26.01.2023 | 12:00

Үүнэр көлүөнэ IT-эйгэтин талар

Үүнэр көлүөнэ  IT-эйгэтин талар
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Икки сыллааҕыта Дьокуускайга «IT-куб» цифровой үөрэхтээһин киинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыбыта. Аныгы олох ирдэбилигэр толору хоруйдуур эбии үөрэхтээһин балаһаакката аныгы сайдыылаах үйэни кытта тэҥҥэ хардыылыыр. Манна компьютернай графикаттан саҕалаан, 3D графиканы оҥорорго, «Python”, «Java» тылларынан бырагыраамалааһын төрүттэригэр тиийэ үөрэтэллэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ «IT-куб» сыыппара эйгэтигэр Дьокуускай куорат биир тарбахха баттанар, кэнчээри ыччаты IT-технологияларыгар умсугутар үөрэх сүрүн кыһата буола үүннэ.

«IT-куб» тосхоллоро

Василий Николаев, «IT-куб» исписэлииһэ:

Биһиги кыһабыт оскуола саастаах оҕолорго цифровой үөрэх бырагыраамаларын олоххо киллэриигэ, бырайыактыыр үлэни тэрийиигэ, хакатоннарга уонна IT-эйгэтин кытта сибээстээх технологияларга сүрүн акылаат буолар.

Кииҥҥэ уопсайа 20 учуутал үлэлиир. Бу үөрэх дьылыгар 1724 оҕо 55 эбии үөрэхтээһин бырагырааматынан маннык хайысхаларга үөрэнэр:

Булгуччулаах хайысхалар:

«Python тылынан бырагыраамалааһын» (11-16 саастаах оҕолорго);

Роботтары бырагыраамалааһын (7-13 саастаах, 14-18 саастаах оҕолорго);

Көрүҥнэрэ:

«Мобильнай разработка» (12-17 саастаах оҕолорго);

«Системнай администрирование» (7-14 саастаах оҕолорго);

Алгоритмнары толкуйдааһын  (7-14 саастаах оҕолорго);

VR уонна AR тэриллэри хомуйуу уонна настройкалааһын (11-17 саастаах оҕолорго);

«Java» тылынан бырагырааманы суруйа үөрэнии (11-13 саастаах оҕолорго).

Маны таһынан эбии хайысхаларга уһуйабыт: «Web-разработка», «С++ бырагырааманы тутта үөрэнии», «Искусственнай өй үөрэҕэ», «Компьютернай моделирование төрүттэрин үөрэтии», «Unity тылыгар оонньуу толкуйдааһын», «Графическай дизайн кууруһа», «Motion-дизайн кууруһа», «Хаартыскаҕа түһэрии», «Пост-продакшн уонна киинэ», «3Д моделлааһыҥҥа прототиптары оҥоруу» уо.д.а.

Информатика уонна омук тылын туттарар оҕолор эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаралларыгар дьарыктары ыытабыт.

Бырагыраамалааһын тылын үөрэтэр оҕолор интерактивнай саайтары, мобильнай сыһыарыылары, чат-боттары уонна да атын бородууктаны оҥорон таһаараллар. Ордук чаҕылхай бырайыактарбытын бэлиэтиэхпин баҕарабын:

«Парад планет» компьютернай оонньуу. Бу оонньууну  Roblox онлайн-платформаҕа оҥорбуттара. Оонньуу көмөтүнэн оҕолорбут күн систематын үөрэтэллэр;

Арассыыйа спутниктарын туһунан сайт;

«Java” тылынан «Ужастик» көмпүүтэр оонньуута;

«Напоминалка» телеграм социальнай ситим бота;

«Sky runner» оонньуу;

Саха сиригэр бастакы спутник траекториятын ааҕыы бырайыага;

Roblox онлайн-платформаҕа илэ хараххынан Өлүөнэ очуостарын көрүү.

 

Roblox платформаҕа – Саха сирин айылҕата

Арылхан Roblox онлайн-платформаҕа Өлүөнэ очуостарын биир бастакынан оҥорбут эдэр IT-ник, кэскиллээх ыччат.

Арылхан Константинов, 8-с кылаас үөрэнээччитэ, “Python» бырагыраама тылын үөрэтэр куруһуок иитиллээччитэ:

Мин санаабар, бэйэм айан таһаарбыт бородууктам олус интэриэһинэй. Бу идея миэхэ ким эрэ «оҕолорго маннык оонньуу наада” диэбитин кэннэ кэлбитэ. Чахчы, ураты сирдэргэ киһи ылла даҕаны баар буола түспэт, онон виртуальнайдык көрөр, онтон дуоһуйууну ылар бары өттүнэн табыгастаах дии саныыбын. «Roblox» диэн аан дойду үрдүнэн аатырар оонньуу.

Бу куруһуокка дьарыктанан аан дойдуга Сахам сирин уратытын көрдөрбүппүттэн, туризм сайдыытыгар сэмэй кылааппын киллэрбиппиттэн наһаа үөрэбин. Аан дойду олохтоохторо биһиги очуостарбытын кэлэн көрүөхтэрэ, Дьокуускайбытын интэриэһиргиэхтэрэ дии саныыбын! Биир өттүнэн, мин үлэм биһиэхэ, оҕолорго, үөрэтэр уонна көрдөрөр, билиини хаҥатар суолталаах. Инникитин өссө Тукулаан кумахтарын, Киһилээх хайаларын курдук кэрэ-бэлиэ миэстэлэри көрдөрөр, бородуукта быһыытынан оҥорор былааннаахпын.

«Сулус-1» спутник траекториятын үөрэтии

Саха сиригэр аан бастакынан спутник траекториятын бырайыага «Арктика уонна космос» сайыҥҥы аэрокосмическай оскуола кэмигэр оҥоһуллубут.  Бородууксуйаны Василий Петров, Гаврил Парников, Владислав Петров чочуйан, толкуйдаан таһаарбыттар. Бырайыак салайааччыта «Разработка и прототипирование микроспутников» эбии үөрэхтээһин педагога Константин Степанович Пахомов буолар.

«Спутникпыт Саха сирин өрөгөй ырыатын ыллатыахтаах уонна аан дойдуну үөһэттэн хаартыскаҕа түһэриэхтээх. Үлэ бастакы түһүмэҕэ – спутник төһө частоталаах көтөрүн быһаарыы буолар. Билигин бырайыакка үлэ икки хайысханан барар: спутник систиэмэтин уонна хааччыллыытын оҥоруу. Ону таһынан аппарааппыт конструкциятын уонна теоретическай уонна фактическай характеристикалар арахсыылартан уларыйыытын үөрэтэбит”, -  диир эбии үөрэхтээһин педагога Константин Степанович Пахомов.

Бырагыраама тылын таһынан оҕолор мультимедийнай технологиялары туһаныыга үөрэнэллэр. Ол курдук, чаҕылхай, реалистическай 3D моделлары оҥороллор уонна бэйэлэрин идеяларын олоххо киллэриигэ VR/AR технологиялары туһаналлар. Чопчу бу технологиянан оҕолор маннык үлэлэри бырайыактаан киллэрэллэр:

«NFC визитка»;

«Quik space» остуол оонньуута;

Физикаҕа визуальнай хомуурунньук.

 

Электроннай визитка биир көрүҥэ

Сандал Обутов уонна Богдан - Байдам Федоров

Сандал Прокопьевич Обутов, эбии үөрэхтээһин педагога:

«Классная NFC визитка» диэн анал бэчээттэммит визитка-брелок бырайыагын киин куорат Классическай гимназиятын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Богдан-Байдам Федоров көҕүлээбитэ. Бырайыак сыала-соруга: спортивнай гимнастика куруһуогун үлэтин биир миэстэҕэ харайыы. Холобура, төрөппүттэр уонна үөрэнээччилэр суолталаах боппуруостары, үөрэх расписаниетын, иһитиннэриилэри барытын биир сиртэн көрөр кыахтаахтар. Визиткабытыгар инникитин атын куруһуоктары эбэр былааннаахпыт.

Суол быраабылатын үөрэтии

Хас биирдии уруулга олорор киһи эппиэтинэһэ сыллата үрдээн иһэр. Тимир көлөлөөх дьон да элбиир, талбыт массыына да үгүс, быраабылаҕа да уларытыылар киирэ тураллар. Онтон сиэттэрэн «IT-куб» уһуйуллааччылара «Учебный центр VR: «Автодром»» диэн суол быраабылатын уонна тимир көлөнү ыытыыга үөрэтэр бырайыагы толкуйдаабыттар.

Роман Константинович Прудецкай, эбии үөрэхтээһин педагога:

Биһиги бырайыакпыт хайа баҕарар саастаах оҕолорго ананар. Тимир көлөнү сатаан ыытыы үөрүйэхтэрин оҕо кыра сааһыттан билэ-көрө улаатара ордук. Бу бырайыак «Мин – инженербын» күһүҥҥү сынньалаҥ кэмигэр ыытыллыбыт үөрэх иитинэн таҥыллыбыта. Бырайыагы оҥорууга Иннокентий Коркин уонна Кирилл Николаев, итиэннэ «Разработка VR/AR приложений» куруһуок иитиллээччилэрэ кытыннылар.

«Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар анаан эдэр роботехниктарбыт айбыт сонун бырайыактарын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол курдук, оҕолорбут «Ардуино” базатыгар тэриллибит ойуур баһаарын умуруорарга аналлаах тэрили, “космическай оҕуруот”, “сортировкалыыр робот”, “буруону бопсор робот” уонна бөҕү хомуйар «Валли» робот бырайыактарын оҥордулар.

IT-га акылааты уурар балаһаакка

Василий Николаев, «IT-куб» цифровой үөрэхтээһин киинин исписэлииһэ:

«IT-куб» цифровой үөрэхтээһин киинигэр үөрэҕи таһынан элбэх үлэ ыытыллар. IT-хайысхаларынан өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна куораттааҕы таһымнаах күрэхтэри тэрийэбит. Бырайыактыыр олимпиадалар, профориентационнай маастар-кылаастар, воркшоптар, викториналар, IT эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар эдэр исписэлиистэри кытта көрсүһүүлэр уо.д.а. ыытыллаллар. Сүрүн тэрээһиннэрбитин аҕыннахха:

 

«Высший пилотаж – Якутск» күрэх муниципальнай уонна региональнай түһүмэҕэ;

Академик Владимир Петрович Ларионов аатынан эдэр чинчийээччилэр  өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференциялара;

«Эдэр профессионаллар» чемпионат;

«Мин идэм IT» оскуола оҕолоругар аналлаах күрэх;

«Арктика уонна космос» сайыҥҥы профориентационнай оскуола;

«Мин – программиспын» оскуола үөрэнээччилэригэр аһаҕас чемпионат. Манна даҕатан эттэххэ, мобильнай сыһыарыылары, көмпүүтэр оонньууларын, 3D моделированиеҕа, анимацияҕа уонна видеоролик оҥорорго, робототехникаҕа күрэхтэри, куурустары ыытабыт.

 

Биһиги иитиллээччилэрбитинэн олус киэн туттабыт уонна инникитин оҕолорбут аан дойдуга биллэр саҥа бырайыактары олоххо киллэриэхтэрэ, IT сайдыытыгар дьоһун кылааттарын оҥоруохтара диэн эрэнэбит

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...