Оҕо күүтэр дьахталлар кутталлаах бөлөххө киирсэллэр
Быраастар Сovid-19 инфекцияламмыт оҕо күүтэр дьахталлар доруобуйаларыттан олус долгуйаллар. Ол туһунан «кыһыл зонаҕа» үлэлии сылдьар пульмонолог-быраас Мария Борисовна Саввина кэпсиир.
– Биһиги килиниичэскэй кэтээн көрүүбүтүгэр олоҕуран, оҕо күүтэр дьахталларга коронавирус саҥа инфекцията олус ыараханнык дьайарын туһунан нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрэр наада үөскээтэ.
Covid 19 инфекция кинилэргэ олус хабырдык, уратытык киирэр. Ыарыы күнүнэн буолбакка, чааһынан күүһүрэр, организм хайдах хардарара эрдэттэн биллибэт. "Цитокиновай шторм" (киһи ыарыыны утарсар систиэмэтэ коронавируска хардата) олус дохсун. Күүстээх респираторнай дистресс-синдромнаах (тыҥа тканнара ыараханнык алдьаныыта) дьахталлары, оҕо төрүүр болдьоҕуттан тутулуга суох, суһаллык төрөтөр наадата тирээн кэлэр.
Биир улахан чинчийиигэ аан дойду 18 дойдутуттан, ол иһигэр Арассыыйаттан, 2100-тэн тахса оҕо күүтэр дьахталлартан ылыллыбыт чахчылар туһаныллыбыттара. Covid-19 ыарыылаах дьахталлар кырачааннарын истэригэр илдьэ сылдьар кэмнэрин уонна хамсык инфекциятын биллэ мөлтөхтүк аһараллар. Иккиэн бэйэ-бэйэлэрин туруктарын уустугурдан, ийэ өлүүтүгэр тириэрдэр кутталы үрдэтэллэр. Оҕо ийэтин иһигэр сылдьар кэмигэр төрүөх сүрэҕи уонна тыҥаны баттыыр, хаан эргиирэ уустугурар, дьахтар ыарыыны утары охсуһар күүһэ мөлтүүр – бу барыта дьахтар оҕотун илдьэ сылдьар кэмин ыараханнык аһарарыгар тириэрдэр.
Биллэн турар, оҕо күүтэр дьахталлар хамсык ыарыытын бары ыараханнык ылыналлар диэн буолбатах, үгүс дьахталлар ыарыыны чэпчэкитик эбэтэр орто-ыарахан көрүҥүнэн аһараллар. Ол да үрдүнэн, Covid 19 ыарыылаах оҕо күүтэр дьахталлар, чуолаан оҕолонор болдьохторо чугаабыттар, быраас кэтээн көрүүтүгэр сылдьыахтаахтар уонна ыарыы бастакы саҕаланыаҕыттан сөпкө эмтэниэхтээхтэр.
Ханнык баҕарар түгэҥҥэ эмтиирдээҕэр сэрэтэр ордук. Онуоха оҕо күүтэр дьахталлар элбэх дьону кытары хантаактаһары хааччахтыахтаахтар, элбэх киһи баар тэрээһиннэригэр сылдьыа суохтаахтар, булгуччу маасканы уонна бэрчээккэни кэтиэхтээхтэр, антисептиктары туһаныахтаахтар уонна хамсыктан харыстанар быһыы ылыы кыахтарын үөрэтиэхтээхтэр.
***
Ити курдук, быраастар балтараа сыл устата күн аайы дьону хамсык дьаҥыттан быыһыырга бэйэлэрин үлэлэрин толороллор, быһыы ылар наадатын туһунан күн аайы этэллэр. Исписэлиистэр санааларын истиҥ.