Үүнээйи оҕо курдук бүөбэйдэниллэр
Ыал хаһаайкалара сотору кэминэн арассааданы олордуу түбүгэр түһүөхтэрэ. Билиҥҥи үйэҕэ аныгы технология бары эйгэҕэ бигэтик туһаныллар. Оҕуруотунан дьарыктанааччылар тус толкуйдарынан оҕуруот аһыгар, үүнээйилэргэ бэйэлэрин көрүүлэрин олоххо киллэрэллэрэ биһирэнэр.
Евдокия Степановна Гаврильева, Нам улууһа:
– Буорга үүнэр сибэккигэ иһинэн-таһынан элбэх ууну дьалкытан куттахха, сибэккигэ олус наадалаах битэмииннэр, иҥэмтиэлээх эттиктэр суураллаллар. Горшок буора ибис-инчэҕэй буолар, сиик үөннэрэ үөскүүллэр, сибэкки силистэрэ сытыйан, сэбирдэхтэрэ өлбөөдүйэн, таммалаан, ньалбайан хаалаллар. Ханнык баҕарар сибэкки иһитин түгэҕинэн салгын киирэригэр анаан элбэх хайаҕастаах уонна халыҥ дренажтаах буоллаҕына, үчүгэйдик үүнэр. Элбэх ууну куттахха, «хара атах» ыарыы сутуйар кутталлаах. Төрүт аҕыйах ууну сыыһа көрүүттэн саҥа үтүөрбүт, биитэр ыалдьа турар, үөн-көйүүр буулаабыт үүнээйитигэр кутуҥ. Тоҕо диэтэххэ, мөлтөөбүт үүнээйи ууну иҥэринэ охсубат буолан, ыарырҕатар. Дэлэй уу чаастатык сибэккилиир сибэккилэргэ (роза, азалия) кутуллар. Араас пальмаларга, суон умнастаах үүнээйилэр силистэригэр уу тохтоотоҕуна, устунан мөлтөөн киирэн бараллар. Декоративнай сэбирдэхтээх, лаахтаах сэбирдэхтээх үүнээйилэри уунан ибиирдэр хайаан да наада. Онтон фиалкалар, глоксиниялар уонна кинилэргэ майгынныыр бархатнай сэбирдэхтээх сибэккилэргэ уу олох ибиирдэниллибэт. Маннык сибэккилэргэ уу түстэ да, сэбирдэҕи дьөлө сиир. Быыллыйбыт буоллахтарына, сэбирдэхтэрин киистэнэн сотуҥ.
Сибэккилэри сарбыйан биэрии наһаа туһалаах
– Сорохтор сибэккилэрин аһынан төрүт быспаттар, сарбыйбаттар. Быһарга-оторго ордук герань, роза, бальзамин, гортензия, быһатын эттэххэ, сибэкки барыта наадыйар. Оннук гымматахха, сибэккилэр икки-үс лабаанан аһара уһаан хаалаллар, арбайан-сарбайан ыһыллаҕас көрүҥнэнэллэр, мөлтөхтүк сибэккилииллэр. Сарбыллыбыт, сааһыламмыт сибэкки саҥа үнүгэс бөҕөнү биэрэн, хас да салаанан үүнэн, хойуу, лаглаҕар буолар, харах үөрэ көрүөх барыта сибэккинэн бүрүллэр.
“Фитоспорин” препараты туһаныҥ
– Мин ордук сөбүлээн туттар препаратым. Дьиэҕэ үүннэриллэр үүнээйилэри грибковай уонна бактериальнай ыарыылартан көмүскүүр. Кини гумат уонна мел састаабынан оҥоһуллубут буолан, ыарыыны утары охсуһарын таһынан, бэртээхэй уоҕурдуу буолар. Үүнээйи иммуннай систиэмэтин уонна силиһин бөҕөргөтөр.