17.04.2021 | 13:35

Оҕобун оскуолаҕа атаҕастыыллар

Урут да, билигин да оскуолаҕа, кылааска оҕону туоратыы, атаҕастааһын баар этэ. Билиҥҥи оҕолор кырыктаахтар дииллэр даҕаны, ол саҕана эмиэ биллибэккэ-көстүбэккэ хаалбыт түбэлтэлэр тахсыталыыллара.
Оҕобун оскуолаҕа атаҕастыыллар
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Оччолорго психолог диэн идэлээх үлэһит оскуолаҕа суоҕа, оҕолор төлөпүөҥҥэ устубат этилэр, аны туран оҕо ийэтигэр-аҕатыгар тиийэн үҥсэргиирэ суоҕа.

1983 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус экраннарыгар режиссер Ролан Быков “Чучело” диэн киинэтэ тахсыбыта. Оччотооҕу оҕолор, төрөппүттэр бу киинэни долгуйа, уйадыйа, эмиэ да абара көрбүт буолуохтаахтар. Хартыына көрөөччүлэргэ аан бастакынан сэбиэскэй үөрэнээччилэри “антидьоруой” диэн аһаҕастык көрдөрбүтэ. Киинэ уопсастыба киэҥ кэпсэтиитин, аймалҕанын таһаарбыта. Ким эрэ сэбиэскэй оҕону түктэри өттүттэн көрдөрөн дойдубутун элэккэ киллэрэр, ким эрэ режиссер саамай сөпкө устан хартыына дьиҥ баары көрдөрдө диэбитэ. Кылаабынай оруолларга Кристина Орбакайте уонна Юрий Никулин оонньообуттара. Кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, 6-с кылаас оҕото сидьиҥ быһыыны, таҥнарыыны утары чиэстээхтик турар.

Бүгүҥҥү кэпсэтиибит оҕону оскуолаҕа атаҕастааһын, онтон хайдах көмүскэниэххэ, туоратыахха сөбүн тула барыаҕа. Онтон икки кэпсээнэ урут буолбут түбэлтэлэр.

 

Хаһан да бырастыы гыныам суоҕа

Михаил, 25 саастаах:

Оскуолаҕа сырыттахпына оҕолор миигин атаҕастыыллар этэ. Үөҕэллэрэ, ааһан иһэн анньаллара, үтэйэллэрэ, биир тылынан эттэххэ, куруук күлүү гыналлара. Онон оҕо сааспын саныахпын да баҕарбаппын.

Кимиэхэ да үҥсэргээбэт этим, барытын саҥата суох испэр тутарым. Дьиэбэр кэлэн кыаҕа суохпуттан ким да көрбөтүгэр ытыырым, оскуолаҕа күн аайы сор-муҥ бөҕөнөн барарым, дьоммор барыта үчүгэй курдук көстө сатыырым.

Бу оскуолаҕа көһүөм иннинэ мин аһаҕас, кэпсэтинньэҥ, үөрүнньэҥ оҕо этим, араас кэнсиэртэргэ, күрэхтэһиилэргэ кыттарым, бииргэ үөрэнэр оҕолорбун кытта тапсарым, оннооҕор кыралаан лидер да курдук этим.

Барыта саҥа оскуолаҕа кэлбиппэр уларыйбыта, манна миигин тоһуппуттара. Билигин төһө да улааттарбын, ол кэм ааспыта ырааттар, дьону абааһы көрүүм, итэҕэйбэт буолуум хаалан хаалбыт, итэҕэһим наһаа элбэх. Билигин санаатахха, ол саҥа оскуолаҕа барбатаҕым буоллар, олоҕум олох атыннык салаллыа этэ, билиҥҥим курдук сабыылаах киһи буолуо суох этим.

Ардыгар санаан кэлэбин, арай билигин кинилэри көрсөрүм буоллар, мин оҕо сааспын, уйулҕабын, олохпун алдьаппыттарын санатан туран төһөлөөх кырыктаахтык кырбыам этэ диэн оҥорон көрөбүн. Ол быыһыгар куоракка көрсө түһэрбиттэн эмиэ да куттанабын, миигин көрөөт, эмиэ күлүү гынан барыахтара диэн. Кинилэри хаһан да үйэлээх сааспар бырастыы гыныам суоҕа, кырыыбын даҕаны. Ол кэми төбөбүттэн ылан быраҕан кэбиһиэхпин баҕарабын. Мин хаһан да мөлтөх дьону атаҕастаабаппын, куруук көмүскэһэбин, албын быһыыны сэтэриибин.

 

Туораттан сүбэ:

Өрө тахсыаххын наада. Эдэргин, бириэмэ да, кыах да баар. Карьерата, үптэ-харчыта оҥоһун, кинилэртэн үрдүк кэрдиискэ турар гына, оччоҕо быдан чэпчэки буолуо. ИДьМ кэккэтигэр сулууспалыы киириэххин сөп. Күүстээх тэрилтэлээх уонна эрэллээх доҕоттордоох буолуоҥ.

Аһаҕас, актыыбынай, туохтан да толлубат курдук бэйэҕин санан. Өйгүн-санааҕын сайыннар, дьон араас ыарахаттары тулуйан кэлэр, охтоллор даҕаны, тураллар даҕаны.

Биир миллионер туһунан ахтан ааһыам, Мирзакарим Норбеков диэн. Кини аармыйаҕа сырыттаҕына алта киһи сидьиҥник кырбаабыт, инбэлиит буолбут. Хас да сыл эмтэнэн атаҕар турбут, каратэнан дьарыктаммыт уонна ол дьонун ситиһэр эрэ санааламмыт, уонна кинини атаҕастаабыт дьон куораттарынан айаннаабыт. Икки киһитин көрсөн кырбаабыт. Үһүс киһи дьиэтигэр суох эбит, ийэтэ уолу олус үчүгэйдик көрсүбүт, оҕобун кытта бииргэ сулууспалаабыт киһи диэн. Онтон уол ол киһитин бырастыы гыммыт, салгыы дьонун көрдүүрүн тохтоппут.

Эдэригэр биир наһаа кыраһыабай кыыһы таптыыр эбит. Кыыһа уолга байдаххына биирдэ кэлээр диэн доҕордоһортон аккаастаабыт. Уол туох баар күүһүн, өйүн-санаатын ууран байбыт. Онтон кыыһы сыыйа-баайа умнубут, таптаабат буолбут, ол гынан баран бары ыарахаттарын туораан, байарга дьулуспут. Онон байыытыгар бастаан кыыһы таптаабыта син биир көмө, сыал-сорук буолбут.

Онон тугу да гыммакка, бэйэҕин аһына олорума. Олох биэрэр араас кэрэ, чаҕылхай түгэннэрин аһардан бэйэни сайыннарбакка таах мээнэ олоруохха сөп, ханнык да кыайыыны билиммэккэ, “мин сатыыбын” диэн тылы этиммэккэ.

Киһи бэйэтигэр сыал туруорунуохтаах, ону кыайар суолу тобулуохтаах уонна хаһан баҕарар хамсанан саҕалыахтаах.

Олоҕуҥ биир түһүмэҕэ олоҕуҥ суолун алдьатыа суохтаах. Ону эн тус бэйэҥ эрэ кэрэ оҥороҕун. Психология туһунан аатырбыт, дьон сэҥээриитин ылбыт кинигэлэри аах – бу эйигин араас тутулуктан босхолуо. Олоххун тупсар, онно кыһан. Эн кыайыыларыҥ уйулҕаҥ туругун тупсарарга көмөлөһүө уонна эйигин дьоллоох оҥоруо.

 

Куһаҕаны оҥорбутуҥ син биир төннөр

Мин биир түбэлтэни кэпсиэхпин баҕарабын. Кинини дэриэбинэҕэ, этэргэ дылы, “чмори” гыммыттара. Сэттис кылааска төрөппүттэрэ дэриэбинэттэн киин сиргэ үөрэттэрэ ыыппыттара, онно оскуолата ордук диэн. Уолчааны тута сөбүлээбэтэхтэрэ, туораппыттара, кинилэр ортолоругар “хара тураах” курдук буола түспүтэ, хайа да өттүнэн эппиэттээбэт этэ. Уҥуоҕунан кырачаан, боростуой таҥастаах, сууллаары гыммыт дьиэҕэ хараҕа суох эбээтиниин олороро, биир да кэппиэйкэни укта сылдьыбата, күүһэ-уоҕа мөлтөх, онон кимниин да охсуһар, аахсар кыаҕа суоҕа.

Ол курдук уолу наар атаҕастыыллара, охсон-тэбэн ааһаллара, остолобуойга аһыы кэллэҕинэ үтүрүйэллэрэ, күлүү гыналлара, физкультура уруогар кедатын анаан-минээн түгэҕин тэһэн кэбиһэллэрэ. Кини кэпсииринэн, наар төбөтүн харыстаан тахсар үһү, мэйиитэ, төбөтө эчэйдэҕинэ акаары буолар – ол аата киһи аатыттан ааһар.

Ол курдук оскуолатын үчүгэйдик бүтэрэн үрдүк үөрэххэ киирэр, карьера оҥостор. Араас үрдэллэри барытын дабайар. Отдел салайааччытынан анаабыттар, аҕыйах сылынан тэрилтэ дириэктэрин бастакы солбуйааччыта буолбут.

Бу кэмҥэ тэрилтэтигэр биир эдэр кыыс үлэлии кэлэр. Кыыс кыыс курдук, атыттартан туох да уратыта суох, техникуму бүтэрбит. Уол, Иван диэххэ, кыыс кинини оскуолаҕа сылдьан саамай элбэхтэ атаҕастаабыт киһитин оҕото буоларын билэр. Уонна иэстэһэргэ сананар. Кыыһы көссүү оҥостор (кыыс тута сөбүлэһэр – Иван арыгы испэт, биирдэ эмэтэ табахтыыр, оччолорго муодаҕа саҥа киирбит фитнес саалаҕа дьарыктанар, тас көрүҥэ үчүгэй, таҥаһа-саба сыаналаах, саҥа массыына атыыласпыт). Ол курдук кыыстыын көссүүлэһэр, сороҕор харчы биэрэр. Баҕарбатаҕына биэрбэт. Биэс сылынан кэргэммиттэн арахсыам, онуоха диэри хат буолбаккын диэн усулуобуйа туруорар. Бу маны барытын кини оскуолаҕа атаҕастаабыттарын иэстэһэбин диир.

Иван салайааччы буолбутун истэннэр, кылааһынан көрсүһүүгэ ыҥыра сатыыллар да, биирдэ да барбатах. Кэлин кыыһы ытаппытынан бэйэтиттэн араарбыт, аҕата билбит үһү диэн сурах иһиллибит. Ол кэннэ кэлэн көрдөһө, бырастыы гыннара сатаабыт уонна кыыһын үлэтиттэн ууратан илдьэ барбыт дииллэр. Бу олоххо дьинээхтии буолбута. Иван табаарыһа кэпсээбитэ.

 

Юрист сүбэтэ

Оҕону оскуолаҕа атаҕастыыр сибикилэр маннык буолуохтарын сөп:

Оҕо оскуолаҕа барыан баҕарбат, урут оннук буолбат этэ. Кини үөрэнэ барымаары араас биричиинэни була сатыыр.

Оскуолаттан куһаҕан настарыанньалаах, мөлтөх туруктаах кэлэр.

Үөрэҕэр ситиһиитэ эмискэ мөлтүүр.

Тус малларын үгүстүк “сүтэрэр”, ол быыһыгар харчытын эмиэ.

Алдьаммыт, кирдээх таҥастаах кэлэрэ элбиир, этэ-сиинэ көҕөрбүт буолуон сөп.

Уопсайынан, ханнык баҕарар уларыйыылары төрөппүт болҕомтоҕо ылыан наада. Төһөнөн эрдэттэн кыһалҕаны быһаараҕыт, миэрэ ылаҕыт да, соччонон ону түргэнник туоратыаххыт.

 

Тугу гыныахха сөбүй?

Маннык кыһалҕаны туора хаһыйар сыыһа. Бастатан туран, оҕону кытта аһаҕастык кэпсэтиэхтээххит, оҕо психологын сүбэтэ наада буолуон сөп.

Салгыы маннык миэрэлэри ылаҕыт:

Дакаастабыл хомуйаҕыт: социальнай ситимнэргэ суруйсубут скриншоттар, аудио уонна видео устуулар (баар буоллахтарына), сибидиэтэллэр көрдөрүүлэрэ. Маны таһынан алдьаммыт малларын ууруохха наада. Кырбаныы (кыра да көҕөрүү, эчэйии буоллун) туһунан, медицинскэй тэрилтэттэн ону бигэргэтэр ыспыраапка ылаҕыт.

Кылаас салайааччытыгар, дириэктэргэ хайаан да этэҕит. Быһыыны-майгыны билиһиннэрэҕит, оҕоҕун атаҕастаабыт үөрэнээччи төрөппүттэрин ыҥыртараҕыт. Кинилэри кытта кэпсэтии ыытыллыахтаах, онуоха учууталлар, дириэктэр баар буолуохтаахтар. 

Бу тэрээһиннэр көмөлөспөтөхтөрүнэ, быһыы-майгы быһаарыллыбатаҕына, оччотугар:

Оскуола дириэктэрин аатыгар официальнай үҥсүү түһэрэҕит.

Саастарын ситэ илик хамыыһыйаҕа, инспекторга үҥсүү суруйаҕыт.

Манна эмиэ дьаһал ылыллыбатаҕына салгыы сайабылыанньа суруйаҕыт:

Үөрэх управлениетыгар.

Прокуратураҕа.

Оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунайга.

 

(Сорох түгэннэр интэриниэттэн ылылыннылар)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...