01.09.2022 | 18:00

Оҕуруот аһыттан күһүҥҥү сандалы

Күһүн – сайыҥҥы үүннэриини соҕотуопкалыыр кэм. Үчүгэй хаһаайка куруук саппааска хас да ырысыаптаах буолар. Билигин хас биирдии хаһаайка кыһыҥҥы аһын бэлэмнии сылдьар. Бэрт судургу уонна минньигэс күһүҥҥү хаһаас ырысыаптарын таһаарабыт.
Оҕуруот аһыттан күһүҥҥү сандалы
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Тещин язык»

Эйиэхэ наада:

Кабачок – 3 кг;

Мас арыыта – 1 ыст.;

Саахар – 1 ыст.;

Чеснок – 4 өлүүтэ;

Томат паастата – 0,5 ыст.;

Туус – 1 ост. ньуоска;

Уксус – 2 ост. ньуоска.

Кабачокпутун соломолуу кырбыыбыт. Састааппытын барытын кырбаан, 30 мүнүүтэ булкуйа-булкуйа оргутабыт. Таһаарыах 10 мүнүүтэ иннинэ уксуус эбэбит уонна ыраас бааҥкаларга кутаттыыбыт.

«Байбалыына» лечо

Эйиэхэ наада:

Помидор – 3 кг;

Моркуоп – 1 кг;

Болгария биэрэһэ – 1,5 кг;

Эриэппэ луук – 1 кг;

Саахар – 1 ыст.;

Мас арыыта –1,5 ыст.;

Туус, хара мэлии биэрэс, укуруоп (ким төһө сөбүлүүрүнэн).

Барытын кырбаан, улахан иһиккэ кутан баран булкуйабыт, 30 мүнүүтэ туруорабыт, сүмэһинэ тахсыар диэри. 40 мүнүүтэ сөбүгэр соҕус уокка буһарабыт, буһан бүтүүтэ 1 ост. ньуоска уксуус кутабыт. Сылаастыы стерилизацияламмыт бааҥкаларга кутабыт, хаппаҕын күүскэ эрийэбит уонна умса уурабыт. Сойуор диэри таҥаһынан сабан туруорабыт.

Мультиваркаҕа оҥоһуллар кабачок икрата

Мультиваркаҕа кабачок икрата эмиэ бэрт судургутук оҥоһуллар.

Эйиэхэ наада:

Кабачок  - 3 уст. орто;

Эриэппэ луук – 2 уст.;

Моркуоп – 2 уст.;

Оҕурсу – 2 уст.;

Помидор – 3 уст.;

Чочунаах  3 өлүүтэ;

Туус, хара мэлии биэрэс, укуруоп (ким төһө сөбүлүүрүнэн).

 

Мультиваркабытын “тушение” диэҥҥэ туруорабыт. Диетическайдык аһыыр буоллаххытына, мас арыытын куппаккыт (мин түгэҕэр эрэ кутабын). Буспутун кэннэ барытын блендэрдээн кэбиһэбит. Бэртээхэй икра бэлэм буолла.

Оҕуруот астаах пааста

Эйиэхэ наада:

1 хаа спагетти

Соуска:

Аджика;

Сыыр – 200 г;

Биэрэс арааһа;

Помидор – 2 уст.;

Эриэппэ луук – 1 уст.;

Моркуоптуохха сөп.

Аджиканы киһи бэйэтэ оҥоруон сөп. 1 кг помидорга чочунаах, мээккэ кыһыл уонна хара биэрэһи, 1 чили биэрэһи, кыра туус уонна кыра ньуоска аҥаара уксуус эбэн баран, кыратык тэптэрэ түһэбит (ол эбэтэр оргуйаатын кытта араарабыт).

Маҥнай соус оҥоробут: кыһыл, саһархай эбэтэр фиолетовай биэрэһи эриэппэ луугу, помидору кытта ыһаарылыыбыт, аджиканы эбэбит уонна 5 мүнүүтэ оргута түһэн баран, плитканы араарабыт. Үрдүгэр түөркэлэммит сыыры кутабыт, туруора түһэбит.

Оҕуруот аһа буһа турар кэмигэр спагеттины ууга буһарабыт. Буспутун кэннэ тэриэлкэҕэ өлүүлээн төгүрүччү уурабыт. Сыыра ууллубут, оҕуруот астаах аджикабытын лапсабыт ортотугар кутабыт.

Сүбүөкүлэлээх лечо

Эйиэхэ наада:

Сүбүөкүлэ – 3 кг;

Моркуоп – 2 кг;

Минньигэс биэрэс;

Помидор – 3 кг;

Мас арыыта – 0,5 л;

Туус;

Лавровай лиис – 2-3 сэбирдэх.

Мас арыытыгар түөркэлэммит сүбүөкүлэни уонна моркуобу кутан баран, 15 мүнүүтэ буһаран ылабыт. Помидору мясорубкалыыбыт, минньигэс биэрэһи соломолуу быһабыт, туус кутабыт уонна буһарабыт. Оҕуруот аһын 1 чаас устата буһарабыт. Буһан тахсара 5 мүнүүтэ хаалбытын кэннэ лавровай сэбирдэҕи, кыра саахар эбэн биэрэбит. Бэлэм оргутуллубут бааҥкаларга кутаттыыбыт.

Сибиэһэй салаат

Эйиэхэ наада:

Помидор – 1 кг;

Минньигэс биэрэс – 1 кг;

Сибиэһэй оҕурсу – 1 кг;

Эриэппэ луук - 0.5 л;

Саахар – 1 ыст.;

9 %  уксуус – 1 ост. нь.;

Хара биэрэс туорааҕа – 1 кыра ньуоска;

Лавровай лиис – 1 уст.;

Туус – 2 ост. нь.

Оҕуруот аһын барытын кырбыыбыт уонна эмалированнай көстүрүүлэҕэ кутабыт, специятын барытын эбэн баран, биир чаас туруорабыт, ол кэнниттэн 5 мүнүүтэ оргутан ылабыт. Ыраас бааҥкаларга кутаттыыбыт.

Майонезтаах икра

Эйиэхэ наада:

Кабачок  - 3 кг;

Чочунаах 10 өлүүтэ;

Саахар – 100 г;

Туус – 1 ост. ньуоска;

Майонез – 250 г;

Томат паастата – 250 г;

Лимон сүмэһинэ – остолобуой ньуоска аҥаара;

Мас арыыта – быһа холоон 150 мл;

2 ост. ньуоска 70%-наах уксус;

Күөх тума (ким тугу, төһөнү баҕарарынан).

Помидору үчүгэйдик сууйуллар уонна итии уунан саба кутуллар. Оччоҕуна сиппит-хоппут помидор чэпчэкитик хахтанар. Помидору тута блендергэ мэһийэбит. Бары састаабы улахан иһиккэ ким хайдах сөбүлүүрүнэн кырбаан 20 мүнүүтэ орто уокка оргутан ылабыт. Оргуйбутун кэннэ кыратык сойута түһэн бараммыт блендергэ мэһийтэрэбит.

Сибиинньэ этигэр сууламмыт хортуоппуй

Эйиэхэ наада:

Сибиинньэ этэ – 500 г ;

Хортуоппуй – 4-5 уст.;

Майонез;

Аджика;

Туус.

Эппитин чараас соҕус гына кырбыыбыт, тууспутун, аджикабытын, майонезпытын барытын булкуйан баран, эппитин онно угабыт. 30 мүнүүтэ сытыара түһэбит. Хортуоппуйдары соломолуу кырбыыбыт уонна буһара уурабыт. Оргуйбутун кэннэ уутун сүөкүүбүт. Кырбаабыт эппитигэр хортуоппуйу суулаан баран зубочистканан туттаран 200° С диэри итийбит оһоххо 30-40 мүн. буһарабыт.

Тэллэйтэн борщ оҥоробут

Билигин элбэх киһи күһүҥҥэ диэри этэ суох олорор. Онон тэллэйтэн минньигэс борщ астыыбыт. Тэллэйи уута тахсыар диэри ыһаарылыыбыт. Онтон кыратык ынах арыытын эбэн, салгыы ыһаарылаан ылабыт. Ол кэннэ оргута уурбут көстөрүүлэлээх уубутугар кутабыт. Хобордоохпутугар аны эриэппэ луук, моркуоп, сүбүөкүлэ ыһаарылыыбыт. Маны эмиэ борщпутугар кутабыт. Бэлиэтээн эттэххэ, хаппыыстаны манна куппаппыт, тоҕо диэтэххэ амтана олох уларыйан хаалар. Тотоойу буоларыгар хортуоппуй эбиэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....