29.04.2022 | 22:49

Ноотуу

Ноотуу
Ааптар: Светлана Самсонова-Сиибиктэ, Мукучу
Бөлөххө киир

 Сарсыарда. Саалтааныбар саҥа күн сандааран тахсара хатыламмат кэрэ! Сып-сымнаҕас ороммор күɵгэйэ-нусхайа утуйан буккуруу сытаммын, хантан эрэ ыраахтан миигин ыҥырар куолаһы истэммин, харахпын аһабын. "Ноотуу, тоойуом туран аһаа, күн ыраатта, күɵрчэҕиҥ уостан хаалыа," – диэн эбэм саҥата унаарыйар. Уһуктубуппун билэн, кэлэн сүүспүттэн сыллыыр, сылаас тыына биллэр.
            Ойон тураммын, таҥаспын сиирэ-халты таҥнаат, таһырдьа ыстанабын. Күн да күн үүммүт! Эчикийэ, үчүгэйиэн! Ып-ыраас, кыырпах да былыта суох күɵх халлаан. Күнүм күɵрэйэн: "Оҕом, Ноотуу, оонньоо-кɵрүлээ, күɵххэ кɵччүй!"– диэн чаҕылыйа тыкпыт. Кэрэтиэн, айылҕам тиллибитэ, тупсубута... Уһуктубуппун уруйдуур курдук күɵрэгэй чыычааҕым үɵһэ битийэр. Кɵҥүлүɵн тыынарга! Бу – эбэм алааһа, Саалтааным барахсан...
            Мин ɵйдүүрбүнэн, ырай сирэ Саалтааныттан, эбэм алааһыттан саҕаланар. Үтүɵ санаалаах дьон ырайга ытталлар үһү. Оттон манна аттыбар куһаҕан майгылаах киһини кɵрбɵппүн. Бары үɵрэ-кɵтɵ, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бэл, оттуун-мастыын мичээрдииллэр, үчүгэйи түстүүллэр.
            Дьоллоох оҕо сааһым! Дьиэбэр киирэммин, дьэдьэннээх күɵрчэҕи лэппиэскэни кытта астына-дуоһуйа мотуйабын. Күнүскү үлэбэр сэниэ киллэринэбин. Дьиҥэр, үлэм диэн дуона суох. Эбэбэр кɵмɵлɵһɵн ньирэйдэри мэччитэбин, кɵлүччэттэн уу баһан аҕалабын. Кууруссалары "куут-куут" диэн ыҥырабын, бурдук сиэмэтин таммалатан аһатабын. Ол кэнниттэн ырай хонуутугар кɵҥүл кɵтɵбүн. Кɵстүбэт кынат анньынан, лыахтары кытта лыах буолан сырсабын, сир симэҕин, сибэккилэри кэрийэн ыра санаабын сипсийэбин. Кэмэ суох кэрэттэн тииһинэн, кистэлэҥ күүскэ уйдаран чэпчэкитик тэлээрэ дайабын.
            Дьикти-дьиибэ... лыахтар тугу саныыллара буолуой? Оттон тоноҕосчуттар? Бɵртɵлүɵт курдук кытархай, күɵх ɵҥнɵɵх тоноҕосчуттар кɵтɵн кэллэхтэринэ, сэрэнэ-сэрбэнэ туттабын. Кыралар бэйэм курдуктар, ол иһин кинилэртэн куттаммаппын, толлубаппын, тэҥҥэ мэниктиибин. Утары  кɵрүстэхпинэ, күлтэйбит харахтарын тобулу одуулуубун, тутан ылабын. Тоноҕосчутум долгуйан  ɵрɵ мɵхсɵр, босхолоно сатыыр. "Ноотуу, ыыт, тутума! Эн курдук кɵҥүл буолуохпун баҕарабын," – диир курдук. Оччоҕуна, аһынаммын ыытан кэбиһэбин уонна алҕаспын билинэн аар айылҕаттан ааттаһабын.


***
           

Саалтааным сайаҕас салгына сүрэхпэр-быарбар сɵрүүн сүɵгэй курдук сайан киирэр. Үɵһэттэн күɵрэгэй дьырылас ырыата кутуллар. Күɵх хонуу устун күн уотун тутуохтуу утары сүүрэбин, күн дьолун ыймахтыы күɵлэһийэн ылабын. Охсуллубут от, дьэдьэн сыта-сымара минньигэһиэн! Тойон ыҥырыа, сибэккиттэн сүмэтин иһэн, лоҥкуната ыллыыр, аһыҥа хойуу от быыһыгар сыыгыныыр.
            Мин үрдүк кырдал сиргэ дабайан ыттабын, ырааҕы анаара кɵрɵбүн. Үчүгэйиэн, кɵҥүл кɵтɵр-дайар, кɵрүлүүр-кɵɵчүктэнэр кырдалым! Ким да миигин буойбат, санаам кɵтɵҕүллэн кɵтүɵх курдукпун... Баҕам ханыар диэри оттуун-мастыын оонньуубун, сибэккилэрдиин сипсиһэбин, лыаҕы кытта лыахпын, күнү кытта күммүн. "Ноотуу, тоойуом, кэлээр, эбиэт буолла," –диэн эбэм ыҥырар саҥата миигин сиргэ түһэрэр, уһун күнү быһа үɵһэнэн, ɵндɵл халлааҥҥа  кɵччүйэ сылдьыах киһини баар олоххо тɵнүннэрэр.
- Ноотуу, ыксаабакка тото-хана аһаа. Улааттаххына, туһа киһитэ буолуоҥ. –Эбэм куолаһа титирэстээн ылар. – Быйыл сайын оппун кыайан оттооботум. Улахан ынахпын Өрүɵстээҕи туттар киһи буоллум, аһыннарбын да хайыахпыный? Суох мастааҕар кытаанах...
- Эбээ, ол ынахпытын хайдах туттабытый? – дьиктиргээн ыйыталаһабын, эбэбэр илин-кэлин түсүһэбин.
- Тоойуом, ол аата идэһэ гынабыт, ɵлɵрɵн сиибит. Хаһан улаатан оттоһор дьон буоларгытын кэтэһэбин, – эбэм оһоҕун иннигэр олох маска кɵхсɵ холбойон олорон, хамсатыгар табах уурунар.
- Иэхэйбиэн, күһүн эмис эт сиэхпит! Өрүɵстээхтэн кэйиэ диэн куттанабын ээ, муоһа наһаа улахан.
- Саҥарба, кэбис! Баар-суох ыал буолбут ынаҕым... Кыаммат диэн кыһалҕа, - эбэм былаатын уһугунан хараҕын уутун соттор.
            Мин эбэм ытамньыйбытын кɵрɵн хараастабын, эмиэ ытыах санаам кэлэр, күɵмэйбин туох эрэ кытаанах бүɵлүү түһэр...
- Эбээ, ытаама. Мин баарбын дии, улаатыам! – эбэбин тула кɵтɵбүн, сыстаммын сылаастык кууһан ылабын.
- Чэ, кырдьык, оҕом Ноотуу баар. Улаатан үɵрэхтээх киһи буолуоҕа, онно тиийбит киһи! - эбэм тугу эрэ уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу уотун үɵттүрэҕинэн булкуйар.
            Үɵрэхтэнэр туһунан истэммин, үɵрэммин атаҕым сири билбэт буолар. Эбэм этэринэн, үɵрэхтээх буолар – дьол. Онтон дьоллоох буоларга киһи бэйэтэ дьулуһар, үлэлиир. Ыра санаабын кынаттанан, тиэргэҥҥэ оонньуу ойобун. Тахсыбытым: ынахтар кэлэннэр түптэҕэ тоҕуоруспуттар. Арааһа, куйааһа бэрт буолан күлүмэннээн, күлүк сири кɵрдɵɵннɵр эрдэ кэлбиттэр. Улахан ынахпыт Өрүɵстээх маҥыраан лаҥкынатар, кутуругунан дэйбиирдэнэр.
            Эбэм биһикки түптэни күɵдьүтэн биэрэбит, ынахтары далга киллэртиибит. Өрүɵстээх аттыгар кэлэммин, сэрэнэн сүүһүн имэрийэбин. Өйдɵɵн кɵрбүтүм: ынаҕым хараҕа ууламмыт эбит. Бу кырдьаҕас ынах туохтан санаарҕаан ытаабытын сүрэхпинэн сэрэйдим. Иэдэспэр субурус гыммыт хараҕым уутун кистээн сотуннум, эбэбэр эппэтим.
            Ол кэмтэн ыла, кырачаан Ноотуу буолан атаахтыырбын ууратан, туох эмэ үтүɵнү оҥорон чугас дьоммун үɵрдүбүт, кɵмɵлɵспүт киһи диэн баҕа санааланным.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...