27.04.2024 | 16:00

Оҕолорбутун гаджеттартан быыһыахха!

Оҕолорбутун гаджеттартан быыһыахха!
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

“Ийэ тыл кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһыны кытта оҕолорун сахалыы иитэр, кыра эрдэхтэриттэн ийэ тылларын иҥэрэн улаатыннарар дьиэ кэргэттэр үтүө уопуттарын тарҕатар суруйууларбытын салҕыы таһаарабыт.

Олоххутугар туһаныаххыт, саха тылын хараанныырга бэйэҕит кылааккытын киллэриэххит диэн улаханнык эрэнэбит.

 

Бүгүн биһиги ааҕааччыларбытыгар Айталина Ахметовна Кузьмина – Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун үрдүкү научнай үлэһитэ, филологическай билим хандьыдаата, икки тыллаах, нуучча уонна саха омуктаах төрөппүттэр оҕолорун хайдах сахалыы тылтан тэйиппэккэ иитэллэрин туһунан бэрт интэриэһинэйи кэпсээтэ:

 

Саха тылын учууталларын династията

–  Билиҥҥи төрөппүттэр “оҕолорбутун хайдах гынан сахалыы иитиэхпитин сөбүй?” диэн элбэхтик кэпсэтэр, ырытыһар буоллубут. Оттон мин бэйэм уопуппуттан үллэстиэхпин баҕардым.

Биһиги бииргэ төрөөбүт уоммут. Ийэбит Надежда Петровна Дмитриева. Аҕабыт Ахмет Андреевич Дмитриев – саха тылын, литературатын учуутала этэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Бииргэ төрөөбүттэртэн 5 оҕо саха тылын учуутала үөрэхтээхпит, былырыын Дмитриевтэр педагогическай династиялара диэн Ийэ тыл күнүгэр бэлиэтээбиттэрэ. Ол эмиэ оҕону сахалыы иитиигэ улахан оруоллаах дии саныыбын. Бииргэ төрөөбүттэрим оҕолорун эмиэ бары сахалыы тыыҥҥа иитэллэр.

Мин кэргэним нуучча хааннаах, нууччалыы тыллаах киһи. Соҕотох биир оҕолоохпут, уонча сыл кэтэһэн күҥҥэ көрдөрбүт күндү оҕобут. 34 сааспар, улаатан, өйбүн тутан баран ийэ буолбутум. Куоракка оҕону ийэ тылынан иитиигэ улахан кыһалҕалар баалларын эрдэттэн билэр этим.

 

Тэлэбиисэрбит суох, суотабайбытын кистиибит

–  Кэлиҥҥи сылларга “Ютуб оҕолоро” диэн көлүөнэ үөскээтэ, нууччалыы тыллаах контены көрөн төрөөбүт тылларыттан матан эрэллэр, сүрдээҕин буккуллаллар диэн наһаа элбэхтэ этиллэр буолла. Ол иһин, арааһы санаан, толкуйдаан көрөн баран, уопсайынан гаджет кыра оҕоҕо улахан буортулааҕын туһунан санааҕа кэлбиппит. Кыра оҕо хараҕар, сиһин тоноҕоһугар, уопсай этин-сиининн сайдыытыгар, ньиэрбэтигэр барытыгар охсуулаах эбит диэммин, оҕобун ютубтан, гаджеттан харыстыырга санаммытым. Кэргэммин кытта эйэ сүбэнэн, кытаанах быһаарыныыны ыланан тураммыт да диэххэ сөп, тэлэбиисэрэ суох олоробут, суотабайбытын оҕобутуттан кистиибит.

 

Оҕом билигин алта саастаах, “Туллукчаан” уһуйаан сахалыы бөлөҕөр сылдьар, эһиил оскуолаҕа киириэҕэ. Аҕатын кытта нууччалыы саҥарар, миигин кытта сахалыы холкутук кэпсэтэр . Үс сааһыгар диэри олох сахалыы эрэ саҥарар этэ.

 

Уһуйааҥҥа төһө кыалларынан хойут биэрбиппит

–  Оҕо уһуйаана баара, биллэн турар, сүрдээх үчүгэй, төрөппүккэ наадалаах тэрилтэ. Ол эрэн куорат усулуобуйатыгар оҕо уһуйааҥҥа барда да ийэ тылыттан тэйэн хаалар. Онно кини төһө даҕаны сахалыы бөлөххө тиийдэр, нууччалыы эйгэҕэ киирэр – нууччалыы саҥара сылдьар оҕо элбэх. Оннукка тыла буккуллар эбит диэн, оҕобун уһуйааҥҥа биэс сааһыгар биирдэ биэрбитим. Пандемия кэмигэр оҕобун дьиэбэр көрөн олорон үлэлиирим табыллар буолан оннук гыммытым. Төрөппүтү барытын оҕоҕутун уһуйааҥҥа хойут биэриҥ диэн ыҥырбаппын эрээри, сүбэ быһыытынан эттэхпинэ, оҕо уһуйааҥҥа төһө кыалларынан хойут бардаҕына, ийэ тылыттан тэйбэт эбит. Баҕар, ким эрэ толкуйданан, оҕону тэрилтэҕэ биэрбэккэ эрэ, дьиэҕэ олорон үлэлээн, бизнеһинэн, араас дьыаланан дьарыктанан, дьиэтигэр сахалыы иитэр кыахтааҕын өйдүөҕэ.

 

Саха тыла ыарахан буолбатах!

–  Саха тылын имиджин уларытыахха наада диибин. «Саха тыла олус уустук, ыарахан» диэн сүрдээх алдьатыылаах санаа тарҕанан эрэр. Холобур, омук тылын үөрэтэр учуобунньугу ылан көрүөҕүҥ: “Хэппи инглиш” диэн ааттаах – “Дьоллоох английскай тыл” диэн, бу тылы үөрэттэххэ, дьоллоноҕун эҥин диэн курдук санаалар кэлэллэр. Оттон саха тылын чахчы уустугурдуу баар. Оҕотун эбии дьарыктыырыгар төрөппүт бириэмэтэ да суоҕуттан, судургу суолунан баран хаалыан сөп.

Аны туран сахалыы айымньылар наһаа ыарахан тыллаахтар, кыра оҕоҕо олох судургу тыллаах айымньылары аахтарыахха наада диэн пропаганда баар буолла – ону кытта эмиэ олох сөпсөспөппүн.  Кыра оҕоҕо тугу биэрэҕин да, мэйиитэ иҥэринэн иһэр, кини мэйиитэ улахан киһи киэнинээҕэр үчүгэйдик үлэлиир, тугу барытын ылынар. Ол иһин сорох уһуйааннарга кып-кыра оҕолор олоҥхолууллар дии. Оҕоҕо олоҥхону, кэпсээннэри, хоһооннору иһитиннэриэххэ сөп. “Айар” кинигэ кыһатыттан кинигэ бөҕөтүн атыылаһаммын, оҕобор утуйаары сыттаҕына ааҕабын. Бастаан хоһооннортон саҕалаабытым, онтон остуоруйалары, кэлин Суорун Омоллоон, Ойуунускай кэпсээннэрин сүрдээҕин кэрэхсиир, сэргиир буолла. Бу алта саастаах оҕо тоҕо оҕо куйуурдуу турарын, “Хараҥаҕа тыкпыт сырдыкка” Ньукуус тоҕо оскуолаҕа киирбэтэҕин, дьадаҥылар оскуолаҕа үөрэммэттэр эбит дуо диэн ыйытар. Ньукуус билигин ханна үөрэнэ сылдьара буолуой диир... “Айардарга” кинигэлэрэ үксэ сыһыарыылаах буолар, сахалыы хоһооннору, кэпсээннэри тута иһитиннэриэххэ сөп.

 

Бүттүүн дьиэ кэргэнинэн ылсыахха

–  Мин ити үөһээ эппит ньымаларбын киэҥ араҥа туттубат. Оннооҕор чугас да дьонум бары өйдүүр буолбатахтар. Оҕобун уһуйааҥҥа өр биэрбэтэхпэр, бииргэ төрөөбүттэрим анаан-минээн ыҥыран ылан, оҕоҥ социализацияламмакка сылдьар диэн кэпсэппиттээхтэрэ. Бэйэм куорат усулуобуйатыгар төрөөбүт тылбын иҥэрэрим сүрдээх уустук, ол иһин инник гыныахтаахпын диэн кытаанахтык быһаарыммытым.

 

Биир сыл уһуйааҥҥа сырытта, оҕолору кытта олус тапсар, кэпсэтэр-ипсэтэр. Төттөрүтүн, гаджекка наһаа ылларбыт оҕолор оҕолору кытта бодоруһар, алтыһар дьоҕурдара мөлтөх буолар. Биир кэм “мне не интересно” диэн тылланаллар эбит. Ол иһин гаджеттартан оҕолорбутун харыстыахпытын наада диибин. Атын омук дойдуларыгар даҕаны, Арассыыйа киин куораттарыгар даҕаны оҕо гаджекка убаныытын кыһалҕа быһыытынан көрөн, онтон тахсар суоллары тобула сатыыр, оҕолору кытта психиатрдар дьарыктанар буолан эрэллэр. Кытайга, Японияҕа суотабайтан араарар лааҕырдар бааллар, гаджеттарын былдьаан ылан оҕолору атыҥҥа аралдьытан, үлэлэтэн быыһыыллар эбит. 

 

Интэриниэккэ ылларыы улахан да дьон ортотугар элбээбит – “нехимическая зависимость” диэн ыарыыга тэҥнэнэр буолан эрэр эбит. Бэйэбит ыллара сылдьаммыт оҕолорбутугар гаджет туттаран кэбиһэрбит судургу. Манна дьиэ кэргэн бүтүннүү ылсара наада. Бэйэҥ суотабай харахтанан сылдьаҥҥын, оҕоҕор сатаан боппоккун. Ол иһин гаджекка умньаммыт төрөппүттэр бэйэлэрин эмиэ көрүнэн, бу дьаллыктан босхолоннохторуна эрэ оҕолорбутун быыһыыр кыахтанабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...