08.11.2024 | 14:00

Оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыыта туохха тирэҕирэрий?

Оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыыта туохха тирэҕирэрий?
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Үрдүк категориялаах невролог быраас, медицина билимин кандидата Гульнара Софронова оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыытын туһунан кэпсээтэ. Бэлиэтээн эттэххэ, Гульнара Ивановна телеграм ханаалыгар олус интэриэһинэй, төрөппүттэргэ туһалаах биэриилэри сахалыы тылынан устан таһаарар.

– Миэхэ, неврологка, үгүс төрөппүттэр “оҕобут эт-хаан өттүнэн мөлтөх, мөдөөт, хамсаныан баҕарбат, кини ханнык спортивнай секцияҕа сылдьыан сөбүй, ол туох туһалаах уонна туох буортулаах буолуоҕай?” диэн ыйытыылаах кэлэллэр.

 

Чэгиэн, эт-сиин өттүнэн сайдыбыт киһи физическэй ноҕоруусканы тулуйумтуо, күүстээх, сымса, түргэн уонна имигэс буолар. Оттон ньиэрбэ систиэмэтэ кэһиллиитин түмүгэр бу хаачыстыбалар бары бытаараллар, маннык кэһиллиилээх оҕолор мөлтөх, мөдөөт буолаллар. Ол аата, нууччалыы термининэн эттэххэ, “моторная неловкость” диэн буолар. Кинилэр саастарыгар сөптөөх хамсаныылары үчүгэйдик оҥорботтор. Ол төрүөтүнэн буолаллар:

1) Мэйии үлэтэ кэһилиннэҕинэ, хамсаныы бытаарар. Тоҕо диэтэххэ, биһиги мэйиибит организммыт хамсаныытын барытын былааннаан, сатабыллаах, тупсаҕай буоларыгар эппиэттиир.

Бу хамсаныы кэһиллиитин медицинскэй тиэрминэ “нарушение праксиса” диэн ааттанар. Маннык оҕолор, холобур, сатаан бэлисипиэти тэппэттэр, уҥаларын-хаҥастарын булкуйаллар, мээчигинэн сатаан оонньооботтор.

 

2) Ньиэрбэ систиэмэтэ кэһилиннэҕинэ, былчыҥ мөлтүүр. Былчыҥмыт үксүгэр сымнаҕас, кыра тонустаах (гипотония) буолар. Холобур, былчыҥ кыра тонустанар кэмигэр оҕо тутта сылдьара (осанка), сиһин тоноҕосторо, түөһүн формата уонна тиҥилэҕин тутула эмиэ уларыйан хаалар.

 

Оҕону тулуйумтуо буоларга уһуйуҥ

– Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор төрөппүттэригэр сүбэлиэм этэ: сүрүн болҕомтону эт-хаан ноҕоруускатын тулуйумтуо буолууну сайыннарар спот көрүҥнэригэр ууруҥ. Манна киирэр: сүүрүү, харбааһын, бэлисипиэт, хаалыктаах хаамыы, эрдээһин. Бу дьарыктар – аэробнай циклическай эбэтэр кардио ноҕорууска диэн ааттаналлар.

Маннык дьарыктарга сүрэх тэбиитэ түргэтиир, сүрэх носуос курдук үлэлээн, тымырдарынан хааны күүскэ хачайдыыр, ол кэмҥэ организм кислородунан хааччыллыыта элбээн, эттиктэр атастаһыылара күүһүрэр.

Клеткабытыгар баар сүрүн энергияны оҥорор митохондрия диэн эттикпит үлэтэ күүһүрэн, бу дьарыктар түмүктэригэр элбэх энергияны ылабыт. Сүрүн уратылара диэн, дьарыктанар киһи доруобуйатын туругуттан көрөн, пульс түргэтииринэн кээмэйдэнэллэр. Ол аата бу оҕо физическэй туругун тренер сөпкө сыаналаан баран, кини оҕоҕо туох да буортуну аҕалбат ноҕоруусканы талар.

 

Ноҕоруусканы тулуйумтуо оҥорор аэробнай дьарыктары доруобуйаларынан хааччахтаах, ньиэрбэ систиэмэтэ кэһиллиилээх, тутта сылдьаллара (осанка) уларыйыылаах оҕолор бары оҥоруохтарын сөп.

Ону тэҥэ маннык дьарыктары кырдьаҕас дьоҥҥо, хат дьахталларга, сүрэх уонна тымыр эпэрээссийэтин кэнниттэн кэмнээн барыларыгар оҥотторуохха сөп.

 

Былчыҥ күүһүн сайыннарыҥ

– Дьэ ол кэнниттэн, оҕобут ноҕоруусканы тулуйумтуо буолбутун кэннэ, атын хаачыстыбаларын сайыннарыыга киирэбит.

Биһиги былчыҥмыт күүһүн сайыннарыахтаахпыт. Оҕолорго кыра ыйааһыннаах гиирэнэн эбэтэр бэйэлэрин ыйааһыннарынан дьарыктанар ордук барсар – приседание, анньыныы, тардыныы. Бу дьарыктарга искилиэт тас былчыҥнара сайдаллар.

 

Ону таһынан хас биирдии сүһүөхтэрбитин кып-кыра былчыҥнар тутан тураллар. Ол аата бу былчыҥнар күүстээх буоллахтарына эрэ сүһүөхтэр сөпкө, толору үлэлииллэрин ситиһэбит. Кыра былчыҥнары пилатес сайыннарар.

Пилатес кэнники кэмҥэ күүскэ тарҕанна. Бу көрүҥү төрүттээбит киһинэн Джозеф Пилатес диэн американец, боксер, хайыһардьыт киһи буолбута. Кини 1920-1940 сс. сүүрбэччэ сыл бэйэтин дьарыгын оҥорон, чочуйан, бастакы устуудьуйатын арыйбыт. Кини дьарыктара эчэйиини ылбыт балериналарга уонна спортсменнарга туһаайыллыбыттар. Дьарыктарыгар тыыныы уонна ис кыра былчыҥнарын мэйии бэйэтэ хонтуруоллаан бытааннык оҥорторорун ситиспит. Ол иһин пилатес сколиозтаах дьоҥҥо уонна араас эпэрээссийэ, эчэйии кэнниттэн барсар. Ол эрэн пилатеһы ыытар идэтийбит тренер киһи хамсаныытын сокуонун (биомеханиканы) үчүгэйдик билэр буолуохтаах.

 

Манна даҕатан эттэхэ, оҕо сколиозтаах буоллаҕына, “ассиметричные виды спорта” диэннэр, холобур, фехтование, остуол тенниһэ, ох саанан ытыы, уһун дистанцияҕа сүүрүү, ыстаҥа киниэхэ барсыбаттар.

 

Имигэс уонна сымса буолуу улахан суолталаах

Имигэс буолууга йога туһалаах. Йога сөпкө тыыныыга уонна мэйии үлэтигэр туһуланар. Ол иһин доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго соччо барсыбат.

 

Оҕо былчыҥын тонуһа ньиэрбэ систиэмэтэ кэһиллиититтэн кыра да баар буоллаҕына, бастаан утаа сүрдээх имигэс курдук көстөр. Ол иһин төрөппүттэр кинини ситэ билбэккэ, гимнастикаҕа биэрэн кэбиһэллэр. Эбэтэр кыра тонустаах эдэр кыргыттар йоганан күүскэ дьарыктаналлар. Бу кэмҥэ хас биирдии сүһүөҕү тулалыыр былчыҥы аһара күүскэ ууннарыы, ноҕоруускалааһын эчэйиигэ тиэрдиэн сөп.

 

Спортивнай дьарык кырата нэдиэлэҕэ иккитэ, үстэ буолара ордук.

 

Хас биирдии дьарык 50 мүнүүтэ буолуохтаах.

Бастакы 15 мүнүүтэ – бэлэмнэнии (разминка), 30 мүнүүтэ – сүрүн дьарык, 5 мүнүүтэ – холкутуйуу.

 

Сымса буолууга (ловкость) сүрүн оруолу координация оонньуур. Ньиэрбэ систиэмэтэ кэһиллиилээх оҕолорго координациялара эмиэ мөлтөх буолар – аҥаар атахтарыгар үчүгэйдик турбаттар, мээчигинэн сатаан оонньооботтор. Маннык оҕолору үҥкүү араас көрүҥэр биэрэр туһалаах.

***

Хамсаныан баҕарбат, эт-хаан өттүнэн мөлтөх оҕо аан маҥнай дьарыктанан саҕалыырыгар сүрүн оруолу тренера уонна төрөппүт оонньууллар. Ол иһин кинилэр икки ардыларыгар өйдөһүү уонна өйөһүү олохтонуохтаах.

Оҕо бастаан утаа этэ-хаана үөрэниэр диэри дьарыгын ыарырҕатар, барыан баҕарбат буолуон сөп. Ол иһин бастакы алта ый устата модьуйан, дьарыгар оонньуу курдук сыһыаннаһан сырытыннарыахпытын наада. Ол кэнниттэн, этэ-сиинэ үөрэннэҕинэ, оҕо бэйэтэ тардыһан барар.

 

Оҕо физическэй ноҕоруусканы тулуйумтуо, күүстээх, сымса уонна имигэс буолара үксүн оскуолаҕа барыар диэри кыра сааһыгар олуга уурулларын умнумаҥ.

 

Оҕо саас сиэдэрэй оһуорун киэргэтэргэ бэлэммит!

Ыҥырыы сурук
Оҕо саас уйата – бу оҕо уһуйаана. Манна оҕо саастыылаахтарын, улахан дьону кытары алтыһан сайдар, оонньуур, үөрэр-көтөр! Онуоха уһуйаан тас көстүүтэ эмиэ дириҥ суолталаах. Кырачаан киһи күүлэйдииригэр, сынньанарыгар, кэрэҕэ тардыһарыгар, сайдарыгар табыгастаах буолуохтаах. 
Биһиги оҕобут сылдьар Дьокуускайдааҕы 84 №-дээх «Искорка» уһуйаана 1979 сыллааҕы тутуу дьиэҕэ үлэлиир. Ол кэмтэн 45 сыл ааһа охсубут! Оҕолор күүлэйдиир, сынньанар сирдэрэ эргэрэн, билиҥҥи кэм ирдэбилигэр толору эппиэттээбэт, хобдох көрүҥэ киһини сонньутар... Ардахтан, хаартан эмсэҕэлээн, дэлби тэстэн, истиэнэлэрин сиигирдэн, сытытан, көстүүтэ сылын аайы мөлтөөн иһэр. Сыл аайы өрөмүөннүүбүт даҕаны, көдьүүһэ суоҕун кэриэтэ.
Оҕобут уһуйаанын аныгылыы тыыннаары, сэргэх көстүүлээри, олохтоох көҕүлээһиннэр бырагыраамаларыгар кыттыһан, «Кэлэр кэм үйэтин уһуйаана» бырайыакка кыттан эрэрбит!
Төрөөбүт куораппыт тупсаҕай көрүҥүн киэргэтэр, оҕо сынньанарыгар табыгастаах аныгылыы оҥоһуулаах тэрээһэлэр хараҕы үөрдүөхтэрэ диэн ис сүрэхпититтэн эрэнэбит.
Бу бырайыакпыт кыайдаҕына, Дьокуускайдааҕы 84 №-дээх «Искорка» оҕо уһуйааныгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһин көрүллүөхтээх!
Күндү Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ! Кэлэр ыччаппыт инникитин туһугар көхтөөхтүк кыттан, ыйытыктарга эппиэттээн, куоластыаххыт диэн ис сүрэхтэн эрэнэбит!
Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....