Нэһилиэстибэ тула
Киһи бу олохтон барыыта, ыал арахсыыта, төрөппүтэ суох хаалыы – орто дойду сокуоннара. Онуоха биһиги сорох ардыгар хойутаан нэһилиэстибэни оҥотторор түгэммит баар. Өскөтүн кэргэниҥ, ийэҥ, аҕаҥ, чугас киһиҥ суох буоллаҕына, кини нэһилиэстибэтин алта ыйынан сокуонунан оҥотторуохтааххын.
Билэр чугас дьонум аҕалара орто дойдуттан барбытын кэннэ хас да сыл буолан баран биирдэ дьиэ боппуруоһун көтөхпүттэрэ, хойутаабыттара ырааппыт этэ. Онон хас да албакааты, юриһы буланнар, онно харчы бөҕөтүн тэбээннэр, нотариус өҥөтүгэр эмиэ үп кутан дьиэлэрин ийэлэрин аатыгар нэһиилэ суруйтарбыттара. Ол барыта ньиэрбэни-тириини, бириэмэни, үбү-харчыны элбэҕи ылбыта. Суут эрэ нөҥүө дьиэлэрин бэйэлэригэр суруйтарбыттара. Эмиэ да кыһыылаах, эмиэ да барыта сокуон хараҕынан оҥоһуллуохтаах буоллаҕа.
Ийэм барбытын кэннэ кырдьаҕас дьиэбитин бэйэбэр оҥотторорбор эмиэ бииргэ төрөөбүттэрим бары нотариуска кэлэннэр дьиэттэн аккаастанабыт диэн илии баттаабыттара.
Онон ааҕааччыларбытыгар, баҕар тугу эмит туһаныахтара, билбэттэрин билиэхтэрэ диэн, бүгүн нэһилиэстибэ туһунан кэпсиэхпит.
Нэһилиэстибэни суруйуу уопсай быраабылалара
Нэһилиэстибэ – бу нэһилиэстибэни бас билэр киһи бүтүн баайа-дуола, бырааба уонна эбээһинэһэ, нэһилиэнньиктэригэр быраабынан бэриллэр, кинилэргэ хаалар, ол эбэтэр хайдах баарынан биир кэлимник биир кэмҥэ, өскөтүн РФ гражданскай кодексатынан атыннык быһаарыллыбатах түгэнигэр. Нэһилиэстибэлээһин маннык хайысханан оҥоһуллар: кэриэс быһыытынан, нэһилиэстибэ дуогабарынан, сокуонунан. Маны таһынан быраап механизма диэн баар, нэһилиэстибэ пуондата курдук – гражданин өлбүтүн кэннэ кини нэһилиэстибэҕэ сыһыаннаах көҥүлүн толоруу пуондата.
Нэһилиэстибэҕэ бэйэ быраабынан туһаныыны саҕалыырга, бастатан туран, нотариуска нэһилиэстибэни ылыы туһунан сайабылыанньа биэрэҕин, маны таһынан нэһилиэстибэ арыллар сиригэр-уотугар нэһилиэстибэ ылыллар быраабын туһунан сайабылыанньа биэриэххэ сөп. Сокуонунан нэһилиэстибэни ылыы болдьоҕо – нэһилиэстибэлээх киһи өлбүтүн кэннэ алта ыйынан оҥоһуллар.
Кэриэһинэн нэһилиэстибэ
Кэриэс – биир өрүттээх сөбүлэҥ, манна гражданин бэйэтин баайын-дуолун өллөҕүнэ дьаһайаллар. Кэриэһэ оҥоһуллуон сөп – бэрэстэбиитэл – гражданин эрэ нөҥүө буолбатах, кини оҥоһуллар кэмигэр гражданин толору кыахтаах, эппиэттэһэр, өйдөөх, онон бэйэтэ оҥотторор. Кэриэс булгуччулаах нотариальнай дастабырыанньаны ааһыахтаах. Кэриэһи туоһулуур сурукка кэриэс суруйбут дьонтон баайы-дуолу, малы-салы дакаастыыр, бырааптарын туоһулуур наадата суох, холобур, баайга-дуолга бас билии быраабын туоһулуур докумуоннар.
Нэһилиэстибэни кэриэс быһыытынан ыларга нэһилиэстибэни ылыы туһунан сайабылыанньа суруллар, нэһилиэстибэ дьыалатынан үлэлиир нотариуска нэһилиэстибэ быраабын ылыы сибидиэтэлистибэтин биэриэххэ наада. Нэһилиэстибэ дьыалатын уонна онон дьарыктанар нотариус туһунан иһитиннэриини “Реестр наследственного дела” диэн анал сервиһинэн туһанан, Федеральнай нотариальнай палаата саайтыттан ылыахха сөп.
Сокуонунан нэһилиэнньиктэр
Бокуонньуктан атын дьоҥҥо быраап уонна эбээһинэстэр сокуонунан көһүүлэрэ РФ ГК 66 баһыгар сурулла сылдьар. Нэһилиэстибэ ханнык баҕарар төрүөтүгэр олоҕурдахха, ол иһигэр кэриэс суруйуута уонна дуогабар быһыытынан нэһилиэстибэ сокуоҥҥа олоҕуран оҥоһулларын бэлиэтиэххэ наада. Онон “сокуонунан нэһилиэстибэлээһин” диэн сокуонунан ылыллыбыт термин балачча тарҕаммыт уонна нэһилиэстибэ биэрээччи бүтэһик күннэригэр кэриэс суругар баҕатын эппэтэҕин туһунан практикаҕа эмиэ элбэх холобур баар.
РФ ГК 1111 с. ыстатыйатынан, кэриэс сурук ханнык да кэмҥэ уларыйбатах буоллаҕына, ону таһынан РФ ГК бигэргэппит түгэннэригэр нэһилиэстибэни сокуон быһыытынан ылыахха сөп. Сокуонунан нэһилиэнньиктэр диэн нэһилиэстибэ биэрээччи өлбүтүн кэннэ тыыннаах хаалбыт нэһилиэнньик, ону тэҥэ кини өлбүтүн кэннэ төрөөбүт оҕолор эмиэ буолуохтарын сөп.
Нэһилиэнньиктэр сокуонунан нэһилиэстибэҕэ уочарат бэрээдэгинэн киирэллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ РФ ГК нэһилиэнньиктэргэ аҕыс уочараты туруорар. Нэһилиэнньиктэр хас биирдии уочаракка нэһилиэстибэ ыларга кини иннинээҕи киһи атын уочарата суох буоллаҕына киллэриллэр, эбэтэр кинилэртэн ким да нэһилиэстибэ ылар бырааба суох буоллаҕына, эбэтэр бары нэһилиэстибэттэн туоратыллыбыт буоллахтарына, эбэтэр ким да нэһилиэстибэҕэ тиксибэтэх, эбэтэр бары нэһилиэстибэттэн аккаастаммыт түгэннэригэр.
РФ ГК 1146 ыстатыйатынан нэһилиэстибэни ылыахтарын сөп кини сиэннэрэ уонна удьуордара, тастыҥ бырааттара уонна кинилэр удьуордара, оҕолоро (нэһилиэнньик сиэн бырааттара уонна сиэн балыстара), тастыҥ бырааттара уонна аймахтара, өскөтүн сокуонунан нэһилиэстибэни ылыахтаах киһи нэһилиэстибэ күүһүгэр киириэн иннинэ эбэтэр нэһилиэстибэлээх киһини кытта тэҥҥэ суорума суолламмыт буоллаҕына. Нэһилиэнньик өлүүтэ (доля) сокуон быһыытынан нэһилиэстибэ арыллыар диэри өлөн хааллаҕына кини удьуордарыгар быраап быһыытынан көһөр уонна биир тэҥник үллэһиллэр. Маныаха нэһилиэстибэтин хаалларааччы сорох аймахтарын нэһилиэстибэтэ суох хаалларбыт дьоно бу быраабынан сокуон быһыытынан туһамматтар.
РФ ГК 1142 ыстатыйатыгар олоҕуран бастакы уочарат нэһилиэнньиктэринэн бокуонньук оҕолоро, кэргэнэ уонна төрөппүттэрэ буолаллар. Маны таһынан нэһилиэстибэҕэ өлбүтүн кэннэ төрөөбүт оҕолору эмиэ билинэллэр. Кини төрөппүттэрэ эбэтэр кинилэртэн биирдэстэрэ төрөппүт быраабыттан быһыллыбыт да буоллаҕына, оҕо нэһилиэстибэни ылар бырааптаах.
Иитиллибит оҕолор уонна оҕону иитэ ылааччылар, РФ ГК 1147 ыст. этиллэринэн, төрөөбүт-үөскээбит аймахтарын баайдарыгар-дуолларыгар, хамсыыр-хамсаабат хапытаалларыгар биир тэҥ бырааптаах буолалларын хааччыйар. Онно сөп түбэһиннэрэн, кинилэр бастакы уочарат нэһилиэнньиктэр ахсааннарыгар киирэллэр.
РФ ГК 1143 ыстатыйатыгар олоҕуран, нэһилиэстибэ иккис уочаратыгар нэһилиэстибэ биэрээччи сиэн бырааттара, убайдара, балыстара, эдьиийдэрэ, эһэтэ, эбэтэ, аҕа өттүттэн, итиэннэ ийэ өттүттэн киирэллэр.
Нэһилиэстибэлээх киһи бырааттара, эдьиийдэрэ (бииргэ төрөөбүттэрин оҕолоро) нэһилиэстибэҕэ хайдах суруллубутунан быраабы туһаналлар.
РФ ГК 1144 ыст. нэһилиэстибэ үһүс уочаратыгар нэһилиэстибэ анааччы төрөппүттэрин аймахтара киирэллэр (нэһилиэстибэ биэрээччи чүөчэлэрэ, дьээдьэлэрэ). Бииргэ төрөөбүттэрин оҕолоро нэһилиэстибэҕэ быраап быһыытынан киирэллэр.
Бастакы, иккис уонна үһүс уочараттаах нэһилиэнньиктэр суох буоллахтарына, РФ ГК 1145 ыстатыйанан атын уочаракка сыһыана суох үһүс, төрдүс уонна бэһис истиэпэннээх уруулар аймахтара сокуонунан нэһилиэстибэлэнэр бырааптаахтар. Уруу буолуу истиэпэнэ бииртэн биир оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан быһаарыллар. Бу чыыһылаҕа нэһилиэстибэ биэрээччи бэйэтэ киирбэт.
Ол курдук, төрдүс уочараттаах нэһилиэнньиктэргэ үһүс истиэпэннээх аймахтыылар киирэллэр – нэһилиэстибэ биэрээччи хос эһэлэрэ уонна хос эбэлэрэ; бэһис уочараттаах нэһилиэнньиктэргэ – төрдүс истиэпэн аймахтара – нэһилиэстибэ биэрээччи бииргэ төрөөбүттэрин оҕолорун оҕолоро (сиэн оҕолор) уонна кини эбэлэрин, эһэлэрин бииргэ төрөөбүттэрэ); алтыс уочаракка – бэһис истиэпэн аймахтара – сиэн оҕолор оҕолоро, кинилэр бырааттара, балыстара, эдьиийдэрэ, убайдара. Бу инники уочараттан нэһилиэнньиктэр суох буоллахтарына, сокуон быһыытынан иитэ ылбыт уоллара, кыыстара (пасынки, падчерицы), кииринньэҥ ийэ уонна аҕа буолаллар.
Аймахтыы буоларгын туоһулуур, истиэпэнин быһаарар докумуоннар итэҕэс буоллахтарына, юридическай бигэргэтии боппуруостара (аймахтыы буолуу, кэргэннэһии, регистрация, атын да сабыытыйалар о.д.а.) суутунан эрэ быһаарыллар.