20.01.2024 | 16:00

Оҕуруонан олоҕу туойар Лариса Федорова

Дьон мандардаан оҥорбутуттан сөҕөр, долгуйар уонна айар үлэни кэрэхсии көрөр дьоҕурун киһи сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыахтаах. Оҕуруонан ииһи баһылаабыт талба талааннаах, элбэх оҕолоох ийэ Лариса Федорова үөрэтэр видео-уруоктара дьоҥҥо олус биһирэнэр. Кини хас биирдии оҥоһуга – хатыламмат айымньы.
Оҕуруонан олоҕу туойар Лариса Федорова
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

– Мин Нам улууһун Өргүөлээх диэн сириттэн төрүттээхпин, 35 саастаахпын, үс оҕолоохпун. Идэбинэн бэтэринээрбин, ол эрэн икки сыл идэбинэн үлэлээн бараммын, дэкириэккэ барбытым. Ол үлэлии сылдьан кыралаан бэйэбэр, чугас дьоммор оҕуруонан ону-маны оҥорор буолбутум. Кольелартан, суумкалартан саҕалаабытым. Онтон бииргэ үлэлиир дьонум сакааһыгар ылсар буолбутум.

Дэкириэккэ дьэ эҥин арааһынан барытынан дьарыктана сатаабытым – баайар, иистэнэр да этим. Ол эрээри бүтэһигэр оҕуруобун ордорбутум. Оҕуруонан дьарык хайысхата наһаа элбэх – быысабайдааһын, өрөн таһаарыы о.д.а.

ЛараБисер – дьон биһириир маастара

– Хаһааҥҥыттан хайдах саҕалаабыккын кэпсээ...

– Бастакы сахалыы симэхпин 2018 сыллаахха оҥорбутум. Ол сахха наһаа куттанар, толлор этим. Атын маастардар үлэлэрин биһирии көрөн ону-маны ыйыттахха, ким да соччо-бачча эппиэттээн испэт этэ. Аны маастар-кылааска үөрэнэ барыахпын харчым кырыымчык соҕус буолара, оҕолорум да олус кыралара. Күүстээх санааны ылынан, бастаан кыра кыыспын симээбитим, ону дьон сэҥээрбитэ аҕай. Онтон атыыга оҥорор буолбутум. Бэйэбиттэн улаханнык атыыга барбатыттан ыксаан, маҕаһыыннарга туттарарым.

– Видео-уруоктарынан маастар кылаастары ыытыыны биир бастакынан саҕалаабыт киһигин. Идеята хайдах киирбитэй?

– Маастар-кылаастары видеоҕа устан тарҕаттахха бэрт буолуо эбит диэн санаа 2019 сыллаахха  үөскээбитэ. Ол саҕана оннук уруоктар биһиэхэ суохтара.

Сааһыары сакаас киирбитэ. Оҕуруонан дьарыктанарым таһынан страза таастары туттан, симэх оҥорор идеялаах этим. Сакаасчыппар ону кэпсээбиппэр, тута сөбүлээбитэ. Ол сакааспын хайдах  оҥорорбун барытын видеоҕа устубутум.

Бастакы маастар-кылааспын киһи бөҕө сэҥээрбитэ. Билигин уонтан тахса маастар кылааһы уһуллум. Уопсайа тыһыынчаттан тахса киһини үөрэттим диэн омуннаабакка этэр кыахтаахпын. Тоҕо диэтэххэ, видеонан үөрэтэр уруоктары биир бастакынан тобулбут буоламмын, элбэх киһи сэҥээриитин кэмигэр ылбытым.

 

Киһи киһиттэн үөрэнэр

– Ким баҕарар сатыан сөп дуо?

– Мин сүрүн идеям – киһи киһиттэн үөрэниэхтэх, ким баҕарар мин уруоктарбын көрөн оҥорор кыахтаах. Сатаабат киһиэхэ кытта сатанар. Мин бэйэм туохтан хайдах саҕалыырбын билбэт этим, суоттуурбар, ньымаларбын буларбар эрэй бөҕөтүн көрбүтүм, ол иһин атын дьон оннук эрэйдэммэккэ саҕалыылларын курдук хас биирдии хардыыбын сиһилии кэпсээн устабын.

 

– Матырыйаал көстөрө төһө уустугуй?

– Бу санкциялар эҥин киириэхтэриттэн матырыйаалга дэписсиит  үөскээн эрэр. Ордук саамай үчүгэй хаачыстыбалаах чешскэй оҕуруо көстөрө уустугурда. Сахалыы киэргэлгэ үксэ чешскэй оҕуруонан туттабыт – таларга өҥө, көрүҥэ элбэх, кээмэйэ тэҥ. Кыра киэргэллэргэ дьоппуоннар оҕуруоларын, сыаналаах Сваровски таастары тутта сатыыбын.

Оттон сахалыыга барыта илии үлэтэ буоларынан, сыаната олус үрдээн тахсыбатын диэн, боростуой соҕус матырыйаал буолуон наада, ол эрэн кытай чэпчэки сыаналаах оҕуруота буолуо суохтаах. Боростуой өстүөкүлэ стразаларынан оҥоһук сыанатын наһаа үрдэтимиэххэ сөп. Хоппуруон сабы уонна мононить 0.15 кээмэйдээҕин туттабын.

 

Тулуурдаах буоллахха табыллар

– Оҕуруонан дьарыктанарым миигин сынньатар, күннээҕи кыһалҕалартан аралдьытар. Оҕуруонан дьарыктаныан баҕарар киһи тулуурдаах, биир сиргэ өр олорон үлэлиир кыахтаах буолуон наада. Уонна, биллэн турар, киэҥ фантазия ирдэнэр, муоданы кэтээн көрө, олохтон хаалсыбат курдук араас информацияны хомуйа, истэ сылдьыахтаахпыт.

– Эйиэнэ саха киэргэлин аныгылыы тыыннааһын буолар. Стилизациялаан аһара бараллар дииллэр сорохтор...

– Мин киэргэллэрим үксэ стилизованнайдар. Аһара сахалыы оҥорбоппун. Тоҕо диэтэххэ хас биирдии саха оһуора-мандара барыта тус-туһунан суолталаахтар, ону сыыһа-халты туттан, оҥорон кэбиспэт курдук дьаһанабын. Оһуор хас биирдии эриллэҕэһэ араастык өйдөнүөн сөп. Симэхтэрбэр ордук үүнээйи оһуордарын хатылыыбын, көҕүөр ойууну мээнэ тутта сатаабаппын.

Хас биирдии киэргэлим бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат, хатыласпат. Араас ньыманан, араас матырыйаалынан туттабын. Бэйэм атын маастар-кылаастары атыылаһан үөрэнэбин, ол үөрэппит техникаларбын оҥоһуктарбар киллэрэн, дьону үөрэтэр маастар-кылаастарбар көрдөрөбүн.

Киһи-киһи араас, ким эрэ сахалыы симэх үрүҥ көмүстэн эрэ кутуллуохтаах диир. Оттон мин санаабар, кырачаан оҕолорго араас сибэккилээх, судургу оһуордаах, айылҕа өҥнөрүгэр чугас оҕуруонан тигиллибит киэргэл наһаа барсар. Эдэр кыргыттарга күлүмүрдэс, күн уотугар оонньуур стразаларынан киэргэл олус үчүгэйдик көстөр. Саастаах дьон үксэ сахалыы соҕуһу талаллар, өҥнөрүн маҥан, үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс буолар гына сакаастыыллар.

 

Киһи бастаан бириэмэтин сыаналыахтаах

– Төрүт үгэһинэн оҕуруолааһыҥҥа холонон көрбүтүҥ дуу?

– Төрүт үгэһинэн оҕуруолааһыны боруобалыы иликпин. Стилизованнай киэргэллэргэ охтобун. Оннук быдан кыраһыабай, аныгылыы моһуоннаах буолан тахсарын сэргиибин.

Иис арааһыгар холонон көрбүтүм, куурустарга үөрэммитим эрээри, таҥан таһаарарбын саллар курдукпун. Олох боростуойу эрэ тигиэхпин сөп.

– Илии үлэтэ хаһан баҕарар сыаналаах буолар дииллэр. Эн үлэлэргэр хайдах сыана быһаҕын? Оҕуруонан оҥоһуллубут толору симэх сыаната хас буолан тахсарый?

– Илии үлэтигэр киһи бэйэтин туох баар толкуйун, сыратын-сылбатын, доруобуйатын, элбэх бириэмэтин биэрэр. Иэйии, өй-санаа үлэтэ барыта манна баар. Ол хайдах да чэпчэки буолара сатаммат.

Урут кыайан сыана быспат этим, халлаантан ылан этэрим. Онтон иистэнэр эдьиийим бириэмэҕин суоттуур буол диэн сүбэлээбитэ. Киһи бастаан бириэмэтин сыаналыахтаах эбит. Матырыйаалбын төһөнү хас сыанаҕа ылбыппын барытын сурунабын. Төһө бириэмэ анаабыппын чааһынан суоттаан, онно бараабыт матырыйаалбын эбэн хамнаспын таһаарабын.

Дьон “бу оҥордум, мантыбын хаска атыылыахпын сөбүй?” диэн суруйан ыйытааччылар. Халлаантан сыана аныыр буоллахха, аһара эбиэххэ эбэтэр олох да ороскуокка барыахха сөп. Оннук ыйытар киһи элбэҕиттэн оҕуруонан оҥоһук сыанатын суоттуурга үөрэтэр, сүбэлиир өҥөнү оҥорор былааннаахпын.

Мин бу киэргэллэрим үксэ 15000 солкуобайтан үөһээ сыаналаахтар. Оҕо киэргэлэ 8000-9000 солк. саҕаланар. Илин кэбиһэр уонна бастыҥа 10 тыһыынчаттан тахса буолара сөп, онтон чэпчиирэ сатаммат дии саныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...