17.08.2023 | 10:00

Нюргуяна Никифорова – Ойууна: «Хаһыаттартан, сурунааллартан үтүктэн уруһуйдуурум»

Нюргуяна Никифорова – Ойууна: «Хаһыаттартан, сурунааллартан үтүктэн уруһуйдуурум»
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Улааттахпына ким буолуохтаахпын билэр этим  

Дьоллоох оҕо сааһым сардааналаах кырдаллардаах Амма кэрэ айылҕатыгар ааспыта. Ийэм култуура үлэһитэ буолан, ырыа-тойук эйгэтигэр сыһыара сатаабыта. Онон муускукаҕа да, ырыаҕа да холонуу баара. Онно үөрэппит, уһуйбут учууталларбар махтанабын. Ол эрээри уруһуйдуурбун ордорор этим. Оччотооҕу хаһыаттартан, сурунааллартан киинэ артыыстарын, биллэр дьон мэтириэтин үтүктэрим. Аҕабын уруһуйдаабыппын өйдүүбүн. Ити курдук улааттахпына ким буолуохтаахпын сэрэйэр этим. Кэлин сөбүлүүр дьарыкпынан сирдэтинэн Ойууна диэн айар ааты ылыммытым. 2015 сылтан бэйэбин көҥүл худуоһунньук быһыытынан билинэбин. 

Бу эйгэҕэ бэйэбин билиһиннэрэр улахан үлэбинэн Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун бүтэрэрбэр уруһуйдаабыт «Эбээ Биэрэ сэһэнэ» диэн хартыынам буолар.

Тус санаабар, ордук табыллар уонна дууһабын ууран үлэлиир хайысхабынан мэтириэт буолар. Бу жанр сүрүн уратытынан худуоһунньук уруһуйдуур киһитин майгыннатыахтааҕын ааһан, дьоруойун ис туругун биэриитэ буолар. Бэйэм практическай психолог идэлээх буоларбынан даҕаны, мэтириэт ордук табылларга дылы. Бырабыыталыстыба дьиэтин иккис этээһигэр араас кэмҥэ култуура миниистирдэринэн үлэлээн ааспыт салайааччылары оҥорбутум ыйанан турар. Ону ааһан Медицинскэй колледж дириэктэрдэринэн үлэлээбит 25 киһи мэтириэтин оҥорбуттаахпын.

Мэтириэти оҥорорго ылсыһыам иннинэ чараас эйгэ нөҥүө көҥүллэтии ылабын, ыраастаныыны ааһабын. Мэтириэттэр үксүлэрэ олохтон барбыт дьон буолалларын быһыытынан, маннык тутуһарым санаабын бөҕөргөтөр.

Этюд эмиэ тус айылгылаах  

Айылҕа көстүүтүн, субу буола турар түгэни уруһуйдуурга олус кылгас түгэн бэриллэр. Бу хатыламмат көстүү күн киирэриттэн, тахсарыттан, түүн, күнүс сырдыгын арааһыттан тутулуктаах. Дьэ ол кэмҥэ ис-искиттэн хомунан, сүрэххин, дууһаҕын ууран туран үйэтитэр соруктааххын.

Миигин айылҕам маанылаабыт киһитэбин. Үрдүкү Үрүҥ Күүстэрбэр махталым муҥура суох. Уруһуйдуур кэммэр оннооҕор ардах сэллээн, барыта орун-оннугар буолан хааларыттан наһаа үөрэбин.

Улуу худуоһунньук Илья Репин олорбут дьиэтин, Былатыан Ойуунускай өтөҕүн этюд оҥортолообутум. Нева, Амма, Өлүөнэ  эбэлэри, Саха сирин күөллэрин уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн.

Худуоһунньукка күн, түүн диэн суох. Кини көҥүл. Баҕа баар буоллаҕына, санаа кэлэринэн тухары, көҥүллүк, холкутук хаһан баҕарар айарбын ордоробун.

Эбэм алгыһа

Айар эйгэҕэ сылдьар киһи сүтэн-симэлийэн хаалбат, өрүү үлэ үөһүгэр буолар. Эбэм ити тылларын бэйэбэр алгыс курдук ылынабын.

Айар киһиэхэ чуумпу, соҕотохсуйуу салгын курдук наада. Оччоҕуна дьэ иэйии киирэр, айар-тутар уххаҥҥа ыллараҕын. Сорох ардыгар оннук чуумпурууну көрдөөммүн айанныырбын сөбүлүүбүн. Холобура, Петербург устун хаама сылдьан, ойууһут буолбуппунан киэн туттуу киирэр. Онно хас хардыы аайы худуоһунньуктар үлэлэрин түмүгэ элбэх турист хараҕын үөрдэр, айымньыларыттан киһи эрэ өрө көтөҕүллэр, дизайнтан саҕалаан, архитектура, искусство араас кырааската кустук өҥүнүү оонньуура киһи эрэ дууһатын үөрдэр эбээт!

Хомойуох иһин, биһиэхэ худуоһунньуктары өйдүүр, өйүүр киһи аҕыйах. Ол да иһин буолуо, мин уруһуйдуурбун бастакы миэстэҕэ туруорбаппын. Сыал-сорук туруорунан, тугу да быраҕан туран диэн буолбатах. Хайдах тахсарынан, түгэн көстөрүнэн айабын-тутабын диэххэ сөп.

Айылҕалыын алтыһыы

Бу атырдьах ыйын саҕаланыытыгар икки күн устата сибээһэ да, уота да суох сиргэ бараммыт, айылҕалыын алтыһыы буолла. Билиҥҥи кэм киһитигэр бэйэтин бэйэтэ сааһыланарыгар, бэйэтигэр болҕомто уурарыгар маннык тэрээһин сүрдээх туһалааҕын өссө төгүл биллибит.

Барыта 16 киһи күннээҕи түбүктэн, дьиэттэн-уоттан тэйэн, ийэ айылҕалыын алтыһан, кутаа тула сэһэргэһэн, ырыа-тойук истэн, бэйэлэрин илиилэринэн харысхал оҥостон, дуоһуйуу ылан кэллилэр.

Аата да этэрин курдук, Ойууналыын ойуурга ойуулуохха диэн сыаллаах сынньалаҥмыт сүрүн чааһыгар хас биирдии киһи бэйэтигэр шаблон нөҥүө харысхал оҥоһунна. Шаблон диэн тыл бастаан истэргэ олуона курдук эрээри, манна оҥорор киһи дьиҥ бэйэтин ис туруга, тус санаата эрэ ойууланан тахсарын чахчы көрөн, итэҕэйдибит. Ол эбэтэр бырайыагым кыттыылаахтара айылҕаҕа уруһуйдааһын ураты тыынын эттэринэн-хааннарынан, өйдөрүнэн-санааларынан биллилэр.

Истиҥ доҕор – дьол

Ханнык баҕарар саҕалааһыным доҕотторум көмөлөрө суох буолбат.

Мин доҕотторум сүрүннээн артыыстар, худуоһунньуктар, айылҕаҕа чугас, чараас эйгэлиин алтыһар дьон. Кинилэр миэхэ куруук күүс-көмө буолалларыттан үөрэбин.

Киһи олоҕор эрэллээх истиҥ доҕоттордооҕо бу эмиэ дьоллоох киһи баайа буолар эбит диэн санааҕа кэлэбин.

 

Кэрэ эйгэҕэ – бииргэ

Кэлиҥҥи кэмҥэ худуоһунньук быһыытынан дьону үөрэтэрим ордук табыллар курдук. Саха киһитэ барыга дьоҕурдаах, талааннаах дииллэрэ оруннаах эбит. Үйэлэригэр киистэни туппатах дьон сатаан уруһуйдуур буолбуттарыттан дьоллонор сирэйдэрин көрөр, махтанар тылларын истэр саҕа үрдүк наҕараада суохха дылы.

Ол курдук, Дьокуускай куоракка кырдьаҕастарга аналлаах «Үһүс саас оскуолата» диэн тэрилтэлиин быйылгыттан ыкса ситимнээхтик  үлэлэһэбин. Аҕам саастаах дьон олохторун кырааскатын киистэ нөҥүө ойуулуулларыгар идэлээх киһи быһыытынан уруһуй албастарыгар, ньымаларыгар үөрэтэбин. Куурус кэнниттэн «Үргэл» Арт-галерея саалатыгар бэйэм быыстапкабыныын үөрэнээччилэрим үлэлэрин туруорбуппут. Онон ким баҕалааҕы кэрэ эйгэҕэ бастакы хардыылары оҥорорго үөрэтэбин.

Архитектурнай композиция куораппын олус киэргэтиэх этэ

Дьокуускай куоракка уон биэс сааспар кэлбитим. Ол эбэтэр тохсус кылаас кэнниттэн П.П. Романов аатынан художественнай училищеҕа үөрэнэн киирбитим. Бу сыллар тухары иккис төрөөбүт дойду оҥостубут куораппар сүрэхпэр саамай чугас сирим Үйэлээх уот болуоссата. Бу миэстэни, таһынааҕы сирин олус чугастык ылынабын.

Тапталлаах куоратым үүнэрин-сайдарын үөрэ көрөбүн. Ол эрээри, ойууһут киһи быһыытынан, аныгы дьиэлэр өссө тупсаҕай буолуохтарын баҕарабын. Холобура, үрдүлэригэр архитектурнай композициялары оҥорорго кыах баар буолуо дии саныыбын. Искусство бу биир хайысхата биһиги куораппытын олус киэргэтиэх этэ.

Уонна айар үлэһит быһыытынан худуоһунньуктар көрсөр кыһалҕабытыгар тохтуохпун сөп этэ. Куорат биир эмэ киин болуоссатыгар, уулуссатыгар көҥүл худуоһунньуктар үлэлэрин атыылыыр, көрдөрөр быыстапка үлэлиэҕин баҕарабын. Ааһар да дьон көрөн, кэрэ эйгэҕэ чугаһыах этилэр. Куорат биир соҕотох «Үргэл» арт-галереята өрөбүл күннэргэ үлэлээбэтэ хомолтолоох. Куорат дьоно, ыалдьыттар да быыстапкаларга сылдьыахтарын баҕарбыттарын да иһин, хатааһыннаах турдаҕа. Эдэр худуоһунньуктарга дьарыктанар миэстэ суоҕа эмиэ кэккэ харгыстары үөскэтэр. Чэ, санаам итинник.

Күүс көмө буолар, бииргэ алтыһар дьоммор махтанабын. Ийэ куккутунан салайтаран, тускулаах олохтонуҥ, тапталга уйдаран, махталлаах буолуҥ диэн баҕарабын бар дьоммор.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...