Оҕо сахалыы эйгэтэ элбэх буолуохтаах
Олоҕун оҕо иитиитигэр анаабыт дьон хас биирдии нэһилиэк, улуус аайы баар. Кинилэр бэйэлэрэ туспа иитэр ньымалаахтар. Бүгүн кэпсэтэр киһим – Таатта улууһун Ытык Күөлүн “Березка” уһуйаанын сүрүн иитээччитэ, Арассыыйа иитиигэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэхтээһиҥҥэ кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына Азалия Дмитриевна Софронова.
– Самаан сайын кэлбитинэн, Азалия Дмитриевна! Ытык Күөлгэ “Березка” оҕо саада 1980 сыл муус устар 1 күнүгэр үлэтин саҕалаабыт. Эдэр сааһыҥ быыһын сэгэтэн, 80-с сылларга төннүөх, кэпсэтиэх эрэ. Нууччалыы ааттаах, туох уратылаах дьыссаат тутуллан, үлэтин саҕалаабытай?
– Сэбиэскэй кэмҥэ Саха сирин улуустарыгар дойду араас муннуктарыттан кэлэн үлэлииллэрэ. Ытык Күөлгэ “Якутмелиоводстрой” тэрилтэ үлэһиттэригэр анаан улууска бастакы уонна соҕотох биэдэмистибэннэй дьыссааты туппута.
– Дойду ыһыллыытыгар “Якутмелиоводстрой” эмиэ сарбыйыыга түбэспитэ. Дьыссаат туох, хайдах дьылҕаламмытай?
– Дьыссааппыт олохтоох дьаһалта иһинэн үлэлиир буолбута. Олохтоох нэһилиэнньэ оҕолоро олорор сирдэринэн сыһыарыллан, сылдьан саҕалаабыттара.
– Эн хас сыллаахтан үлэлиигиний?
– Мин 1980 сыл ыам ыйын бүтүүтүгэр иитээччинэн үлэҕэ киирбитим. Оччолорго сэбиэдиссэйинэн Протасова Надежда диэн бүрээт омук, идэтинэн учуутал үлэлии сылдьара. Кини үөрүүнэн үлэҕэ ылбыта. Иитээччилэринэн О.Ф. Аргунова, Е.Д. Егорова, Е.Е. Пономарева үлэлииллэрэ. Кэлэктиипкэ араас омук дьоно сүрдээх эйэлээхтик үлэлээбиппит. Ол курдук, куукунаҕа асчыттарынан О. Герасимова – украинка, завхоһунан Н. Шакирьянова – татарка үлэлээбиттэрэ. Оҕолор доруобуйалара чөл туруктаах буоларыгар маҥан халааттаах аанньалларбытын ахтарбыт тоҕоостоох – Л.А. Ильясова, С.С. Флерова, А.И. Гетманская, Г.Е. Иванова. Өр сыл харабылынан, оробуочайынан В.Е. Давыдов үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
– Интернациональнай кэлэктииби ким салайбытай?
– 1980 сыл күһүнүттэн 2021 сыл күһүнүгэр диэри сэбиэдиссэйинэн Арассыыйа үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэхтээһиҥҥэ кылаатын иһин бэлиэлээх Валентина Степановна Давыдова үлэлээбитэ. Валентина Степановна тэрилтэбит материальнай-техническай базата сайдарын-кэҥиирин туһугар олоҕун анаан кэллэ. Ол курдук, саҥа куукуна үлэҕэ киирбитэ, кыра бөлөх дьиэтэ саҥардыллыбыта, тупсарыллыбыта. 2012 сыл ахсынньытыгар 50 миэстэлээх иккис куорпус тутуллубута. Үлэ миэстэтин таһаарыыга үлэлэһэн, эбии үөрэхтээһин педагогтара үлэлии кэлбиттэрэ. Уһуйааммытын бу күһүҥҥүттэн Алексей Алексеевич Алексеев салайар. Эр киһи салайара өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар. Алексей Алексеевич 2017-2018 үөрэх дьылыгар эбии үөрэхтээһин педагогунан үлэҕэ киирбитэ. 2018-2019 сылларга “Сыл бастыҥ иитээччитэ” өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэххэ уон бастыҥ иһигэр киирэн, “Саха сирин эрэлэ” бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Алексей Алексеевич уол оҕону иитиигэ сүҥкэн болҕомтотун уурар. Аар айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа кыра эрдэхтэн сыһыарар, төрөөбүт дойуларын уратытын билиигэ болҕомтотун уурар.
– Оҕо сайдыыта, майгыта-сигилитэ иитээччиттэн быһаччы тутулуктаах дуо?
– Оҕо билиитэ-көрүүтэ улаатарыгар, сайдарыгар иитээччи улахан оруоллаах. Билиҥҥи оҕолор оскуолаҕа номнуо дорҕоону таба истэр, араарар буолан киирэллэр. Биһиэхэ ону хааччыйар, үлэлэригэр бэриниилээх, оҕону таптыыр, оҕо дууһалаах иитээччилэрбит Д.Н. Собакина, В.И. Будикина ааттарынан киэн туттабыт, онтон Е.Д. Егорова, Е.Е. Пономарева, Е.В. Постникова, А.Д. Софронова уонна мин өр сылларга үтүө суобастаахтык бэйэ-бэйэбитин өйөһөн үлэлии сылдьабыт.
– “Березка” атын уһуйааннартан туох ураты ньымалааҕый?
– Урукку сылларга музыкальнай салайааччынан кабардинка Л.Г. Артынская айымньылаахтык үлэлээбитэ. Кини хас биирдии утренник сценарийын бэйэтэ суруйара. Сүрдээх ирдэбиллээҕэ. Булгуччу сценарийы үөрэтэн баран ыытарбытын ирдиирэ. Араас остуоруйа дьоруойдара буоламмыт, таҥаспытын-саппытын сөпкө тэринэн, бэйэбитигэр барсар гына оҥостон, оруолларбытыгар киирэн, оҕолору үөрдэр уонна соһутар этибит. Утренниктарбытын төрөппүттэр уонна ПМК үлэһиттэрэ сүрдээҕин кэтэһэр, көтүппэккэ, интэриэһиргээн сылдьар этилэр. Ол кэмнэри билигин даҕаны үтүө тылынан ахталлар. 1990-с сылларга анал үҥкүүһүт үөрэхтээх Л.М. Петрова үлэҕэ киирэн, үлэбитин өссө сэргэхсиппитэ. Улууска аан бастакынан музыкальнай остуоруйалары туруорууну киллэрбитэ. Оҕолор «Муха-Цокотуха», «Дюймовочка», «Кыһыл Бэргэһэчээн» уо.д.а. остуоруйалары оонньоон көрдөрбүттэрэ.
– Билигин иитээччи бары өттүнэн дэгиттэр буолуохтаах. Ааспыт үйэ оҕолорун курдук диафильм, оччотооҕу кэм мультиктара кинилэри интэриэһиргэппэт.
– Сайдыылаах үйэ оҕолоро үйэни кытта тэҥҥэ хаамаллар. Оҕо сатабылын сайыннарыыга эбии үөрэхтээһин педагогтара үлэлииллэр. Холобура, 2015 сыллаахха оҕо толкуйун сайыннарарга саахымат чааһын киллэрбиппит. Саахыматы М.П. Софронов салайбыта. Сыл аайы улуус баһылыгын бирииһигэр чөмпүйүөн үрдүк аатын ылаллара. Ону таһынан сыл аайы өрөспүүбүлүкэтээҕи интеллектуальнай бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар күрэстэргэ 2015 с. Максим Захаров 2-с миэстэ буолбута, онтон 2016 с. Айвар Колесов 1-ы миэстэни ылан, өрөспүүбүлүкэ чөмпөйүөнүнэн ааттаммыта. 2017 с. Саша Черкашин 3-с миэстэ, 2018 с. Наташа Михайлова 2-с миэстэ, триатлоҥҥа Наташа 1-ы миэстэни ылан, чөмпөйүөн үрдүк аатын сүкпүтэ. Боря Скрябин 4-с миэстэ уонна 2019 с. Лилиана Габышева 2-с миэстэ, Яромир Попов чөмпүйүөн үрдүк аатын сүкпүттэрэ. Ордук кэрэхсэбиллээҕэ, бу оҕолорбут оскуолаҕа киирэн да баран саахыматынан утумнаахтык дьарыктаналлар.
– Бу сыллар усталарыгар туох ситиһии баарый, саҥа туох киирдэй?
– Күн бүгүн 123 миэстэлээх, 5 бөлөхтөөх, улууска биир бөдөҥ дьыссаат буолабыт. Иитэр-үөрэтэр үлэҕэ “Радуга” бырагырааманан ситиһиилээхтик үлэлии олоробут. Кэлиҥҥи сылларга оҕону сайыннарар эйгэбит кэҥээн, 2015 сылтан бастакы Бэрэсидьиэн М.Е. Николаев идеяларын олоххо киллэрэн, “Оҕолорго – саахыматы”, “Музыка – барыбытыгар”, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин тэрилтэлэрин айдарыылаах оҕолор дьоҕурдарын быһаарыы уонна сайыннарыы диэн “Билим Аччыгый Академиятын” бырайыактарыгар кыттыһан үлэлии-хамсыы олоробут. Иитиллээччилэрбит сыллата бу академия иһинэн ыытыллар күрэстэргэ, куонкурстарга ситиһиилээхтик кыттан, төрөппүттэрин, иитээччилэрин үөрдэллэр. Бырайыактар түмүктэринэн биһиги иитээччилэрбит А.Д. Софронова, Е.В. Постникова, О.В. Давыдова ыстатыйалара “Вестник союза родителей и педагогов”, “Одаренный ребенок” хомуурунньуктарга бэчээттэннилэр.
– Азалия Дмитриевна, эн сахалартан соҕотох "Албан Аат" уордьан толору кавалера Дмитрий Ананьевич Петров төрөппүт кыыһа буолаҕын. Патриотическай иитиини сырдат эрэ.
– Олохпор киэн тутта улааппыт киһим – аҕам. Сэрииттэн уҥа илиитинэн инбэлиит буолан кэлбитэ. Оҕолор киниэхэ уҥа илиитэ этибит. Кини холобурунан олоххо олоробут. Мин, иитээччи быһыытынан, оҕону патриотическай тыыҥҥа иитиигэ былааннаахтык үлэлиибин. Үлэм уопутун түмэммин, Улуу Кыайыы 70 сылыгар “История моей семьи – история моего Отечества” диэн методическай босуобуйа таһааран, үлэбитигэр туһанабыт. Кыра бөлөххө саҥа кэлбит оҕолору кытта Е.Д. Егорова, В.В. Степанова араас технологиялары баһылаан, билиилэрин-көрүүлэрин ууран үлэлииллэр. Кыайыы күнүгэр сыллата дьыссааппыт иитиллээччилэрин ОДьХА бэтэрээннэрин скверигэр илдьэбит. Саллаат куукунатын тэрийэбит, гвоздика дьөрбөтүн уурабыт. Бу тэрээһин үгэскэ кубулуйда, сыллата сквери ыраастыыбыт.
– Күн бүгүн оҕо иитиитигэр туох сүрүн кыһалҕа баарый?
– Ханна да буоларын курдук, оҕо төрөөбүт тылынан саҥарбат, кэпсэппэт буолла. Төлөпүөн тутан баран олоруу, сытыы норуот инники дьылҕатын быһар кутталга киллэрдэ. Төрөөбүт тылынан саҥарар эрэ омук норуот быһыытынан тыыннаах хаалар. Урукку кэмнэргэ нууччалыы бырагырааманан үлэлиир буоллахпытына, билигин оҕону сахалыы саҥарда сатыыбыт.
– Уһуйааҥҥа онуоха туох мэһэй баарый?
– Биһиги оҕону тылы чуолкайдык, таба саҥарарга үөрэтэбит. Национальнай концепция сыыйа умуллан, куйаар ситимэ күүскэ сайдан, ону тэҥэ хас биирдии киһи төлөпүөннэнэн, олохпут олох атын таһымҥа таҕыста. Бу сайдыы биир көрүҥэ эрээри, олохпут тутулун уларытар. Тыа оҕолоро, ханна да буоларын курдук, бары нуучча тылланнылар.
– Туохтан маннык кыһалҕа тирээтэ уонна тоҕо дии саныыгыный?
– Саҥа кэм оҕото кэмин кытта тэҥҥэ сайдар, хаамар. Урут оҕолору диафильм, сэбиэскэй мультик нөҥүө саҥарарга үөрэтэр буоллахпытына, билиҥҥи оҕо ону төрүт көрбөт. Киниэхэ компьютерынан таҥыллан оҥоһуллубут, хаһыылаах-ыһыылаах, киһитэ, кыыла биллибэт мультик дьоруойдара чугастар. Икки сыл ыарыыттан күһэллэн олоруу оҕолорго өссө охсуулаах буолла. Оҕо дьиэҕэ телевизоры, төлөпүөнү өрө мыҥаан олорон, тугу да эбиммэт, төттөрүтүн, арааска үөрэнэр, ону таһынан нуучча тылыгар өссө ылларар.
– Иннибитигэр турар итэҕэһи хайдах суох гыныахха сөбүй?
– Сахалыы эйгэ элбэх буолуохтаах. Манна дьиэ кэргэн оруола улахан. Төрөөбүт тылынан кэпсэтэн, дьарыктаан, остуоруйа кэпсээн, эйгэни оҥоруохха, тэрийиэххэ сөп буоллаҕа. Бу кыһалҕаҕа өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана А.С. Николаев олус сөптөөх уурааҕы таһаарда. Бу уураах олоххо киириитэ оҕолорбут төрөөбүт тылларынан саҥаралларыгар, сахалыы толкуйдуулларыгар тирэх буолуоҕа.
– Азалия Дмитриевна, киэҥ хабааннаах хоруйдары биэрбиккэр махтанабын. Үүнэр көлүөнэ төрөөбүт тылынан саҥарарын туһугар күүстээх үлэтэ ыытыҥ диэн баҕа санаабын этэбин.