08.03.2022 | 19:00

Оҕолорунан дьоллоох ийэ

Оҕолорунан дьоллоох ийэ
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү дьоруойбун кытта кэпсэтиим, кини ыраах нэһилиэккэ олорорунан, аныгы муода тылынан “онлайн”, о.э. төлөпүөн нөҥүө буолла. Дьоруойум симик, элбэх кэпсээнэ-ипсээнэ суох да буоллар, биир чаастаах билсиһиибитин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.

Кини кимий? Ирина Иннокентьевна Кутукова Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо, 36 саастаах 10 оҕолоох Дьоруой Ийэ!

Дьоруой Ийэ бэлиэтин былырыын, 2021 сыл сэтинньи 26 күнүгэр, Арассыыйа Ийэлэрин күнүгэр Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Владимирович Тарасенко илиититтэн туппута.

– Ирина, Аан дойду дьахталларын күнүнэн эҕэрдэлээн туран, ааҕааччыларга дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсииргэр көрдөһөбүн.

Кэргэним Кутуков Владимир Вдадимирович манна нэһилиэкпитигэр киин хочуолунайга газооператордыыр. Кинини кытта оскуола саҕаттан билсэн, таптаһан, ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн быр-бааччы олоробут.

10 оҕолоохпут, барыларын билиһиннэртиир буоллахпына, улахан уолбут, бастакы оҕобут Станислав ХИФУ 3-с кууруһун устудьуона, онтон кэлэр Владислав Дьокуускайга газослесарь идэтигэр үөрэнэр, онтон оскуола үөрэнээччилэрэ кэлэллэр: Мирослав 10-с кылаас, Дмитрий 8-с, Василий 5-с, Тимур 3-с, Камилла 1-кы кылаас уонна кыралар “Кэрэчээнэ” уһуйаан иитиллээччилэрэ Владимира 6 саастаах, Ярослав 4 саастаах, саамай кырабыт, мурун бүөтэ, оһоҕос түгэҕэ оҕобут Артем 2-лээх.

– Дьэ, халыҥ аармыйаны ааттаатыҥ, киһи да буккуллуох курдук. Оччоҕо маннык ыйытыы үөскээн кэлэр. Күҥҥүт хайдах саҕаланарый? Аан бастаан тугу гынаҕытый? Хаска тураҕытый?

7 чаастан саҕалаан турабыт, төттөрү-таары кэлии, барыы, кыргыттар баттахтарын өрүү, таҥыннарыы, аһатыы. Онтон биэс оҕону массыынанан оскуолаларыгар илдьэбит, оскуолабыт тэйиччи, онтон кэлэн кыралары бэлэмнээн, таҥыннаран, үс оҕону, уһуйааҥҥа илдьэбит. Ити курдук күммүт саҕаланар. Ол кэннэ аны күнүс оскуолаттан ылыы, киэһэтин оҕо саадыттан кыралары аҕалыы, киэһээҥҥи аһылык, уруок ааҕыыта. Ол курдук күммүт бүппүтүн да билбэккэ хаалабыт.

– Күҥҥүтүн былаанныыгыт, уопсайынан, араас түгэннэргэ дьиэ кэргэнинэн мунньахтыыгыт, сүбэлэһэҕит дуу?

Күммүтүн былааннааччыбыт, ол да буоллар үөрэх, үлэ күннэрэ биир тэҥник ааһаллар. Дьиэнэн сүбэлэһии улахан тугу эрэ атыылаһар буоллахпытына саҕаланар. Улахаттарбыт интэриниэтинэн ханна туох баарын көрдүүллэр, көмөлөһөллөр, сүбэлэһэбит.

Бырааһынньык эҥин иннинэ бары сүпсүлгэн, сүбэлэһии буолабыт, бары мустабыт, түмсэбит.

– Нэһилиэк, оскуола олоҕор оҕолор төһө актыыбынайдарый?

Нэһилиэк олоҕор кытталлар, үс уол тустуунан дьарыктанар, күрэхтэһиилэргэ тустан ситиһиилэнэллэр, миэстэлэһэллэр. Оскуолаҕа кэнсиэрдэргэ, Олоҥхо декадатыгар эҥин кытталлар, туора туран хаалбаттар.

– Элбэх оҕону, бүтүн дьиэ кэргэни аһатарга, тоторорго туох албастардааххыный, кэтэх хаһаайыстыба тутаҕыт дуо?

Кэтэх хаһаайыстыба тутабыт да, дьоҥҥо көрдөрөбүт, онтон идэһэлэнэбит, үүттэнэбит, үрүҥ астанабыт. Билигин бэйэбит бас билэр уһаайбабыт суох, бу уопсай дьиэҕэ икки кыбартыыраны ылан олоробут. Өрөспүүбүлүкэ Дьоруой Ийэ буолбуппар дьэ көмөлөһөн, быйыл сайын дьоммут уһаайбаларыгар дьиэ туттар былааннаахпыт. Баҕар, сыыйа хотон туттан, сүөһүбүтүн бэйэбит көрүөхпүт.

Үөрэнэн хаалан, ас барыта элбэх астанар. Бары тото-хана аһыыллар, нуормаларын билэллэр. Бэрэски саамай сөбүлүүр астара, блины буһарсаллар, ас астыырга көмөлөһөллөр.

Тотоойу астара хааһы буоллаҕа, онтуларын бэйэлэрэ буһараллар.

– Үлэҕэ хайдах такайаҕыт?

Үлэлэрин барытын уочаратынан үллэстэллэр. Иһит, муоста бэйэлэрэ сууйаллар, дьиэлэрин хомуйаллар, улахаттар муус киллэрэллэр, аҕаларыгар көмөлөһөллөр. Сайын буолла да, улахан уолаттар оттоһо бараллар. Аҕаларын кытта балыкка сылдьыһаллар, билиҥҥитэ булка бара иликтэр. Улахаттар аччыгыйдарын көрөллөр, истэллэр, бүөбэйдииллэр.

– Оҕолоруҥ хаһыс чыыһылаҕа, хас чааска төрөөбүттэрин, төһө ыйааһыннаахтарын барыларын өйдүүгүн дуо?

Төрөөбүт күннэрин, чыыһылаларын барыларын билэбин, хас чааска кэлбиттэрин умнуталыыбын, оттон ыйааһыннарын, уһуннарын барыларын билэбин.

– Элбэх оҕону төрөтүү, көрүү туох ыарахаттардааҕый?

Бастакы оҕобун олох эдэр сааспар төрөппүтүм, кэргэним көмөлөһөрө, көрсөрө, онон иккиэн тэҥҥэ улаатыннарбыппыт. Элбэх оҕону төрөтүөхпүт диэн былааннаабатахпыт. Кэргэним бииргэ төрөөбүт сэттиэлэр, мин убайбынаан иккиэ этибит. Оҕолор биир-биир таҥара биэрбитинэн бары кэлэн испиттэрэ. Бастаан хас да уол кэлбитин кэннэ аны кыыс эккирэтиитэ буолбута. Алта уол кэнниттэн дьэ күүтүүлээх, кэтэһиилээх сэттис оҕонон кыыс төрөөбүтэ. Камилла диэн ааттаабыппыт, онтон Владимира диэн кыыс кэннэ эмиэ икки уол төрөөбүтэ.

– Оҕону иитиигэ саамай сүрүн оруол тугу ыларый?

Мин санаабар, саамай улахан оруолу болҕомто ылар дии саныыбын. Хас биирдии оҕобутугар болҕомтобутун уурабыт,  үөрэххэ ситиһиилэриттэн үөрэбит. Үөрэниҥ, кыһаныҥ, бары үөрэхтээх үлэһит буолуоххут диибит.

Биһигини кытта аҕам, оҕолорум эһэлэрэ олорсор. Кини оҕолорго сүбэтэ баһаам, иитии да өттүнэн үчүгэйдик дьайар. Кырдьаҕас киһи сүбэтин оҕолор ылыналлар, ытыктыыллар, тылын истэллэр. Аҕам наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур, хартыыналарын атыылыыр, дьон да сакаастыыр. Ону да көрөн оҕолор кэрэҕэ сыста үөрэнэллэр буоллаҕа.

Оҕолорбутун иитиигэ кэргэмминээн иккиэн сүбэлэһэбит, үөрэтэбит, үтүөҕэ такайабыт.

– Дьиэ кэргэнинэн туох үгэстээххитий?

Сайынын тутуспутунан тыаҕа, айылҕаҕа тахсабыт, балыктыыбыт, сир астыыбыт, Сахабыт сирин кэрэ миэстэлэринэн күүлэйдиибит. Сэттэ миэстэлээх массыынабытыгар бары баппаппыт, онон уочаратынан оҕолорбутун илдьэ сылдьабыт. Билигин кыралар сылдьар уочараттара, улахаттар Булууска, Күрүлүүргэ эҥин сылдьыбыттара.

Куурусса ииттэбит, оҕуруот ыһабыт, олордобут, күһүн кэнсиэрбэлиибит. Онно оҕолор бары көмөлөһөллөр, уу куталлар, көрөллөр-истэллэр.

Ыһыахха күргүөмүнэн тахсабыт, сахалыы аспытын-үөлбүтүн астаан, өйүөлэнэн, таҥнан-симэнэн.

– Оҕолоргут туох эмэ сыыһаны оҥордохторуна, хайдах сэмэлиигитий?

Улаханнык кыыһыран мөхпөппүт, таһыйбаппыт, туох сыыһаны оҥорбуттарын, аны инник гымматтарын этэбит, куһаҕан диэн өйдөтөбүт, үөрэтэбит.

– Онтон атаах оҕо баар дуу?

Кырабытын, биллэн турар, атаахтатабыт, кыргыттар да атаахтыыллар. Камилла алта уол кэнниттэн кэлбит мааны кыыс буоллаҕа. Улахаттар кыраларын көмүскэһэллэр, кыратык мөҕөөрү гыннахха, сөбүлээбэттэр. Уопсайынан, оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөн олус күүс-көмө дьон, онон миэхэ улахан тирэх буолаллар. Элбэх оҕолоох да буолларбын, туох да ыараханы көрсүбэппин.

– Ирина, биир ыйытыыны биэрдэхпинэ табыллар курдук. Өссө оҕолонор санаалааххыт дуо?

Кэллэҕинэ, таҥара биэрдэҕинэ, өссө да оҕолонуохпут.

– Бырааһынньыгынан ааҕааччыларга, чуолаан ийэлэргэ тугу баҕарыаҥ этэй?

Ийэ дьоло – оҕо доруобай буолуута. Бу саамай үрдүк дьол дии саныыбын. Хас биирдии оҕоҥ ситиһиитэ, олоҕор табыллыыта, үчүгэй үөрэҕэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыана төрөппүтү кынаттыыр, үөрдэр, санаатын көтөҕөр, олоҕун уһатар.

Ийэлэргэ баҕарыам этэ иллээх, эйэлээх олоҕу, ыраас халлааны, дьолу-соргуну, уонна хаһан да сэрии буолбатыгар, оҕолорбут эрэ этэҥҥэ сылдьалларыгар, үөрэхтээх, үлэһит дьон буола улааталларыгар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...