30.12.2022 | 11:00

Оҕо үөрүүтүн көрөртөн ордук долгутуулаах суох...

Эһиилги сыл Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэриллибитэ. Мантан ыла хаһыаппытыгар баай уопуттаах, киэҥ билиилээх, ону таһынан эдэр кэскиллээх педагогтары сырдатар буолуохпут.
Оҕо үөрүүтүн көрөртөн ордук долгутуулаах суох...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһа араас таһымнаах уонна хайысхалаах тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытар. Онно биэс киин, библиотека, музей, маассабай үлэни тэрийэр уонна үөрэх-методическай салаалар, эбии үөрэхтээһин социальнай партнердара бары кытталлар. Үгүс күрэхтэр, научнай-практическай конференциялар, быыстапкалар, айар бырайыактар үтүө үгэскэ кубулуйан, сыл аайы ыытыллаллар.

Л.С. Яковлева салайааччылаах “Айылгы” этнокултуурунай киин художественнай хайысхалаах үөрэтэр-иитэр былааны олоххо киллэрэр. Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит –  «ПолиАрт» устуудьуйа эбии үөрэхтээһинин старшай педагога Эмилия Андреевна Максимова оҕо аймах сөбүлээн кыттар бырайыактарын кэпсээтэ.

Кыттааччылар баҕаларын, кыахтарын учуоттаан

Оҕолору кэрэ эйгэтигэр сирдиир эдэр уһуйааччы муниципальнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга, научнай-практическай конференцияларга, олимпиадаларга, быыстапкаларга, маастар-кылаастарга педагог уонна эксперт быһыытынан үгүстүк кыттыбыт. Ол уопутун туһанан, элбэҕи толкуйдаан, ырытан көрөн баран, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үөрэнээччилэри ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа сыһыарар, оҕолор айар дьоҕурдарын сайыннарарга төһүү күүс буолар күрэстэри ыытарга санаммыт.

“Куонкурустары, олимпиадалары тэрийэргэ аҥаардас айар таһымы, ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа билиини эрэ сүрүн сыал оҥостубаппын. Саха сирин чулуу худуоһунньуктарын суолталарын үрдэтэр, оҕолорго Ийэ айылҕаҕа тапталы уһугуннарар, чөл уонна куттала суох олоххо үөрэтэр соруктаах, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор баҕаларын, кыахтарын учуоттуур сыаллаах оҥоро сатыыбын”, – диэн санаатын үллэһиннэ Эмилия Андреевна.

Үтүө үгэскэ кубулуйаллар

Ханнык баҕарар педагог бэйэтин идеяларынан, саҥа саҕалааһыннарынан уонна үөрэнээччилэрин ситиһиилэринэн кынаттанар. Ити ордук эбии үөрэхтээһин уһуйааччыларыгар сыһыаннаах.

– 2021 сыллаахха Арассыыйаҕа Наука уонна технология сылыгар аналлаах «Изобразительное искусство» предмеккэ куораттааҕы олимпиаданы ыыппыппыт. Ити бастакы биир улахан эппиэтинэстээх тэрээһиммит буолбута. Үөрэнээччилэр билиилэрин таһымын быһаарар олимпиадаҕа эрдэттэн бэлэмнэммиппит. Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство историятыттан, көрүҥнэриттэн, жанрдарыттан, истииллэриттэн ыйытыылары толкуйдаабыппыт. Ити сыл 48 оҕо хабыллыбыта. Быйыл Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин сылыгар анаан “Саха сирин худуоһунньуктара” диэн тиэмэни талбыппыт. Тэрээһиммит кыттааччылар интэриэстэрин тардан, улуустартан кыттаннар, үтүө үгэскэ кубулуйда. Онон, харантыын биллэриллибэтэҕинэ, эһиил саас очнай көрүҥүнэн ыытар былааннаахпын.

Иккис куорат таһымнаах тэрээһимминэн «Пожарная безопасность глазами детей» диэн оҕолорго аналлаах уруһуй күрэҕэ буолбута. Манна киин куорат үөрэхтээһинин тэрилтэлэриттэн 78 үөрэнээччи кыттыбыта.   

Салгыы Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр аналлаах «Единственной маме на свете» кэтэхтэн куонкурус ыытыллыбыта. Онно 19 улуустан, киин куораттан уонна Дьокуускай кытыы нэһилиэктэриттэн кыттыбыттара. Барыта 300 оҕо хабыллыбыта.

Саҥа дьыл алыптаах кэмигэр

Былырыын  «Новогодние фантазии» күрэх «Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство», «Декоративнай-прикладной искусство» уонна «Саҥа дьыллааҕы көстүүм» диэн үс хайысханан ыытыллыбыта. Барыта 220 оҕо кыттыбыта. Ол курдук, Саха сирин 20-тэн тахса улууһуттан, ону таһынан Ленинград уобалаһын Гатчинскай оройуонун Веревскай оскуолатыттан, уопсайа 335 үлэ киирбитэ.

– Өрөспүүбүлүкэбит ыраах муннуктарыттан махтал тылларын истэр, анал коррекционнай, адаптивнай интэринээт-оскуолалар оҕолорун үөрүүлэрин көрөр ордук долгутуулаах буолбута. Онон быйыл «Новогодние фантазии» бырайыакпытын салҕаан, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Символ года-2023» кэтэхтэн күрэх тэрилиннэ, оҕо аймах киэҥ сэҥээриитин ылла. Бэрт кылгас кэм иһигэр 65 үөрэх тэрилтэтиттэн 180 оҕо уруһуйун туттубут. Анал коррекционнай оскуолалар, адаптивнай интэринээт-оскуолалар, Дьааҥы, Өймөкөөн, Абый, Муома, Эдьигээн, Өлүөхүмэ курдук ыраах улуустар куруук кытталлара биһигини олус үөрдэр,  – диэн кэпсиир эдэр педагог.

Айар үлэ сыаналанар

Соторутааҕыта түмүктэммит күрэххэ оҕолор илиҥҥи халандаарынан эһиилги сыл хаһаайына үчүгэйкээн бэйэлээх куруолугу араастаан ойуулаан ыыппыттар. Уус Алдан улууһун П.В. Аммосов аатынан Тулуна орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ Валерия Акимова Гран-при үрдүк аатын ылла. Салайааччыта – изо уонна черчение учуутала Куприянова Руслана Руслановна. Кыттааччылар бары туоһу суруктары, оттон уһуйааччылар махтал суруктарын тутан, үөрүүлэрэ үксээтэ.

Эмилия Андреевна этэринэн, дьүүллүүр сүбэ киирбит үлэлэри сыаналыыра ордук эппиэтинэстээх уонна ыарахан. Кыттааччылары буолбакка, кинилэр айар үлэлэрин сыаналыыбыт диэн бэлиэтээн туран, түгэнинэн туһанан, күүс-көмө буолар экспертэргэ махталын тиэртэ.

– Дипломнарга, грамоталарга, афишаларга үксүн «ПолиАрт» устуудьуйа уһуйуллааччылара Надежда Постникова уонна Оливия Мильвид ааптарыскай уруһуйдарын туһанабын. Ону дизайнер Н. Каратаева киэргэтэн, ситэрэн биэрэр.

Хас биирдии куонкуруһу тэрийэн ыытыы бүтүн хамаанда үлэтин эрэйэр. Биһиги ыытыллар куонкурустарбыт, олимпиадаларбыт таһымнара үрдүүрүгэр кыһаллабыт. Саха сириттэн эрэ буолбакка, ыырбыт ыраатан, далааһыммыт кэҥээн, Арассыыйа араас муннуктарыттан кыттааччыларбыт элбии туралларыгар баҕарабыт, – диэн Эмилия Андреевна кэпсэтиибитин түмүктээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....