28.01.2023 | 14:00

«Невскэй «пятачок»

Аҕа дойду сэриитин саҕана Ленинград блокадатын туһунан истибит эрэ бу «Невскэй «пятачок» диэн Нева өрүс уҥуор баар бэрт кыра кээмэйдээх эрээри икки төгүл түһүмэхтээн ким да кыайбыта биллибэт, хаан тохтуулаах, биир да күн уҕараабакка уһун кэмҥэ кыргыһыылар буолбут сирдэрин билэллэр.
«Невскэй «пятачок»
Ааптар: Ксенофонт Васильевич Васильев, Ньурба оройуона, Маар сэл.
Бөлөххө киир

Сэрии бүппүтүн, уопсай хаамыыта, биирдиилээн эпизодтар чинчийиллибиттэрин кэннэ, ол түмүгүн билэн олорон: «Бу «Невскэй «пятачокка» дьону таах сибиэ, туох да наадата суохха ыытан өлөртөрбүттэрэ, си дьүгээр аҕыйах да киһинэн өрүс нөҥүө манаспыта-кэтэспитэ буола сытыа этилэр»,– диэччи историктар да бааллар. Чахчы оннук этэ дуо? Итини таһынан ол онно төһө киһи өлбүтэй диэҥҥэ эмиэ элбэх мөккүөр баар. РФ сэбилэниилээх күүстэрин Генеральнай штабын байыаннай академиятын институтун үлэһитэ, историческай наука кандидата Алексей Валерьевич Исаев «Невскэй «пятачокка» баара-суоҕа 40-60 тыһыынча киһи өлбүт буолуохтаах диир. Оттон Дубровка дэриэбинэтигэр баар «Невскэй «пятачок» туһунан музей дириэктэрэ Александр Иванович Осипов олох атыны кэпсиир. «Чугуйуу саҕана төһө эмэ кыах баарын үрдүнэн ГРЭС-8 дьиэтигэр кыра да буоллар гарнизон хаалларбыттара буоллар, бу «Невскэй «пятачок» сүтүгэ кыра буолуо этэ. Ньиэмэстэр бэйэтэ бэлэм кириэппэс курдук тимир-бетон халыҥ истиэнэлээх ГРЭС-8 дьиэтигэр улахан калибрдаах пушкаларын, минометтарын туруоран, «пятачок» сэрииһиттэрин кэйгэллээбиттэрэ, өрүс нөҥүө кэлиини-барыыны харгыстаабыттара. Төһөлөөх киһи ууга тимирбитэй, төһөлөөх киһи улахан калибрдаах снаряд, бомба тибилгэнигэр көмүллүбүтэй?! Ким да ону билбэт, көрдөөһүн үлэ олох кыайан ыытыллыбат. Бу манна кэлэн сэриилэспит чаастар сүтүктэрин ырытан көрдөххө, 350-500 тыһыынча киһи кыргыллыбыт буолуохтаах. Бу биһиги көрдөөн-көрдөөн 43 тыһыынча кэриҥэ киһини испииһэктээтибит, ити олох кыра»,– диир кини.

Исаев «биһиги сэриилэрбит чугуйуу саҕана ГРЭС-8 дьиэтин ньиэмэстэргэ хаалларыылара, оннооҕор Шлиссельбург бөҕөргөтүнүүлээх куоратыттан туох да кыргыһыыта суох куотуулара кэлин элбэх сиэртибэҕэ тириэрдибитэ” диэн Осипов кэпсиирин бигэргэтэр.

Мин Ильмень күөлүнэн сылдьан, Питеринэн таарыйан дойдулуохтаахпын Питергэ олохсуйбут сахалар бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, билэн олороллор эбит этэ. Сорохтор Ильмеҥҥэ кэлэн утары көрсүбүттэрэ, сорохтор үлэлэригэр мэһэйдэтэн кыайан барбатахтар этэ. Маргарита Федоровна Семенова диэн Сунтаар оройуонун Элгээйититтэн төрүттээх, 1975 сыллаахтан Питерга үөрэнэ баран олохсуйан хаалбыт саха дьахтара тиийээппин кытта төлөпүөнүнэн сибээстэспитэ. Кини аймаҕа киһи сэрии саҕана ити Нева өрүс үрдүгэр кыргыһыыларга сураҕа суох сүтэн  хаалбыт. Ону санаатыгар тута сылдьыбыт. Үс сыллааҕыта дьүөгэлэрэ Саха сириттэн кэлбиттэригэр, «Невскэй «пятачокка» бара сылдьыбыттар. Бу түбэҕэ аймаҕым сураҕа суох сүппүтэ диэн музей дириэктэрин кытта билсэн ыйыталаспыт. Осипов бэйэтэ арыаллаан сылдьан «пятачок» сэриитин туһунан кэпсээбит, кыргыһыылар буолбут сирдэрин көрдөрбүт, уопсай көмүү мемориалыгар сылдьыбыттар. Мемориалга сэрииһиттэр испииһэктэригэр саха дьоно суруллубатахтар. Онтон аны Дубровкаҕа баар музейга Орто Азия дьоно, «пятачокка» сэриилэспит биир дойдулаахтарын кэриэстээн, өрөспүүбүлүкэлэрин былааҕын тэнитэн туруортаабыттар. Саха сирин былааҕа суох. Ол иһин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэттэн былаах көрдөөн Дубровка музейыгар илдьэн биэрбиппит. Бэрэстэбиитэлистибэ Питер устудьуоннарын биирдэ даҕаны «Невскэй «пятачокка» аҕалан сырытыннарбат диэн Маргарита хомолтотун кэпсиир. Саатар ол былаахпыт кытта турбатах эбит, өрөмүөн кэнниттэн туруораллар үһү. Барыта хайдах эрэ сатаммат курдук.

Маргарита: «Эн «Ильмень күөлгэ» кинигэҕин аахпытым, чинчийбит этиҥ. Аны бу «Невскэй пятачок» туһунан суруйарыҥ буоллар, манна да саха дьоно сэриилэспиттэрэ, кинилэр ааттарын үйэтитэргэ күүс-көмө буолуоҥ этэ», – диэн көрдөһүүлээх буолла. Бээтинсэ күн самыырдаабат курдук этэллэр, онон Дубровкаҕа бара сылдьыахха дэстибит. Сарсыарда музей 10 чаастан үлэлиир, эрдэттэн барыахха, табыллар буоллаҕына, Шлиссельбурунан эргийэн кэлиэхпит диэн барыллаан былааннанан, 10 чаас арыый иннинэ Дубровкаҕа тиийдибит. Музейга сылдьан, кэпсээннэрин истэн, хаартыскаҕа түһэртээн баран, уҥуоргу биэрэги илэ харахпытынан көрөөрү син балай эмэ хаамтыбыт. Осипов кыайан арыаллаабаппын диэн хаалбыта. Нева уута дэлэй буолан, уҥуоргу эмпэ курдук туруору сыыра көстүбэт. Маргарита инники сырыыларыгар өрүс туруору сыырын сөхпүтүн этэр. Нева өрүскэ Дубровка үрэх түһэр төрдүттэн уҥуоргу плацдарм буола сылдьыбыт сир ытыска уурбут курдук көстөр. Барыларыттан өрө хоройон үрдук сиргэ ГРЭС дьиэтэ турар. Пушкатааҕар буолуох киһи бинтиэпкэ саанан да уҥа-хаҥас ытыалыыр кыра сирэ эбит. Онон өлбүт дьоннорун барытын да бэрт хойуутук тэлгэттэххэ, нэһиилэ батыыһык курдук. Бу кыра сиргэ 202 Саха сирин дьоно өлөөхтөөбүттэрэ Александр Иванович оҥорбут испииһэгэр эрэ сылдьар. Хобдох быһыы. Кэлин Питерга Саха сирин Бэрэстэбиитэлистибэтигэр төлөпүөннэһэ сырыттым. Ону бэлиэ туруоруох этибит диэн ньамалыы гыннылар. Туруораллара буоллар, үчүгэй этэ.

Ленинградка тыыннаах хаалбыт дьоҥҥо бу «Невскэй пятачок» ньиэмэстэр төгүрүктээһиннэрин көҥү көтөргө, саатар онно куруук бэлэм буолар иһин соҕотох эрэл кыыма этэ. Ол иһин Ленинград баар суох резервэтин «пятачокка» барыыра. Ленинграды көмүскээччилэр бары «пятачок» баар буолан төгүрүктээһинтэн босхолонор үүт-хайаҕас баар диэн бөҕөх санааланан, ыһыктынан кэбиспэккэ туруулаһан сэриилэспиттэрэ. Ньиэмэстэр даҕаны бу сиргэ улахан суолта биэрэн, талыы күүстэрин тута сыппыттара, уонна олох бүтэһиккэ диэри оннук тэриммиттэрэ. 1942-43 сс. кыһын улахан кимэн киирии буолуохтааҕын ньиэмэстэр билбиттэрэ уонна Марьино дэриэбинэ туһаайыытыттан сэрииһиттэрин «Невскэй пятачокка» аҕалбыттара. Ол курдук кинилэр «пятачогу” сүрүн охсуу туһаайыыта диэн бүк эрэнэллэр этэ. 1943 с. тохсунньу ыйга «Искра» операцияҕа көҥү көтүү, ньиэмэстэр сүрүн күүстэрин «Невскэй пятачокка» тута сыппыт буоланнар, Марьино дэриэбинэнэн ситиһиллибитэ. Онон Ленинград төгүрүктээһинтэн босхолонуутугар «пятачок» оруола итиннэ сытар. 1941-42 сс. усталарын тухары «Невскэй пятачокка» олохторун толук уурбут сэрииһиттэр туһата суохха, таах сибиэ өлбүт буолбатахтар. Кинилэр ааттара өрө тутуллуохтаах. Саҥа үүнэр көлүөнэҕэ итинник өйү-санааны иҥэрэргэ кыһаныахтаахпыт.

Дубровкаҕа баар «Невскэй пятачок» музейа ити кыргыһыылары көрдөрөр баар суох сирэйэ буолар. Ол сирэйбит, дьэ, хайдаҕый? Бастаан музей 1966 с. кулуупка тэриллибитэ үһү. 1991 с. кулууптара умайан хаалбыт. Музей экспоната биир да быыһамматах. Ыһыллыы-тоҕуллуу кэмэ бүрүүкээбит. Сылын аайы балаҕан ыйыгар сэрии бэтэрээннэрэ «пятачоктарын» санаан кэлэллэрин тохтоппотохтор. Ол иһин бу маҕаһыын үрдүнээҕи хоһу арендаҕа биэрэннэр, музейы саҥаттан тэрийиэххэ диэн буолбут. 1992 с. саппааска тахсыбыт  капитан чыыннаах Осиповы музейы тэрий диэбиттэрин ылынан, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьар. Ленинградскай уобалас музейдарын испииһэгэр киллэриллэн, экспонаттары саҥаттан хомунан, музейы тэрийэн барбыттар. Поисковиктар плацдармтан булбут экспонаттара туруоруллан, «пятачок» бэтэрээннэрин уонна олохтоохтор төлөбүрэ суох көмөлөрүнэн оҥоһуллан, музей  үлэтин саҕалаабыт. Онон бу музей аҥаардас энтузиазмҥа олоҕуран тэриллибитэ диэтэххэ, сыыспаппыт буолуо. Маҕаһыын үрдүнээҕи иккис этээһи арендаҕа ылан, 290,3 кв м. иэннээх экспозиция буолар. Музей сүрүн оҥоһуга – түгэх истиэнэҕэ турар плацдарм көстүүтүн уруһуйа. Манна ГРЭС-8 дьиэтиттэн саҕалаан уҥуоргу биэрэк көстүүтэ, ол анныгар өрүһү туоруу сатыы сылдьар сэрииһиттэри ытыалааһын оҥоһуллубут. Уруһуй салгыыта курдук туох да быыһа-хайаҕаһа суох ойоҕос истиэнэлэргэ, муостаҕа сэрии экспонаттара, хаартыскалар, стендэлэр туруоруллубуттар. Бу барыта бэйэбит тугу булбуппутунан турар. «Кыһын тымныы, +8 кыраадыс, сайын сиик, киһи үлэлиир усулуобуйата суох, экспонаттар алдьана тураллар”,– диэн Александр Иванович кэпсиир. Бэрт бөҕө-таҕа көрүҥнээх киһи доруобуйатын бу музейга сүтэрбит, кыайан өр турбат, үксүн олорон эрэ кэпсэтэр туруктаммыт. «2018 с. бу музей турар дьиэтин атыылыыбыт диэн туруммуттара. 2019 с. музейга атын дьиэни биэриэхпит диэн буолбут. Билигин 2022 с. бүттэ. Тоҕо эрэ атын дьиэҕэ көһөрүү боппуруоһа умнуллубут. Өрөмүөҥҥэ харчы көрүллүбэт. Төһөҕө диэри маннык олорорбут буолла, биллибэт”,– диэн музей дириэктэрэ күрдьэх саҕа ытыһын нэлэҥнэтэр. Чахчы элбэх хара үлэни көрсүбүт илии быһыылаах. Илии тутуһан быраһаайдаһарбытыгар мин илиим кини ытыһыгар олох да сүтэн хаалла...

Дьэ итинник элбэх хараастыылаах түгэннэрдээх Дубровкатааҕы сырыы буолла.

 Александр Иванович сүүрэн-көтөн оҥорторбут музейын экспонаттара саҥа аналлаах дьиэҕэ туруорулларын көрөрө буоллар, итини таһынан «пятачокка» өлбүт Саха сирин буойуннара умнуллубаттара, кэриэстэниллэллэрэ буоллар диэн баҕа санаабытын этиэҕиҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....