20.09.2020 | 10:50

Николай Птицын: “Оҕо идэтийбит, анал үөрэхтээх дьоҥҥо уһуйуллара ордук”

Николай Птицын: “Оҕо идэтийбит, анал үөрэхтээх дьоҥҥо уһуйуллара ордук”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Л. А. Ким аатынан Оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын оскуолата куорат олоҕор өрүү көхтөөх, үөрэнээччилэр, уһуйааччылар Дьокуускай куорат аатын аан дойдуга ааттаталлар.

Бүгүн хаһыаппытыгар Л.А. Ким аатынан Оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Николай Анатольевич Птицын ыалдьыттыыр.

–Николай Анатольевич, хайа баҕарар кэпсэтиибит билсиһииттэн саҕаланар. Бу эйгэҕэ, Оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр искусство оскуолатыгар хайдах кэлбиккин кэпсии түһүөҥ дуо?

– Мин оҕо сылдьан туохха дьоҕурдаахпын билбэт этим. Арай кыра эрдэхпиттэн мэлдьи уруһуйдуурум. Төрөппүттэрим бастаан саахымакка биэрбиттэрэ. Икки нэдиэлэнэн миэнэ буолбатаҕын өйдөөбүтүм. Онтон икки ый үҥкүүгэ сылдьыбытым. Ол тухары олордум эрэ, уруһуйдаабытынан барарым. Ону ийэм таба көрөн, художественнай оскуолаҕа биэрбитэ. Бу уол эмиэ быраҕара буолуо дии санаабыт. Арай нэдиэлэ, биир ый, сыл аҥаара ааспыт. Хас дьарык кэннэ киһитэ кэпсээн кэһиилээх кэлэр үһү. Тугу уруһуйдаабыппын, билбиппин-көрбүппүн үөрэ үллэстэрим. Төрөппүттэрим хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри пиэрмэҕэ үлэлииллэрэ, сололоро да суох этэ. Үс сыл ааһа охсубута. Ол курдук, бэһис кылааска Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообут художественнай оскуолатын бүтэрбитим.  Дьонум олус үөрбүттэрэ. Павел Владимирович Скрябин, Екатерина Пахомовна Тихонова диэн учууталларга үөрэммитим. Павел Владимирович уруһуй өттүнэн барарбар сүбэлээбитэ. Ол курдук, номнуо бэһис кылааска инники идэбин чопчу быһаарыммытым. Оскуоланы бүтэриэхпэр диэри оскуола, улуус, өрөспүүбүлүкэ куонкурустарыгар, олимпиадаларга элбэхтэ кыттыбытым, ол сылдьан олус сайдыбытым. Черчение олимпиадатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс буолбутум, улууска эмиэ миэстэлэһэрим.

Оскуоланы бүтэрэн баран, Нам педагогическай училищетыгар үөрэнэ киирбитим, онтон П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа көспүтүм. Л.А. Ким аатынан Оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолатыгар быраактыкаҕа кэлбитим. Ол саҕана Михаил Павлович Максимов дириэктэринэн үлэлии олорор кэмэ этэ. Икки сыл быраактыкаламмытым. Училищены бүтэрэн баран, аны ханна үлэлии барабыт диэн толкуйга түспүппүт. “Быраактыкаламмыт сирбитигэр баран көрбөппүт дуо?” – диэн сүбэлэспиппит. Бииргэ үөрэммит уолум Никита Михайлович Алексеевы кытта манна кэлбиппит. Арай киирбиппит, Михаил Павлович кабинетыгар олорор. Үлэ миэстэтин ыйыталастыбыт. Толкуйдаан баран: “Атырдьах ыйыгар кэлээриҥ. Онно кэпсэтиэхпит”, – диэтэ. Биһиги үөрэн-көтөн, дьиэбитигэр сайылыы бардыбыт. Күһүн тиийэн кэлбиппитигэр: “Хайа, уолаттар, кэллигит дуо?” – дии көрсүбүтэ. Оннук үлэҕэ киирэн хаалбыппыт. Учууталлыы сылдьан икки үрдүк үөрэҕи кэтэхтэн бүтэрбитим.

Биир үтүө күн Михаил Павлович: “Сөптөөҕүн дириэктэрдээтим. Эн кандидатураҕын Култуура управлениетыгар этэн биллэрдим”, – диэн соһуппута. Кини алгыһын ылынан, 2013 сыллаахха балаҕан ыйын 13 күнүгэр дириэктэринэн анаммытым.     

2021 сылга оскуолабыт төрүттэммитэ 50 сылын, үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит. Оскуолабыт төрүттээччи, бастакы дириэктэр, худуоһунньук Леонид Александрович Ким аатын сүгэр. Кини сүүрэн-көтөн, Дьокуускайга өссө биир оҕону сайыннарар оскуола аһыллыбыта.

–50 сыл устата уларыйыы-тэлэрийии элбэх буоллаҕа. Билигин хайдах үлэлии олороргутун сырдата түспэккин ээ.

–Сыл аайы кэрэ эйгэтигэр тардыһар, ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоны сэргиир, кэрэхсиир оҕо элбээн иһэрэ үөрдэр. Аан бастаан дириэктэринэн кэлбит сылларбар оскуолаларга бэйэбит тиийэн биллэрии ыйыырбыт, биһиэхэ кэлэн туттарсыҥ диэн ыҥырарбыт. Билигин баҕалаах элбэх. Куонкурус үрдүк, биир миэстэҕэ 3-4 оҕо. Баазабыт эппиэттиирэ буоллар, төһө баҕарар оҕону ылыа этибит. Муниципальнай сорудах докумуонунан 1-кыттан 5-с кылааска диэри 240 оҕо үөрэниэхтээх. 5-с кылааска төһө оҕо бүтэрбитинэн 1-кы кылааска ылабыт.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үс эрэ академическай оскуола баарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Бүлүүгэ, Покровскайга уонна биһиэхэ эрэ. Атын сирдэргэ художественнай кылаастар музыкальнай оскуола иһинэн үлэлииллэр. Биһиэнэ чопчу бырагыраамалаах, анал методикалаах.

Бырагыраама өттүн ылан көрдөххө, оҕолор урут 4 сыл үөрэнэр эбит буоллахтарына, билигин 5 сыл уһуйуллаллар. Идэтийии иннинээҕи бэлэмнэниини ааһаллар. Оскуоланы бүтэрдэхтэринэ, туоһу сурук (сибидиэтэлистибэ) туттарабыт. Онон биһиги выпускниктарбыт үөрэххэ туттарсалларыгар эбии баал ылаллар. 

Оскуолабыт икки салаалаах: “Живопись” уонна “Декоративно-прикладное искусство”. “Живопись” салаата Ярославскай уулуссатыгар баар. Уопсайа 9 кабинеттаах, 13 преподаватель баар. “Живопись” салаатыгар 9, “Декоративно-прикладнойга” 4 учуутал. Идэлэрин толору баһылаабыт дьон. Бары үрдүк үөрэхтээх худуоһунньуктар, оҕону уһуйарга эбии үөрэҕи ааспыт дьон. Бары култуура туйгуннара, ону таһынан 3 преподаватель Арассыыйа Худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэннэрэ.

Учуутал биир кылааһы ылар уонна оҕолорун биэс сыл тухары үөрэтэн бүтэртэрэр. Кылаас салайааччытын быһыытынан үлэлиир, сүрүн предметтэргэ үөрэтэр.

Бэлэмнээх оҕолору такайан таһаарабыт

–1-кы кылааска 9-12 саастаах оҕолору сүүмэрдиибит. “Живопись”, “Рисунок”, “Композиция” диэн үс предмеккэ эксээмэн туттаран киирэллэр.

Сүүмэрдээһин туһунан кылгастык кэпсээтэххэ, “Живопись” предмеккэ судургу соҕус натюрморт уруһуйдууллар. Гуашь, акварель тутталлар. Оттон “Рисунок” предмеккэ харандааһынан штриховкалыыллар. “Композиция” сорудаҕар чопчу тиэмэ биэрэбит. Холобур, остуоруйаны уруһуйдааҥ диэхпитин сөп.  

Урут оҕо ханнык эмэ биричиинэнэн үөрэҕиттэн уурайда да, резервэттэн киирэн биэрэллэрэ. Кэнники кэмҥэ оҕолор 5-с кылааска диэри тутуһан баран сылдьаллар диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ким да бырахпат. Биир эмэ оҕо атын сиргэ көһүөн эбэтэр дьиэтигэр табыллыбат буолуон сөп. Бачча үлүгэр сүүмэрдээһини ааһан баран киирбиттэрин, кэннилэригэр элбэх оҕону хаалларбыттарын өйдүүр буоллулар. Преподавателлэрбит оҕолору кытта сатаан табан үлэлииллэр, онон үөрэнээччилэр оскуолаҕа үөрэ-көтө кэлэллэр.

Судаарыстыбаннай стандартка көспүппүт, биэс сыллаах буолбуппут. Чопчу бырагырааманы ылыммыппыт уонна онон үөрэтэ сылдьабыт. Урукку сылларга кылгатыллыбыт соҕус этэ. Билигин кэҥэтэн, уустугурдан, дириҥэтэн биэрдибит. “Декоративно-прикладной искусство” салаатыгар ойуулуур-дьүһүннүүр искусство историятын үөрэтэллэр. Саха сирин, нуучча, аан дойду худуоһунньуктарын айар үлэлэрин билсэллэр. Былыргы үйэттэн 21-с үйэҕэ тиийэ кэрдиис кэми хабаллар. Онон оҕолор орто анал үөрэххэ, үрдүк үөрэххэ киирэллэригэр, үөрэнэллэригэр да чэпчэки буолар. Үөрэх кыһалара бэлэмнээх оҕолору ыла сатыыбыт диэн билинэллэр.

Ылбыт билииҥ тус олоххор туһалыыр

–Киһи эрэ барыта худуоһунньук буолбат. “Сатабыллаах киһи үйэтэ үүннэ” диэн этии баар. Эһиэхэ үөрэммит оҕолор, атын эйгэҕэ бардахтарына да, манна ылыммыт билиилэрэ күннээҕи олохторугар туһалыыр буолуохтаах.   

–Оҕолор оскуоланы бүтэрэн баран, кэлин ханнык үөрэххэ киирбиттэрин билэ-көрө, ыйыталаһа-сураһа олоробут. Оҕо уопсай ахсааныттан 75-80 бырыһыана художественнай үөрэххэ киирэр. Бу үчүгэй көрдөрүү. Ол хаалбыт 20-25 бырыһыан оҕо манна ылбыт билиитэ, үөрэҕэ тус олоҕор туһалыыр. Дьиэ туттарыгар, бырайыак оҥороругар да буоллун. Бэйэбинэн да ылан көрдөххө, оскуолаҕа биир кылааска үөрэммит оҕолорбутуттан аҥаарбыт художественнай оскуолаҕа үөрэммитэ. Ол 15 оҕоттон үс эрэ киһи  худуоһунньук буолан тахсыбыппыт. Атын эйгэҕэ үлэлиир доҕотторбут: “Уһанарбытыгар, иистэнэрбитигэр, оһуор да уруһуйдуурбутугар художественнай кылааска үөрэммиппит туһалыыр”, – дииллэр.

Оҕону көҕүлүүр, умсугутар туһугар

–Билиҥҥи оҕо биир дьарыгынан уһуннук дьарыктаммат, түргэнник сылайар, хал буолар диэн санаа баар. Оҕолору тугунан көҕүлүүгүтүй, умсугутаҕытый?

– Чахчы, билигин бары гаджет, көмпүүтэр, интэриниэт көлүөнэтэ кэллэ. Аныгы оҕолор толкуйдара, олоҕу көрүүлэрэ чыҥха атын. Билэллэрэ-көрөллөрө да бэрт.

1-кы кылаастарга оонньуу курдук уруһуйдатабыт. Биэс сылы быһа аҥаардас гуашь, акварель туттахтарына, баҕалаах да киһи хал буолар ини. Ол иһин араас техниканан үлэлэтэбит: пастель, батик, витраж, о.д.а.

Муоһу кыһааччылар эмиэ салгыбатыннар диэн саҥа сүүрээни киллэрэргэ дьулуһабыт. Ол курдук, өр кэмҥэ дириэктэринэн үлэлээбит ытык киһибит  Михаил Павлович Максимов толкуйдаан баран, оҕолорго муус оҥоһугун күрэҕин ыытыахха диэбитэ. Ону Култуура управлениета өйөөбүтэ. Ол курдук, М.П. Максимов аатынан “Мы – дети Севера” диэн тэрээһиммитин быйыл төрдүс төгүлүн ыыттыбыт. Хата, пандемия иннинэ буолбута. Биһиги оскуолабытын 20 сыл салайбыт ытык киһибит аатын үйэтитэбит. Кини, хомойуох иһин, 2018 сыллаахха биһиги кэккэбититтэн туораабыта.

202-с микрооройуоҥҥа Муус паарканы кытта дуогабардаахпыт. Саас аайы үлэлиибит. Оҕолор оҥоһуктарын көрбүт буолуохтааххыт. Күрэх куорат аһаҕас турнира диэн даҕаны, ыыра кэҥээн иһэр. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан баҕалаахтар кытта кэлэллэр. Бастакы сылга 8 эрэ хамаанда кэлбит эбит буоллаҕына, быйыл 18 хамаандаҕа тиийэ элбээтибит. Сыл аайы кыттааччылар үлэлэрэ тупсан иһэр.

Оҕолор бу күрэҕи олус сөбүлүүллэр. Эрдэттэн бэлэмнэнэллэр. Инструменнарын ылан ох курдук оҥостоллор. Төрөппүттэр эмиэ олус өйүүллэр.

Үөрэнээччилэр музейдары кэрийэллэр. Кинилэргэ киирии босхо. Урут оскуолаҕа оптуобус биэрэллэрэ. Онон Хатас диэки пленэргэ сылдьарбыт. Кэлин оҕону таспаккыт диэн сокуон тахсыбыта. Ол иһин, кэлин учууталлар оҕолору пааркаҕа уонна Кырдьаҕас куоракка илдьэн пленэрдэтэллэр.  Сылаас кэмҥэ, саас ыам ыйыгар эбэтэр күһүн эрдэ сылдьабыт. Пленэргэ сылга 28 чаас көрүллэр. Оҕолор олус сайдаллар, этюд эгэлгэтин ойуулууллар. Үлэлэрин быыстапкаҕа туруорабыт.

Үбүлүөйбүтүгэр сыл инниттэн бэлэмнэниэхтээх этибит...

– Кыайыы сылыгар былааммыт элбэх этэ. Бэйэбит оскуолабытыгар, “Арассыыйа – Мин историям” пааркаҕа быыстапкалыахтаах этибит. Эмиэ барыта тохтообута. Ол да буоллар, төһө кыалларынан ону-маны көҕүлүү сатаатыбыт. Култуура управлениета “Окна Победы” диэн интэриниэт ситимигэр аахсыйаны биһиги ыытарбытыгар сорудахтаабыта. Оннук гынан Бүтүн Арассыыйатааҕы тэрээһиҥҥэ кыттыспыппыт. Ону таһынан “Спасибо деду за Победу” диэн инстаграмҥа куонкурус тэрийбиппит. Олус элбэх оҕо кыттыбыта. Бирииһи Култуура управлениета уйуммута. Кыайыылаахтар олус үөрбүттэрэ, махтаммыттара.

Дьиҥэр, былаан элбэх. Үбүлүөйбүтүгэр бэлэмнэнэн, сыл инниттэн быыстапкалаан саҕалыахтаах этибит. Хомойуох иһин, пандемиянан сибээстээн тохтоото. Эһиил сэтинньигэ диэри ыарыы ааһар ини диэн эрэнэбит. Оҕолор билигин дистанционнай ньыманан үөрэнэллэр.

Үлэбит түмүгэ – быыстапкаларга

– Ый аайы педагогическай сэбиэт буолар. Сыл аҥаардаах үлэбитин былаанныыбыт. Быыстапкаҕа бэлэмнэнии олус үлэлээх. Хас биирдии учууталга бачча үлэнэн кыттаҕыт диэн этэбит. Быыстапкаҕа ханнык үлэлэр баралларын анал хамыыһыйа быһаарар.

Комдрагметка, Национальнай музейга, Ярославскай аатынан музейга, “Үргэл” арт-галереяҕа, чааһынай галереяларга эмиэ быыстапкалыыбыт.

Бэйэбит галереябытыгар элбэх быыстапканы тэрийэбит. Билигин выпускниктар үлэлэрэ турар.

Хомойуох иһин, дьиэбит кыараҕас. Натюрморт пуондата баар эрээри, кабинета дьоҕус. Элбэх үлэ баппат. Аны уруһуй өр сыппат. Саҥаттан саҥа үлэ кэлэн иһэр. Онон оҕолор үлэлэрин төрөппүттэргэ туттарабыт. Инстаграмҥа уган иһэбит. Натюрморт пуондатыгар дипломнай үлэлэри хааллара сатыыбыт. Учууталлар эмиэ кабинеттарыгар бэйэлэрэ дьоҕус пуондалаахтар, сорох үлэлэри онно мунньан, ууран иһэллэр. 

Оҕо оҕоттон үөрэнэр

– Атын оскуолалары кытта түмсэн методическай холбоһук тэриммиппит. Оҕо оҕоттон үөрэнэр диэн санаанан салайтаран, уопут атастаһар үлэни ыытабыт. Холобур, Покровскай куораттааҕы Оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолата бэйэтэ галереялаах. Биһиги онно баран быыстапкалыыбыт. Онтон кинилэр биһиэхэ кэлэн тураллар. Намҥа түөрт художественнай кылаас баар. Онно эмиэ тиийэ сылдьыбыппыт. Кинилэр эмиэ ыалдьыттаабыттара. Бэрдьигэстээх оҕолоро биһиэхэ кэлэн быыстапкалаабыттара. Быйыл саас кинилэргэ барыахтаах этибит, пандемия биллэриллэн кыаллыбата. Санаабытын түһэрбэппит. Этэҥҥэ буоллаҕына, тиийиэхпит.

Сааскы сынньалаҥ кэмигэр биһиги оскуолабытыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада буолар. Култуура министиэристибэтэ өйүүр. Сыл аайы уларытан ыытабыт. Холобур, биир сыл “Рисунок”, иккис сыл “Живопись”, үһүс сылыгар – “Композиция”. Оҕолор үөрэ-көтө кэлэн кытталлар. Быйыл тэрээһин үлэтинэн кэпсэтии бөҕө барбыта да, биллэр биричиинэнэн олимпиадабытын ыыппатыбыт.

Куорат тэрээһиннэрин көтүппэппит

–Биһиги тэрийээччибит – Култуура управлениета. Онон кини ыытар тэрээһиннэригэр барытыгар көхтөөх кыттыыны ылабыт: Үлэ, эйэ, саас бырааһынньыгар, Кыайыы күнүгэр, Оҕо көмүскэлин күнүгэр, Ыһыахха, Арассыыйа былааҕын күнүгэр, Дьокуускай төрөөбүт күнүгэр, о.д.а. куонкурустарга, аахсыйаларга хайаан да кыттабыт, тэрээһин ыытабыт. Асфальтка уруһуй күрэҕин куорат кырачаан олохтоохторо бэркэ сэргииллэр. Матырыйаалынан, бирииһинэн управление хааччыйар.

Ыам ыйын 8 күнүгэр, Кыайыы күнүн иннинэ, Орджоникидзе болуоссатыгар көһө сылдьар быыстапкабытын тиийэн туруорар үгэскэ кубулуйда. Оҕолор үлэлэрэ дьон-сэргэ биһирэбилин, сэҥээриитин ылар.

Былырыын куораппыт төрөөбүт күнүгэр бэртээхэй тэрээһини толкуйдаан ыыппыппыт. Ааһан иһэр дьоҥҥо этюд уруһуйдаппыппыт. Учууталлар ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан биэрбиттэрэ. Дьон олус астыммыта. Ону таһынан, оҕолор пленэргэ сылдьан уруһуйдаабыт үлэлэрин туруорбуппут. Куорат олохтоохторо кэрэхсии көрбүттэрэ.

Төрөппүттэри кытта ситим быстыбат

– Сыл аҥаара буола-буола түмүктүүр эксээмэн, көрүү буолар. Хас биирдии үөрэнээччи үлэлэрин бэлэмнээн көрдөрөр. Онно барытыгар төрөппүт көмөлөһөр. Кылаас салайааччылара төрөппүт мунньаҕын ыыталлар. Ийэлэри, аҕалары кытта биир сүбэнэн үлэлиибит. Матырыйаалы төрөппүттэр ылаллар.

Оҕо сиппит эбит диэтэхпитинэ,  персональнай быыстапкатын ыытабыт. Онно эмиэ күүс-көмө буолар дьоммут – төрөппүттэрбит. 

Үөрэнэн бүтэрбит оҕолор кэлэ-бара, киирэ-тахса сылдьаллар. Оннооҕор үлэһит да буолан баран, өҥөйөн ааһаллар. Төрөппүттэри кытта ситиммит быстыбат.   

Ситиһии, кыайыы көтөллөнөн

–Элбэх куонкуруска кыттабыт. Куорат, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах куонкурустарга оҕолорбут ситиһиилэрин ааҕан сиппэппит. Хайаан да бириистээх миэстэҕэ тиксэбит диэн киэн тутта кэпсиибит. 

Бу саас Тас сибээс министиэристибэтин нөҥүө Кореяҕа норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска оҕолор үлэлэрин ыыппыппыт. Гран-при, бастакы, иккис, үһүс миэстэлэри биһиги үөрэнээччилэрбит ылбыттара. Министиэристибэ үлэһиттэрэ бэйэлэрэ да соһуйан хаалбыттара, хайҕаабыттара.

Учууталлар араас быыстапкаларга, куонкурустарга көхтөөхтүк кытталлар. Муус оҥоһуктар куонкурустарыгар эмиэ бараллар. “Сахалар Канада кубогын ыллылар” диэн үөрүүлээх сонуну истибит буолуохтааххыт. Ол биһиги преподавательбит Егор Егорович Степанов. Быйыл Канада скульптордарын Ассоциациятыгар киллэрдилэр. Арассыыйаттан икки эрэ киһини ылбыттар. Мария Николаевна Гуляеваны Саха сиригэр соҕотох керамист дьахтар диэххэ сөп.

Былырыын А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Косторезное искусство России” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы улахан бэстибээл буолан ааспыта. Онно биһиги оҕолорбут кыттыбыттара. Атын сирдэртэн кэлбит ыалдьыттар: “Оҕолор муоһу маннык кыһаллар дуо? Оскуолаҕыт олус үчүгэй эбит”, – диэн сөхпүттэрэ-махтайбыттара. Онон тэрийээччилэр быйыл оҕолорго аналлаах бэстибээл ыытыахпыт диэбиттэрэ. Ону бу дьаҥ мэһэйдээтэ.

Дьоҕура суох оҕо диэн суох. Оҕо сайдарыгар хааччахтыа суохха, кыах биэриэххэ наада дии саныыбын. Төрөппүт оҕото уруһуйдуурун көрдө да, кырааскатын, матырыйаалын ылан, оҕо талаанын арыйарыгар усулуобуйа олохтуохтаах. Сөбүлүүр дьарыгын өссө көҕүлээн, сайыннаран анал оскуолаҕа биэрдэҕинэ өссө үчүгэй. Спорт да өттүн ыллахха, оннук дии. Видеонан, интэриниэтинэн үөрэнэр диэн атын. Оҕо идэтийбит, анал үөрэхтээх дьоҥҥо уһуйуллара син биир быдан ордук.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...