28.10.2022 | 10:00

Оҕо саас көрүдьүөс түгэннэрэ

Оҕо саас көрүдьүөс түгэннэрэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Төрдүс кылааска салайааччынан Екатерина Николаевна буолла. Остолобуой иннигэр кураанах турбут хоһу ылан, "Эстетика" кэбиниэтэ диэни тэрийдэ. Эдэригэр С. Зверев ансаамбылыгар сылдьыбыт буолан, ырыа-үҥкүү куттаах, онон буолуо, Саха тыйаатырын, филармония артыыстарын кытта суруйсар. Мария Варламова диэн тыйаатыр артыыһын кытары шефтэстибит. Артыыстарга анаммыт истиэндэлэр баар буоллулар, аны хантан эрэ пианино аҕалла, кылааспыт иһэ тупса, киэркэйэ түстэ. Ол кэмҥэ ити билиҥҥи "Дьөҥкүүдэ кыталыктарын" тэрийдэ, кыргыттарбыт бары кэриэтэ онно киирдилэр, аҕыйах уол эмиэ сылдьаллар.

Биһиги продленнай группабыт "Тропинка" диэн ааттанан, туох эрэ күрэххэ бастаан, "Бэлэм  буол" хаһыакка таҕыстыбыт.

Начаалынай кылааһы бүтэрбит дьон кылааспытын бэйэбит суунар буоллубут, дьуһуурустуба олохтонно. Инньэ гынан биир күн Аликтыын сууйар күммүт буолан, уруок кэннэ хааллыбыт, кылааспыт учительскай таһыттан чугас, кылгас көрүдүөргэ турар. Уйбаанчык биһигини кытта аргыстаһар буолан, "кучуһан" тэҥҥэ сылдьыһар. Аны муоста сууйар швабра оскуола үрдүнэн тиксибэт үлүгэрэ. Үлэ уруоктарыгар швабра бөҕөтө оҥоһуллара да, алдьаналлара элбэҕэ бэрт быһыылаах. Биир кэмҥэ "ыһар буор курдук" элбиир, онтон аны көстүбэт тэрил буолар. Ону ыйыталаһан-көрдөөн кылаастары кэрийэбит. Ол гынан билэрдии  Алиадаттан ылыах буоллубут да, кыргыттарбыт налыччылара, ыксаабаттара сүрдээх, аа-дьуо кэпсэтэ-кэпсэтэ сылдьаллар. Биһиги ыксаабыт-кэтэспит санаабытыгар биир мүнүүтэ да уһун.

Арай Аликпыт өй укта: "морскойдуу сууйуохха!" "Морскойдуу сууйуу" диэни Алик оҕо эрдэҕиттэн билэр, эһэтэ күүлэтин муостатын сууйарыгар солуурунан уу ыһар, онтун сытыара түһэн баран сууйан-сотон кэбиһэр.

Дьэ, оннук сууйууну "морскойдуу " диэн ааттыыллар этэ. Аны кулуупка киинэлэргэ да элбэхтэ көрдөхпүт, мотуруостар хараабылларын хайдах сууйалларын, көрөргө бэрт чэпчэкитик, үөрүүлээхтик, өссө ырыалаах буолар. Онон Алик "идеятын" наһаа сөбүлүү иһиттибит, ол мотуруостар курдук санана түстүбүт. Дьэ уонна үс уол үөрэ-көтө көрүдүөр устун кылааспытыгар солуурунан дьалкылдьыта-дьалкылдьыта уубутун таһааччы буоллубут. Күлсэ-күлсэ ууну халыччы ыстыбыт, сотору кылааспыт муостата килэччи уу буолла.

Үлэбитин бүтэрэн, астынан, ааммытын сабаары туран, мин хайдах эрэ ороһуйа көрдүм. Ону кытта тэҥҥэ Алик: "Понедельникка диэри кууруоҕа!"- диэтэ, ол мунаарбыт санаам "үрэл" гынан хаалла.

Санаабытыгар, бэрт үчүгэйдик, түргэнник үлэлээн, ааммытын "лип" гына сабан, хатаан халыгыратан кэбистибит. Арай, кэннибитин хайыспыппыт, Алиадалаах бүтэн, били көрүдүөргэ тохпут уубутун унтуулаах атахтарынан тумна хааман иһэллэр эбит. "Оо, бу уолаттар туох ааттаах уутун тохпуттарай?!" - диэн биһигини саҥараллар. Биһиги кыһалҕа суох, хаатыҥкалаах атахпытынан үрдүттэн тэпсэбит. Хаатыҥка тилэҕэ тоҥноҕуна, хата, бэлэм хаҥкы.

Бэнидиэнньиккэ кэлбиппит, били, субуотаҕа ыспыт уубут сорох сиринэн куурбакка инчэҕэй сытар эбит. Учууталбыт тугун-туоҕун быһаарсан  сэмэлээтэ.

Аан бастаан кылаас сууйуубут ити курдук этэ.ф

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....