15.12.2022 | 09:00

Ольга Григорьева: «Олохтоох оҥорон таһаарааччылары өйүүр кэм кэллэ»

Ольга Григорьева:  «Олохтоох оҥорон таһаарааччылары өйүүр кэм кэллэ»
Ааптар: Марианна ТЫРТЫКОВА
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт Ольга Григорьева — хас биирдии саха ыалын сандалытын киэргэтэр «Көмүлүөк» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ. Кини ыра санааны хайдах ситиһиэххэ сөбүн, Роспатеҥҥа регистрацияламмыт «Сделано в Якутии» табаар бэлиэтэ кимиэхэ бэриллэрин, итиэннэ ааһан эрэр 2022 сыл ситиһиилэрин туһунан кэпсээтэ.

Улаханнык ханна да ыксаабат, бэрт холку көрүҥнээх, намыын-намчы куоластаах, уу сахалыы уус-ураннык саҥарар Ольга Григорьевна "Көмүлүөктэн" ураты «Сделано в Якутии» диэн Сахабыт сирин оҥорон таһаарааччыларын түмсүүтүн, остуол национальнай оонньуутун федерациятын салайан үлэлэтэр. СӨ Экономикаҕа, урбааҥҥа министиэристибэтин иһинэн Уопсастыбаннай палаатаҕа уонна сүбэҕэ киирэн, урбааҥҥа, экономикаҕа, социальнай эппиэтинэскэ комитет үлэтин сүрүннүүр. Кинини кытта киһи араас тиэмэҕэ арыллан, чааһы-чааһынан бириэмэни билбэккэ кэпсэтэ олоруон сөп. Оннук бииртэн биир интэриэһинэй түгэн тахсан иһэр.

«Оҕо эрдэхтэн билэрим»

Өссө 7-с кылааска үөрэнэ сылдьан төрөөбүт нэһилиэкпэр диктофоҥҥа "фольклор хомуйар" идэлээх этим. Билигин даҕаны аҕа саастаах дьону кытта кэпсэтэрбин сөбүлүүбүн. Соторутааҕыта оҕо сааһым дьүөгэтэ оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр толорбут анкетабытын көрдөрбүтэ, онно инники идэбин бэйэм дьыалалаах буолуом диэн суруйбуппун. Бииргэ устудьуоннаабыт доҕотторум эмиэ куруук бэйэм тэрилтэлээх буолуом диир этиҥ дэһэллэр.

Оҕо сылдьан ийэбин кытта үрүҥ чааскылары акварель кыраасканан уруһуйдуур этибит, ону хоҥнубат гына муоста лааҕынан туттара сатыырбыт.

Урбаан эйгэтин сөбүлүүрүм диэн тугу баҕарбыккын олоххо киллэриэххин сөп, ол үлэҥ түмүгүн илиигэр тутан туран санааҥ кынаттанар.

Биһиги бэлэх эйгэтигэр үлэлиир буоламмыт, Саҥа дьыл үлэ түбүгэр ааһар, дьон бырааһынньыктыыр кэмигэр икки симиэнэнэн күнүстэри-түүннэри үлэлиибит. Тохсунньуга бырааһынньык барыта бүппүтүн кэннэ биирдэ тыын ыла түһэн, бииргэ үлэлиир дьоммутун кытта бэлиэтиибит. Саҥа дьылга ыраахтан-чугастан аймахтарбыт кэлэн, Сэргэлээххэ даачабытыгар улахан сандалы тула олорон, үгүс ыал курдук дьиэ кэргэнинэн көрсөбүт.

Саҥа саҕах арыллар

Билигин атыы-эргиэн өттүгэр бобуу-хаайыы элбээн, тас дойдуттан киирбит табаары олохтоох оҥорон таһаарааччылар солбуйар кэмнэрэ кэллэ.

Арассыыйаҕа фермердэр түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ, биллэр сыровар Олег Сирота урукку «Danon» хампаанньа сыыр оҥорор собуотун атыылаһан, тэрилтэтин өссө кэҥэтэн биэрдэ. Үлэлиэн баҕалаах дьон тоҕоостоох түгэни мүччү туппакка кыраттан саҕалаан, үүнэн-сайдан барыахтарын сөп.

Холобур, ырыынактан «Икея» барбытынан олохтоох уус дьиэ тэрилин экологическай өттүнэн ыраас матырыйаалтан оҥордоҕуна, дьон тоҕо атыылаһыа суоҕай? Олохтоох оҥорон таһаарааччылары өйүүргэ судаарыстыба көмө арааһын оҥорор.

Хас биирдии урбаанньыт сыал-сорук туруорумматаҕына, бэйэтигэр эппиэтинэс ылымматаҕына, сайдар кэскилэ суох буолар. Биһиги биэстии сылынан былаан оҥостон үлэлиибит, ол былааммытын аһары толордубут диэххэ сөп.

Өбүгэ үгэһин сөргүтэн 

Хас биирдии киһи сыл бүтүүтэ үлэтигэр, олоҕор тугу ситиспитинэн, туох кыаллыбатаҕынан бэйэтигэр түмүк оҥостор.

Биһиги 2022 сылга биир ситиһиибит — «Алтан Арт» бренд. Алтантан, тимиртэн сахалыы киэргэли оҥорор хайысхаҕа үлэбитин саҕалаатыбыт. Киэргэллэрбитин  бу күннэргэ дьоҥҥо билиһиннэрдибит.

Маны таһынан "Туой Арт" диэн саха туойуттан оҥорон таһаарар сыахпыт үһүс сылын ситиһиилээхтик үлэлиир. 

Ааспыт өрөбүллэргэ "АЛРОСА" хампаанньа тэрийэн ыыппыт "Айар Уус" быыстапкатыгар «Туой Арт» гончарнай сыахпыт 1-кы истиэпэннээх лауреат буолан, "Оҥорон таһаарар бастыҥ тэрилтэ" аатын ылла. Бу — улахан билинии уонна үлэбит түмүгэ, дьон итэҕэлэ диэн сыаналаатыбыт.

"Алтан Арт" хайысхатыттан эмиэ элбэҕи күүтэбит. Былыр былыргыттан саха киһитэ сытыы тыллаах, уоттаах харахтаах дьонтон харыстанар ньымалаах, онно үрүҥ көмүстэн ураты алтаны туттар эбит. Биһиги ити историческай чахчыга олоҕуран, өбүгэлэрбит былыргы харысхалларын сөргүтэн оҥордубут.

Мин айар куттаах дьону кытта элбэхтик алтыһабын. Оннук дьон ыкса тулабар баалларыттан үөрэбин. Ол курдук, бииргэ төрөөбүт эдьиийим Катерина Григорьева толкуйунан, дизайнынан оноhуллубут алтан харысхалы, киэргэллэри дьон-сэргэ түргэнник ылынна.

Ыра санааны ситиһэргэ 

Былырыын дьыалабыай киһи былаанын бэлиэтэнэр «Ыра санааҕын олоххо киллэр» диэн ежедневник оҥорон таһаарбыппыт. Дьиҥэ, урбаанньыт маннык былааннаах эрэ буоллаҕына эстибэт. Манна саҥа дьылга туох баҕа санаалааххын, ону хайдах ситиһиэхтээххин сылга, ыйдарынан, нэдиэлэнэн аттаран сурунаҕын. Ол былааҥҥын арыйан көрө-көрө, баҕа санааҕын ситиһэргэ күн аайы кыра хардыылары оҥороҕун. Оччоҕуна эрэ киһи туруоруммут сыалын ситиһэр. Куйаарга ыра санааҕын ыытан баран халлаантан бэлэм түһэрин кэтэһэн олордоххуна — олоххор туох уларыйыай?

Ону таһынан, ити блокнокка ороскуоккун, дохуоккун киллэрэҕин, харчыны сатаан тутта үөрэнэҕин, үлэни эрэ буолбакка, дьиэ кэргэни түмэргэ, оҕолоргун сайыннарарга, успуордунан дьарыктанарга тус бэйэҥ былааҥҥын эмиэ тиһэҕин. Саамай сүрүнэ – үлэҕэр тугу оҥороргун уонна ханнык түмүгү ситиһиэхтээххин бэлиэтэнэҕин. Ол быыһыгар тугу атыылаһаргын, нэдиэлэ бүтүүтэ кимиэхэ махтанаргын  кытта сурунарыҥ үлэлиир эбит. Социальнай ситимнэри көрө олорон, кынаттаах санаа киирдэҕинэ, ону эмиэ сурукка тиһиэххин сөп.

Холобура, мин быйыл маннык суруммут былааммыттан 80% номнуо туолла. Былааннамматах ситиһии эмиэ баар. Үлэбэр салааларынан эппиэтинэстээх дьон баар буолан, уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанабын, дьоҥҥо туһаны аҕаларга дьулуһабын. Биллэн турар, салайар тэрилтэҥ син биир оҕоҥ курдук болҕомтону эрэйэр.

«Саха сирин бэлэхтэрэ»

Быйыл өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар улахан сакаас ылан, урут ылсыбатах бырайыакпытын оҥордубут.

«Сделано в Якутии» түмсүүгэ киирэр урбаанньыттары түмэн, кинилэр бородууксуйаларынан «Саха сирин бэлэхтэрэ» диэн дьоһун набору таҥан таһаардыбыт. Онно чэй, барыанньа, мүөт, бальзам, кэмпиэт, ыыһаммыт балык, таба этэ киирдэ. Биһиги төрөөбүт дойдубут быйаҥнаах алааһыттан, хоту дойду хонноҕуттан Москваҕа, атын да куораттарга, ыалдьыттарга маннык ураты сиэдэрэй бэлэҕи утары уунуохпутун сөп.

Ону таһынан саха былыргы историческай иһитин, холобура, кэриэн ымыйаны, буруолатар хомпуору, баҕааччаҕы сөргүтэн, туойтан оҥорон таһаардыбыт.

Үлэҕэ ситиһиилээх буоларга үчүгэй былаан, бириэмэни сөпкө аттарыы наада. Бу саас Орджоникидзе уулуссатын 56 №-дээх дьиэтигэр норуот маастардарын креативнай эйгэтин арыйдыбыт. Онно олохтоох оҥорон таһаарааччылар оҥоһуктарын туттараллар, биһиги кинилэргэ бородууксуйаларын батарарга көмөлөһөбүт.

 

Уран уус түһүлгэтэ

«Сделано в Якутии» түмсүүгэ биир сыаллаах-соруктаах 100-тэн тахса урбаанньыт киирэр, кинилэр билигин оҥорбут табаардарын суутугар «Сделано в Якутии» диэн бренд бэлиэтин туттар бырааптаахтар. Маны таһынан,  түмсүү кыттыылаахтара бырабыыталыстыба олохтоох оҥорон таһаарааччылары өйүүр көмөтүнэн туһанар, араас бырайыактарга, дьаарбаҥкаларга кыттар кыахтаннылар. Түмсүүбүт салаата хас улуус аайы тарҕаныахтаах.

Бэйэм бу уопсастыбаннай үлэни урбаанньыттарга күүс-көмө буолаары, дьиҥ олоххо чахчы үлэлиир бырагырааманы олоххо киллэрээри ылсыбытым.

Инникитин Камчаткаҕа, Москваҕа, Санкт-Петербурга «Сделано в Якутии» павильоннары арыйар стратегическай соруктаахпыт. Түмсүүбүт Урбаан министиэристибэтин кытта олохтоох оҥорон таһаарыыны тупсарарга ыкса үлэлэһэр, бэйэбит этиилэрбитин тиһигин быспакка киллэрэбит.

Ол курдук, Дьокуускай килбэйэр киинигэр "УРАН УУС ТҮҺҮЛГЭТИН" ("ГОРОД МАСТЕРОВ") арыйыахпытын баҕарабыт. Уран тарбахтаах  дьоммут биир сиргэ түмсэн үлэлиир-хамсыыр кииннэрэ буолуохтаах. Итиннэ атыы-кутуу эрэ буолбакка, айар-тутар, оҥорор сыахтар үлэлиэхтээхтэр, маастар-кылаастар тэриллиэхтээхтэр. Түһүлгэбит ураһа курдук быһыылаах буолуон баҕарабыт. Кэлин "Арбат" курдук дьон тоҕуоруһар туристическай киинигэр кубулуйуон сөп.

Хаачыстыба мэктиэтэ

Өссө биир улахан ситиһиибит — бу күhүн «Сделано в Якутии» бэлиэни Роспатеҥҥа регистрациялаатыбыт. Оччотугар олохтоох оҥорон таһаарааччыларбыт бородууксуйалара хаачыстыба өттүгэр мэктиэлээх уонна бренд көмүскэллээх буолар, холобур, тас дойдуга таһаарарга. Ол иһин киһи аайы ити бэлиэ бэриллибэт, ону ыларга табаарыҥ хаачыстыбатын көмүскүөххүн наада.

Күн бүгүн «Сделано в Якутии» хаачыстыба мэктиэтин 20-тэн тахса урбаанньыт ылла, ол иһигэр улахан тэрилтэлэр бааллар: Дьокуускайдааҕы килиэп собуота, «Айгуль» хампаанньа о.д.а. киириэхтээхтэр.

Бу уопсастыбаннай түмсүүгэ үлэлэрин хаачыстыбатын тупсарыан, табаардарын киэҥ эйгэҕэ таһаарыан, баардарын биллэриэн, салгыы сайдыан баҕалаах дьон киирэллэр. Кинилэр бородууксуйалара Саха сирин бастыҥ табаара диэн үрдүк аакка эппиэттэһиэхтээх.

«Сделано в Якутии» бэлиэни ылар урбаанньыт оҥорон таһаарар сыаҕа, үлэһиттэрэ бары Саха сиригэр баар буолуохтаахтар. Манна үрүҥ аһы, эти эрэ астааччылар буолбакка, уһуйааннар, рестораннар киириэхтэрин баҕараллар. Холобур, саха төрүт аһын астыыр, ол концепциятын тутуһар ресторан киириэн сөп.

Биһиги түмсүүбүтүгэр бэйэлэрин илиилэрин сылааһынан айан-тутан таһаарбыт дьон киирэллэр. Ол иһигэр креативнай салаа, туризм эйгэтэ эмиэ баар. 

«Сделано в Якутии» бэлиэни биэрэри биэс-алта киһилээх дьүүллүүр сүбэ быһаарыаҕа, кинилэр урбаанньыт оҥорон таһаарар сыаҕын, оборудованиетын, үлэһиттэрин тиийэн көрөр, сайдар кэскилин сыаналыыр буолуохтара.

 

«Пираттары» утарабыт

Роспатеҥҥа регистрацияламмыт «Сделано в Якутии» бэлиэнэн атын, туора, сыһыана суох дьон туттар бырааба суох. Кытай ырыынагар чэпчэки сыанаҕа саха иһитин-хомуоһун, таҥаһын-сабын, киэргэлин, олохтоох онорон таһаарааччыттан «ааптар быраабын уоран», хото атыылаабыттара ыраатта. Ону тохтоторго контрафагы утары охсуһар «Саха сирэ — "пиратствоны" утарар» диэн кэмитиэппит 2023 сыл саҥатыттан үлэтин саҕалыа.

Ааптар быраабын көмүскүүргэ ханна, хайдах тиийэн үнсэн, кыайар суолу тобулар миэрэлэр баар буолуохтара.

Сорох дьон, саха оҥоһуга буолла да, сыаната наһаа ыарахан диэн өйдөөбөт түгэннэрэ баар. Биһиги сыананы ночоокко киирбэт туһугар олохтуубут, барыс киллэрбэккэ үлэлиир урбаанньыт өр барбат. Күн бүгүн хампаанньа сүрүн ороскуота — хамнас төлөбүрэ, сырьену атыылаһыы, хомунаалынай өҥөнү төлөөһүн, тырааныспар, логистика боппуруоһа. Сыана ыарыы турар, онон үлэһиттэр хамнастарын эмиэ үрдэтиэххэ наада. Ону ааҕан баран сыанаҕын хайдах быһарыҥ бэйэҥ көҥүлүҥ, биллэн турар, сыананы эмискэ ыаратар табыгаһа суох. Ону барытын учуоттаан олохтуубут.

Кытайга курдук дьон манна аҕыйах тыһыынчаҕа үлэлээбэт, олорор усулуобуйабыт тыйыс, сороҕор барыс киирбэт кэмэ эмиэ баар буолар. Кирэдьииттэн кирэдьииккэ олорор оҥорон таһаарааччыга бу үлэ ыарахаттардаах. Ону дьон-сэргэ өйдүөн наада.

Урбаанньыттары өйүүргэ 

Күн бүгүн урбаанньыттары өйүүр салаа үгүс: Урбаан министиэристибэтэ, «Мой бизнес» киин, "Бизнес-инкубатор", Атыы-эргиэн промышленнай палаатата, урбаанньыт быраабын көмүскүүр боломуочуйалаах.

Урбаанньыттары өйүүргэ федеральнай үп-харчы кэлэр, «Мой бизнес» нөҥүө брендбук, ролик оҥорорго, туризмы сайыннарарга көмөлөһөллөр. Итиэннэ оҥорон таһаарар сыах, атыы-эргиэн дьиэтин куортамын, кирэдьиит ороскуотун сороҕун субсидиялыыллар. Бу барыта «Сделано я Якутии» урбаанньыттарыгар тус сыһыаннаах.

Инникитин лиизин өттүгэр оборудование атыылаһарга, үлэһиттэри үөрэтэргэ, научнай чинчийиигэ, саҥаны киллэрэргэ, ону киэҥ эйгэҕэ таһаарарга көмө оҥороллоро буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.

Урбаанньыт табаарын маркетинг хамсатар, реклама сайдыыны аҕалар. Бу хайысханан хас биирдии оҥорон таһаарааччыга көмө наада.

Москваҕа норуот уус-уран оҥоһуктарыгар «Ладья», «Жар-птица» диэн Арассыыйа таһымнаах улахан быыстапкалары ыыталлар, онно биһиги дьоммут тиийэн кыттан, дьон хайдах үлэлиирин көрөн сайдан кэлиэхтэрин сөп.

Холобур, Вологда куруһубата, Гжель мануфактурата ааптар быраабыгар көмүскэллээхтэр. Кинилэр оҥорон таһаарар бородууксуйаларынан бүтүн эрэгийиэни билэллэр.

Онон «Сделано в Якутии» түмсүүгэ киирэр олохтоох оҥорон таһаарааччыларбыт эмиэ бары өттүнэн көмүскэллээх буолалларын ситиһиэхтээхпит.

Куоракка биир хаб оҥоруохха

«Valio» финскэй сыр аан дойдуга аатырбыт кистэлэҥэ маннык: Финляндияҕа тыа сиригэр үгүс киһи ынах сүөһү, коза иитэр уонна ол үүтүнэн сыр оҥорор. Биир куоракка хаб тэрийэн, бары эрэгийиэннэртэн сыры тутан, «Valio» диэн биир бренд оҥорбуттар. Судаарыстыба ол сыырдарын тас дойдуга таһаарарга үтүмэннээх үбү көрөр.

Араас куоракка сырыттахха, үгүс дьон биһиги балыкпытын наһаа сөбүлүүр, онон Дьокуускай куоракка хаб оҥорон, Сахабыт сирин бары өрүстэриттэн, күөллэриттэн көмүс хатырыктаахпытын тутан, ону биир бренд оҥорор тоҕо кыаллыбатый? Билигин балыксыттар куулунан аҕалан ким ханна атыылыыра көҥүл. «Сделано в Якутии» диэн бэлиэнэн балык, эт, норуот уус-уран оҥоһуктарын түмэлин оҥоруохха сөп этэ.

«Сделано в Якутии» түмсүү элбэх быыстапка-дьаарбаҥканы, төгүрүк остуолу тэрийэн ыытар, атын эрэгийиэҥҥэ дьон хайдах үлэлиирин көрөбүт, уопут атастаһабыт; ол курдук былырыын Татарстаҥҥа бара сылдьыбыппыт. Быйыл Дьокуускайга урбаанньыттар форумнара «Сделано в Якутии» хайысхатынан ааста.

 

Түмсүүгэ 15 салаа киириэхтээх

Билигин «Сделано в Якутии» саҥардыллыбыт концепциятын оҥорон саҕалаатыбыт, манна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын эрэ оҥорон таһаарааччылар буолбакка, креативнай индустрия, норуот уус-уран оҥоһуктарын оҥорооччулар, уопсайа 15 салаа киириэхтээх. Онон Урбаан министиэристибэтэ дьарыктанар, бу концепцияны оҥорон, бырагыраама ылыннахтарына, бүддьүөттэн харчы көрүллүөхтээх. Холобур, тыа сирин сайыннарарга улууска үлэлиир урбаанньыттар нолуоктарын сотуохха, сир куортамын төлөтөртөн эмиэ босхолуохха сөп.

Куорат чэрчитин ылан көрдөххө, Москва баһылыга Сергей Собянин санкция буолбутугар олохтоох оҥорон таһаарааччыны өйүүргэ сири 1 кв.м. – 1 солк. биэрбит, онно инженернай инфраструктураларын эрэ тардыахтарын наада. Маннык көмөнү таһынан, сыана наһаа ыараабатын туһугар судаарыстыба өттүттэн сертификат биэрии үлэтин тэтимирдэр уолдьаста. 

«Сделано в Якутии» иһинэн эһиил сыл түмүктэрин таһаарарга бастыҥ үлэлээх урбаанньыттары араас түһүмэхтэринэн театр үрдүк сыанатыгар наҕараадалыахпытын баҕарабыт.

Уопсайынан, түмсүүбүтүн сайыннарарга бырайыактыыр офис баар буолуохтаах. Концепция ылыннахпытына, Ил Түмэҥҥэ олохтоох оҥорон таһаарааччылары көмүскүүр сокуон тахсарын туруорсабыт. 

Олоххор сөпкө баран истэххинэ — үөһэттэн көмөлөһөллөр  

Хас биирдии урбаанньыт өр кэмҥэ ситиһиилээхтик үлэлээбэт, сорох аҕыйах сылынан сабыллан хаалар. Оттон «Көмүлүөк» хампаанньа 17 сыл тухары хас саха ыалын аайы киэҥник тарҕаммыт кистэлэҥэ бэрт судургу: дьону кытта уопсай тыл булан, кини санаатын табан кэпсэтии, бэйэни салайыныы, дьон иннигэр эппиэтинэстээх буолуу тугу барытын быһаарар.

Бу күннэргэ «Туой Арт» диэн хайысханан «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга резидент быһыытынан киирдибит, туой оҥоһуктарга дьон сэҥээриитэ улахан.

Саҥа саҕалыыр дьоҥҥо куттанан, толлон олорон хаалбакка, быһаарыылаах буолалларыгар баҕарыам этэ, киһи ыра санаатын ситиһэригэр хайаан да дьулуһуохтаах, ону олоххо киллэрэргэ сылга, ыйга, нэдиэлэҕэ, хас күн аайы былаан оҥостон үлэлиэн наада.

Олоххор сөпкө баран истэххинэ, дьылҕаҥ бэйэтэ наадалаах дьону кытта тиксиһиннэрэр, туһалаах сонуну аҕалар, үлэлииргэр саҥа кыах көстөр, хайдах эрэ үөһэттэн көмөлөһөр курдуктар.

Хаһан баҕарар киһи охтор, охтон баран турар даҕаны, онон санааны түһэрбэккэ, иннибит хоту баран иһиэххэ наада, мин олохпор эмиэ оннук түгэннэр баар этилэр. Ону тулуйуохха, аһарыныахха, сарсыҥҥыга эрэли ыһыктымыахха. Сорох дьон, туох эрэ табыллыбатаҕына, миэнэ буолбатах диэн быраҕан кэбиһэр, кып-кыраттан санаатын түһэрэр.

Дьон үксэ урбаан эйгэтигэр саҥа киирээт, биирдэ мөлүйүөнү баһан ылыан баҕарар, ити сыыһа өйдөбүл. Миллиардынан эргинэр үбэ суох киһи хаһан баҕарар кыраттан саҕалыыр.

Тус бэйэм урбааны, атыыны-эргиэни сайыннарарга, дьону кытта сөпкө алтыһарга, туруоруммут сыалы ситиһэргэ элбэх семинарга сырыттым, хотунан-соҕуруунан, Америкаҕа тиийэ үөрэнним, үгүс үппүн бэйэм үөрэхпэр, тус сайдыыбар уктум. Наставник быһыытынан дьону үөрэтэргэ үп-харчы өттүнэн саҥа кэрдиискэ тахсыахтаахпын, тэрилтэм ночоото суох үлэлиирин ситиһиэхтээхпин. Оччотугар аһымал санаа аахсыйатынан, уопсастыбаннай үлэнэн өссө күүскэ дьарыктаныахпын баҕарабын. Ону тэҥэ, биллэн турар, бириэмэбин, болҕомтобун дьиэ кэргэммэр аныам этэ. Баҕа санаам, толкуйум итинник.

Түгэнинэн туһанан биһигини өйдүүр, куруук өйүүр сахам дьонугар, атыылаһааччыларбытыгар, бииргэ өйдөһөн-өйөһөн үлэлиир партнердарбытыгар ис сүрэхтэн долгуйан туран үгүрү-сүгүрү буолуохтун диэн этиэм этэ. Үүнэр дьылга бары доруобай, этэҥҥэ буолуоҕуҥ! Сахабыт сиригэр, саха урбаанын эйгэтигэр үүнүүнү-сайдыыны баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...