Ольга Васильева: «Дьоллоохпун Саха сиригэр олорорбунан, саха буоларбынан»
Эйэлээх, бэһиэлэй, улахан дьиэ кэргэн – бу төрөппүт үлэтин, тулуурун, оҕолоругар уонна чугас дьонугар саамай күүстээх тапталын иҥэрэрин, туох баарын аныырын түмүгэ. Оҕону киһилии киһи, бэйэтигэр эрэллээх, дьулуурдаах, уопсастыбаҕа инникитин туһалаах гына иитии хас биирдии төрөппүт биир сүрүн сыала-соруга. Маныаха ситиһии хайдах кэлэригэр, бэйэ-бэйэни убаастаһарга, диссипилиинэҕэ үөрэтиигэ хас биирдии дьиэ кэргэн туспа кистэлэҥнээх, анал ырысыаптаах.
Ол туһунан биһиги бүгүн Ньурба куоратын олохтооҕо, алта оҕо күн-күбэй ийэтэ, бу сылтан Ньурба оройуонун Хонтуруоллуур-суоттуур палаататын аудитора Ольга Руслановна Васильеваны кытта кэпсэттибит. Ольга бу тэрилтэҕэ кэлиэн иннинэ 23 аҥаар сыл нолуок сулууспатыгар үлэлээбит.
— Ольга Руслановна, бастатан туран, Дьиэ кэргэн сыла үүммүтүнэн эҕэрдэлиибин. Дьиэ кэргэн – уопсастыба туллар тутааҕа диэн этии баар, онно эн санааҥ.
— Махтал. Ити этиигэ сөбүлэһэбин. Дьиэ кэргэн тирэхтээх, эйэлээх, иллээх, инники былааннардаах, сыаллаах, чөл туруктаах буоллаҕына, уопсастыбаҕа туһалаах.
— Алта оҕолоох бастыҥ ыал буолаҕыт. Төрөппүттэр, аймахтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ суолталаах буолуо.
— Биһиги бииргэ төрөөбүттэр үспүт, игирэ эдьиийим Алена үс кыыстаах, быраатым Будимир уоллаах кыыс оҕолордоох. Ийэбит Полина Васильевна Күндээдэ орто оскуолатыгар 40-тан тахса сыл ыстаастаах алын кылаас учуутала. Аҕабыт эрдэ арахсан барбыта. Ийэбит үс оҕотун бэйэтэ көрөн-истэн, бүөбэйдээн, бииргэ төрөөбүттэрэ көмөлөһөн улааппыппыт. Иккис ийэм кэриэтэ эдьиийим Лилия Васильевна биһиэхэ саамай көмө-тирэх буолар киһибит, бэйэбин улаатыннаран баран оҕолорбун көрсөр. Үйэтин тухары Ньурба сопхуоска ыанньыксыттаабыта, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кэргэним аах бииргэ төрөөбүт алтыалар, кини үһүс оҕо. Хотунум Людмила Николаевна билигин куоракка олорор, тойонум Иван Алексеевич, хомойуох иһин, 2006 сыллаахха суох буолбута.
Дьоммут көмөлөһөр буолан үлэбин тохтоппотоҕум, кинилэргэ махталбыт муҥура суох.
— Сынньалаҥҥытын, оҕолору сайыннарыы туһунан кэпсиэҥ дуо? Уолу, кыыһы бэйэлэрин булунарга, көрдөнөргө, талааннарын арыйарга туох нааданый?
— Сынньалаҥмытын бары бииргэ атаарабыт. Икки сылга биирдэ муораҕа баран кэлэбит. Оттуубут, мастыыбыт, муус ылабыт, сир астыыбыт. Киинэҕэ, пааркаҕа, тыйаатырга сылдьабыт. Оҕолорбутун оскуола, уһуйаан тэрээһиннэригэр кытыннарабыт, туохха дьоҕурдаахтара, тугу сөбүлүүллэрэ онно биллэр.
Улахаммыт Дайаана 17 саастаах, быйыл оскуоланы бүтэрэр. Ситиһиилэриттэн кэпсээтэххэ, Арассыыйаҕа “Инникигэ хардыы” НПК кыайыылааҕа, аан дойдутааҕы олимпиада призера, "Бастыҥ лицеист”, үҥкүү кылааһын туйгуннук бүтэрбитэ, ансаамбылга барабааҥҥа, клавишнайга, гитараҕа оонньуур, ГТО кыһыл көмүс значоктардаах, лицейигэр баскетбол, волейбол, чэпчэки атлетика сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, Ньурба пааркатыгар “Коркин тренажердара” бырайыак ааптара, уруһуйдьут.
Айдын 14 саастаах, тустууга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, оройуон элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера, аан дойдутааҕы олимпиадалар призердара, оройуон “Бастыҥ спортсмена”, ГТО кыһыл көмүс значоктаах.
Аман 12 саастаах, “Ньурба патриота” бэлиэлээх, улууска “Инникигэ хардыы” НПК кыайыылааҕа, тустууга улуус призера, баяҥҥа оонньуур, робототехникаҕа ситиһиилэрдээх, “Ньурба биллибэт геройдара” аллея ааптара. Бу бырайыагын научнай-практическай конференцияҕа кыттаары толкуйдаабыта. Салайааччылара Раиса Семёновна, Маргарита Васильевна. Ыал аайы баар, ол эрэн ханна да ахтыллыбатах, кинигэҕэ киирбэтэх, Ньурба туһугар үлэлээн-хамсаан ааспыт дьон туһунан ахтыылар хомулуннулар. Оҕобун Ньурбам олохтоохторо өйөөн ППМИ-2022 бырагырааманан үбүлэнэн Бүлүү Эбэбит биэрэгэр аллея былырыын арылынна.
Түмэн 10-наах, Уһук Илиҥҥэ көҥүл тустууга призер, өрөспүүбүлүкэ, улуус хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, улууска “Инникигэ хардыы” НПК кыайыылааҕа, дуобатчыт, олимпиадаларга ситиһиилэрдээх.
Сандаара 7-лээх, художественнай гимнастиканан дьарыктанар, оройуоҥҥа талааннары көрүү күрэх кыайыылааҕа, уруһуйдуур. Кырабыт Мургун 4-тээх, уһуйааҥҥа сылдьар, конструкторы ордук сэргиир.
Бу ситиһиилэр барыта кыра эрдэхтэриттэн өйөөтөххө тахсар. Наһаа үчүгэй уһуйааччыларга түбэһэммит, бастаан кинилэр кытыннаран, сүбэ-ама биэрэн, бастакы акылааты уурдулар. Оҕолорум иитээччилэригэр, учууталларбытыгар, тренердэрбитигэр, Ньурба элбэх хайысхалаах Степан Васильев аатынан гимназиябытыгар, А.Н. Чусовской аатынан лицейбитигэр махтанабын. Чуолаан Галифира Николаевнаҕа, Наталья Юрьевнаҕа, Надежда Петровнаҕа, Русланбек Зияйдиновичка. Дьарыкка саамай сүрүнэ – көтүппэккэ, сүрэҕэлдьээбэккэ оҕону илдьиэххэ-аҕалыахха наада.
— Элбэх оҕолоох ыалга диссипилиинэ улахан оруолу ылара буолуо. Ону ситиһэргэ ыарахаттар бааллар дуо?
— Ыарахаттар бааллар, тоҕо диэтэр төлөпүөҥҥэ аралдьыйыы элбэх. Спордунан дьарыктаналлара, киэҥ сиринэн сылдьаллара бэрээдэктиир, бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр, көмөлөсүһэллэр. Оҕо оҕону ордук үтүктэр. Төлөпүөнү хааччахтыыбыт, киэһэ хойут бүтэн кэлэллэр, аһаан, уруоктарын ааҕан баран киэһэ 10 чааска бары төлөпүөннэрин уураллар.
— Судаарыстыба өттүттэн өйөбүл элбэх, ордук чуолаан ханнык көмө улахан суолталааҕый? Уонна өссө туох нааданый, тиийбэтий?
— Дьиэ кэргэҥҥэ саамай кылаабынайа олорор дьиэтэ-уота, уйата буоллаҕа. Арассыыйаттан, өрөспүүбүлүкэттэн бэриллэр Ийэ хапытааллара, чэпчэтиилээх ипотекалар улахан көмө буолаллар. Ол эрэн ипотекаҕа хааччаҕа олус элбэх. Сааһынан, саҥа тутуллубут эрэ буолуохтаах диэн хааччаҕы уларыталлара буоллар. “Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн” диэн статус оҕолоро улааттаҕына да хаалар туһунан сокуон быйылгыттан киирдэ. Биһиги босуобуйаҕа хапсыбаппыт, иккиэн үлэлиибит.
— Өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо аймах сыла биллэрилиннэ. Онтон тугу күүтэҕиний?
— Оҕо аймах эт-хаан өттүнэн сайдарыгар, эбии дьарыктааһыҥҥа күн аайы кинилэри көрөр-истэр, уһуйар учууталларбытыгар, тренердэргэ эбии өйөбүл, көмө наада. Ыраах сытар улуустар оҕолорбутун күрэхтэргэ ыытарга үгүстэр үп көстүбэккэ барбакка хаалаллар. Онно туох эрэ дьаһаллары ылан, көмө тыыран ситиһиннэрэллэрэ буоллар.
— Ыал – ийэтинэн диэн бэргэн этии баар. Ол да буоллар аҕа оруола эмиэ кырата суох. Аҕаҕыт туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Кэргэним Николай Иванович Васильев СГУ ИТФ салаатын бүтэрбитэ, инженер үөрэхтээх, билигин кэлэктиибинэй хаһаайыстыбаны салайар, ОДьКХ Ньурба филиалыгар силиэсэрдиир.
Аҕа диэн дьиэ тутаах киһитэ, аҥаардас баара даҕаны дьиэ кэргэни тирэхтиир. Оҕолорун бэйэтин холобурунан иитэр. Сатаабата диэн суох: маһынан, тимиринэн уһанар, дьиэ, оһох тутар, ититиини тардар. Уолаттарын массыына-тыраахтыр ыытарга үөрэттэ. Саас, күһүн булдугар тахсар, уолаттарын уһуйтуур. Аһы наһаа минньигэстик астыыр, тугу эрэ гына сылдьаргын көрдөҕүнэ, эбэһээт көмөлөһөр. Барытыгар дьоҕурдаах.
Элбэх саҥата суох, биирдэ эмит мөҕөттүөн сөп, уолаттар толлоллор, кыргыттар атаахтар.
— Ольга бэйэҥ сүрдээх актыыбынай киһигин, спордунан дьарыктанаҕын, асчыккын, араас тэрээһиннэргэ кыттаҕын. Хайдах быыс булаҕын, күҥҥүн аттараҕын?
— Баҕарар буоллаххына уонна дьонуҥ өйөөтөҕүнэ, барытын ситиһэҕин. Ньурба улууһун “Сайдыс” ийэлэр түмсүүлэригэр баарбын, оҕолорбут сахалыы саҥаралларыгар, толкуйдуулларыгар, сайдалларыгар кыһаллабыт. Уһуйаан, оскуола тэрээһиннэригэр кыттан иһэбит. Оҕолорбун “учууталларгытын өйөөҥ, үөрэҕинэн эрэ буолбакка, оскуолаҕа үөрэнэр кэмҥитигэр туһалаахха үөрэнэн хаалыҥ, олоххутугар наада буолуо, барытын боруобалаан көрүҥ” диэн үөрэтэбин. Хаартыскаҕа түһэрэрбин, сонун ырысыабынан астыырбын сөбүлүүбүн. Кыралаан иистэнэбин, саамай сөбүлүүрүм саҥа дьылга маскараадтары тигии, сыл бэлиэтин хайаан да оҥорон күрэххэ кыттабыт. Оскуолаҕа волейбол сүүмэрдэммит хамаандатыгар баар этим. Хайыһарга улууска кыттыбытым, тэрилтэнэн спортивнай күрэх буолла да, эбэһээт баарбын, сүүрүү, хайыһар, волейбол буоллун. Күһүн дьиэ кэргэнинэн ГТО туттаран кэлбиппит. “Леди в погонах” улуустааҕы күрэххэ үһүс миэстэлээхпин. Оҕолорбор сатаннын-сатамматын барытыгар кыттан иһиҥ, булгуччу хотуохтааххыт, миэстэлэһиэхтээххит диэбэппит. Түмэним улуустааҕы НПК-ҕа бастаабытыгар учуутала үҥкүүлүү-үҥкүүлүү иккис этээстэн түһэн эрэрэ хараҕар хатанан хаалбыт, ол учуутала наһаа үөрбүтүн көрөн, өссө үөрдүөн баҕарар.
— Дьоллоох киһибин дэнэҕин дуо, ол ырысыабын кытта ааҕааччылары кытта үллэстиэҥ дуо?
— Дьоллоохпун, Саха сиригэр олорорбунан, саха буоларбынан, ийэм баар, дьонум бааллар, таптыыр кэргэн, оҕолор, үлэлээхпин, доҕоттордоохпун, сөбүлүүр дьарыктаахпын. Мин санаабар, дьол диэн күннээҕи үөрүүлэртэн турар, чугас дьонуҥ үөрэ-көтө сылдьар буоллахтарына – дьол, оҕоҥ баҕа санаатын толордоххуна – дьол, ситиһиилэннэҕинэ – дьол, оттоон бүттэххинэ, отонноон кэллэххинэ, бэл, иһитиҥ туоллаҕына эмиэ – барыта дьол.
— Түмүккэ, Сахабыт сирин олохтоохторугар Дьиэ кэргэн, Оҕо сылларынан баҕа санааҥ.
— Дьиэ кэргэҥҥитин харыстааҥ, сыаналааҥ, чөл олохтоох, көхтөөх буолуҥ!