19.11.2022 | 18:00

Николай Винокуров: «Дойдубар этэҥҥэ эргиллэн кэллим...»

Николай Винокуров:  «Дойдубар этэҥҥэ эргиллэн кэллим...»
Ааптар: Саргылана КОКОРИНА
Бөлөххө киир

«Боотур» этэрээт байыастарын ортотугар биһиги биир дойдулаахпыт Алаһыай нэһилиэгиттэн төрүттээх Николай Винокуров баарын истэн, кэпсэтиэхпин баҕардым. Ол эрэн сэһэргэһиибин хайдах-туох саҕалыахпын тобуларбар олус ыарахан этэ. Бу үлэ, үөрэх, сайдыы, тэрээһин туһунан суруйуу, кэпсэтии буолбатах... Бу — олох, дьылҕа, тыын былдьаһыы, өлүү-сүтүү, инники олох иһин охсуһуу туһунан сэһэргэһии.

Николай тута хоруйдаабытыгар олус да үөрбүтүм... Кини: «Саргылана, дорообо! Элбэх киһи эрийэр, санаабын атастаһарбар көрдөһөллөр, ол эрээри төрөөбүт дойдубар, дьоммор-сэргэбэр бастакынан билсиэхтээхпин диэн эһиэхэ таҕыстым. Бырастыы гыныҥ, күөмэйим ыалдьан, чөлүгэр түһэ илик»,— диэн кэһиэҕирбит, ол эрээри олус эйэҕэс куолаһа иһиллибитигэр холкутуйбукка диэри буоллум.

 

Бырааппын сүтэрэн барбытым

(дьоруойу харыстыыр сыалтан дэриэбинэлэр уонна байыастар ааттара суруллубата)

 

— Аан маҥнай кулун тутар ыйга Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыыга барбыт бииргэ төрөөбүт быраатым Александр балтараа ый сибээскэ тахсыбатаҕар сүтэрэн, байыаннай комиссариат салалтатыгар барбытым. Сөптөөх хоруйу булбакка, кинини булар сыалтан бэйэ өттүнэн баҕалаахтарга хомуур буоларын истэн, тута байыаннай эпэрээссийэҕэ барарга быһаарыммытым. Тустаах докумуоннарбын хомуйан туттарбытым. Биир ый кэннэ хомуурга хапсыбытым туһунан бэбиэскэ туппутум.150 баҕалаах киһи баарыттан 90 киһи сүүмэрдээһини ааһан, от ыйын 28-гар В. куоракка көппүппүт. Хантараак баттаһан, Иркутскайынан Саратов куоракка тиийэн үөрэхтээһини ааспыппыт. Ол кэннэ байыаннай дьайыы кыраныыссатыгар киирбиппит, ол аата «ленточканы» туораабыппыт. Арассыыйатааҕы уопсай этэрээппит «Барс» диэн ааттааҕа, мин «Барс-2» диэн этэрээккэ түбэспитим, онтон сахалар «Боотур» диэн сүрэхтэммиппит. 

 

Олох иһин охсуһуу...

— Атырдьах ыйын 5 күнүгэр сахалар 4 массыынанан Луганскай Өрөспүүбүлүкэ территориятыгар киирбиппит. Кэлиэхтээх сирбитин булан, салгыы 5 км курдугу ытыс таһынар хараҥаҕа сатыы хааман, биһиги дьоммут баар дэриэбинэлэригэр тиийбиппит. Нөҥүө күн барыбытын араас дэриэбинэлэринэн 8-тыы, 10-нуу, 20-лии гына араартаан тарҕаппыттара. Биһиги, сахалар, аҕыс буолан уонна «Барс» этэрээттэн эбии икки уол — С-ка территориятыгар биһиги иннибитигэр 1 ый позицияны кэтээбит 10 байыаһы солбуйар сыаллаах тиийбиппит. Бастаан дьоҕус массыынанан мыраан курдук үрдүк сиргэ таһаарбыттара. Улахан кыахтаах массыыналары өстөөхтөр тутатына бэлиэтии көрөн, тоҕута ытыалаан суох гыналлар эбит. Биһиги массыынабытын (төһө да дьоҕуһун иһин) бэлиэтии көрөн минометунан ытыалаабыттара. Бэрт тиэтэлинэн тиийиэхтээх миэстэбитин этэҥҥэ булбуппут. Түөртүү буолан биэс позициянан арахсан олохсуйбуппут. С-ка биһигиттэн 10 км тэйиччи сытар этэ. Миигин Г-ны кытта уопуттаах дьон эбиккит диэн саамай инники позицияҕа туруорбуттара, онно икки эдэр уолу кытыннаран, түөрт буолан кэтэбилгэ олорбуппут. Иккилии буолан, икки хорооҥҥо солбуйсан, 4-түү чааһынан дьуһуурустубалаан олорбуппут. Биир пулеметтаах, бары туһунан аптамааттаах, гранаталардаах этибит.

Халлаан сырдаатар эрэ, өстөөхтөр минометунан атаакалара саҕаланар этэ. Сытар миэстэбитигэр куоптардар («птичкалар») көтөн кэлэн гранаталары быраҕаллара. Хас биирдии «птичкаҕа» 2-лии, 4-түү, 6-лыы гранаталаахтара. Биһиэхэ: «Көтөр куоптардары олох ыппаккыт, сытар сиргитин, позицияҕытын биллэриэ суохтааххыт!» — диэн бирикээһи ылбыт буоламмыт, төһө да кыһыылааҕын иһин, саһан эрэ биэрэр кыахтаах этибит. Кэлин санаатахха, утарылаһар уоту таһаарбыппыт буоллар, бары бүттүүн ол хонууга букатыннаахтык хаалыахтаах балаһыанньаҕа сыппыт эбиппит... 

Нөҥүө күнүгэр позициябыт хамандыыра кэлэн сарсын биһиэхэ саба түһүү буоларын, ол эрэн хантан, ханнык өттүттэн кимэн киирэллэрэ биллибэт диэн сэппитин-сэбиргэлбитин бэлэмниирбитигэр соруйбута. Бирикээһи истээт, аптамааттарбытын ыраастаан, ботуруоннарбытын чугаһатан олорбуппут. Тус бэйэбэр 30 маҕаһыыны бэлэмнээн уурбутум. Сарсыарда аайы өстөөхтөр «птичкалара» кэлэн гранаталыыллара, артиллериянан ытыалыыллара. Бэһис позициянан, тыа өттүттэн киириэхтэрин сөп диэн биһигини бэлэм олоруҥ диэбиттэрэ.

Сэрэппиттэрин курдук, сарсыҥҥы күнүгэр сэрэйбит сирбититтэн пулемет тыаһа өрө хабылла түспүтэ, бары аптамааттарбытын ылан, сыыллан тиийэн көрбүппүт – өстөөхтөр бу кимэн киирэн эрэллэр этэ. Дьэ... олох иһин охсуһуу саҕаламмыта... киһи өйүгэр киирбэт алдьархайа этэ... Кэлин, арыый уоскуйан бириэмэбитин көрбүппүт, тохтоло суох 4 чаас кэриҥэ ытыаласпыт этибит. Биһиги артиллериябыт бэркэ ытыалаабыта, кини көмөтүнэн тыыммыт уһаабыта, артиллерия күүстээх дьайыытыттан өстөөхтөр төттөрү чугуйбуттара. Онтон рациянан көмө ыҥыра сатаабыппыт да, өстөөхтөр рациябытын быһан, сибээһэ суох хаалбыт этибит.

Тыыннаах хаалар дьылҕабытыгар, биир уолга «Т...» диэн төлөпүөннээх этэ, онон ыҥырбыппыт. Көмө кэлэн иһэрин истэн инникигэ эрэлбит улааппыта. Халлаан борук-сорук буолуута онтон үс БМП, түөрт БТР кэлбиттэрэ, биһигини БМП-нан куоттарбыттара. Кэлин билсибиппит, Л. төбөтүгэр, Ж. атаҕар бааһырбыттар этэ, оттон биир позицияҕа сүтүктээхтэр этэ. Сүрүн кирбиигэ тиийбиппит кэннэ, батальоммут кылаабынай хамандыыра саха уолаттара хорсун уонна бэргэн эбиккит диэн хайҕаабыта, куттаммакка, уолуйбакка, күүстээх эппиэт биэрэҥҥит бары тыыннаах хааллыбыт диэн ытыктабылын, киэн туттарын биллэрбитэ, махтаммыта, илии тутуһан, хаһан эмэ Саха сиригэр тиийэн билсиэм диэн эппитэ. Кэнники ырытан көрбүттэрэ, 300 өстөөх биһиги сытар сирбитинэн кимэн киирбит эбит, ону бу 18 киһи буолан, бириэмэтигэр сөптөөх утарылаһыы оҥорон, территорияҕа киллэрбэтэх эбиппит. 

 

Инники күөҥҥэ

Ол кэннэ, байыаннай лааҕырга 4 күн сынньанан баран, Д-ка дэриэбинэҕэ түөрт буолан тиийбиппит. Бөһүөлэккэ ким да киирбэт, саллааттар бары тыаҕа сыталлар эбит этэ. Маннык дьайыыларга бэйэбит ааттарбытынан ыҥырсыбат, бары позывной ааттаах буоларбыт ирдэнэрэ. Холобур, миигин «Спец» диэн ыҥыраллара. Өссө түөрт уол баар этэ, онон икки дьиэнэн 8-тыы буолан сыппыппыт. Дэриэбинэ аттынааҕы мыраан үөһэ өстөөхтөр бааллара биллэр этэ. Биир киэһэ штаб салайааччыта, «Краснодар» майор биһиэхэ кэлэн, мыраан үрдүн ылыахха наада диэн эппитэ, 2 нэдиэлэ болдьохтообута (ол мыраан тыата үөһэттэн көрүүгэ үтүлүк курдук быһыылааҕыттан «Варежка» диэн ааттыыллар этэ). Сонно уолаттарбытын кытта толкуйдаан, соһуччу түһэр былааннаах, ол киэһэ бэлэмнэнэн, балаҕан ыйын 1 күнүгэр сарсыарда 5 чааска мыраан кэтэҕинэн киирбиппит. Миинэлээх алаастары туораан, тыатын 4 чааһы быһа сыыллан, тоҕо анньан киирбиппит.

Биһиги этэрээппит инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Өстөөхтөр баар миэстэлэрин тобулан, соһуччу гранаталары быраҕан, ытыалаан, тыыннаах бэринэллэригэр соруйбуппут. Бастаан үс киһи бэринэн тахсыбыта, ол дьону тутаттаан бэйэбит чааспытыгар конвойдаан илдьибиппит. Онтон биир уолбут 4 киһини («укробу») таһаарбыта, ол курдук бу дьайыыга 7 өстөөҕү тутан, бэйэбит биир уолбутун сүтэрэн тахсыбыппыт. Ол кэннэ күүстээх ытыалаһыы буолбута, онно бииргэ алтыспыт, элбэх кыһарҕан күннэри, кэмнэри тэҥҥэ аһарбыт уолаттарым суох буолбуттара... санаатахха олус ыарахан...

 

Бииргэ сылдьыбыт уолаттарбын харыһыйабын...

Сорудахпытын толорон, Б. куоракка сынньана тахсыбыппыт. Бэриллибит икки күҥҥэ тыын ылан, киһилии утуйа түһэн, үчүгэйдик сынньаммыппыт. Онно суунар сири көрдүү сылдьан Баатаҕайтан төрүттээх биир дойдулаахпытын көрсүбүппүт, кэргэнэ эмиэ Өймөкөөнтөн төрүттээх этэ. Биһиги сахалыы саҥабытын истэн, бэйэтэ кэлэн билсибитэ. Кинилэр өр кэмҥэ Магадаҥҥа үлэлээбиттэр, бу куоракка олохсуйан олороллор эбит. Кини биһигини бэйэтин дьиэтигэр ыҥыран, суунарга-тараанарга усулуобуйа оҥорон, тото аһатан, бэрт үчүгэйдик кэпсэппиппит-ипсэппиппит. Ол кэннэ чааспытыгар төннөн истибиппит — биһиги барбыппытын кэннэ ол куоракка тыһыынчаттан тахса өстөөх саба түһэн, хас эмэ уолбут тыына быстыбыт этэ...

Маннык үгүс дэриэбинэни кэрийбиппит, кэтээбиппит, элбэх байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыппыт, быһылааҥҥа түбэспиппит, кэпсээтэххэ, элбэх буоллаҕа... Бииргэ сылдьыбыт уолаттарбын саныыбын, сыаналыыбын, кыргыһыы хонуутугар хаалбыт уолаттарбын олус харыһыйабын... Биири этиэм этэ: сомоҕолоһор уонна бэйэ дьонун кытта бииргэ буолар элбэҕи быһаарар эбит, инникигэ эрэлиҥ улаатар, санааҥ күүһүрэр, куттаммаккын, толлубаккын, кыһарҕан тыҥаан кэллэҕинэ барытын кыайыах-хотуох кыах киирэр эбит.

Сахабыт сириттэн ас-таҥас, мал-сал, эмп-томп кэлэ турара. Бу биһиэхэ эмиэ улахан өйөбүл, тирэх буолара. Ону таһынан бу байыаннай сырыыбар спордунан (көҥүл тустуунан) дьарыктаммыт, спецназ идэтигэр баһылаабыт дьоҕурдарым көмөлөрүнэн тыыннаах эргилинним дии саныыбын, онон оҕолор спордунан дьарыктаналларыгар ыҥырабын.

 

Мантан ураты атын дьол суох!

Байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүнэн барарбар кэргэммэр, оҕолорбор төннүөхтээхпин диэн атын тугу да санаабатаҕым. Мин дьиэ кэргэним Дьокуускай куоракка баар. Ийэм Раиса Дмитриевна Винокурова 77 саастаах, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, биһигини кытта олорор. Аҕам Гаврил Николаевич Винокуров Өлөөкө Күөлтэн төрүттээх, 2020 сыллаахха ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Икки балыстаахпын, биир бырааттахпын. Дойдубар Орто Халымаҕа 1989 сыллаахтан «Охрана» салаатыгар үлэлээбитим. 1993 сыллаахха Дьокуускай куоракка «спецназ» быһыытынан ыҥырыллан үлэлии кэлбитим, онтон ыла манна олохсуйан олоробут. Кэргэним Сылгы Ыытартан төрүттээх. Улахан уолум Саша 23 саастаах, ыал аҕата, онон уол оҕо сиэннээхпин. Улахан кыыспыт Валентина 20-тэ, Дьокуускайдааҕы дизайн колледжын устудьуона, орто кыыс Вероника 12 саастаах, 6-c кылаас үөрэнээччитэ. Кыра кыыһым, сүрэҕим чопчута, олоҕум тутула Виктория 1 саас 9 ыйдаах. Этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, кэргэммин уонна оҕолорбун кууспуппуттан ураты атын дьол суох! Тута барыта умнуллубут, түүл-бит ааспытын курдук буола түспүтэ, бу... киһи сатаан хоһуйан эппэт дьоло этэ...

 

Бырааппын көрсүбэккэ кэллим

Быраатым А. 44 саастаах, билигин Херсонскай уобаласка кылаабынай мэхээньик дуоһунаһыгар сылдьар. Айаммытыгар-сырыыбытыгар хардарыта аасыһан хаалан, сол курдук көрсүбэккэ кэллим. Кини Хабаровскайга сулууспалаан 8 сыллаах хантараагынан үлэлиир. А. кулун тутар саҕаланыытыгар анал эпэрээссийэҕэ барбыта. Бииргэ төрөөбүт балтым уола А. балаҕан ыйдааҕы хомуурга хапсан, Крымҥа ананан айаннаабыта. Билигин кини бырааппын кытта биир дивизияҕа бааллар.

 

Кыайыыга тиийиэхпит!

Дьоммут-сэргэбит өйөбүллэрэ, эрэллэрэ биһиэхэ куруук көмөлөһөр, күүһү-уоҕу, тулууру-дьулууру биэрэр этэ. Сэрии туһунан санаамаҥ, Арассыыйа модун күүстээх, кыахтаах дойду, кыайыыга тиийиэхпит диэн бигэ эрэллээх буолуохха наада. Кыайыы иһин охсуһа барбыт уолаттар бары Дьоруойдар, бары этэҥҥэ сылдьан кэлэллэригэр ис сүрэхпиттэн баҕарабын, эрэнэбин.

 

Кэпсэтиибит бүтүүтэ Николай бииргэ сылдьыбыт, эйэлээх олох иһин тыыннарын толук уурбут табаарыстарын хараастар, аһынар куолаһын истэн, кинини кытта тэҥҥэ уйадыйан, иэдэһим устун хараҕым уута таммалыы олордум..

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....