30.07.2022 | 19:51

Оҕону иитии сиэрэ

Саха омук оҕону иитиигэ туспа сиэрдээх. Ону билиҥҥи үйэ дьоно төһө тутуһарый?
Оҕону иитии сиэрэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

🔸Кыыс оҕону самыыга охсума. Сахалар оҕону сөбүн көрөн дьарыйар идэлээхтэрэ. Оҕону дьарыйар анал миэстэ, холобур, илии, буут буолара. Биир оннук миэстэ самыы буолар. Ол гынан баран былыргылар кыыс оҕо самыытын таhыйары боболлоро, ийэ буолар аналын кэҕиннэрэр курдук өйдүүллэрэ. Онон норуот үгэhин тутуhар киhи кыыс оҕону самыыга охсуо суохтаах! 

🔸Киһини сирэйгэ оҕустарыма. Киһи сирэйэ - киһи саамай ытык миэстэтэ. Былыргылар оҕону олох кыратыттан киһини ытыктыырга үөрэтэллэр. Ол үөрэтии саамай төрдө киһини сирэйгэ оҕустарбат буолуу. Оҕо киһини сирэйгэ оҕустаҕына буойаллар. Инньэ гынан киһини сирэйгэ охсуллубат диэн өйдөбүлү үөскэтэллэр. Оттон ким эмэ оҕону киһи сирэйин кырбыырга үөрэппит буоллаҕына, былыргылар оннук киһини оҕо майгытын алдьаппыт диэн ааҕаллар. 

🔸Наһаа күллэримэ! Оҕону үөрдэр үчүгэй. Ол гынан баран барыта кэмнээх-томноох буолуохтаах. Биир оннук сэрэнии оҕону наһаа күллэримэ, наһаа күллэҕинэ оҕо сэниэтэ эстэр, им буолбат диэн. Им буолбат диэн оҕо ытыыра-күлэрэ биллибэт буоларын ааттыыллар. Онон оҕону наһаа күллэрии оҕо майгытын алдьатыы курдук буолар. 

🔸Кыынньаама! Былыргылар оҕону кыынньыыры түктэри быһыы диэн ааҕаллар. Оҕону кыынньааһын диэн оҕо кыамматын туһанан соруйан кыыһырдыы ааттанар. Сорох ньүдьү-балай быһыылаах киһи оҕону кыыһырда саатыыр буолар. Бу оҕо майгытын саамай улахан алдьатыы-былыргылар этэллэринэн, далай аньыыны оҥоруу буолар. Киһи куруук кыынньыыр оҕото олус киҥнээх, өһүөннээх, хадьар буола улаатар. 

🔸Оҕону оонньуу оҥостума. Оҕо кыайан билэ-көрө илигин туһанан кини сыыспытын оонньуу оҥостор сатаммат. Киһи оҕоҕо дьоһуннаахтык сыһыаннаһан, оҕо дьоһунун харыстыыр, холобур буолар. Оттон күлүү-элэк гына үөрэттэххэ, оҕо сөбү-сыыһаны кыайан араарбат буолан хаалар.

🔸Баламат буолума! Оҕону дьарыйарга чараас сиригэр охсор, баттаҕыттан, кулгааҕыттан тардар сатаммат. Маннык быһыы баламаттааһын дэнэр. Оҕоҕо баламат киһини былыргылар “киһи буолбатах киһи эбит” диэн ааттыыллар. 

🔸Киэһэ уйгуурдума! Утуйуон иннинэ оҕону оонньотор, күллэрэр сатаммат. Оҕону айдаардыма, уйгууран хаалыаҕа диэн кырдьаҕастар этэллэрэ. Утуйуон иннинэ уйгуурбут оҕо уута алдьанар. Киҥнээх буола улаатыан сөп. Оҕо утуйан улаатар диэн этэллэр. Ол иһин өбүгэбит оҕо уутун харыстыыр эбит. 

🔸Тилэҕиттэн сыллаама! Былыргылар киһи тилэҕин аһаҕас миэстэ диэн өйдууллэр. Бу миэстэнэн киһи сиртэн ситимнэнэр. Дьэ ол иһин оҕону тилэҕиттэн сыллаатахха, оҕо сиртэн ситимин мэһэйдиир, сэниэтин эһэр курдук саныыллар. Онон оҕону таптыырга тилэҕиттэн сылламмат. 

🔸Кэтэҕиттэн сыллаама! Былыргылар оҕону кэтэҕиттэн сыллыыры сөбүлээбэттэр. Оҕону кэтэҕиттэн сыллыыр олус уулла таптыыр бэлиэ курдук көстөр. Маны билбит оҕо ордук сайыһымтыа буолар. Оттон оҕо бэйэтин билинэ, бэйэтин кыана улаатыахтаах. Ол иһин оҕону куруук кэтэҕиттэн сыллыыры биһирээбэттэр.

🔸Көхсүнэн ылыма! Алгыстаах хамсааһын уонна төннөрөр хамсааһын диэн баара биллэр. Оҕону көтөҕөргө, илиигэ ыларга сирэйинэн утары ылаллар. Көхсүнэн көтөҕөру былыргылар сөбүлээбэттэр. Оҕону көхсүнэн көтөҕөрү оҕону төннөрүү курдук саныыллар.

🔸Дьолун тохпотун. Оҕо кыра эрдэҕиттэн дьолу тардар хамсаныыга үөрэниэхтээх. Холобур, ол киһиттэн тугу эмэ ыларга ытыһы тоһуйан ылыы. Оттон илиитин умса тутан ылар куһаган. Ити дьолу тоҕор хамсаныы, ол иһин суор курдук тоҥсуйар, дьолун тоҕор диэн ааттыыллар. 

🔸Бэйэҕиттэн үөһэ көтөҕүмэ. Оҕону көтөҕөргө биир былыргы үгэс баар. Ол оҕону бэйэттэн үөһэ тутуллубат. Итинник тутары оҕо үйэтин кылгатыы курдук көрөллөр. 

🔸Атахха сытыарыма. Кыра оҕону илдьэ сытар буоллахха, атахха сытыарар бобуллар. Саха өйдүүрүнэн, киһи атах өттүгэр эрэйэ-муҥа мустар. Онон кыра оҕону атахха сытыарар - оҕоҕо эрэйи-муҥу сыһыарыы курдук өйдөнөр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...