09.08.2024 | 14:00

Олимпиадаҕа Саха сирин спортсменнара ханнык күннэргэ кыттыахтарай?

Олимпиадаҕа Саха сирин спортсменнара ханнык күннэргэ кыттыахтарай?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 26 күнүттэн Парижка Олимпийскай оонньуулар саҕаланнылар. Күрэхтэһиилэргэ Арассыыйаттан кыттар 15 спортсмен кэккэтигэр Саха сириттэн 4 тустуук уонна 1 сүүрүк бааллар. Кимнээх уонна хаһан кытталларын ааҕыҥ уонна ыалдьарга бэлэмнэниҥ.
Тустууга Европа чөмпүйүөнэ Владимир Егоров Македония аатыттан 57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа атырдьах ыйын 8 күнүгэр киирсэр.
Эмиэ көҥүл тустууга Азия вице-чөмпүйүөнэ, Таджикистан аатыттан кыттар Виктор Рассадин 74 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа атырдьах ыйын 9 күнүгэр киирсиэҕэ.
Кыргызстан спордун үтүөлээх маастара, Азиатскай оонньуулар призера тустуук Айаал Лазарев Олимпийскай оонньууларга 125 киилэҕэ киирсэр. Кини ыйааһыныгар квалификационнай раунд атырдьах ыйын 9 күнүгэр буолуоҕа.
Көҥүл тустууга Океания чөмпүйүөнэ Георгий Окороков 65 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Австралия аатыттан атырдьах ыйын 10 күнүгэр кыттыаҕа.
Оттон сүүрүк кыыспыт Сардаана Трофимова Кыргызстан аатыттан Олимпийскай оонньууларга атырдьах ыйын 11 күнүгэр марафоҥҥа (42 килэмиэтири) сүүрүөҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Дорҕоон уонна медитация
Дьон | 09.11.2024 | 14:00
Дорҕоон уонна медитация
Бүгүн «Кэпсиэхпин баҕарабын» рубрикабытыгар эдэркээн кыысчаан Вера Аюмины кытта бэйэтин чараас санныгар хайдахтаах ыарахан тургутуулары ааһан, тапталлаах кэргэн, иһирэх ийэ, талааннаах Далбар Хотун таһымыгар тахсыытын туһунан сэһэргэһиэхпит.   – Вера, аҕаҥ эппит тылларын бастаан хайдах ылыммыккыный? – Аҕам: «Икки күүс холбоспут ньэҥирин уйуох тустааххын, эйиэхэ маны салайынар кыах  бэриллибит», – диэн...