05.12.2021 | 13:00

Оҕо сааһым ахтылҕана — оонньуурдарбар

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Ульяна Захарова саҥа дьыллааҕы оонньуурдара сэбиэскэй кэми санаталлар. Кини ойуулаабыт куобахчааннара, бөрөлөрө, тииҥнэрэ, эһэчээннэрэ, дьуостара субу тиллэн кэлэн, хоробуоттуох курдуктар.

Бүгүҥҥү геройум: “Саха киһитэ барыта дьоҕурдаах. Биһиги ортобутугар иис-уус, тарбаҕар талааннаах үгүс. Сөбүлүүр дьарыктаах киһи толору буолар. Талааҥҥытын таба тайаныҥ, сайыннарыҥ”, – диэн санаалаах.

Ульяна Захарова @uliana_zakharova_sun – икки оҕо ийэтэ, суруналыыс, суруйааччы, үс кинигэ ааптара:

– Мин оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуубун. Аҕам Захаров Николай Николаевич наһаа талааннаах уруһуйдьут этэ. Кини эргиччи дьоҕурдааҕа: мас ууһа, тимиртэн араас от тэрилин оҥорор рационализатор, туос иһити тигэр иистэнньэҥ уонна сыыдам айаннаах суоппар. Оҕо эрдэхпитинэ Саҥа дьылга биир сарсыарда турбуппут, ийэлээх аҕабыт дьиэбит эркиннэригэр дьэрэкээн ойуулары уруһуйдаан ыйаабыттар этэ. Бу санаатахпына, аҕабыт оччотооҕу аккырыыккалары үтүктэн киэргэппит эбит. Эдьиийбинээн дьиэбит иһигэр сүүрэ сылдьан үөрбүппүт-көппүппүт. Оччолорго балтыбыт төрүү илигэ. Онтон ыла хас Саҥа дьыл ахсын ватмаҥҥа аҕабытын кытта уруһуйдуур, киэргэтиһэр буолбуппут. Кини ийэбит үлэлиир библиотекатын истиэндэтин барытын уруһуйдаан, бөрүөнэн суруйан биэрэрэ.

Биир сайын дьонум Новосибирскайтан маслянай кырааска кэһиилээх кэлбиттэрэ. Мин олус үөрбүтүм, аны суурайар растворум суоҕа, ону аҕабын кытта мас арыытыгар суурайан уруһуйдаабыппыт. Билиҥҥи курдук анал маҕаһыын суоҕа, холуста да көстүбэт этэ. Онон фанераҕа уруһуйдуурум. Ол хартыыналарым билигин да дойдубар – Таатта Туора Күөлүгэр бааллар. 11 кылааска Анна Ильинична Гуринова диэн учуутал масло кыраасканан идэтийэн уруһуйдуурга үөрэппитэ. Ити куруһуокка дьүөгэм Марина Саввинаны кытта умсугуйан туран дьарыктаммыппыт. Билигин Марина ааттаах иистэнньэҥ буолан олорор.

Сэбиэскэй кэм оҕолоро тэлэбиисэргэ мультик кэлэрин кэтэһэрбит. Оччотооҕу аккырыыккалар остуоруйа курдуктара. Сорохторун билиҥҥэ диэри ууруна сылдьабын. Оҕо сааспын санатар ойуулары оонньуурдарбар түһэрэбин, ол олорон умнуллубат кэрэ кэмнэрбин эргитэбин. Куобахтары уонна эһэлэри ордоробун. Худуоһунньук Владимир Зарубин уруһуйдарын олус сөбүлүүбүн.

Саҥа дьыл саҕана харыйа оонньуурдарын оҥорон, чугас дьоммор, аймахтарбар бэлэхтиибин. Кэлин: “Атыылаабаккын дуо?” – диэн ыйыталлар, инстаграмҥа таһаар диэн сүбэлииллэр. Онон кыралаан сакаас ылар буолбутум.

Аҕам: «Уля, уруһуйдаа, илиигин араарыма», – диэн мэлдьи этэрэ. Былырыын күндү киһим олохтон туораабыта. Кини көрөрө буоллар, төһө эрэ үөрүө этэ дии саныыбын.

Үксүн художественнай кырааскалары туттабын. Харандааһынан уруһуйдаабаппын, тута киистэнэн түһэрэбин. Үлэлиир буолан, үксүн түүн олоробун. Өр сыһарбын-соһорбун сөбүлээбэппин, түргэнник бүтэрэргэ дьулуһабын. Хайдах киһи сакаастаабытыттан эмиэ улахан тутулуктаах эбит диэн бэлиэтии көрдүм.

Биһиги дьиэ кэргэнинэн дьыл кэмнэриттэн кыһыны сөбүлүүбүт. Уолбут Байанай ыйыгар, кыыспыт Билгэ Хаан ыйыгар күн сирин көрбүттэрэ. Уолбут олус үчүгэйдик уруһуйдуур. Саҥа дьыл тыына сэтинньиттэн биллэн барар. Дьиэбитин киэргэтэбит, тыыннаах харыйаны туруорабыт. Атыыга таҕыста да, тута атыылаһабыт. Харыйа сыта дьиэбитин толорор. Бу оҕо сааһым баҕа санаата этэ. Биһиги эҥээр харыйа үүммэт буолан, дьиҥнээх харыйаны күөх экраҥҥа эрэ көрөн ымсыырар этибит. 

Бэйэбитигэр биир да оонньуур хаалбат буолара. “Чэ, бээ, маны бэлэхтиэххэ”, – диэн иһэрбит. Быйыл оҕолор туруорсууларынан үһү ууруннубут.

Оҕо олус түргэнник улаатар.  Сыллатар, таптатар кэмэ кылгас. Ол иһин көмүс чыычаахтаргытыгар болҕомтото ууруҥ диэн этиэхпин баҕарабын.

 

Чахчы даҕаны, Ульяна саҥа дьыллааҕы оонньуурдара оҕо саас ахтылҕанынан абылыы кууһаллар. Тымныы оҕонньор торуоскатын тыаһа “тос-тос” гына иһиллэр, Хаарчаана кыыс ырыата дьиэрэйэр...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...