01.11.2021 | 12:00

Үүнэ, сайда тур, тапталлаах куораппыт!

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Быйыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев «СӨ киин куората – Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан» Ыйаахха илии баттаабыта. Докумуон Дьокуускай куорат уонунан сылларга инники сайдар кэскилин түстүүр. Ити – Хоту сир куоратыгар табыгастаах уонна бигэ туруктаах эйгэни тэрийии, куорат инфраструктуратын хаачыстыбатын үрдэтии, уопсастыбаннай тырааныспар куттала суох систиэмэтин оҥоруу, нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыы, киин куорат күүһүн-уоҕун бөҕөргөтүү буолар.

 

Баай, дириҥ устуоруйалаах куораппыт кэнники кэмҥэ балысханнык сайдар. Хайа да кэмҥэ, ханнык да сылга Дьокуускай куораппыт кэрэтик көстөр. Иллэҥсийбиччэ, сылааһынан илгийэр, урукку кэмҥэ төннөрөр ырыаҕа ылланардыы «саһарбыт хаартыскалары» көрөн харахпытын сымнатыаҕыҥ, аныгы куораты көрөн сүргэбитин көтөҕүөҕүҥ.

Быйыл алтынньы 7 күнүттэн Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ саҕаламмыта. Бырайыак быһыытынан, 2021 сылга Ленин проспегар бэлэмнэнии үлэ ыытыллар, ону сэргэ Кулаковскай уулуссатыттан Киров уулуссатыгар диэри 820 м уһуннаах, 20 тыһ. кв. м. тахса иэннээх учаастак сирэ оҥоһуллуохтаах, 1640 м уһуннаах кабельнай канализация тардыллыахтаах, инженернэй коммуникациялар, таһынааҕы гаас ситимнэрэ таһаарыллыахтаахтар, тутуу матырыйааллара уонна конструкциялара атыылаһыллан кэлиэхтээхтэр. Хапытаалынай өрөмүөн – «Куттала  суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн саамай киэҥ хабааннаахтара буолар. 

Автодорожнай уокурук Крупскай уулуссатыгар, «Теплай» күөл кытылыгар Ыччат скверэ баар буолла. Саҥа уопсастыбаннай миэстэ бэлэсипиэт парковкалаах, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо анаан пандустаах.

Куораппытыгар оптуобус сылаас тохтобуллара элбээн иһэллэр, былаан быһыытынан 100 сылаас тохтобул буолуохтаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ икки сылаас тохтобулга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын маҕаһыына үлэлиир, сотору кэминэн атын тохтобулларга эмиэ арыллыахтара.

Автодорожнай уокурук «Прометей» дьоҕус оройуонугар 2019 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр муусукалаах, уоттаах фонтаннаах тапталлаахтар Сквердэрэ арыллыбыта.

Куораппыт тупсан, киэркэйэн иһэринэн киэн тутта, харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, инники сайдар кэскилигэр сэмэй кылааппытын киллэриэх тустаахпыт. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...