13.04.2023 | 13:30

Оҕом туһугар үлэлиибин, олоробун

Оҕом туһугар үлэлиибин, олоробун
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Мин бүгүн анал байыаннай дьайыыга оҕотун сүтэрбит аҕаны кытта кэпсэтиибин таһаарыам. Биллэн турар, кинилэри кытары кэпсэтэр уустук, сороҕор ыйытыаххын да ыйыппаккын, этиэххин да эппэккин. Ийэлэр курдук чараастык арыллыбаттар, истэригэр тута сылдьаллара, кэпсээбэттэрэ элбэх, харахтарын уутун кистииллэр, арай куоластарыгар уйадыйыы баара, оҕотун сүтэрбит кыһыыта-абата курдаттыы таайыллар, сүрэххин-быаргын кымаахтыыр.

Николай Николаевич Мочкин, ыраах айан суоппардарын түмсүүтүн салайааччыта, саллаат аҕата. Кини сэтинньи ыйга уолун көрдөөн Украинаҕа аттаммыта, ахсынньы 2 күнүгэр аҕыйах эрэ мүнүүтэ көрсөн кэпсэппитэ, онтон, 22 хонон баран, ахсынньы 24 күнүгэр оҕото, Ньургуна, уоттаах кыргыһыыга дьоруойдуу охтубутун истибитэ.

Аҕа уолун, оҕотун туһунан кэпсээнин истиэҕиҥ.

 

... Мин оҕом Ньургун Мочкин 1988 сыл ахсынньы 1 күнүгэр оччолорго Алексеевскай оройуон (билигин Таатта улууһа)  Ытык Күөлүгэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Биир сыл аҕа убайдаах, онон ыал кырата этэ.

Ааспыт сыл балаҕан ыйын 22 күнүгэр бэйэтэ баҕа өттүнэн анал байыаннай дьайыыга барбыта. Сорохтор баралларын кистээн, тиийэн баран биллэрэллэр эҥин, мин уолум барарын туһунан эппитэ, мин тута утардаҕым дии, ону “бобумаҥ, кытаанахтык быһаарынным” диэбитэ.

Бэйэтэ аармыйаҕа сылдьыбатаҕа, тастыҥ убайдара бары сылдьыбыттара, Ньургун доруобуйатынан сыыйыллыбыта, муннунан моһуогурар, гаймориттаах этэ. Барыан иннинэ, дьиҥэр, эпэрээссийэҕэ киириэхтээҕэ. Бу күһүн Таатта Кыйытыгар саҥа  оскуола арыллыбыта, онно Үлэ уонна информатика учууталынан ыҥырбыттара. Күһүн балаҕан ыйыттан тиийэн үлэлии сылдьыбыта. Ол иннинэ 10-тан тахса сылы быһа Хатаска чааһынай бэкээринэ арыйан, соҕотоҕун килиэп астаан үлэлэппитэ. Дьиҥэр, технолог, биэкэр эҥин идэтэ суох, бэйэтэ сүрэҕин баҕатынан астыырын олус сөбүлүүр этэ. Рестораҥҥа, “Холбос” остолобуойугар үлэлии сылдьыбыта. Оскуола кэнниттэн олох эрдэ ыал буолбута, кыыһа алтыска үөрэнэр, уола балтараата.

Оскуолаҕа куһаҕана суохтук үөрэммитэ. Биһиги Нерюнгри куоракка олоро сылдьыбыппыт, онон 9-с кылаас кэннэ Нерюнгрига политехническай техникумҥа киирбитэ. Сыбаарсык, электрик идэтин баһылаабыта, олус үчүгэйдик сыбааркалыыр, тиэхиньикэҕэ сыстаҕас, наһаа дьоҕурдаах, сатаабата диэн суох этэ.

 

Тута инники кирбиигэ киирбитэ

Мантан Владивостокка тиийэллэр, онно үс күн буолаллар, төрдүс күнүгэр тута Украинаҕа киллэрбиттэрэ, онтон ыла сибээскэ тахсыбатаҕа. Бэйэтэ олох хомуньуус тэҥэ этэ, аһара чиэһинэй, эппитин толорор, бирикээстэн туора турбат, арыгы да испэт, табах да тардыбат. Онон, сибээскэ тахсыбаккыт, билсибэккит, ханна бааргытын биллэрбэккит диэни олох кытаанахтык тутуһан сылдьыбыт. Антах сибээс суох сиригэр сылдьыбыттар, онон өр баҕайы сүтэн хаалбыта. Анараа көтөрүгэр эрэ биллэрбитэ, ол айыыта онон. Биһиги манна хаалбыт дьоно улаханнык айманнахпыт, куттаннахпыт дии, долгуйуу бөҕөтө. Онтон мин уолбун көрдүү барар кытаанах санааны ылыммытым, таарыйа гуманитарнай таһаҕас илдьэ барабын диэбитим. Онтон оруобуна  барарым саҕана биирдэ сибээскэ тахсыбыта, ханна, ханан сылдьарын син биир эппэт, көҥүллэммэт диир. Ол да буоллар булбутум. Передовойга сылдьар буоланнар, эппэттэр, кистииллэр эбит этэ.

 

Оҕобун кыл түгэнэ көрсүбүтүм

Сэтинньи бүтэһигин диэки айаҥҥа туруммутум, ахсынньы 1 күнүгэр оҕом төрөөбүт күнэ, онно көрсөр санаалаах этим, ол иһин оннук суоттанан айаннаабытым. Гуманитарка бөҕөтө соһон барбытым, ол курдук айаннаан Ростов-на-Дону тиийбитим, онно  “Биир ньыгыл Арассыыйалары” булбутум, кинилэр Донецкайга диэри илдьэн биэрбиттэрэ. Онтон антах тиийэн волонтердары көрсөммүн үлэлээн саҕалаабыппыт, гуманитаркабын тарҕаппытым.

Ньургун тастыҥ убайа Мишаны кытта биир чааска бааллар этэ. Кинилэргэ тиийбитим, бөһүөлэккэ сибээстээх сиргэ бааллара, передовойтан тахсан сынньана сыталлара.

Ньургуннаах быһа холоон ханан баалларын эппитэ, онтон Ньургуну ыҥыран ылбыттара. Хамандыыра чуолкай кэлэр эрэ буоллаххына ыытабын диэбитэ, рациянан эрэ кэпсэтэллэрэ. Онтон оҕобун көҥүллээн, массыынанан тиийэн кэлбитэ, олус үөрэ, долгуйа көрсүбүппүт. Олох кып-кылгас бириэмэҕэ, маҕаһыыҥҥа кэлэн табаар ылан барбыта. Онон көрсүһэн бүппүппүт. Ити ахсынньы 2 күнүгэр этэ, дьиҥэр, төрөөбүт күнэ бастакы чыыһыла этэ. Оҕобун, Ньургуммун ити тиһэх көрсүһүүм буоларын ким билиэ баарай...

Кэпсэтиибит да кылгас этэ. Оптическай прицеллары, рациялары сакаастаабыта, ону илдьибитим. Хайдах сылдьаҕын диэн ыйыппытым, “нормально” диэн судургутук хардарбыта, командиры солбуйабын, онон бириэмэм олох суох, сүүрэ-көтө сылдьабын диэбитэ. Онон бүппүппүт, төттөрү инники кирбиитигэр барбыта.

Мин хаалан кыратык үлэлээбитим, Запорожьеҕа эҥин бара сылдьыбытым.

Оҕом солбуллубат киһи эбит

Сахам сиригэр төннөн истэхпинэ передовойга наһаа элбэх киһи бааһырда диэбиттэрэ, убайа Миша бааһырыы ылан госпитальга киирбитэ, ахсыа буолан сыппыттар.

Ньургуну кытта хара маҥнайгыттан сылдьыспыт Мэҥэ Хаҥалас уола эмиэ бааһырыы ылбыт этэ. Кини оннугар икки оҕо кэлбит этэ, биирэ Өлүөхүмэ, ол барахсаттар иккис эрэ күннэригэр ытыалаһыыга суох буолбуттар этэ.

Мин оҕом сырдык тыына ахсынньы 24 күнүгэр быстыбыта. “Айс” диэн позывнойдаах этэ. Мин саллааттар бассаап бөлөхтөрүгэр баар этим. Арай суруйаллар, биир улахан кыргыһыыга “Айс” суох буолла дииллэр, бастаан итэҕэйбэтэҕим, хамандыырыттан ыйытыахпын уоппускаҕа сылдьар этэ. Онтон дьэ хамандыыра чааһыгар тиийэн, бигэргэтэн, уолбун Ростовка ыытан эҥиннээн, дьэ, хайыахпытый, итэҕэйэрбитигэр тиийбиппит. Манна саллааттар аллеяларыгар кистээбиппит, Өлүөхүмэ уолун кытта тэҥҥэ. Бииргэ сылдьыбыт доҕотторо, госпитальга сытар уолаттар, хайдах сылдьыбыттарын кэпсээбиттэрэ. Ньургуна суох тугу гына барыахпытый диэбиттэрэ. Ол курдук кинилэри көрө-харайа сылдьыбыт, тугу барытын бэйэтэ оҥорор, килиэби, атын да аһылыктарын наһаа минньигэстик астыыр, төлөпүөннэрэ алдьаннаҕына эҥин, атыны да барытын оҥорон биэрэрэ диэн уйадыйа ахтыбыттара.

Суох буолбутун кэннэ “Эр санаа уордьанын” биэрбиттэрэ, ону таһынан 2-с истиэпэннээх Суворов уордьана уонна “Хорсунун иһин” мэтээл, олору тута иликпит, түөрт хас ыйынан кэлэр эбит. Командование бирикээс таһаарбыт этэ.

 

СВОларга син биир көмөлөһөбүн

Билигин Светлана Владимировна Диодорова-Лаврентьева салайар Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин кэмитиэтигэр чилиэммин. Бу күннэргэ Черскэйтэн, Андрюшкиноттан эт-ас аҕалан туттардым, төһө кыалларынан улахан массыынабынан гуманитарка тиэйэбин. Ыам ыйыгар эмиэ волонтердуу барыам диэн былаанныыбын.

Оччолорго, барарым саҕана, уолаттар туохха наадыйалларынан илдьэ сатыам. Сайыҥҥы таҥастара-саптара, саппыкылара наада буолуо. Бэйэлэриттэн туох наадатын ыйыталаһабыт.

Анараа сырыттахпына биир оҕонньор биһигини өлөттөрө сыспыта. Биир дэриэбинэҕэ сылдьабыт, бэлэсипиэттээх оҕонньор ааһан иһэрин тохтотон Красная Поляна ханна баарын ыйдардыбыт. Киһибит хохоллуу саҥарар, харса суох “направо да, направо” диэн ыйан ыытта. Арай суол баарын баар да, сырыы суох, биһиги дьиибэргээтибит, ол курдук көрбүппүт ыраах соҕус блокпост баар эбит. Онно тиийбиппит, оҕонньорбут олох да сымыйанан ыйбыт, наар хаҥас өттүгэр барыахтаах эбиппит. Баара-суоҕа 300 миэтирэҕэ “укроптарга” тиийэҕин, блокпоһу көрбөтөхпүт буоллар, түбэһиэ эбиппит.

Мин сылдьар кэммэр “затишье” этэ, онон-манан ытыалыыр тыас иһиллэр да, биһиэхэ анамматах буолан, син холку этибит. Боруоста  ынырык тыал, бадараан, силлиэ. Сэриилэһиэн баҕалаах да кыайан тахсан ытыаласпат, тымныы да тымныы. Хайа да бэйэлээх санаммат дьаабыта, саатар бадараана олох иэдээн, массыына да кыайан сылдьыбат.

 

Оҕом аата ааттанар

Ньургуну үйэтитиигэ кэпсэтиилэр, сүбэлэһиилэр бараллар. Таатта, Нерюнгри оскуолалара биһиэхэ үөрэммитэ диэн стендэ оҥорбуттар этэ. Куоракка баннер таһаарбыттара, онтулара көһө сылдьар, билигин, мин билэрбинэн, үһүс миэстэтигэр турар. Кэмитиэппитигэр “Аллея ветеранов” диэн туруорса сатыыбыт, Кыайыы болуоссатыгар стендэ эҥин оҥоруохтаахпыт.

Москванан, Ростовунан сылдьан биһиги сахабыт кыргыттара аһара үлэлииллэрин, кыһаллалларын сөрү диэн сөхтүм. “Сахаволонтердары” кытта бастайааннай сибээскэ олоробут, Ростовка баар Вера Душкевич утуйар уутун умнан туран үлэлиир, Москваҕа Туйаара Константиновалаах бааһырбыт уолаттарга көмөлөрө, манна Светлана Владимировна дьаһала, уопсайынан, киһи тылынан кыайан эппэт хорсун, амарах санаалаах кыргыттара.

Оҕолорун сүтэрбит аҕалар олус күүстээх охсууну ылаллар, аармыйаҕа эҥин сылдьыбыт буолаҥҥын, анараа балаһыанньаны бэйэҥ билэҕин, сэрэйэҕин. Оҕоҕун куруук батыһыннара сылдьыбыт, ииппит, үөрэппит-такайбыт, туйах хатарааччыҥ этэ буоллаҕа. Киһи наһаа чугастык ылынар, онон психологка хайаан да сылдьыахха наада, күүскэ аралдьыйа сатыахтарын наада, аны кэлэн төннөрбөт буоллаҕыҥ дии. Мин, холобур, айаҥҥа баран хаалабын, ыараханын ыарахан да буоллар, тулуйарбытыгар тиийэбит. Оҕом массыынабын өрөмүөннүүргэ куруук көмөлөһөр этэ. Наар саныыбын, хайдах сыбааркалаабытын, оҥорсубутун, иккиэн тэҥҥэ сүбэлэһэн, үөрэ-көтө сылдьыбыппытын. Саныырга наһаа эрэйдээх, ыарахан даҕаны, хайдах гыныахпытый, чэ, манан бүттүм...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...