22.02.2023 | 10:00

Норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов: «Сымыйа сымыйаны төрөтөр»

Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт норуодунай суруйааччы, драматургияҕа Алампа бириэмийэтин лауреата Дмитрий Федосеевич Наумов.
Норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов:  «Сымыйа сымыйаны төрөтөр»
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Сталин мэтээлэ

Амма улууһун биир кырдьаҕас нэһилиэгэр Сулҕаччыга Сиибиктэ Дмитриевна Григорьева уонна Феодосий Дмитриевич Наумов диэн уон тоҕустаах дьоҥҥо төрөөбүтүм. Ийэлээх аҕам сэрии кэмин оҕолоро этэ, иккиэн 1929 сыллааҕы төрүөхтэр. «Сталин мэтээлэ» диэн кэпсээммэр кинилэр олохторун суруйбутум.

Мин 1948 сыллаахха алтынньы 6 күнүгэр "Собо үрүйэтэ" диэн пиэрмэҕэ сэттэ ыйдаахпар төрөөбүппүн. Ийэм барахсан "ыал оҕото ытыыр үһү" диэхтиирэ эбит. Тыҥырах да, миилэ да суох ытаабат киһини эбэм, тииҥ бэргэһэтин иһигэр уган, оһох суоһугар күлүүкэҕэ ыйаан киһи буолбуппун. Дьахтары төрөтөр "баабыскаһыт" эмээхсин анаан оҕуска тиэллэн кэлэн, эбэбэр "сылааска тутуҥ, киһи буолсу" диэн сүбэлээбит. Дьэ оннук тииҥ бэргэһэ иһигэр сытан, оһох сылааһыгар угуттанан киһи буолбуппун. Ол туһунан табаарыһым быраас Вячеслав Александровтан ыйыппыппар, "олох сөпкө гыммыттар" диэбитэ. Сэттэ ыйдаах оҕо 37.7 кыраадыстан кыра буоллаҕына, өлөр үһү.

Эбэм "икки ый буолан баран хаахынаабытыҥ" диэччи. Кэнники, улаатан истэҕим аайы, эбэбинээн дьиэ иһинээҕи "гражданскай иирсээн" буоллаҕына, күнү быһа ытыыр "идэлээх" быһыылааҕым. Ону эбэм "төрөөн баран икки ый  ытаабакка ийэҕин муҥнаабытыҥ. Аны билигин тохтообокко муҥнуугун" диэхтиирэ.

Ийэм биирдээхпэр сэллик буолан өлбүтэ. Дьүөгэлэрэ ийэбин "сүрдээх кыайыгас үлэһит этэ. Ол гынан баран бу ыарыы обургуттан мас охторунуу биир сыл иһигэр бараахтаабыта" дииллэрэ. Онон аҕам эдьиийигэр Өлөксөөскө иитиллэн улааппытым. Кини кэргэнэ Сталинградка өлбүтэ. Кыайыы кэнниттэн оҕото-уруута суох оҕонньордуун холбоспуттара. Мин  кинини аҕам диэн улааппытым. Ити  курдук биир да үөрэҕэ суох дьоҥҥо Амма биир саамай үчүгэй сиригэр – Боруҥуй аҕатын ууһун дьонугар төрөөбүт киһибин. Аҕабыт ууһугар Көстөкүүн Туйаарыскай, Любовь Горохова-Сүүмэх, эдьиийбит Аана Махсыымабына сиэнэ Евсей Лугинов диэн суруйааччылар бааллар.

Онон ити өттүнэн удьуордаабыппын быһыылаах.

Ииппит эдьиийим Анастасия Дмитриевна Наумова

Ийэм ааттыын ураты

Саха сиригэр бэрт сэдэх үүнээйи баар. Ийэм ол аатынан Сиибиктэ диэн дьикти ааттааҕа. Биир кыыстаахпар ийэм аатын биэрбитим. Эһэм Миитэрэй оҕонньор диэн кыһыл бартыһаан Маайыска диэн кыыһа оҕолоноору өлбүт. Онтон мин ийэбин аймахтарыттан хотон түннүгүн мууһун туура тэбэн ылан, улаханнык таптаан ииппит. Ликбезкэ үөрэммитинэн, эһэм "Эдэр коммунист" хаһыаты үчүгэйдик ааҕар этэ. Миэхэ ааҕарын истэн улааппытым.

 

Эһэм кэриэһэ

Хайа да пиэрмэҕэ олордохпуна, эһэм күһүн уонна сааһыары сылга иккитэ кэлэн көрсөн ааһара. Ол көрүстэҕин аайы бэйэтигэр ыкса да ыкса кууһан олорон сыллыыра уонна хайаан да тугу эмэ этэрэ. Көрсүһүүбүт: "Чэ, уонна көрсөрбүт дуу, суох дуу..."– диэн этэринэн түмүктэнэрэ. Эһэм этиилэрэ хас биирдиилэрэ олус күндүлэр уонна олохпор бу күҥҥэ диэри суолдьут буолан кэллилэр.

 

Оҕо, эдэр саастарым

Үөрэнээччи быһыытынан хоп курдук үөрэммитим. Аҕыс кылааһы  Соморсуҥҥа бүтэрбитим. Онтон Амма орто оскуолатыгар интэринээккэ олорон үөрэммитим. Ийэм өлбүтүн иһин маҥнай медик буолар баҕалаах курдук этим. Онтон тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар киирэн үөрэнэ сылдьан улаханнык ыалдьан хаалбытым.

Биһиги аймахтан абаҕам Толлоко Миитэрэй сүүһүн ааһан баран өлбүтэ. Эбэм сүүһүгэр тиийбитэ. Онон, удьуор хааным тардан, күн бүгүҥҥэ диэри этэҥҥэ сылдьарбар махтанабын.

Ийэлээх аҕам Сиибиктэ Дмитриевна Григорьева уонна Феодосий Дмитриевич Наумов

Тиит лабаатынан охсуллубуттаахпын

Аҕам иккис кэргэниттэн алта оҕолоох, үс уол, үс кыыс этилэр. Мин кинилэргэ төрдүс кылаастан кыһыҥҥы өттүгэр үөрэнэрбэр олорор буолбутум. Эбэм: «Өлөн хааллахпына, аҕаҥ саҥа дьиэ кэргэнин билбэккэҕин, аймахтаргын билсибэккэҕин сылдьыаҥ дуо?»– диэн санааттан бэйэтэ сиэтэн аҕалбыта.

Онно дьиэтигэр барарыгар сайыһан ытыыбын, эбэм эмиэ ытыыр. Дьоммор хаалыахтаах киһи төттөрү барсар дьүккүөрбүттэн айманнаҕа буолаахтыа. Үйэтигэр биирдэ таһыллыбатах киһини тиит лабаатын туура тардан ылан самыыга охсубуттаах.

Ол курдук оҕо сааспар туох да атаҕастабылы билбэккэ улааппытым.

 

Бүөтүр Тобуруокаптыын

Мин Тобуруокабы өлбүт дии саныыр этим. Тоҕо диэтэххэ учебникка баар хаартыскатыгар төгүрүк ачыкылаах буолааччы. Эмиэ оннук ачыкылаах ити Чаҕылҕан, ити Абаҕыыныскай өлбүт дьон буоллахтара. Уонна кинигэҕэ өлбүт дьон айымньыларын киллэрэллэр диэн толкуй баарыттан буолуо.

Кыра кыыһынаан ыал буолан тиийэрбитигэр Бүөтүр Тобуруокап бэйэтинэн көрсүбүтэ. Онтон ыла 31 сыл бииргэ олорбуппут.

Балаҕаннаах хортуоппуй үүннэрээччилэрэ

Нам сириттэн – үлэ үөһүгэр

Үөһээ Бүлүү Намыгар биир сыл маҥнай сельхозтехникаҕа, онтон Нам отделениетыгар үүт учуотчутуттан саҕалаан зоотехнигынан үлэлээбитим. 80-с сылларга Нам Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн түөрт сыл үлэлээбитим.

Ол кэнниттэн сопхуоска солбуйааччы дириэктэринэн үлэлии олорон, Балаҕаннаах отделениетыгар управляющай суох буолбутугар тылланаммын, управляющайдыы барбытым. Эдэрбит да бэрт кэмэ буоллаҕа.

Кэргэним оччолорго учууталлыыр. Икки уол, биир кыыс оҕолоохпут. Эбэбит Евгения Васильевна, эһэбит Петр Николаевич Тобуруокаптардыын олохпутугар күндүтүк саныыр кэмнэрбит Нам сиригэр ааспыта.

Балаҕаннаахха үчүгэй үлэлээх отделение аатын ылбыппыт. Үүт бөҕө ыанар. Хортуоппуй биригээдэлээх, улахан сылгы хаһаайыстыбалаах этибит. Оробуочайдарым сэттэ мөһөөх хамнастаахтарын оччолорго улахан хамнас дии санаабат этим. Үлэ-хамнас, чахчы, оргуйан олорор кэмэ этэ. Үлэ дьоно тыа хаһаайыстыбатын күннээҕи бүппэт түбүгүттэн дуоһуйуулара салайааччы киһиэхэ үрдүк наҕараада буоллаҕа.

 

Салайааччы быһыытынан

Исидор Барахов аатынан сопхуос дириэктэринэн үс сыл үлэлээбитим. Оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар начаалынньыгынан, улуус баһылыгын солбуйааччытынан үлэлээн ааспытым.

Баһылыктары талар аан бастакы быыбарга алта кандидаттан талыллан төрөөбүт улууспар Аммаҕа улуус баһылыгынан биэс аҥаар сыл дьиэ кэргэмминээн көһөн баран үлэлээбитим.

Дьэ оннук отделение үүт тутааччытыттан саҕалаан салалта киһитэ буолбутум.

 

«...уон чааска мин кабинеппар...»

Аммабар үлэлии олордохпуна, биир күн М.Е.Николаев төлөпүөнүнэн таҕыста. Үлэ-хамнас туһунан ыйыталаһан баран: "Дьэ, патриот буол эрэ. Тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн киирэн үлэлээ",– диэн эппитигэр тутатына "сөп" диэн хоруйдаатым. Онтон саҥа суох... Төлөпүөнүн ууран кэбистэ дуу диэх курдук санаа охсулларын кытта, Михаил Ефимович: "Өйүүн уон чааска мин кабинеппар киирээр",– диэтэ. Оннук кэпсэтиинэн СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистиринэн үс сылтан ордук үлэлээбитим.

Онтон СӨ Бырабыыталыстыбатын солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн, тыа хаһаайыстыбатын уонна айылҕа харыстабылын салайбытым. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбит кэммэр биир бүччүм санаам диэн, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын бырагырааматын оҥоруу этэ.

Айылҕа харыстабылыгар

Оборона министиэристибэтин Роскосмоһы кытта урукку дуогабарын көтүртэрэн, саҥа дуогабар түһэрсибиппит. Уратыта диэн, ракета ханна түһэр сирин чопчу ыйары уонна түспүт чааһын бүтүннүүтүн бэйэлэрэ харайалларын туһунан быһаарсыбыппыт.

Ол кэмҥэ айылҕа харыстабылын систиэмэтигэр уларытыы буолбута. Онно биһиги министиэристибэбитин управление быһыытынан хааллараары гыммыттарын, Вячеслав Анатольевич Штыров оччотооҕу Айылҕа харыстабылын миниистирэ Василий Гаврильевич Алексеевтыын биһигини Госдуума Комитетыгар ыытан, нэдиэлэнэн мунньахтаан, туруорсан, Саха сиригэр Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин хааллартарар уурааҕы таһаартарбыппыт. Ол  хаалбатаҕа буоллар, хартыына атын буолуон сөбө. Билигин көтөрүн-сүүрэрин, кыылын-сүөлүн, сирин-уотун харыстыыр элбэх үлэһиттээх министиэристибэ быһыытынан ньиргиччи үлэлии олорор.

 

Кэрэ киһи этэ

Бүөтүр Тобуруокап хомуньууһуттан олох аккаастаммакка эрэ өлбүтэ. Ол аккаастамматаҕа сылтах буолан, 80 сааһын бэлиэтииргэ бырабыыталыстыбаттан ким да кэлбэтэҕэ. Оскуолаҕа түөрт уонтан тахса сыл үлэлээбит кырдьаҕас, фронтовик учууталга үөрэх салалтатыттан да эҕэрдэлээбэтэхтэрэ. Ким да суруйбат, туох да тахсыбат. Инньэ гынан мин аҕа кынным туһунан "Кэрэ киһи этэ" диэн турунан туран ахтыы суруйдум. Ол суруйбутум "Кыым" хаһыакка биир балаһанан тахсыбыта.

Биирдэ дьиэбэр эбиэттии кэлбиппэр, араадьыйаҕа үгэс курдук Дапсы "Биһирэм тыл" диэн биэриитин ыыта олорор эбит. Арай кулгааҕым уһугунан истибитим, «Дмитрий Наумов» диир. Ааппын истибит киһи интэриэһиргээтэҕим дии. Онтум баара били "Кэрэ киһи этэ" диэн ахтыыбын ырытар эбит. Арай туран харыыта суох хайгыыр. Маннык диэн этэр: "Бу зоотехник идэлээх, литератураҕа сыстыбатах киһи икки эрэ сиргэ тылын сыыспыт»,– диэн.

Онтон ыла «Дапсы курдук киһи хайҕаата ээ» диэн санаа төбөбөр киирэн, суруйууга бастакы куорсун анньыннаҕым.

 

Кэргэним хайҕабыла

Мин кэргэним 52 сыл устата үстэ хайҕаабыта. Ону: "Тоҕо хайҕаабаккын?"– диэтэхпинэ, "киһиргээн ханна тиийиэҥ биллибэт" диэччи. Биир бырааһынньык өрөбүллэригэр куухунаҕа кэргэним Саргылаана бэрэски буһара сылдьар. Мин хоспор олорон кэпсээн суруйдум. Дьэ уонна Саргылаана Петровнаҕа кэпсээммин ааҕааччы буоллум. Онуоха: "Туох айылаах буолбут киһигиний? Бэрэски буһуор диэри икки кэпсээни суруйар суруйааччы баар үһү дуо?!"– диэн, били иккини суруйбуппунан киһиргээри гыммыппын тохтотон кэбистэ.

Дьэ уонна .... уонна суруйан бардым.

Ити курдук биэс уон биэс сааспар бу эйгэҕэ киирбитим, эмискэ суруйуохпун баҕаран.

Тыа сирин киһитин сиэринэн, пиэрмэҕэ улааппыт киһи быһыытынан, тыа үлэһит дьонунуун алтыһар буоламмын, сылдьарым тухары дэриэбинэ олоҕуттан быһа тардан, көрбүппүн-истибиппин суруйан саҕалаабытым.

 

Хайдах истэрбинэн

Алтыс кылааска учууталбыт суруйааччы Василий Федотович Гольдеров Чингиз Айтматов "Тэбиэн хараҕа" диэн айымньытын тылбаастаан ааҕар этэ, ол мелодията умнуллубат. Бэйэбин билигин ол истиилинэн суруйабын дии саныыбын. Билигин уонтан тахса кинигэлэнним. Сэттэ аудио кинигэлээхпин. Дьон-сэргэ, ааҕааччы сэргиир, күүтэр. Ол аата сөптөөҕүн тутуһан иһэр эбиппин диэн толкуйдуубун. Литератураҕа үөрэҕэ суох киһиэхэ онтон ордук туох улахан сыанабыла кэлиэй?!

 

Дэриэбинэм барахсан

Оччотооҕуга Бырабыыталыстыбаҕа үлэлиибин. Кэпсээннэрбин суруйдахпына, сэкирэтээрбэр Анна Николаевнаҕа бэчээттэтэбин. Онтон табаарыспар Анатолий Копыриҥҥа аахтарабын. Мин кинини билэрим бэрт. Хара диэбитэ хара, үрүҥ диэбитэ үрүҥ киһи. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы эҥин диэбэккэ баарынан малтаччы этэр. Киһим уу иһэ-иһэ хайҕыыр буолан биэрдэ. Аны кинигэтэ оҥор диэн этиилээх буолла. «Кыым» хаһыакка  Петр Пестряков уруһуйдарын сөбүлүү көрөрүм. Онон дьэ ойуулуун-уруһуйдуун барыта ситэн, «Дэриэбинэм барахсан» диэн бастакы кинигэм 3000 ахсаанынан тахсыбыта. Аҕыйах күнүнэн атыыга бүтэн хаалбыта. Онтон УАЗик массыынабын атыылаан, эбии 3000 ахсаанынан бэчээттэтэн, бастакы кинигэм 6000 ахсаанынан тарҕаммыта.

 

Тыа сирин көмүскээһиҥҥэ

Бэйэбит кэммитин, дьоммутун турунан туран көмүскүүр дьон баар буолуохтаахпыт дии саныыбын. "Сымыйа төрүөҕэ сымыйа "диэн өйдөбүлбүн күн сириттэн барыахпар диэри тутуһуом.

Биирдэ тыа хаһаайыстыбатын улахан таһымнаах мунньаҕар тиийэн олоробут. Онно: «Слово предоставляется великому аграрнику Дальнего Востока» диэбиттэригэр, «ким буоллаҕай?» диэх курдук санаан эрдэхпинэ, «товарищу Наумову, из Республики Саха» диэтилэр. Мух-мах бардым. Салгыы «Амур уобалаһыгар 320 мөлүйүөн көрүллэр, эһиги, Саха сирэ туруорсан, түөрт миллиард алта сүүһү көрөрү ситиспиккит» диэттэрин кытта, ытыс тыаһа хабылла оҕуста. Бу барыта Вячеслав Штыров саҕанааҕы кэм этэ. Билигин тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр субсидия, дьэ, итинник саҕаламмыттаах.

Тыа сирин итинник дьаныһан туран көмүскүөхтээхпит.

 

Норуокка аналлаах бырайыактар

«Режиссердар күрэхтэрэ» уонна «Тобуруокап көмүс күһүнэ» диэн бырайыактарга ааптар быһыытынан эттэхпинэ, маннык.

Ханнык баҕарар сайдыы уопсастыба ирдиириттэн, тугу биһириириттэн тахсан кэлэр. Бу икки бырайыагым норуот санаатыгар сөп түбэспититтэн үөрэбин.

Биһиги, дьон санаатын-оноотун оонньоторго аналлаах дьон, суруйааччылар, сайдыыга эмиэ кыһаллыахтаах буоллахпыт дии.

«Режиссердар күрэхтэригэр» тохтоотоххо, норуот тыйаатырдара урукку курдук самодеятельность буолбатахтар. Манна анал үрдүк үөрэхтээх режиссер бөҕө үлэлиир. Саха сиригэр билигин 57 норуот тыйаатыра баар. Онно саамай сүрүн оруолу режиссер ылар диэн көрдөрөөрү, бу күрэх сэттис төгүлүн ыытыллыбыта.

Усулуобуйатынан бары биир пьесаны туруораллар. Аата биир, тыллара биир, оонньуур персонажтара эмиэ үүт-үкчү бөҕө буоллаҕа дии. Дьэ ону хас биирдии режиссер ураты көрүүтүнэн бэйэ-бэйэлэригэр букатын майгыннаспаттык оҥорон таһаарыылара, көрөөччүгэ тириэрдиилэрэ, дьэ, дьикти буолбаат?!

Бу бырайыакпар норуот тыйаатырын режиссеругар анал бириис туруорабын.

Маны эмиэ атын драматурдар салгыахтарыгар баҕам баһаам.

Бу кэм устата норуот тыйаатырдарыгар 138  испэктээкил сыанаҕа туран, 50 тыһыынчаттан тахса көрөөччүнү түмпүт бырайыак.

 

Тобуруокап түмэлэ

Биһиги аҕабыт, оҕолорум эһэлэрэ, сиэннэрим хос эһэлэрэ саха норуодунай поэта Бүөтүр Тобуруокапка махталым, ытыктабылым бэлиэтигэр кини олорбут дэриэбинэтигэр, уһаайбатыгар түмэл оҥордуннар диэн икки дьиэбитин босхо биэрбиппит.

Бырайыак поэт олорбут дьиэтин урут хайдах баарын курдук саҥаттан сөргүтэн тутууттан, ону таһынан «Тобуруокап ыллыга» диэн, аныгылыы эттэххэ, экотуризм туонатыттан турар.

Бу ыллыгынан оҕонньор сарсыарда аайы туутун, илимин көрө эбэтигэр киирэрэ. Билигин кини айымньытын сэргээччилэр бу ыллык устун Тобуруокап хоһооннорун дьоруойдара мастан оҥоһуллубуттарын көрөр кыахтаахтар. “Тобуруокап көмүс күһүнэ” бырайыагынан поэт олорбут, айбыт-туппут биһигэр Саха сирин араас муннугуттан сүүһүнэн киһи мустан хоһоон ааҕыыта саха  киһитэ поэзияҕа интэриэһин көрдөрөр.

 

Сымыйа сымыйаны төрөтөр

Оҕо эрдэхпиттэн Сталины сыыһа кириитикэлииллэр диэн өйгө иитиллибитим. Үчүгэй үөрэнээччи этим. Актыбыыс бөҕө. Уонна хаһан да хомсомуолга киирбэтэҕим. Биричиинэтэ – сымыйаны кэпсиигит диэн. Үөһээ эппитим курдук, сымыйа сымыйаны төрөтөр. Ким сымыйаны кэпсиир, ол куруук сымыйаны үөскэтэр.

Сталин туһунан кинигэлэри мунньабын. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, ити кинигэлэргэ араас барыта баар. Сыбыс-сымыйа да баар, докумуонунан мэктиэлэммит чахчылар да бааллар.

Дьоммут олорон кэлбит олохторо сыыһалаах-халтылаах да эбит буоллаҕына, онон кинилэри үөҕэр бырааппыт суох. Оччотооҕу дьоммут үөрэхтэрэ суох диэн этэр кыахпыт суох. Тоҕо диэтэххэ кинилэр бириэмэлэрэ оннук этэ.

Киһи бэйэтин олоҕун, дьонун-сэргэтин хараардыыта ыччатыгар өс-саас хаалларыы буолар. Куруук ол олоҕу абааһы көрөр буолуо дии. Билигин сиэннэрим “биһиги эһэбит куһаҕан судаарыстыбаҕа олорбута» диэбэттэрин туһугар олоробун.

Бу кинигэлэртэн биирдэстэригэр Саха сиригэр алмаас баар буолуутун экспедицияттан саҕалаан барытын Сталин дьаһайбыта диэн баар. Мииринэй алмааһа көстүөҕүттэн алмаас сыанатын түспэт гыныыны, атыыта секретнэй буолуутун барытын алта сыл устата үлэлээн оҥорбуттар. Ол эрэ кэннэ 1956 сыллаахха Сэбиэскэй Сойууска алмаас баар буолла диэн буолбут. Соҕуруу Саха сиригэр үлэлиир геологтары сэриигэ ылбакка туран 1945 сыллаахха сирин баайын каартатын оҥорбуттар. Сталин онно металлургическай комбинат тутарга диэн бэлэмнээбитин, өлбүтүн кэннэ барытын суох гынан кэбиспиттэр. Бу история эбээт.

Ити курдук Сталин туһунан уопсайа 530 кинигэлээхпин.

Саха оҕонньорун сиэринэн сайыҥҥы өттүгэр илимниирбин, туулуурбун  сөбүлүүбүн. Ити оҕонньор киһи сөбүлүүр дьарыга.

* * *

Дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылар норуодунай суруйааччы, производство алын сүһүөҕүттэн саҕалаан бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэлгэ тиийэ үүммүт Дмитрий Федосеевич Наумов – ылсыбыт үлэтин, саҕалаабыт дьыалатын өрүү үрдүк чыпчаалга тиэрдэргэ дьулуһар саха саарына

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...