15.12.2022 | 11:00

Николай Максимов: «Хаайыыга барыы диэн суох, ол эрээри эппиэтинэскэ тардыллыахха сөп»

Николай Максимов:  «Хаайыыга барыы диэн суох, ол эрээри эппиэтинэскэ тардыллыахха сөп»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи сылларга харчы араас кыһалҕатыгар ылларбыт дьону үгүстүк истэбит. Мөлүйүөнүнэн иэскэ киирэр дьон баар. Иэскэ сылдьар киһи өйүгэр-санаатыгар төһөлөөх оҕустарыыны ылара буолуой?! Аҥаардас  бааннар тохтоло суох эрийэллэрэ, коллектордар куттууллара, ардыгар үлэтигэр кэлэллэрэ... Маннык түгэҥҥэ тугу гынабытый, хайдах быыһанабытый?

Бүгүн биһиги арбитражнай управляющай, иэскэ-күүскэ киирбит дьоҥҥо көмө буолар, 127-с федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран дьону моҥкурууттуур анал статустаах үлэһит, ону таһынан страховой брокер, ол быыһыгар култуура эйгэтигэр олус чугас Николай Владимирович Максимовтыын көрсөн ирэ-хоро сэһэргэстибит.

Николай Владимирович бэйэтэ экономист, буҕаалтыр үөрэхтээх. Эдэр эрдэҕиттэн куруук үлэни өрө туппут, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһар, сайдыы суолун тутуһар, дириҥ, киэҥ көрүүлээх киһи. Быһалыы, элбэх тэрилтэҕэ үлэлээбит баай уопуттаах диэтэхпитинэ, алҕаһаабат буолуохтаахпыт.

Николай 1994 сыллаахха буҕаалтыр идэтин баһылаан, дойдутугар Чурапчы Алаҕарыгар дьаһалтаҕа үлэҕэ киирбитэ. 2005 сыллаахха кэтэхтэн экономическай үөрэҕи бүтэрбитэ. 2000 сылтан Чурапчыга култуура управлениетыгар сүрүн экономист дуоһунаһыгар анаммыта. Салгыы 2001 сылтан Чурапчы пенсионнайыгар үп-экономическай отделга сүрүн исписэлииһинэн уонна биир сыл сүрүн юрист-консульт быһыытынан үлэлээбитэ. Онтон 2005 сыллаахха дойдутугар, Алаҕар нэһилиэгин дьонун итэҕэлин ылан, баһылык дуоһунаһыгар талыллыбыта; 2007 сыллаахха иккиһин быыбарданан, уопсайа сэттэ сыл дойдутун туһугар үгүс сыратын ууран үлэлээбитэ. 2012 сыллаахха боломуочуйата бүтэн, Дьокуускай куораттааҕы Пенсия пуондатыгар көһө сылдьар бэрэбиэркэлиир отдел салайааччытынан үлэтин саҕалаабыта. Ити сыл күһүнүттэн Чурапчы улууһун дьаһалтатын Экономикаҕа управлениетыгар отдел начаалынньыгынан ыҥырыллыбыта. 2014 сыл муус устар ыйыттан аны Чурапчы улууһун Култуураҕа управлениетыгар начаалынньыгынан анаммыта. 2015 сыллаахха IX-c Олоҥхо ыһыаҕа Тоҕус томтордоох Чурапчыга кини салалтатынан үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Онтон ити күһүнүттэн Чурапчыга Физкултуура уонна спорт институтугар былаанныыр-экономическай отдел начаалынньыгынан үлэтин саҕалыыр. 2018 сыл тохсунньу ыйыттан Дьокуускай куоракка “Медицина катастроф” кылаабынай бырааһын экономика боппуруостарыгар солбуйааччынан киирбитэ. 2021 сылтан арбитражнай управляющай статуһун ылан, суут-сокуон ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн дьону иэстэн босхолуурга, моҥкурууттуурга үлэлии сылдьар.

– Николай Владимирович, арбитражнай управляющай быһыытынан үлэҕин хайдах саҕалаабыккыный? Бастаан үлэлииргэр туох уустуктары көрсүбүккүнүй?

– Киһи ылла да саҕалаабат үлэтэ. Бастатан туран, федеральнай сокуон ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, алта ыйдаах анал үөрэҕи ааһаҕын, ол кэннэ теоретическай эксээмэн туттараҕын. Салгыы дьэ анал үөрэхтээх буоларгын туоһулуур сибидиэтэлистибэ ылаҕын. Бу үлэбэр экономика, бухгалтерия, юриспруденция боппуруостарын билии сүрүн ирдэбил быһыытынан киирэр. Бастаан үлэлиирбэр уустуктар ханна барыахтарай... Интэриниэтинэн, социальнай ситимнэринэн кыралаан бэйэм туспунан биллэриилэри таһаарбытым. Сокуон быһыытынан, моҥкуруут буолуу сүрүн ирдэбилинэн 500 000 солк. элбэх иэс, үс ыйтан ордук ону төлөөбөккө сылдьыы буолуохтаах. 127-с нүөмэрдээх Федеральнай сокуон дьон бэйэтин моҥкуруукка биэрэригэр быраап уонна эбээһинэс биэрэр. Ол эбэтэр хас биирдии киһи “иэспин сатаан төлөөбөт турукка кэллим, кэлэр ыйдааҕы төлөбүрү уйунар кыаҕым суох” диэн иэс ылбыт бааныгар иһитиннэриэхтээх уонна Арбитражнай суукка бэйэтин моҥкуруутунан биллэрэр туһунан сайабылыанньа биэриэхтээх. Дьэ ити кэннэ суут, сайабылыанньаны сөптөөҕүнэн аахтаҕына, финансовай управляющай диэни аныыр. Бу финансовай управляющай моҥкурууттааһын ис үлэтин хара саҕаланыаҕыттан тиһэҕэр диэри ыытар. Мин бэйэм кандидатурабын үлэлиир тэрилтэм нөҥүө биэрэбин. Ол эбэтэр мин сөбүлэҥэ суох миигин анаабат. Билигин чааһынай дьону таһынан тэрилтэлэри кытта эмиэ үлэлиибин.

– Иэстээх-күүстээх, бааҥҥа просрочкалаах, кирэдьииттэригэр “умайбыт” дьон олус элбээтэ. Дьон тоҕо маннык балаһыанньаҕа тиийэр буолла? Дьиҥэр, ханнык баҕарар киһи бэйэтин кыаҕын билинэн кирэдьиит ылан эрдэҕэ. Эн маны туох дии саныыгын?

– Олоххо араас буолар. Оттон бааннар ханнык баҕар сыалга кирэдьиит биэрэргэ бэлэмнэр. Ону сорох дьон үчүгэй олоҕу сип-билигин, сарсыҥҥы күнү кэтэспэккэ олоруохтарын баҕараллара эмиэ баар суол. Ким эрэ кирэдьиит ылан тас дойдуга айанныыр, массыына, сыаналаах мал-сал, айфон о.д.а. атыылаһар, саарбах пирамидаларга киирэр уонна... кыайан төлөөбөт турукка киирэр. Дьиҥнээх улахан кыһалҕаҕа киирбит дьон эмиэ элбэх – эмкэ, дьиэ атыылаһарга, биисинэс арынарга о.д.а. ылар. Бу курдук кэпсээтэххэ, бииртэн-биир кыһалҕа элбэх, дьон балаһыанньата араас.

– Моҥкуруут аатырарга иэс суумата быһаарар оруоллаах эбит. Бу туһунан билиһиннэриэҥ дуо?

– Бу туһунан барыта 127-с №-дээх федеральнай сокуоҥҥа сурулла сылдьар. Ол эбэтэр кыһалҕалаах киһи 500 тыһ. солк. үрдүк иэстээх уонна 3 ый төлөөбөтөх буолуохтаах. Аны туран, улахан суумаҕа иэскэ киирбит киһи хайаан да бэйэтин моҥкуруукка биэриэхтээх, оннук эбээһинэстээх даҕаны. Даҕатан эттэххэ, 2002 сылтан федеральнай сокуон үлэлиир. Онтон 2015 сылтан эбии чааһынай сирэйдэри моҥкурууттуурга аналлаах туспа 10 раздел киирбитэ. Сорох дьон маннык улахан иэстээх киһи хаайыыга барар дуо эбэтэр туох эрэ ыстараап төлүүр дуо диэн ыйыталлар. Онуоха мин хоруйум маннык: хаайыыга барыы диэн суох, ол гынан баран миэрэҕэ тардыллыахтарын сөп. Тоҕо диэтэххэ, сокуонунан моҥкуруукка барар кыах баарын билэн туран бааннартан улахан сууманы ылан баран соруйан төлөөбөт дьон эмиэ баар. Уопсайынан, биһиги барыта сокуоҥҥа олоҕуран үлэлиибит. Ыллыҥ да мээнэ моҥкуруукка барбаккын. Иэстээх киһи моҥкуруукка барыан сөбүн туһунан суукка сайабылыанньа түһэрэр. Онтон суут кинини сокуоҥҥа сөп түбэһэр буоллаҕына, дьыала арыйар. Дьыала арыллыбытын кэнниттэн суут күнэ-дьыла ананар. Ол кэнниттэн биирдэ үлэ саҕаланар. Эбэтэр, төттөрүтүн, иэстээх киһини суут көрөн баран, сокуон ирдэбилигэр сөп түбэспэт буоллаҕына, “бу киһи хайдах да моҥкуруукка барар кыаҕа суох” диэн сайабылыанньаҕа аккаастыан эмиэ сөп. Онон, барытын суут быһаарар...

– “Кирэдьиит историятын” алдьаппыт дьон элбэх. Өскөтүн кинилэр иэстэриттэн тахсыбыт эбэтэр “моҥкурууттаммыт” түгэннэригэр, инникитин өссө кирэдьиит ылар кыахтаналлар дуо?

– Оннук дьон кыра-кыралаан потребительскэй, табаар кирэдьиитин ылан, «историяларын” көннөрөн, кэлин кирэдьиит ылар түгэннэрэ баар. Ол эрээри кирэдьиит ылалларыгар моҥкурууттана сылдьыбыттарын кистиэ суохтаахтар. Кистиир да түгэҥҥэ, син биир биллэр. Моҥкурууттаммыт киһиэхэ алта ый кэнниттэн саҥа кирэдьиит оҥоруохтарын сөп. Үчүгэй үлэлээх, төлөһөр кыахтаах, дохуоттаах буоллаҕына, олоҕо ыраас лиистэн саҕаланар. Онон маннык кыһалҕаҕа киирбит дьон олохторо алдьанна, аны хаһан да кирэдьиит ылбаттар диэн буолбатах.

– Дьон кыһалҕатын быһаарар үлэлээххин. Бу үлэҥ күннээҕи ис туруккар охсубат дуо?

Бэйэм сөбүлээн талбыт үлэм. Күн аайы иэстээх дьоммун кытта билсэ, кэпсэтэ, сибээстэһэ олоробун. Сирэй да көрсөбүн, төлөпүөнүнэн, бассаабынан да быһаарсабыт. Ый аайы моҥкурууттааһын процедуратын, реструктуризацияны ааһар дьон балайда баар. Бары да билэргит курдук, иэстээх киһи баанын каартата үлэлээбэт (арест), сатаан туттубат буолар. Онуоха барытыгар арбитражнай управляющай күүс-көмө буолар, иэстээх киһиэхэ бэйэтигэр, иитимньитигэр ый аайы прожиточнай минимум суумата харчыны счетуттан устан биэрэр эбээһинэстээх.

– Николай Владимирович, наһаа туһалаах иһитиннэриилэри, сүбэлэри биэрэҕин. Үлэҕинэн өссө туох былааннардааххыный?

– Махтал. Үлэм манан эрэ муҥурдаммат. Маны таһынан страховкалааһынынан дьарыктанабын. Бэйэм 2013 сыллаахха “Метлайф” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы хампаанньаҕа бэйэбин страховкаламмытым. Билигин «Совкомбанк Страхование Жизни» диэн хампаанньаҕа үлэлиибин. Бородууксуйабыт барыта накопительнай, ону таһынан олоххо баар араас түгэннэртэн көмүскэл буолар. Сотору ОСАГО,  КАСКО, ипотечнай страхование киириэхтээх. Онон кэҥиир чинчилээхпит. Сонун быһыытынан кэпсээтэххэ, дойду Бырабыыталыстыбата сорудах биэрэн, тохсунньу ыйтан Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин нөҥүө босхо страховой агент идэтигэр орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэтии киирээри турар. Бэйэм бу күһүҥҥүттэн «Партнер Престиж» Саха сиринээҕи салаатын бэрэстэбиитэлэ буоллум. Мин санаабар, киһи бэйэтин олоҕун страховкалыыра – кини бэйэтин төһө сыаналыыра. Бу страхование инникитин биһиги олохпутугар өссө күүскэ киириэ, дьон сыыйа өйдөөн иһиэ дии саныыбын. Үп-харчы оруола күн-түүн үрдүү турарынан, сорох дьон бэйэлэригэр, оҕолоругар мунньаллар, араас бырагыраамалары туһаналлар.

– Николай Владимирович, кэпсээниҥ иһин махтанабыт. Үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....