07.02.2021 | 17:51

Нолуок төлөөччү кабинета

Нолуок төлөөччү кабинета
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билигин дойдубутугар эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду үрдүнэн пандемия бүрүүкээн кэккэ хааччахтар киирбиттэрэ сыл буолан эрэ. Аны тэрилтэлэргэ сылдьыы эмиэ атахтанан, үгүс дьон интэриниэтинэн тутта үөрэнэргэ күһэлиннэ. Биир өттүнэн санаатахха, эмиэ да түргэн, судургу курдук, уочаракка күнү-күннүктээн олорбоккун. Ол да буоллар киһи, чуолаан саастаах өттө, исписэлииһи кытта сирэй көрсөн төлөбүрүн оҥорорун, наадатын быһаарсарын астынар.

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар нолуок сулууспатын үлэтин билиһиннэриэхпит.

Нолуок федеральнай  сулууспатын оройуоннар икки ардыларынааҕы 5-с №-дээх инспекциятын нолуок төлөөччүлэри кытта үлэлэһэр салаа начаалынньыга Лилия Федоровна Егорова тус кабинет, нолуок вычетын сөптөөхтүк толоруу туһунан кэпсиэҕэ.

Гражданин тус кабинетыгар www.nalog.ru  сайтка пароль көмөтүнэн киириэн сөп, ол паролун:

- нолуок уорганыттан ылар, ханнык баҕарар нолуок уорганыгар пааспардаах тиийиэн сөп;

- Судаарыстыбаннай өҥө паролун көмөтүнэн (манна талаҕыт; ЕСИА пароль нөҥүө киирии диэни);

Физическэй сирэйдэр үксүн бүддьүөт эбэтэр нолуок төлөбүрүн туһунан ыспыраапкаҕа наадыйаллар, бу докумуону нолуок уорганыгар кэлэн ылыаххытынааҕар тус кабинеккытыгар киирэн быдан кылгас кэм иһигэр ылыаххытын сөп,  онуоха наада:

- Электроннай илии баттааһыннаах сертификаты «Личный кабинет налогоплательщика для физических лиц» сервискэ киирэн «Профиль пользователя (Получение сертификата ключа проверки электронной подписи)» ылыаххытын сөп. Манна пароль толкуйдуоххутун наада. 

- Ыспыраапканы «Обращение по жизненным ситуациям»/ «Запрос справок и других документов»/ «Запрос справки об исполнении обязанности по уплате налогов», «Запрос справки о состоянии расчетов», «Запрос акта совместной сверки» диэн салааҕа киирэҕит. Күҥҥүтүн-дьылгытын талаҕыт уонна «Проверить и отправить» диэни баттыыгыт.

Нолуок вычетын толоруу

Нолуок вычетын ыларга тус кабинеттан 3-НДФЛ формалаах нолуок декларациятын ыытыахха сөп. Маныаха 3-НДФЛ формалаах нолуок декларациятын тус кабинекка киирэн толоруу быдан судургу уонна чэпчэки:

Декларацияны толорорго, бастатан туран, «Жизненные ситуации» диэн салааҕа киирэҕит, онтон - «Подать декларацию 3-НДФЛ» киирэҕит, салгыы «ЗАПОЛНИТЬ НОВУЮ ДЕКЛАРАЦИЮ ОНЛАЙН» кнопканы баттыыгыт.

Нолуок декларацията толоруллар сылын талыҥ.

Декларацияҕа ыйыллыахтаах дохуоккутун талыҥ уонна “ДАЛЕЕ” кнопканы баттааҥ.

Нолуок вычета – бу урут бүддьүөккэ төлөммүт дохуоккут кээмэйин аччатар суума, мантан нолуок тутуллар эбэтэр нолуоккут сорох чааһа төннөр.

Вычеккытын талыҥ (стандартнай, социальнай, имущественнай эбэтэр инвестиционнай), мантан декларацияҕа киллэрэҕит уонна “ДАЛЕЕ” кнопканы баттыыгыт.

“Доходы” диэн салааҕа “Доходы, облагаемые по ставке 13%» сыһыарыы баар. Дохуоккутун киллэрэргэ “Добавить доход” диэн кнопканы баттыыгыт.

Атын дохуоттары киллэрэр буоллаххытына, бырыһыан сөп түбэһэрин талыҥ.

2-НДФЛ ыспыраапкаҕа маннык дааннайдары киллэриҥ:

 «Источник дохода» – ИНН, КПП, тэрилтэ аата уонна “ОКТМО” кода;

Ылбыт дохуоккут туһунан Иһитиннэриини киллэриҥ;

2-НДФЛ ыспыраапкаттан дааннайдары көһөрөр буоллаххытына, хас биирдии дохуот көрүҥүн уопсай сууматын ыйан туран биирдэ эрэ киллэрэҕит. 

3 сылтан итэҕэһэ суох бас билиигэ сылдьыбыт үпкүтүн-малгытын (имущество) атыылаабыккыт туһунан декларацияны толорорго “Сведения о полученном доходе” салааҕа киирэн:

Дохуот кодун талаҕыт: - кыбартыыраны, даача-сад (садовай) дьиэни эбэтэр сир учаастагын атыылаабыттар  — «1510»; - кыбартыыра өлүүтүн атыылаабыттар — «1511»;  –  тырааныспары, гарааһы, ситэ тутуллан бүппэтэх эбийиэги атыылаабыттар  — «1520».  

Атыыттан киирбит суума дохуотун киллэрэҕит.

Вычет кодун талыҥ:

-  кыбартыыраны, даача-сад (садовай) дьиэни эбэтэр сир учаастагын атыылаабыттар  — «901» (1 000 000 солкуобай) эбэтэр «903» (докумуонунан бигэргэммит ороскуот суумата);

- кыбартыыра өлүүтүн атыылаабыттар — «904» (1 000 000 солкуобай) эбэтэр «903» (докумуонунан бигэргэммит ороскуот суумата);

- тырааныспары, гарааһы, ситэ тутуллан бүппэтэх эбийиэги атыылаабыттар  — «906» (250 000 солкуобай) эбэтэр «903» (докумуонунан бигэргэммит ороскуот суумата);

Вычет сууматын киллэриҥ.

Дьиэ-уот вычетын нолуогун ыларга “Имущественный налоговый вычет” диэн сыһыарыыга дьиэни атыыласпыт ороскуоккут дааннайын уонна кирэдьииккит хас бырыһыанын саппыккытын киллэриҥ.

Бу вычеты аан бастаан эбэтэр урут да ылбыт буоллаххытына, онтон тутулуга суох, “Общие суммы расходов” диэни толороҕут.

Өскөтүн эбии социальнай вычеты ылыаххытын баҕарар буоллаххытына, анал менюга киирэн талаҕыт:

Социальнай нолуок вычетын ыларга анал хонууга бэлиэтэ (галочка) туруоруҥ;

Анал строкаҕа ороскуот сууматын ыйыҥ;

Нолуок вычетын ыларга нолуок инспекциятыгар ороскуоккутун бигэргэтэр докумуону көрдөрүөхтээххит.

Тус кабинет нөҥүө электроннай докумуону ыытыаххытын сөп, маныаха декларацияҕытын ыытыаххыт иннинэ докумуоннаргытын сканердааҥ.

“Прикрепить документ” диэн кнопканы баттыыгыт, докумуоҥҥут файлын уурар миэстэтин талаҕыт – “Выбрать файл” диэн клавиша. “Описание” диэн строкаҕа докумуон туһунан кылгас иһитиннэриини суруйуҥ уонна “Прикрепить файл” диэн кнопканы баттааҥ.

Бары наадалаах салаалары толорбуккут кэннэ “Итоги” диэн форма арыллар, манна декларацияны толорбут түмүккүт тахсыаҕа.

Дааннайдары редакциялааһыҥҥа декларация ханнык баҕарар салаатыгар киириэххэ сөп.

Декларация кумааҕыга хайдах буоларын көрөргө, «Просмотреть сформированную декларацию в формате pdf» диэн кнопканы баттааҥ.

Декларацияны көрөргө көмпүүтэр «Adobe Reader» диэн бырагыраамалаах буолуохтаах.

Ыытыахтаах докумуоҥҥут барыта хараллан бэлэм буоллаҕына, «Подписать ключом усиленной неквалифицированной электронной подписи» салааҕа киирэн электроннай илии баттааһын сертификатын оҥороргутугар киллэрбит парольгутун суруйуҥ уонна «Подтвердить и отправить» диэн кнопканы баттааҥ.

Нолуок уорганнарыгар үгүстүк киирэр ыйытыылар

Нолуок уорганнарыгар ханнык ньыманан (ханаалынан) гражданнар, ону таһынан нолуок төлөөччүлэр тиийиэхтэрин, билсиэхтэрин сөбүй?

Билигин маннык ньымалар бааллар:

суругунан (почта сибээһин нөҥүө, факсимильнай сибээһинэн) нолуок уорганнарын аадырыстарынан;

электроннай докумуон форматынан (электроннай илии баттааһына суох) Федеральнай нолуогабай сулууспа анал сайтыттан “Интэриниэт” ситимҥэ (“Обратиться в ФНС России” онлайн-өҥөҕө киирэн);

электроннай докумуон форматынан (электроннай илии баттааһын наадата суох) Федеральнай нолуогабай сулууспа анал сайтыттан “Интэриниэт” ситимҥэ (“Личный кабинет налогоплательщика для физических лиц” уонна “Личный кабинет индивидуального предпринимателя” онлайн-өҥөҕө киирэн);

электроннай докумуон форматынан (анал электроннай илии баттааһын наада) ТКС нөҥүө;

федеральнай судаарыстыбаннай информационнай систиэмэ нөҥүө электроннай докумуон форматынан “Единый портал государственных и муниципальных услуг (функций)” “Интэриниэт” ситимигэр www.gosuslugi.ru;

Арассыыйа ФНС биир кэлим босхо линиятынан 8 800-222-2222, бу РФ бары сиригэр-уотугар үлэлиир;

Нолуок уорганнарыгар киирэр сиргэ кумааҕынан аҕалан биэриэххитин сөп.

Нолуокка иэс туһунан иһитиннэриини хантан билиэххэ сөбүй?

“Личный кабинет налогоплательщика для физических лиц” Арассыыйа ФНС анал сайтыгар киирэн https://lkfl.nalog.ru/lk/;

суут бириистэптэрин федеральнай сулууспатын дааннайдарын Бааныгар бэйэҕит туһунан иһитиннэриини бэрэбиэркэлиэххитин сөп http://www.fssprus.ru/iss/ip/ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥө порталыгар авторизация ааһан баран www.gosuslugi.ru.

Нолуок уорганын информациятын хайдах билиэххэ сөбүй?

Арассыыйа ФНС анал сайтыгар www.nalog.ru “Контакты” салааҕа инспекция үлэтин туһунан сүрүн иһитиннэрии баар, ол иһигэр:

- аадырыс (ол иһигэр ТОРМ);

- үлэ графига;

- төлөпүөн нүөмэрдэрэ;

- гражданнары Арассыыйа ФНС салайааччыта/салайааччы солбуйааччыта хаһан приемнуурун туһунан иһитиннэрии.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...