Николай Дегтярев: «Акылаат хамнас алын кээмэйэ буолуохтаах!»
«Ыам ыйынааҕы ыйаах» тахсыаҕыттан быраастар, учууталлар, култуура үлэһиттэрин хамнаһа 100 тыһ. солк. тахсыбыта ыраатта, сыл ахсын өссө үрдээн иһэр. Оттон «атыттар» диэн көйгөтүллэн хаалбыт үрдүк үөрэхтээх, сүүрбэттэн тахса сыл үлэлээбит, идэлэрин толору баһылаабыт дьон хамнас алын кээмэйин 38 000 солк. ылаллар.
Күн-түүн ас-таҥас сыаната халлааны харбыаласпыттыы үрдүү турар, хамнас, хомойуох иһин, хаалан иһэр. «Атыттар» диэн аанньа ахтыллыбатах дьон хамнаһын үрдэтии бэрээдэгин, өскөтүн тэрилтэ салайааччыта үлэһит быраабын кэстэҕинэ хайдах көмүскэниэххэ сөбүн туһунан СӨ Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев кэпсээтэ.
Күн бүгүн Сахабыт сиригэр 501000 кэриҥэ үлэлиир саастаах киһи баарыттан үлэнэн хабыллааччы 466000 тахса, онтон профсойуус чилиэнэ 177 000. Маны таһынан, устудьуоннар, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор дьон киирэллэр. Николай Николаевич 2014 сылтан СӨ Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлиир.
Уопсайа Федерацияҕа үлэ-хамнас араас эйгэтиттэн 22 профсойуус киирэр. Кинилэр сүрүннээн үлэһит дьон интэриэһин, быраабын көмүскүүллэр. Профсойууһунан хабыллыбатах дьон — урбаанньыттар, бааһынай хаһаайыстыбалар, арай улахан ахсааннаах тэрилтэлэр бэйэлэрэ туруорсан, тэринэллэр.
Профсойуус харчыта корпоративка туттуллуо суохтаах
Үлэһиттэр хамнастан биир бырыһыанын профсойууска төлүүллэр, ол харчы Арассыыйа тутулуга суох идэлээх сойуустарын үлэлэрин хааччыйарга тиийэ тыырыллар уонна сороҕо тэрилтэҕэ хаалар, ону хайдах тутталларын бэйэлэрэ быһаараллар.
Сорох тэрилтэлэр ол хомуйбут харчыларынан Саҥа дьыллааҕы корпоратив тэрийэн ыыталлар, ити адьас сыыһа, бу үп профсойуус чилиэнэ кыһалҕалаах кэмигэр күүс-көмө буолуохтаах. Корпоративнай тэрээһиннэри тэрилтэ бэйэтэ үбүлээн оҥоруохтаах. Улахан хампаанньалар үлэһиттэрин түмэр тэрээһиннэргэ эбии үп-харчы биэрэллэр.
Кэлэктиип дуогабарыгар профсойуус уонна тэрилтэ аатыттан, холобур, үлэһит уруу тэринэр дьоро киэһэтигэр, оҕо төрөөтөҕүнэ, чугас дьоҥҥун сүтэрэр кэмҥэр, үбүлүөйгэ, корпоративнай тэрээһиннэргэ төһө харчы көрүллэрэ ыйылла сылдьыахтаах.
38 000 солк. кыра хамнаһы төлүүр тэрилтэ эппиэтинэскэ тардыллыан сөп
Сороҕор салалта да өттүттэн өйдөммөт түгэн, үлэ сокуонун кэһии, өрөбүлгэ күһэйэн туран төлөбүрэ суох үлэлэтии тахсар, онон профсойуус үлэһит киһи быраабын харыстыыр уонна көмүскүүр сыаллаах-соруктаах.
Үлэ сокуонугар ыйылларынан, киһи үлэ чааһын таһынан үлэлиир кэмэ хайаан да төлөнүөхтээх. Өскөтүн тэрилтэҕэ уустук балаһыанньа бүрүүкээн, үп-харчы кырыымчык түгэнигэр, эбии сынньалаҥ күн бэриллиэхтээх. Арай үлэтин ситиспэт, эбээһинэһин толорбот киһи өрөбүллэргэ кэлэн үлэлиэн сөп.
Хамнас алын кээмэйин нэһиилэ тиийинэн олорууга тиэрдэргэ Бырабыыталыстыбаны уонна үлэ биэрээччини кытта өр кэмнээх үлэни ыыттыбыт. Арассыыйаҕа тоҕус эрэ региоҥҥа ити ситиһиллэн кэлбитэ. 2017 сыл бүтүүтүгэр Арассыыйа Конституционнай суутун уурааҕа тахсыаҕыттан, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйигэр оройуоннай коэффициент уонна хотугу эбилик киирбэт буолуоҕуттан, өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ төлөбүрүн кээмэйэ лаппа улааппыта.
Күн бүгүн Дьокуускайга хамнас алын кээмэйэ нэһиилэ тиийинэн олорууттан балтараа төгүл үрдээн, 38 000 солк. тахса буолла, эһиил 40 605 солк. тэҥнэһиэ. Тэрилтэ хамнас алын кээмэйиттэн кыра хамнаска дьону үлэлэтиэ суохтаах.
Ону таһынан, компенсационнай эбии төлөбүрү (холобур, түүҥҥү симиэнэ иһин, доруобуйаҕа буортулаах үлэҕэ) хамнас алын кээмэйигэр киллэрэ сылдьаллар, ити, дьиҥэ, сыыһа. Эбии төлөбүр хамнас таһынан ааҕыллыахтаах.
Хамнас алын кээмэйиттэн 38 000 солк. кыраны төлүүр тэрилтэ административнай эппиэтинэскэ тардыллыан сөп. Ити таһымҥа анал үөрэҕэ, баһылаабыт идэтэ суох дьон уонна «Ыам ыйынааҕы ыйаахха” киирбэтэх «атыттар» диэн салааҕа киирэр үлэһиттэр сылдьаллар.
Статистикаттан хаалан иһэбит
Бу күннэргэ биһиги үөрэх үлэһиттэрин хамнастарын таһымын бэрэбиэркэлээри улуустары кэрийдибит. Кинилэр дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин 2012 с. тахсыбыт «ыам ыйынааҕы ыйааҕар” хапсан, учууталлар, быраастар, култуура үлэһиттэрин хамнастара регион үрдүнэн орто хамнастан тутулуктаах буолуохтаах этэ. Оттон миэстэтигэр тиийэн көрдөххө, хамнастара быдан кыра. Хамнас алын кээмэйин ылар үөрэх үлэһиттэрэ эмиэ бааллар, ордук эдэр дьон.
Кылаас салайааччыларыгар эбии төлөбүрү, хомунаалынай өҥөҕө көмөнү ааҕан туран, учууталлар хамнастара үрдүк курдук. Олох чахчыта көрдөрөрүнэн, үөрэх үлэһиттэрэ 67 000-70 000 солк., оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ 55 000 солк. ылаллар. Оттон статистика итинтэн балачча улахан хамнаһы уруһуйдаан таһаарар.
Ол иһин ити боппуруоһу сытыытык көтөҕөн, сүнньүнэн Үөрэх управлениеларын кытта кэпсэттибит. Инникитин тустаах министиэристибэҕэ, Бырабыыталыстыбаҕа тиэрдэр санаалаахпыт.
Хамнас үрдээһинэ инфляцияны ситиэхтээх
Профсойуус чилиэннэрин, уопсайынан, бүтүн нэһилиэнньэни саамай долгутар тыын боппуруос — хамнас кээмэйэ. Хомойуох иһин, үрдүк үөрэхтээх дьоммут «атыттар» диэн аанньа ахтыллыбакка, үөрэҕэ суох киһи курдук быстар кыра хамнаһы ылаллар.
Аны быйыл Уһук Илиҥҥи ипотекаҕа быраастары, учууталлары киллэрдилэр, ити чэпчэтиилээх кирэдьиит биэриэхтэриттэн ыла дьиэ сыаната үүнэ-тэһиинэ суох үрдээтэ. Үрдүк хамнастаах дьон Дьокуускайга, Москваҕа хастыы да дьиэлэнэллэр, оттон «атыттар» арыыланан хаалан, биир ипотекаларын ол 40 000 солк. хамнастарыттан төлүүллэрин ыарырҕаталлар. Уопсастыбаҕа маннык тэҥэ суох сыһыан, хамнас араастаһыыта, социальнай өттүнэн арахсыы кэҥээн иһэр.
Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһын тупсарарга туһаайан, 2018 с. Ил Дархан ыйааҕа тахсыбыта. Итиннэ биир саамай уустук түгэн — хамнас араастаһыыта, целевой үлэһиттэр уонна «атыттар».
Бу күннэргэ дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин хамнас алын кээмэйэ олох олоруу алын кээмэйиттэн үрдээн иһиэхтээх диэн этии киллэрдэ. Өскөтүн хамнас алын кээмэйэ үрдээтэҕинэ, үлэһит хамнаһа эмиэ эбиллиэхтээх.
Кэлэр сыллааҕы бүддьүөккэ ити боппуруоһу көтөхтүбүт, Ил Дархаҥҥа, Бырабыыталыстыбаҕа туруорустубут, бүддьүөт иккис ааҕыытыгар киллэрдибит.
Экономика бары салаатын үлэһиттэрин хамнаһын ааҕан, статистика муус устар ыйга биирдэ оҥоһуллар. Ол ааҕыы түмүгэр бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнас сэтинньигэ биирдэ үрдүүр, иккис түһүмэҕэ — ахсынньыга, дьиҥэр, хамнас сыл саҥатыгар эбиллиэхтээх этэ.
Барыллаан ааҕыынан бүддьүөт эйгэтигэр хамнаһы сыл ахсын тохсунньу 1 күнүттэн тус сыаллаах (целевой) үлэһиттэргэ уонна атыттарга эмиэ үрдэтэр туһунан этии киллэрдибит. Хамнас хойутаан үрдээн, улахан туһаны аҕалбат. Уопсайынан, хамнас сылга иккитэ үрдүөхтээх, барыллаан көрүүнэн уонна статистика ааҕыытынан.
Целевойга киирбэтэх «атыттар» диэн ааттанар атын үлэһиттэр хамнастарын үрдээһинэ инфляцияттан быһаччы тутулуктаах. Инфляция үрдээтэ да, хамнас ону ситэн иһиэхтээх. Быйыл кинилэргэ хамнас 3,6% уонна 6,4%, уопсайа 10% үрдээтэ. Оттон инфляциябыт саамай аччаабыта 13%. Ол иһин дьон дохуота таҥнары түстэ. Нэһилиэнньэ олоҕун таһыма намтыыр түгэнигэр, судаарыстыба эмиэ мөлтүүр.
Итини тохтотоору, дойду Аҕа баһылыга хамнас инфляцияны куоһарыахтаах диэн сыал-сорук туруорда.
Үлэһит үҥсэр бырааптаах
Бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнас үрдүүр эрээри, холобур, судаарыстыба бас билиилээх эрээри, акционернай уопсастыба, эбэтэр ХЭТ тэрилтэлэр арыыланан хаалаллар, кинилэргэ хамнас хас эмэ сыл тухары уларыйбат. Маннык быһыы-майгы Үлэ кодексатын 134 ыст. кэһии буолар.
Бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох үлэни биэрээччи сыана үрдээтэҕинэ, хамнаһы булгуччу үрдэтиэхтээх. АУо, ХЭТ тэрилтэлэргэ кэлэктиип дуогабарынан, оттон бүддьүөт үлэһиттэригэр нормативнай-правовой аактанан ити ылыныллар. Сокуонунан мэктиэлэнэн турар бырааппытын туһанан, аччаабыта инфляция кээмэйинэн индексация барыахтаах, ону кэлэктиип дуогабарыгар хамнас үрдээһинин бэрээдэгэ оҥоһулларын туруорсуохха наада.
Өскөтүн бу сылга хамнас эбиллибэтэх түгэнигэр, үлэһит Прокуратураҕа, Үлэ инспекциятыгар, суукка тиийэ үҥсэр бырааптаах.
Бүддьүөт Ил Түмэҥҥэ көрүүгэ киирэригэр социальнай-экономическай сайдыы барыллаан көрөөһүнэ (прогноз) оҥоһуллар, онно хамнаһы хайдах үрдэтэр туһунан этии киириэхтээх.
«Атыттар» диэн ааттанар бүддьүөт үлэһиттэрэ хамнас алын кээмэйин буолбакка, үрдүк үөрэхтээх, идэлээх дьон быһыытынан, онтон таһыччы үрдүк хамнаһы ылыахтаахтар. Хамнас алын кээмэйэ акылаат буолуохтаах, биһиги ону туруорсабыт.
Күн бүгүн бүддьүөт тэрилтэтигэр үлэлиир дьоммут акылааттара муҥутаан 11 000 солк. Арассыыйа хамнаһын алын кээмэйигэр да тиийбэт, Уһук Илиҥҥэ биир саамай кыра. Ол иһин акылаат кээмэйин үрдэтиини туруорсуохпутун наада.
Ыйааҕы олоххо киллэрэргэ кыах баар
«Ыам ыйынааҕы ыйаахха» киирбит быраастар, учууталлар, култуура үлэһиттэрин кытта «атыттар» хамнастара хаалан хаалбакка, эмиэ тэҥҥэ үрдэтиллэн иһиэхтээх этэ. Ити үлэ барбакка, хамнас араастаһыыта, дьон социальнай өттүнэн арахсыыта кэҥээн иһэр. Атыттар диэн атыҥырыы көрбөккө, эмиэ үрдүк үөрэхтээх дьоммут хамнаһын өрө тардар туһугар, бастатан туран, акылааты үрдэтиэххэ наада.
Саамай кыра акылаат, эппитим курдук, Арассыыйа хамнаһын алын кээмэйигэр тэҥнэһиэхтээх, ол билигин 16 000 солк. Итиниэхэ өрөспүүбүлүкэҕэ эбии 10 млрд солк. үп көрүллэрэ ирдэнэр. Тэҥнээн көрдөххө, быйыл өрөспүүбүлүкэ хааһынатыгар киирбит эбии дохуот 20-тэн тахса млрд солк. Дьиҥэр, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин дьон олоҕун таһымын тупсарыыга туһаайан оҥорбут ыйааҕын олоххо киллэрэргэ кыах баар.
Уһук хоту дойдуга олорор буоламмыт, ититиигэ, хомунаалынай өҥөҕө олохтоох бүддьүөттэн үлүгэрдээх үп көҕүрүүр, ону уйунарга федеральнай субвенция кээмэйин үрдэтиэххэ наада.
Сахабыт сирэ бэйэтэ киллэрэр дохуотун 70% хамнаска барар, ону РФ Үбүн министиэристибэтэ олус үрдүк диэн сыаналыыр. Ол эрэн атын ороскуот эмиэ элбэх. Төһө да кыраһыабай көстүүлээх уораҕайдары тутан таһаар, дьон олоҕун таһыма түһэр түгэнигэр ити үтүөнү оҥорбот.
Онон дьоммут дохуоттарын үрдэтэргэ үлэлэһиэхтээхпит. Санаан да көрдөххө, нэһиилэ тиийинэн олорор киһи өйө-санаата татым буолар, сарсын айаҕын хайдах хааччынарын, оҕотун тугунан таҥыннарарын толкуйдуу сылдьан, судаарыстыба ыытар тэрээһинин тириитин таһынан аһарар.
Эһиил хамнас 6% үрдүөҕэ
Үлэ сокуонун быһыытынан, инфляция кээмэйинэн хамнас эбиллэн иһиэхтээх, кэлэктиип дуогабарыгар ол ырылхайдык ыйылла сылдьыахтаах. Үлэһиттэр ону туруорсалларын ылыммат, хамнаһы мыынар диэн дьону күһэйии быһыытынан уурата сатыыр олох табыллыбат. Оннук балаһыанньаҕа түбэспит киһи профсойуустан көмө көрдөөтөҕүнэ, үлэһит киһи интэриэһин көмүскүүбүт. Профсойуус салалтатын көҥүлэ суох киһини үлэтиттэн устар бырааптара суох.
Биһиги үс өрүттээх сөбүлэһиилээхпит: бырабыыталыстыба, үлэни биэрээччи уонна идэлээх сойуустар. Итиннэ хамнас индексацията киирэ сылдьар. Быйыл, хомойуох иһин, ону толору ситиспэтибит. Сахабыт сиригэр инфляция 11% эрэ тахса диэн статистика көрдөрөр эрээри, дьиҥ олоххо быдан үрдүк.
Эһиил инфляция 6% диэн көрүллэн турар эрээри, экономистар этэллэринэн, балачча үрдүк буолуо. Онон саатар ити сыыппараны сиэттэрэн, сыл саҥатыгар хамнаһы 6% үрдэтэри туруорсабыт. Целевой үлэһиттэр хамнастара итинтэн өссө үрдүөхтээх.
Биэнсийэҕэ тахсар сааһы төнүннэрэргэ
Тымныы тыйыс усулуобуйаҕа олорорбутунан сибээстээн, Саха сирин олохтоохторугар биэнсийэҕэ тахсар сааһы төнүннэрэргэ федеральнай таһымҥа туруорса сатыыбыт даҕаны, орто сааспыт 70-тан тахса диэнэ харгыстыыр.
Уһук Илиҥҥэ дьону олохсутарга эрдэ бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсар биир төрүөт буолуо этэ. Ону бэлиэтээн туран, илиибитин араарбакка Арассыыйа тутулуга суох идэлээх сойуустара, Госдуума таһымыгар хас бэбиэскэ аайы биэнсийэҕэ тахсар сааһы төнүннэриини киллэрэбит.
Сахабыт сирин уһук хоту дойду быһыытынан көрөн, олохтоох дьону урукку саастарынан биэнсийэҕэ таһаарарга 80 млрд солк. ирдэнэр. Ону салгыы туруорса сатыахпытын наада.
Статистика көрдөрөрүнэн, эр киһи олоҕо дьахтардааҕар кылгас эрээри, кини биэнсийэҕэ хойутаан тахсар. Холобур, атын дойдуларга биэнсийэҕэр тиийбэккэ бардаххына, ол харчыны нэһилиэстибэ быһыытынан оҕолоргор биэрэллэр, оттон биһиэнэ судаарыстыбаҕа хаалан хаалар. Бу киһи үйэтин тухары төлөөбүт усунуоһа оннук бэлэх буолар. Итиннэ уларытыы киллэртэрэ сатыыллар даҕаны, билиҥҥитэ тохтоон турар.
Кэлэр сылтан социальнай страхование пуондата уонна Пенсионнай пуонда биир тэрилтэ буолуохтаахтар. Биэнсийэ страховой чааһын суох оҥороору турууласпыттара, дьиҥэр, киһи ол страховой харчытын ылыахтаах, онон мөккүөр тахсан хааллардылар.
Бастайааннай үлэҕэ ГПХ дуогабарынан үлэлэтиэ суохтаахтар
Билигин тэрилтэ нолуок төлөөмөөрү, дьону ГПХ дуогабарынан социальнай мэктиэтэ суох үлэлэтэ сатыыра элбээтэ. Үлэ көрдүүр дьон ону сирэ-тала олоруохтара дуо, үлэ эрэ буоллун – ылсарга тиийэллэр уонна больничнайа, уоппуската суох хаалаллар.
Дьону аутсорсиҥҥа таһаарыы – ити саамай улахан сыыһабыт. РФ Үбүн министиэристибэтэ аһара элбэх харчы хамнаска барар диэн ол ороскуоту аччатарга модьуйар. Ону биһиги саамай кыра хамнастаах дьоммутугар саба түһэн, социальнай мэктиэлэрин сотон кэбистибит, ордук тыа сирин дьоно ночоотурдулар.
Дьиҥэр, бастайааннай болдьоххо биир үлэни толорор, үлэ чааһын тутуһар киһи үлэ дуогабарынан үлэлиэхтээх, ГПХ буолуо суохтаах. Ол кыаллыбат түгэнигэр, Үлэ инспекциятын нөҥүө штакка киирэри ситиһиэххэ сөп.
Сорох тэрилтэлэр үлэ дуогабарын 1 сылга оҥороллор уонна кэмэ кэллэҕинэ, дуогабар болдьоҕо бүттэ диэн ууратан кэбиһэллэр, ити эмиэ сыыһа. Аччаабыта үс сылтан итэҕэһэ суох үлэлэтиэхтээхтэр, ону үлэһиттэр кэлэктиип дуогабарыгар киллэрэн, туруорсуохтарын наада.
Кэлэктиип дуогабарыгар – ураты болҕомто
Үлэ сокуонун үс гыммыт биирэ кэлэктиип дуогабарын нөҥүө быһаарыллар, онно үлэһит интэриэһин көмүскүүр пууннар киириэхтээхтэр. Ол оҥоһуллуутугар уһулуччу болҕомто ууруллуохтаах.
Сорох тэрилтэлэр кэлэктиип дуогабарыгар Үлэ кодексатын устан ылан туруораллар, ол төрүт наадата суох. Дуогабарга сокуону таһынан ылыллар мэктиэлэр баар буолуохтаахтар, ону таһынан, хамнас төлөбүрүн балаһыанньата, бириэмийэ хайдах бэриллэрэ хайаан да ыйылла сылдьыахтаах.
Кэлэктиип дуогабара үс сылга биирдэ ылыллар, ол эрэн үс сыл тухары уларыйбакка турар диэн буолбатах, эбии сөбүлэһии быһыытынан, эбиилэр кэмигэр киирэ туруохтаахтар. Үгүстэр дуогабар эрдэ оҥоһуллубута диэн дьону чугаһаппаттар.
Үлэһит кэлэктиип дуогабарыгар эбии пуун киллэрэр этиитин тэрилтэ салайааччыта ыйыллыбыт болдьоххо булгуччу көрүөхтээх. Ону толорбот үлэ биэрээччи административнай эппиэтинэскэ тардыллыан сөп.
Аны ол дуогабарбыт үлэһит киһи хаһан баҕарар көрөр-истэр сиригэр баар буолуохтаах, холобур, сайтка. Үлэҕэ киирээччи, бастатан туран, кэлэктиип дуогабарын кытта билсиэхтээх.
Салалта соҥнуур дуогабарын буолбакка, үлэһит киһи интэриэһин көмүскүүр, дьон этиитин тиһэр дуогабар оҥоһуллуохтаах. Кэлэктиип дуогабарын хайдах оҥорорго профсойуус үлэһиттэрэ сүбэлээн-амалаан биэриэхтэрин син.
Өскөтүн үлэҕэ-хамнаска мунаарар ыйытык үөскээтэҕинэ, үлэһиттэр идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлигэр тахсан, кинини кытта сүбэлэһиэхтээхтэр. Федерацияҕа правовой инспекция баар, сайтпыт нөҥүө киирэр ыйытыктарга тиһигин быспакка быһаарыы биэрэбит.
Холобур, профсойуус үлэһиттэрин күнүгэр анаммыт декада кэмигэр нэһилиэнньэҕэ босхо юридическай көмө оҥордубут. Үлэ сыһыаннаһыыларыгар идэтийбит юристар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэҕэ суохтар, кинилэр биһиэхэ үлэлииллэр, үлэһит киһи бырааба күөмчүлэммит түгэнигэр суукка тиийэ киирсэллэр.
Сылга наһаа элбэх дьыала киирбэт да буоллар, сүнньүнэн кыайабыт. Сокуоннайа суохтук уураппыт киһилэрин үлэтигэр төнүннэрэбит, суут кэмигэр сүтэрбит хамнастарын барытын ылалларын ситиһэбит.
Түмүккэ
Үгүс саха дьоно айылҕаттан сэмэй, килбик соҕус майгылаах буолан, тэрилтэ салайааччытыгар да киириэн толлор, хамнас туһунан кэпсэтиэн тыла тахсыбат. Туох баар хорсунун киллэрэн баран симик куолаһынан хамнас хаһан үрдүүрүн туһунан туоһуластаҕына, салайааччы биһиги бүддьүөккэ киирбэппит, хамнаһын мыынар киһини туппаппыт диэн баран аан диэки ыйара баар суол. Ити кэпсэтии кэнниттэн хамнас хас да сыл тухары уларыйбат. Дьон ханна барыай, тулуйан үлэлиир.
Оннук дьону өссө туһаналлар, аны өрөбүлгэ таһааран үлэлэтэн баран харчы суоҕунан, балаһыанньа уустугунан сибээстээн, төлөөбөттөр. Өрөбүлгэ үлэлииртэн аккаастаннахха, ол аата биһиги хамаандабытыгар салгыы хаалан үлэлиир наадалааҕын-суоҕун туһунан толкуйдан диэн куттууллар. Оҕолоох-уруулаах, ипотекалаах киһи ханна барыай, тулуйарыгар тиийэр.
Сорох тэрилтэ нолуок төлөөмөөрү, дьону ГПХ дуогабарынан эбэтэр үлэҕэ ылан баран биир сылга болдьохтоон үлэлэтэр, ол болдьох бүттэҕинэ ууратан кэбиһэр.
Ити барыта үлэһит быраабын кэһии буолар, маннык түгэҥҥэ профсойуус Үлэ кодексатын кэһэр салайааччыны эппиэтинэскэ тардар, хамнас кэмигэр үрдээн иһэрин туруорсар кыахтаах. Бэйэтин быраабын сатаан аахсыбат киһини сымнаҕас майгытынан туһанан, хамнаһын үрдэппэттэр, өрөбүлгэ босхо үлэлэтэллэр, сайын уоппускаҕа ыыппаттар, эбии үлэни соҥнууллар. Ону салгыы тулуйары эбэтэр уларытары киһи бэйэтэ талар.