08.04.2022 | 12:00

Николай Гуляев: «Учуутал анала – оҕо хараҕар үөрэх кыымын саҕыы»

Николай Гуляев:  «Учуутал анала – оҕо хараҕар үөрэх кыымын саҕыы»
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит – патриот, саха эр киһитин, ыал аҕа баһылыгын үтүө холобура, спорду, чөл олоҕу көҕүлүүр ураты көрүүлээх учуутал. Николай Николаевич Гуляевы кытта үөрэхтээһин кэрэхсэбиллээх, ону таһынан мөккүөрдээх түгэннэрин кэпсэттибит.

Кылгас ыспыраапка
Николай Николаевич Гуляев – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Орто Халыма улууһун Д.С. Слепцов аатынан Эбээх орто оскуолатын төрүт култуураҕа учуутала, “Доброе сердце” бочуоттаах бэлиэ, “Бочуоттаах педагог” үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына.

Оҕо уонна учуутал – биир сомоҕо

– Мин Орто Халыма улууһун II Хаҥалас нэһилиэгэр, Эбээх бөһүөлэгэр төрөөбүтүм. Манна ахсыс кылааска диэри үөрэммитим (оскуолабыт аҕыс эрэ кылаастааҕа), онтон Өрөспүүбүлүкэтээҕи физмат оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан  ыалдьан, дойдубар төннөн, Орто Халыма улууһугар Алаһыай өрүс кытылыгар, Арҕахтаах уон кылаастаах орто оскуолатын  бүтэрбитим. Онтон 12 сыл “Алаһыай” сопхуос Эбээхтээҕи салаатыгар араас дуоһунаска үлэлээбитим.

1995 сыллаахха  Эбээх орто оскуолатыгар иитии-үөрэтии үлэтигэр дириэктэри солбуйааччынан анаммытым. Ол кэмҥэ оскуола дириэктэрэ К.К. Бубякин сонно тута эрэнэн-итэҕэйэн, «Үрүҥ Уолан» диэн уол оҕону норуотун тыыныгар иитэр сүрдээх суолталаах предмети үөрэтэрбэр, учуутал бастакы хардыытын оҥорорбор тирэх буолбута. Салгыы М.К. Аммосов аатынан СГУ саха филологиятын уонна культурологиятын салаатын бүтэрэн, төрүт култуура уруоктарын биэрэр кыахтаах исписэлиис буолар чиэскэ тиксибитим. Онон “Идэҕин баҕаран туран талбытыҥ дуо?” диэн ыйытыыга хоруйдуурбар кэккэ ыарахаттар бааллар. Олоҕум суолун булбуппар үөрэппит учууталларбар махталым муҥура суох.

Педагогическай ыстааспын 1995 сылтан диэн аахтабын, онон баара-суоҕа 27 сылбар үктэннэҕим буолуо. Күн бүгүҥҥэ диэри Эбээх орто оскуолатыгар үлэлии-хамсыы сылдьарбыттан үөрэбин. Оскуолабыт өрөспүүбүлүкэ кырдьаҕас оскуолаларыттан биирдэстэрэ, 1901 сыллаахха Дьүөнсэ учаастагар II Хаҥалас нэһилиэгэр «Грамота оскуолата» аһыллыаҕыттан төрүттэммитэ.

Үлэбэр сүрүн болҕомтобун оҕоҕо уурабын. Оҕо уонна учуутал биир сомоҕо эрэ буоллахтарына, иитии, үөрэтии да табыллар дии саныыбын. Учуутал анала – оҕо хараҕар үөрэх кыымын саҕыы. Бу үтүмэн үйэлэр тухары киһи аймах төрөөбүт-үөскээбит күөх планетабыт иһигэр баар тыаһы-ууһу истэ-билэ улаатар. Истиэххэ сөп чуумпу дьиктитин, кини алыптаах, аптаах абылыыр кэрэтин, истиэххэ сөп кырыалаах кыһын халлаан суһумар оонньуур дьүкээбил уотун сэһэргиир сэһэнин, саһарҕа хоптотун күнү көрсө-уруйдуу туойар тойугун, мааны кыталык кырдалы кырыылыы көтөрүн... Бу маны барытын сатаан истэ үөрэтэр учууталтан хайаан да үтүө санаалаах, киэҥ билиилээх, төрөөбүт сирин-дойдутун ытыктыыр, ийэтин-аҕатын таптыыр ыччат, киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин, модун кыахтаах Арассыыйабыт кэлэр кэмин түстүүр киһи тахсыа диэн бүк эрэллээхпин.

Биһиги предмеппит сүүйтэриилээх курдук...

– Үөрэхтээһин систиэмэтэ төһө уларыйда дии саныыгыный? Ону туохха көрөбүтүй?

Сэбиэскэй үөрэхтээһин систиэмэтигэр бастакы хардыыбын оҥорбут киһи буоларым быһыытынан, бастатан туран, тута ону кытта тэҥнээн көрөбүн. Уларыйыы баһаам. Манна биһиги өрөспүүбүлүкэбит аан дойдуга буолар саҥаны киллэриигэ тас дойдулар, Арассыыйа бастакы хардыыларыттан хаһан да хаалсыбат, өрүү инники күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол тэҥинэн систиэмэ уларыйар, тупсар. Ордук БКЭ киирэрин саҕана улахан долгуйуу баара. Бу кэнники сылларга ФГОС сыыйа-баайа олоҕун булунан иһэр. Учуутал оҕоҕо үөрэҕи биэрэр эрэ буолбакка, оҕо билиини бэйэтэ булан, көрдөөн үөрэнэр усулуобуйатын, учуутал тьютор буолар балаһыанньатын олохтуур систиэмэ күүскэ сайынна. ФГОС оҕо ис кыаҕын, үөрэххэ, билиигэ тардыһыытын, кинини иитии методикатын саҥалыы көрүүнү ирдиирэ чуолкайа көһүннэ.

– Оскуола бырагырааматыгар туох тиийбэтий, тугу эбии киллэриэххэ сөбүй?

– Оскуола бырагырааматыгар тиийбэт өрүттэргэ тохтоотоххо, боростуой учуутал ону быһаарара тутах буолуо дии саныыбын. Манна уһун кэмҥэ кэтээн, сыаналаан, ыйааһыннаан көрүү наадата чуолкай. Хас биирдии учуутал барытын ырыта сатаатар да, син биир үөрэтэр предметигэр сыһыаран сыаналыыра мэлдьэҕэ суох. Ол курдук, ФГОС федеральнай статустаах предметтэри өрө тутта, онон биһиги курдук региональнай компоненнаах предметтэр сүүйтэриилээх курдук буоллубут. Мин национальнай боппуруоһу көтөхпөппүн, көннөрү төрүт култуура учууталын күннээҕи кэтээн көрүүтүн таспар саҥа таһаардым.

Бириэмэни сыаналыы үөрэнэр

– Билиҥҥи үөрэнээччилэр ноҕуруускалара үрдүк, иитэр үлэҕэ бириэмэ да ордубат диэн санаа баар. Сөбүлэһэҕин дуо?

– Үөрэх ноҕурууската үрдүк, ол чахчы баар көстүү. Ол гынан баран итии аһылыгынан хааччыйыы, оҕо сынньалаҥын аттарыы барыта ааҕыллан, үөрэтиллэн оҥоһулуннаҕа. Онон, мин санаабар, үөрэххэ талаһар, билиигэ баҕалаах оҕоҕо сөп түбэһиэхтээх. Толору дьарыктаах, күнүн сатаан аттаран туһанар оҕо бириэмэни ытыктыы, сыаналыы үөрэниэҕэ диэн бигэ эрэллээхпин. Онон кыратык саарыыбын да буоллар, бу ноҕуруускаҕа сөбүлэһэбин.

– Пандемия саҕаланыаҕыттан дистанционнай үөрэххэ көһөргө күһэллибиппит. Оҕо паартаҕа олорон үөрэнэрэ, учуутал дуоска иннигэр туран үөрэтэрэ ордугун өйдөөтүбүт. Ол эрээри, “куһаҕан үчүгэйдээх” диэбиккэ дылы, аныгы технологиялары таба туһанар буоллубут. Уопсайынан, дистанционнай үөрэх туһунан санааҥ.

– Пандемия уонна дистанционнай үөрэх мүлүрүйбэт тиис ыарыытын тэҥэ, ааспакка-арахпакка, бүтүн дойдуну долгутта. Биир өттүнэн ыллахха, аныгы технологиялары күүскэ сайыннарда, онно киниэхэ махтаныах эрэ тустаахпын. Ордук  саастаах, бу технологиялартан куттана, сэрэнэ, дьаархана  сылдьыбыт педагогическай састаабы ытарчалыы тутан, хам ылан, кылгас болдьох иһигэр баһылыырга күүскэ күһэйдэ. Ким абыранна, ким бэрт улахан эрэйи, моһуогу көрүстэ. Мэтээл икки өрүттээҕин курдук, маннык үөрэх оҕо уонна учуутал утары олорон сэһэргэһиилэригэр, истиҥ өйдөһүүлэригэр мэһэйдээтэ. Ол гынан баран бу быстах көстүү. Барыта сыыйа-баайа орун-оннугар түһүө диэн бүк эрэнэбин.

Үүнэргэ-сайдарга кэрэхсэбиллээх кэм

– Учуутал ситиһиитэ үөрэнээччилэрин ситиһиилэринэн сыаналанар. Үлэлиир оскуолаҥ, үөрэнээччилэриҥ тустарынан тугу киэн тутта кэпсиэххин сөбүй?

– Кырдьык, ити этиигэ сөбүлэһэбин. Билигин интэриниэт, информационнай технологиялар балысханнык, муҥутуу сайдар кэмнэригэр олоробут. Онон дьиэттэн тахсыбакка эрэ, ыраах ыырдарынан тэлэһийэр, түөлбэ, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы араас таһымнаах күрэхтэргэ, үөрэхтэргэ, олимпиадаларга, семинардарга, практикумнарга көҥүл кыттар кыахтанныбыт. Оҕо тугу барытын ситиһиэн, билиитин төһө баҕарар хаҥатыан, планета хайа баҕарар муннугар олорор саастыылаахтарын кытары тэҥҥэ хардыылыан сөп кэмэ кэлбититтэн үөрэбин эрэ.

Үөрэппит оҕолорум ситиһиилэрэ диэн ыйытыкка тута хоруйдуурум уустук. Ол да буоллар өйбөр бастакынан туох кэлбитин кэпсиим. 2005 сыллаахха Семен Гуляев (ол кэмҥэ 10 кылаас) «Биогаз греет и дает электричество» диэн үлэтинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” НПК-ҕа бастаан, Япония Саппоро куоратыгар баран конференцияҕа кыттар дьолго тиксибитэ. Билигин үөрэнээччим көтөр аал бортмеханига идэтин баһылаан, Иркутскайга үлэлии сылдьар. 2014 сыллаахха Варвара Никитина (ол кэмҥэ 10 кылаас) поляк, политсыылынай, “Якуты” монография ааптара В.Л. Серошевскай Орто Халыма улууһугар, биһиги төрөөбүт нэһилиэкпитигэр сыылкаҕа олорбут кэмин арыйар ис хоһоонноох «По тропам Вацлава Серошевского» диэн үлэтинэн Соҕуруу Корея Солбридж куоратыгар үһүс миэстэ буолан кэлбитэ. Бу ситиһиибитинэн олус киэн туттабын. Билигин Варвара Ивановна “Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркаҕа научнай сотрудник, билимньи эйгэтигэр ыстатыйалары суруйарга холонор, араас таһымнаах конференцияларга, быыстапкаларга кыттар.

Ити курдук наука эйгэтигэр оҕону сыһыарар үлэни тиһигин быспакка ыытабын. Оскуолабыт төһө да ыраах сыттар, өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга буолар тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ куруук кыттар. Үөрэнээччилэрбит ситиһиилэринэн үөрдэллэр. Наука эрэ өттүнэн буолуо дуо, ырыа-тойук, спорт көрүҥнэрин барытын хаба сатыыбыт. Үксэ дистанционнай буолар. Ол эрээри төрөппүт баҕалаах, кэлэ-бара айан төлөбүрүн уйунар буоллаҕына, очнай көрүҥүнэн да кытта сатыыбыт. Холобур, былырыын 6 кылаас үөрэнээччитэ Алгыстаан Аргунов Мииринэй улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Туой Хайа” ырыа күрэҕэр баран кыттан, бастакы истиэпэннээх дипломант буолан кэлбитэ.Талааннаах оҕолорбут “Хотугу сулус” күрэх иһинэн ыытыллар «Халыма туллуктара» бэстибээлтэн кынаттанан, салгыы өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр кыттан ситиһиилэнэн кэлэллэрэ үгүс.

Учуутал маастарыстыбатын сыаналыыр уустук

– “Сыл учуутала” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска экспертээбитиҥ ырааппыт. Бэйэҥ эмиэ кыттыбыт эбиккин...

“Сыл учуутала” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска бастакы сүрэхтэниим 2004 сыллаахха дьоллоох Дьокуускай куоракка буолбута. Бу иннинэ бииргэ төрөөбүт балтым, билигин РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна Евдокия Даниловна Ефимова 2002 сыллаахха кытта кэлэригэр көмө, өйөбүл буолан, куонкурус  “куукунатын” иһиттэн сэгэтэн көрбүтүм, бэрт элбэҕи ылыммытым. Бэйэм бу куонкуруска кыттан, Нина Андриановна Расторгуева анал Гранын хаһаайына буолбутум. 2010 сыллаахха, Учуутал сылыгар, үгүс тэрээһин быыстала суох ыытыллыбыта. Мин өрөспүүбүлүкэтээҕи эксперт буолан, аны сыаналааччы оруолугар сүрэхтэммитим. Бу олус элбэх билиини эрэйэрин, киһи араас өрүттэрин арыйарын билбитим. Онтон ыла сыл-хонук ааста, ол эрээри билиҥҥэ диэри син биир оҕо курдук долгуйабын.

– Соторутааҕыта Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр “Серебряный пеликан” куонкурус ыытылынна. Эксперт быһыытынан аһаҕас уруоктарга, маастар-кылаастарга тугу ордук сэргии, биһирии көрдүҥ?

– “Серебряный пеликан” куонкурус эксперинэн талылларбар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл учуутала” кулууп төһүү күүс буолбута. Манна даҕатан эттэххэ, кулууп хара тэриллиэҕиттэн, 2011 сылтан  чилиэммин. Сүрүн тэрийээччилэр Юрий Кынатовы, Александр Новгородовы, Евгений Федоровы олус ытыктыыбын. “Серебряный пеликан” куонкурус аата үгүс ырытыы кэннэ толкуйдаммыта. Саха норуотугар үтүмэн үйэлэргэ үрүҥ көмүс кыһыл көмүстээҕэр сыаналанар диэн биир санааҕа кэлбиппит.

Быйылгы күрэх Арассыыйа куонкуруһун критерийдэригэр олоҕуран оҥоһуллубута ордук кэрэхсэбиллээх буолла. Арассыыйаттан экспертэр кэлэн үлэлээбиттэрэ куонкурус статуһун үрдэтэрэ чахчы. Уруоктар, маастар-кылаастар таһымнара үрдүк. Саҥаттан саҥаны, сонунтан сонуну көрөн, кыттааччылар маастарыстыбаларын сыаналыыр уонна тэҥниир олус уустук. Киһи сэҥээрэрэ элбэх, ордук аныгы цифровой технологиялары, үөрэх методикатын вариацияларын туттуу атын, үрдүк таһымҥа тахсыбыта итэҕэтиилээхтик көстөр. Тэрээһин сыл аайы тупса турара харахха быраҕыллар. Түгэнинэн туһанан, Горнай улууһугар, чуолаан Бэрдьигэстээх дьонугар-сэргэтигэр барҕа махталбытын тиэрдиэм этэ.

Эдэр учууталга настаабынньык суолтата?

– Үрдүк анал үөрэх кыһалара эдэр дьону бу идэҕэ анаан-минээн үөрэппиттэрин-такайбыттарын да иһин, үөрэнээччи иннигэр туран билии киэҥ аартыгын арыйарга үгүс тургутуулары көрсөҕүн. Ол оҕо уйулҕатыттан саҕалаан, кини бүгүн тугу аһаан, дьиэтигэр туох туһунан кэпсэтэн, хайдах санаалаах-оноолоох, туох баҕалаах оскуола боруогун атыллаабытын сонно тута быһаара-билэ охсор  ымпыгар-чымпыгар тиийэ. Ону таһынан, үөрэххэ, предмеккэ  сыһыаннаах методикалар уустуктарын теория эрэ быһыытынан буолбакка, бу практикаҕа туттуу ыарахаттарын номнуо ааспыт киһи сүбэтэ-амата туохха да кэмнэммэт, тугунан да мээрэйдэммэт суолталаах, туһалаах.

Патриот, чөл олоҕу көҕүлээччи

– Билигин үөрэхтээһиҥҥэ, уопсайынан, атын да эйгэҕэ бырайыагынан үлэ биһирэнэр. Эйигин элбэх бырайыактаах диэбиттэрэ. Ол туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?

– Бырайыагынан үлэ этэргэ эрэ судургу, иһигэр киирдэххэ, олус уустук, киһи болҕомтотун тардар өрүтэ элбэх, интэриэһинэй. Бу элбэх бириэмэни, сыраны-сылбаны эрэйэр. Проектант-педагог оскуола сүрүн күүһэ буолара мэлдьэҕэ суох. Бу хамсааһын инновационнай диэн ааттанар кэмигэр, 2008 сыллаахха Эбээх орто оскуолата «5 семестрдээх (каникуллаах) арктическай оскуолаларын үөрэх халандаара” диэн ааттаах үлэтин оскуола аатыттан мин көмүскээн, инновационнай балаһаакка буолан олус үөрбүппүт. Кэлин 2010 сыллаахха хат көмүскээн, бигэргэтиллэн, күүскэ үлэлээн, Орто Халыма улууһугар 90 бырыһыан киллэрэри ситиспиппит. Билигин оннук хабааннаах бырайыактарынан дьарыктаммаппын, оскуола уопсай үлэтигэр кыттан, бэйэм кылааппын киллэрсэбин. Сүрүн хайысхаларым – туристическай, кыраайы үөрэтии уонна байыаннай-патриотическай.

– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кылгастык кэпсээ. Соторутааҕыта Аҕа күнүн бэлиэтээтибит. Аҕа, эр киһи быһыытынан оҕону иитиигэ туох ураты көрүүлээххиний?

– Кэргэннээхпин, үс кыыстаахпыт, үс сиэннээхпит. Мин санаабар, ийэ эрэ буолбакка, аҕа тус холобура, оҕону иитиигэ оруола сүҥкэн. Ыал аҕа баһылыга чөл олоҕу тутуһуохтаах.

Ордук киэн туттарым орто кыыһым Елена Николаевна Иванова – гиирэҕэ Саха сиригэр дьахталлартан аан бастакынан Арассыыйа спордун маастара, Саха сирин Сахаада-спордун маастара, өрөспүүбүлүкэ билигин да ситтэрэ илик рекордсмена, “Манчаары оонньууларын” хас да төгүллээх кыайыылааҕа, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чемпиона. Улахан сиэним саахымакка 3-с юношескай разрядтаах. Бэйэм да спорду олус сэргиибин, чөл олоҕу тутуһабын. Оҕо сылдьан, эдэр сааспар көҥүл тустуунан дьарыктаммытым. Хайыһары олус сөбүлүүбүн, остуол тенниһигэр оонньуубун, сүүрэбин, кыралаан хабылыктыыбын, хапсаҕайдыыбын.

Төрүт култуура уруогун үөрэх бырагырааматыттан сүтэрии олох сыыһа

– Ийэ тылбыт сүтэр-симэлийэр кутталлаах диэн дьиксинэбит. Аныгы оҕо аахпат буолла, аахпат көлүөнэ тахсан эрэр диэн долгуйабыт. Николай Николаевич, төрөөбүт тыл, төрүт култуура, ааҕыы туһунан санааларгын үллэстэ түһүөҥ дуо?

– Ийэ тыл дьылҕата барыбытын долгутар. Аныгы көлүөнэ тылын сүтэрэр турукка тиийиэх чинчитэ олох арылхайдык көстөр кыһалҕата тирээтэ. Бу балысханнык сайдыбыт технология, атын омук дьайыыта да онно төрүөт буолара саарбаҕа суох. Оттон тылын сүтэрбит норуот сүтэр-оһор аакка барар. Кинигэни ааҕыы умнуллан эрэр, бу тылы сүтэрэргэ бастакы хардыы. Онон ити аахпат көлүөнэ диэн этии оруннаах, манна үлэ ситимнээхтик барыан наада. Төрүт култуура уруоктарын үөрэх бырагырааматыттан сүтэрии олох сыыһа. Норуотун култууратын билбэт кэнчээри ыччат кэлин оҕотугар-уруутугар, үүнэр көлүөнэҕэ тугу тиэрдиэҕэй?

Николай Николаевич салалтатынан Эбээх орто оскуолатыгар кыраайы үөрэтэр «Аргыс-2» туристическай этэрээт хайыы-үйэ 26  сыл ситиһиилээхтик үлэлиир. Айылҕаны кытта алтыһан, төрөөбүт дойдуларын историятын билиэн-көрүөн баҕалаах оҕолор сыл аайы 25-30 км сатыы хаамаллар, хайыһарынан чугас 65 км бөһүөлэктэргэ тиийэллэр.
Идэтигэр бэриниилээх патриот учуутал 9-11 кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах «Беркут» байыаннай-спортивнай кулуубу салайар. Бу бырагыраама оҕоҕо Ийэ дойдуга тапталы иҥэрэр, ону таһынан тус хаачыстыбаларын сайыннарар, үгүс сатабылга, үрдүк эппиэтинэскэ, диссипилиинэҕэ  үөрэтэр, уол оҕо аармыйаҕа сулууспалыы барарыгар бэлэм тахсар.  
Маны сэргэ, Николай Николаевич идиэйэтинэн, салалтатынан Эбээх орто оскуолатыгар уолаттарга “Үрүҥ Уолан” уонна кыргыттарга “Долгунча” диэн үгэскэ кубулуйбут куонкурустар ыытыллаллар. Бу оҕолору булт-алт, балыктааһын курдук төрүт дьарыктарбытыгар сыһыарар, норуот үтүө үгэстэрин үйэтитэр сыаллаах тэрээһиннэр. Аны туран, алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр  «Эрчимэн Бэргэн, Кыыдаана» күрэх тэриллэр. Манна ойбону алларыы, ууну баһыы, ыты көлүйүү, бинтиэпкэнэн ытыы, туһаҕы иитии, маһы эрбээн хайытыы, балаакканы туруоруу курдук көрүҥнэр киирэллэр. Кыргыттар уолаттарга маһы эрбииргэ көмөлөһөллөр, уоту оттоллор, тоҥ балыгы кыһан бэлэмнииллэр. Кинилэр мууһу уулларан, чаанньыкка чэй оргутан, “булчут” доҕордорун көрсүөхтээхтэр. Күрэххэ кылаас барыта, төрөппүттэр кытталлар. Ол курдук, төрүт астан бастыҥ бүлүүдэҕэ, балаакканы киэргэтиигэ күрэхтэр буолаллар. Алтынньы бүтүүтэ, сэтинньи саҕаланыыта ыытыллар куонкурус – нэһилиэк биир көхтөөх уонна бөдөҥ тэрээһинэ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....