Оҕуруот үлэтэ саҕаланна
Оҕуруот үүннэриитинэн дьарыктанар дьон тохсунньу ыйтан номнуо үлэлэрэ саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр оҕуруотчут Агафья Тарасова оҕурсу уонна помидор бастыҥ суортарын сүбэлээбитин, ону сэргэ хайдах бэлэмнэнэри санаппытын билиһиннэрэбит.
Бастыҥ оҕурсу сиэмэлэрэ
«Изумрудный поток». Бу оҕурсу аһа уһун, китайскай курдуктар, ол эрэн ордук минньигэстэр, дыргыл сыттаахтар. Өлгөм үүнүүнү биэрэр, биир ойоҕос (боковой побег) салааны ыыттахха өссө ордук элбэх оҕурсуну ылыахха сөп. Улахан көрүүнү-истиини ирдээбэт, уһуннук ас биэрэр.
«Зозуля»ТСХ. Урукку суорт. Тэпилииссэҕэ үүнэр.
«Апрельский». Бары билэр суортара, «Зозуля» курдук.
«Бабушкин секрет». Аһаҕас сиргэ үүнэр. Корнишон, орто үүнүүнү биэрэр, ойоҕостон үүммүтү үргэммэт, сытан эрэ үүнэр. Улахан көрүүнү-истиини ирдээбэт, сирэ үчүгэй буолуон уонна уутун үчүгэйдик кутуохха наада. Сибиэһэйдии сиэнэр, тууһанар даҕаны.
«Маринда» f1. Корнишон, улахан көрүүнү-истиини эрэйбэт, эрдэ астанар, өлгөм үүнүүнү биэрэр.
«Стелла». Улахан көрүүнү-истиини ирдээбэт. Саамай өлгөм үүнүүлээҕинэн биллэр. Аһа үрдүк хаачыстыбалаах. Оҥоһуллубут буорга олордуллар. Амтана олус үчүгэй. Оҕурсута хатыыта, бөлтөркөйө суох буолар. Салаат да оҥостон сиэххэ сөп, тууһуурга да үчүгэй.
«Четыре лета». Кыра үүнээйи буолар, биэдэрэҕэ үүннэрэн баран көһөрө да сылдьыахха сөп. Оҕурсута «Стелла» курдук буолар.
«Чудо хрустик». Корнишон, эрдэ ситэр, өлгөм үүнүүнү биэрэр, олус минньигэс, хачыгырас. Тууһуурга барсар.
«Король рынка» f1. Аата этэринии, олус табыллыбыт суорт. Эрдэ ситэр, өлгөм үүнүүлээх уонна улахан көрүүнү-истиини ирдээбэт. Ойоҕоһугар биир лабааны хааллардахха, үүнүүтэ үрдүүр. Сэбирдэхтэрэ 2-3 дьөрбөнөн үүнэллэр. Аһа боллурдардаах, хараҥа өҥнөөх, амтана үчүгэй. Сибиэһэйдии сиэххэ, кэнсиэрбэлиэххэ эмиэ сөп.
«Герман» f1. Сэбирдэхтэрэ чөмөхтөһөн үүнэллэр. Эрдэ ыһарга барсар суорт, тымныыттан куттаммат.
«Балконный хрустик». Саас түннүккэ олордорго үчүгэй. Күлүгү тулуйар. Улахан иһиккэ икки сиэмэни олордуллар. Ас биэрдэҕинэ, оҕурсуну күн аайы быһар ордук, оччоҕо саҥалар түргэнник үүнэллэр.
«Бабушкин внучок». Саҥа суорт. «Бабушкин секрет» диэҥҥэ майгынныыр. Аһаҕас сиргэ үүнэр. Оҕурсута кыра, ол гынан баран элбэх, хачыгырыыр.
«Аленушка» f1. Корнишон. Аһаҕас сиргэ хойутуу соҕус үүнэр гибрид. Эрдэ үүммүт суортар ас биэрэн бүтүүлэригэр кини ас биэрэр кэмэ саҕаланар. Ол иһин ити суорду кэнсиэрбэлииргэ, тууһуурга сүбэлэнэр.
«Чупа щупс». Итинник ааты булкаас суорт (гибрид) Чупа-Чупска майгынныырын уонна кыратын иһин биэрбиттэр. Ити оҕурсуну оҕолор наһаа сөбүлээн сииллэр. Суорду саас эрдэттэн түннүккэ үүннэриэххэ сөп.
Агафья Тарасова санатарынан, f1 диэн суруктаах бакыаттарга баар сиэмэлэр гибридтар, кинилэр астарын биирдэ эрэ биэрэллэр, сиэмэ ылыллыбат.
Саамай минньигэс помидор
Агафья Тарасова биһиги климаппытыгар барсар, сабыылаах уонна аһаҕас сиргэ үүннэрэргэ барсар суортары талбыт.
«Будёновка». Бу үүнээйи улахан көрүүнү-истиини ирдээбэт. Аһаҕас сиргэ куһаҕан халлааҥҥа даҕаны өлгөм үүнүүнү биэрэр. Томаттар бөдөҥ, минньигэс буолаллар. «Будёновканы» биирдэ боруобалаатаххытына, мэлдьи үүннэрэр буолуоххут. Умнаһа синньигэс буолан, баайыахха наада. Сэбирдэҕэ аҕыйах, биир лууҥкаҕа икки үүнээйини олордуохха сөп.
«Взрыв». Аһаҕас сиргэ өлгөм үүнүүнү биэрэр, үрдүгэ суох, астара бөдөҥ.
«Дана». Эмиэ үчүгэй суорт. Умнаһа үрдүк, өлгөм үүнүүлээх, астара орто бөдөҥнөр.
«Благовест». Тэпилииссэҕэ үүннэрэргэ бастыҥ суорт. Умнаһа уһун, икки пасыногы хааллардахха, үүнүүтэ өлгөм буолар, күһүөрү аһа өссө элбиир. Аһа орто улахан, минньигэс амтаннаах.
«Пузато хато». Аһаҕас сиргэ үүнэр, улахан көрүүгэ-истиигэ наадыйбат, үрдүк, ол иһин баайыллар. Аһа бөдөҥ, эттээх.
«Алмазы Якутии». Аһаҕас сиргэ үүннэрэргэ олус табыгастаах суорт. Умнаһа намыһах, пасынкаламмат. Аһа кып-кыһыл, эттээх, минньигэс, хаҕа халыҥ. Хайдах баҕарар халлааҥҥа үүнүүтэ өлгөм.
«Якут» f1. Намыһах үүнээйи, баараҕай, пасынкаламмат. Аһаҕас сиргэ эрдэ уонна тэпилииссэҕэ үүннэрэргэ барсар. Чугас-чугас үүннэрдэххэ, өлгөм үүнүүлээх буолар. Аһа кыра, ол эрэн минньигэс. Кэнсиэрбэлииргэ, тууһуурга сүбэлэнэр.
«Балконное чудо». Аата этэринии, балкоҥҥа эбэтэр кыбартыыраҕа үүннэрэргэ барсар. Хараҥа да сиргэ үүнэр кыахтаах. Үүнүүтэ өлгөм, аһа кыра соҕус, төгүрүк, кып-кыһыл. Оҕолор сөбүлээн сииллэр.
«Прима люкс». Эрдэ ситэр суорт, тэпилииссэҕэ ордук үүнэр. Үүнүүтэ өлгөм, аһа бөдөҥ, эттээх, минньигэс.
«Дубок». Бу суорт аһаҕас сиргэ үүннэрэргэ анаммыт, намыһах. Аһа орто кээмэйдээх, эттээх, уһуннук харайарга, тиэйэргэ барсар. Быспакка бүтүннүү кэнсиэрбэлэнэр, сибиэһэйдии эмиэ сиэнэр.
«Непасынкующийся». Эрдэ үүнэр суорт, аһаҕас сиргэ да, тэпилииссэҕэ даҕаны үүннэриэххэ сөп. Үүнээйи наһаа улахан буолбат, дьоҕус кээмэйдээх. Аһа орто, хайдах баҕарар сиэнэр.
«Москвич». Бу суорт аһаҕас сиргэ үүннэрэргэ анаммыт, улахан көрүүнү-истиини эрэйбэт. Баайыы, пасынкалааһын наадата суох. Амтана үчүгэй, кэнсиэрбэлииргэ, сибиэһэйдии сииргэ да барсар.
«Крупный, желтый». Ортотук ситэр, аһаҕас сиргэ да, тэпилииссэҕэ да тэҥник үүнэр. Аһа араҕас, бөдөҥ, минньигэс.
«Розовый гигант». Агафья Тарасова ити суортка болҕомтону уураргытыгар сүбэлиир. Уһун үүнээйи, баайыллар, аһаҕас сиргэ ордук үүнэр. Икки пасыногы хааллараллар. Аһа эттээх, наһаа минньигэс, сиэмэтэ аҕыйах. Бу помидору салаакка барсарынан ааҕыллар, үксүн сибиэһэйдии сиэниллэр.
«Бычье сердце». Бу урукку суорт. Билигин тупсарыллыбыт суорт баар буолбут. Ордук тэпилииссэҕэ үүнэр. Лууҥкаҕа иккини олордор ордук. Саамай бөдөҥ астаах суордунан биллэр. Томата эттээх, минньигэс, салаакка наһаа үчүгэй.
«Орлиный клюв». Ортотук ситэр, баараҕай үүнээйи. Тэпилииссэҕэ күүскэ үүнэр, лабааларын тирээбилгэ баайыахха наада. Аһа бөдөҥ, эттээх, минньигэс.
«Черри». Үүнээйини биир умнаһынан тахсан иһэрин курдук оҥоробут, хоннохтуубут. Оччоҕо өлгөм үүнүүнү биэрэр.
Эрдэттэн бэлэмнэнэбит
Олунньу ыйга сиэмэлэрбитин бэлэмниибит.
Салгыы клубника уонна дьэдьэн сиэмэлэрин бэлэмниибит уонна ыһабыт.
Сиэмэбитин ыһыахпыт иннигэр буорбутун бэлэмниибит. Ол курдук, марганцовка убаҕас, сылаас суурадаһынынан буорбутун кутабыт. Буорбут сылыйдаҕына, сиэмэбитин ыһабыт, үрдүнэн чараастык буор табыгынатабыт. Итинник гыннахпытына, ыспыт сиэмэбит ордук түргэнник тахсар.
Итинник клубниканы, дьэдьэни, баклажаны, ортотук ситэр биэрэстэри, махровай петунияны ыһабыт.
Күһүҥҥүттэн харайбыт луковицаларбытын, георгиннарбытын уо.д.а. бэрэбиэркэлиибит.
Күһүн хостообут уонна сөрүүн сиргэ уурбут роза сибэккилэрбитигэр «Фитоспоринынан» эбэтэр «Фитовермынан» сэрэтэр үлэни ыытабыт. Оччоҕо розаларбыт грибковай уонна да атын ыарыыларынан ыалдьыбаттар.
Итини сэргэ эксибишен луукпутун, шабо гвоздиканы, эустоманы, гелиотропу, пеларгонияны, бегонияны олордобут.