээбэтэ диэн олоҥхоһуту, тойуксуту үтүктэн үөрэтии этэ. Хас биирдии оҕо туспа тембрдаах, толорор ньымалаах диирэ. Оҕо бэйэтин суолун тобула сатыыра. Олоҥхо бухатыырын тойугун араастаан таһаарар этибит – бухатыыр өрөгөйдөөх тойуга, көрдөһөр тойуга, өлөөрү сытар тойуга, кыыһырбыт-абарбыт тойуга – барыта атын-атын иэйиинэн бэриллэр тойуктар этэ. Билигин тойукка инник уратыны истэ сатыыбын.

Билигин тойуксут ахсаана наһаа элбээтэ, ол эрэн туойуу хаачыстыбыта улаханнык түстэ. Тойук судургу көстүүлэннэ, барыта биир сүһүөҕүнэн барар буолан хаалла. Тыл суолтатыгар болҕомто ууруллубат буолла. Ити мин тус санаам, баҕар,  ким эмэ мөккүһэр киһи санаатын этиэҕэ.

ОҔО БАСТААН ФОЛЬКЛОРУ БИЛИЭХТЭЭХ

Билигин оҕо уһуйааныттан саҕалаан оҕолорго олоҥхону үөрэтэр буоллубут. Эн санааҕар, маннык үөрэтии оҕоҕо тугу биэрэрий?

– Дьиҥэ оҕо уһуйааныттан саҕалаан чахчы улуу олоҥхону үөрэтэр диэн сыыһа курдук. Оҕо бастаан норуот ырыатын, тойугу, оһуохайы баһылаабытын кэннэ, олоҥхоҕо сыһыарар сөп. Саха фольклорун бары көрүҥнэригэр киирэн эрэ баран чыпчаалга – олоҥхоҕо тахсыа этэ.

Тута олоҥхоттон саҕалааһын тутах, нууччалыы барыйаанынан нойосуус үөрэтэн баран хаалар эмиэ хайдах эрэ.

Үөрэх ирдэбилинэн син биир үөрэтэр буолбуттар быһыылаах. Мин санаабар, бастаан саха фольклорун араас жандарын үөрэтэн баран киирдэхтэринэ олоҥхону толоруу хааччыстыбата түһүө суох этэ.

Түөлбэ, улуус аайы олоҥхо толоруу ньымата араас буолар дии. Эн ханнык ньыманан толоробун диигин?

– Кырдьык, улуус-улуус аайы атын. Мин уһуйааччым үөрэппит ньыматынан олоҥхолуубун. Тыл суолтатыгар болҕомтолоохтук толоробун. Олоҥхону толорор киһи кэпсиир тылынан дьону бэйэтигэр тардыахтаах, итэҕэтиэхтээх. Көннөрү кэпсии олорор, дьону тардыбат буоллаххына сыппах соҕус буолар.

Олоҥхону толорор киһи күн аайы дьарыктаннаҕына эрэ элбэҕи ситиһэр. Оҕо сылдьан нэдиэлэ сэттэ күнүгэр дьарыктанар этибит. Саамай үчүгэй үлэ күнэ баскыһыанньа буолара, хара сарсыардаттан киэһээҥҥигэ дылы дьарыктанааччыбыт.

УЛУУ КИҺИБИТ НЬЫМАТЫН БАТЫҺАБЫН

Олоҥхону толорооччу олус аҕыйыы сылдьан баран элбээбититтэн киһи үөрүөх эрэ тустаах. Эйигин Улуу Сэргэй Сибиэрэп толорор истиилигэр майгыннатар диэн хайҕыылларын истибитим. Ол аата хайдаҕый?

– Сэргэй Сибиэрэп айымньыларын элбэхтик истибитим, илэ көрбөтөҕүм. Улуу дьон ньымалара симэлийэрэ сыыһа дии саныыбын. “Оруобуна Сибирэп курдук түһэрбэккэҕин, бэйэҥ истиилгин киллэр” диир дьон эмиэ бааллар. Мин кини толорорун тыыннаах илдьэ сылдьаары үүт-үкчү түһэрсэ сатыыбын. Ол аата мин үтүктэбин диэн буолбатах, атын көлүөнэлэргэ Улуу киһибит толорор ньыматын тыыннаахтыы биэриэхпин баҕарабын.

Бэйэм истиилибин Улуу киһи аймныьытыгар киллэрэ сатаабаппын.

Билиҥҥи ыччат олоҥхону сатаан ылынар дии саныыгын дуо?

– Олоҥхону толорор ыччат сүрдээҕин элбээтэ эбээт. Биһигини салайан олорор Юрий Петрович Борисов диэн Амматтан төрүттээх бастыҥ ыччатаахпыт. Кини Олоҥхо институтугар үлэлии-хамныы сылдьар, өрөспүүбүлүкэ олоҥхо толорооччуларын түмэр. Бары түмсүүлээхпит. Сыл аайы бииртэн биир үчүгэй толорооччу тахсан иһэриттэн мин үөрэбин.

Куорат дьоно нууччатымсыйбыта биллэр. Кэлэ-бара сылдьан киһи ону бэлиэтии көрөр, маҕаһыын аайы сахалыы сирэйдээх нууччалыы саҥалаах дьон буолар. Билигин нуучча тылын ааһан, омук тылын билбэтэххинэ киһи буолбаккын диэн өйдөбүл үөскээтэ. Ордук ыччат ортотугар сахалыы билбэт дьон элбэх.

Саха буоларбыт быһыытынан бастакы күөҥҥэ Ийэ тылбытын тутуохтаахпыт.

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата эбиккин.

– Устудьуоннуу сылдьан Мариябын көрсөн ыал буолбуппут. Кини вокальнай салааҕа үөрэммитэ, Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар үлэлиир, билигин оҕо көрөн олорор. 3 оҕолоохпут – улахаммыт 2-ис кылаас, иккис оҕобут 2 саастаах, кырабыт 8 ыйдаах.

Оҕолорум билиҥҥитэ туохха сыһыаннаахтара биллэ илик. Күһэйбэт буола сатыыбын. Сүрэхтэрэ ырыаҕа, олоҥхоҕо тардыстаҕына көмөлөһүөм. Кинилэртэн эрэнэрим элбэх.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...