29.01.2023 | 19:00

Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар

Сэттис чааһа
Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар
Ааптар: Захари Федоров
Бөлөххө киир

Атыыһыт барбытын кэннэ Сэгэдьик уол дьонноох сиргэ тардыһара                  дьону кытары сирэй көрсөн кэпсэтиэн-ипсэтиэн, ол быыһыгар бэйэтин саастыыта кыргыттары көрсөн эйэргэһиэн баҕарбата ханна барыай, хайа номнуо  уон алта сааһын туолан эрэр уол оҕото айылгытынан кэрэ аҥаардарга баҕата, саныыр-санаата саамай кэмэ буолан эрдэҕэ. Билигин кинини туох да туппат, булдун тэрилин эһэн «маска ыйаабыта», кыылга бултана барыаҕын сиир эттээхтэр, онон онуоха-маныаха диэри иллэҥ соҕустар. Уол барардыы быһаарына оҕуста да ыраах айаҥҥа тэриммитинэн барда. Биир сарсыарда эрдэ туран икки табаны көлүнэн, иккини сэтиилэнэн олоҕор бу бастакы ыраах айаныгар турунна. Дьоно үрэҕи туораан өрө соҕуруу диэки түспүттэр, атыыһыт табаһыта сири-уоту бэркэ билэр, ыраах айаҥҥа сылдьа үөрүйэх киһи быһыылаах, хаар     арыый чарааһын, үрдүк бэстээх сирдэри талан айанныыр эбит. Элбэх таба уонна сыарҕа суола тоҥуу хаары тоҕо үктээн барбыт суоллара бу ырылыйа сытар, турку халыйара чэпчэки буолан табалар бэлэм тоҥмут суол устун суурхай соҕустук соруттарыыта суох айаннаан сикситэн иһэллэр. Ол да буоллар сотору-сотору намыһах хаардаах сиргэ кииртэлээн хас да үрүйэни быстылар.         Бөрөчөөнө бу ханна бардыбыт диирдии булчут хаана киирэн сүргэтэ көтөҕүллүбүт курдук чоҕулуччу көрөн-истэн хаалсыбакка батыһан иһэр. Ол курдук айаннаан күн үөһээ ойбутун кэннэ биир үрүйэ төрдүгэр дьон тохтоон ааспыт сирдэригэр хорус гыннардылар. Дьоно манна тохтоон табаларын тыын ыллара түһэ таарыйа уот оттон аһаабыттар. Хоту дойду дьонун сиэринэн уонна уол манан кэлиэхтээҕин билэр буолан кутааламмыт сирдэригэр уот отторго анаан хаппыт мас мастаан бэлэмнээн хаалларбыттар. Уол эмискэ ис-иһиттэн үөрэн, бу киһи-сүөһү суох дойдутугар киниэхэ кыһалла сатыыр, көмөлөһөр дьон баарыттан кини соҕотох буолбатаҕын өйдөөн үөрэ-көтө уот оттунан хаар уулаан чээй өрүнэн истэ, буспут этиттэн хабыалыы түстэ, бөрөчөөнүн эмиэ кыратык аһаппыта буолла. Өр буолбатылар салгыы айаҥҥа туруннулар, тохтоон тыын ыла түспүт табалар суолга киирэн сиэлэн сэгэлдьитэн бардылар. Бу маннык тыала-кууһа суох, чуумпу сырдык сааскы күн айаннаан иһэр үчүгэйин баҕаһын  киһи дууһата үөрэ иһэр, санаата көнньүөрэн иһигэр сыыдам атахтаах табаларын хоһуйан иһигэр кигинэйэн ыллыы истэ. Ол иһэн дьонноох сиргэ тиийдэҕинэ, ыалга хайдах киирэр, арай кыыстаах буоллуннар, оччоҕо хайдах буолар, уол бу иннинэ туора ыалга сылдьыбыта суох, арай олох кыра сылдьан хоту ыраах элбэх киһи тоҕуоруспут түөлбэтигэр дьонун кытары бара сылдьыбыттаахтар, онно олох кыра оҕолор кыбыстар эҥин диэни өйдөөбөт бэдиктэр кэмчиэрийсибэккэ оонньоон-көрүлээн да биэрбиттэрэ. Ону билигин уол умна быһыытыйан үдүк-бадык өйдүүр. Онтон билигин улааппыт оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара хайдаҕын кини хантан билиэй. Арай бэйэтин саастыыта кыыһы санаан көрдөҕүнэ сүрэҕэ өрүкүйэн, этэ-сиинэ итийэн биллибэт истиҥ сүүрээн этин устун дырылыырга дылы. Үрдүк бэстээх сиринэн айаннаан иһэн обургу соҕус күөлгэ киирэн усталыы сыыйдылар. Күөл тахсыытыгар тииттэр төрдүлэригэр ураһа мастара өйөннөрүллүбүттэр, мантан сылыктаатахха сайынын манна дьон бу күөлгэ балыктаан олоро сылдьыбыт буолуохтарын сөп курдук,      ону бигэргэтэрдии таба хаһыыта, онон-манан турку суола элбээн барда, ол аата чугас дьон олоҕо баара биллэн барда. Табалара ону билбит курдук айаннарын эбэн чигди суолга киирэн сиэлэн тамайдылар, турку сыарҕа чэп-чэкитик халыйан сырылатта. Өр-өтөр гымматылар дьон олоҕор киирэн хорус       гыннардылар. Тутатына хас да ыт, эрдэттэн туора дьон иһэрин билэн кэтии сыппыттар быһыылаах, ардырҕаспытынан кэлии дьоҥҥо утары сырсан кэллилэр, Сурчаан үрдүгэр түһүөх гынан иһэн хорус гынан тохтуу биэрдилэр, арааһа  туора сиртэн кэлбит бэйэлэрин удьуордара дии санаабыттара атын күтүр буоларын сэрэйдилэр быһыылаах, онуоха эбии Сурчаан куоппакка көхсүн түүтүн туруоран, аһыытын ардьатан, ис-иһиттэн суостаахтык ырдьыгынаабытыгар икки кырдьаҕас ыт туора хаамтылар, биир ыт кутталыттан ыйылыы-ыйылыы уйатын былдьаста, арай биир акаары ыт оҕото куоппакка тула сүүрэ сырытта.

Олохтоох дьон ураһалара кини тордоҕор холуйдахха багдаллан улахан эбит, арааската бачча улахан ураһаны сабарга элбэх таба тэриитэ барбыт буолуон сөп, тэйиччи киэҥ хараалга аҕыйах көлүүр табалара тураллара көстөр. Ураһа сабыытын арыйан кырдьаҕас оҕонньор тахсан кэллэ, уолга утары хааман кэлэн чинчилиирдии төбөтүттэн атаҕар диэри көрбөхтөөт, эйэ дэмнээхтик соруйардыы ураһаҕа киирэ тур диэн баран бэйэтэ табалары булгутан баран хараал диэки илдьэттии турда. Уол ураһа иһигэр көтөн түһүөх курдук гынан иһэн тоҕо эрэ тохтуу биэрдэ, биллибэт күүс хам тутан биир сиргэ тэпсэҥнии турда, хат-хат хаарын тэбэммитэ буола турдаҕына оҕонньор кэлэн уолу ураһаҕа илдьэ киирдэ. Иһирдьэ киирбиттэрэ оҕонньортон арыый эдэр дьахтар уонна үс кыыс бааллар эбит. Маны эрэ күүппэтэх уол кыбыстан мух-мах буолла, тас саҕынньаҕын баайыытын кыайан сүөрбэккэ бадьыыстаста. Ону  көрөн ийэлэрэ биир кыыһын көмөлөһөрүгэр соруйда, арааһа кыра кыыстара быһыылаах, үчүгэйкээн бэйэлээх кыысчаан эмиэ кини курдук кыбыстар быһыылаах, сэрэммиттии тутан саҕынньах быаларын сүөртэлээтэ, ол туран уол кыыс өрүтэ тыынар салгыныттан, кыыс оҕо дьикти сытыттан туймаарталыах курдук чуум ортотугар даллайан турда.

Хата оннук төһө өр туруо эбитэ буолла, ийэлэрэ барахсан уолу күлэн мүчүҥнүү-мүчүҥнүү илиититтэн сиэтэн таба олбоххо аҕалан олордон абыраата. Чуум хаһаайына оҕонньор уол таайдаҕына          атыыһыт этэр Ньаалай кырдьаҕаһа быһыылаах, киниттэн арыый эдэрчи көрүҥнээх дьахтар кэргэнэ, онтон бу эдэркээн баҕайы кыргыттар кинилэр оҕолоро буолуохтарын сөп эбит диэн таайа сатыы олордо. Уол тугу саныы олорорун курдаттыы өтө көрбүт курдук  кырдьаҕас оллоонноон олорон дуоспуруннаах баҕайытык сиэр быһыытынан дьонун, бэйэтин билиһиннэрдэ, хоту диэки олох-дьаһах, булт-алт туһунан сураста, уол дьиибэргиэн иһин кини кимин-тугун, хайа диэкиттэн сылдьарын токойдоһо барбата, бука сэрэйдэххэ атыыһыт Мэхээлэ ааһан иһэн кини туһунан барытын кэпсээн ааспыт курдук. Тылын тамаҕыттан иһиттэххэ уол манна кэлэ сылдьыахтааҕын билэн кэтэһэ олорбуттар быһыылаах. Дьонун куһаҕан тыын суорума суоллаталаабытын ахтан, хараастарын        биллэрэн саҥата суох чочумча бүк түһэн уйадыйан ылла. Тыын ылан, ыраахтан эргитэн бу орто дойдуга соҕотоҕун дьаһанан олорор ыараханын, түүннэри күнүстэри булт соноругар сылдьар киһиэхэ чуум көрөөччү хаһаайка баар буоллаҕына сатанарын, хотугу хоһуун хоойго сытар холоонноох доҕордоох буолуохтааҕын, үөһээ айыылар этэллэринэн удьуор быстан эстэн хаалбакка салҕанан, төрүттэрин хаанын сүтэрбэккэ тутан хаалыахтаахтарын туһунан тугу эрэ таайтарар курдук кэпсии олордо.

Бу оҕонньор ох курдук сытыы тыллара киниэхэ анаан этиллибиттэрин сэрэйэн, бэйэтэ да нэһииччэ иҥнэн олорор уол олох иэдэйдэ, сатаан бардахха чууму толору тигинэччи оттон кэбиспиттэрэ итиитэ тулутарын ааста, уол тиритэн көлөһүнэ сарт түстэ, онтун туора-маары соттортон орпокко олордо. Ол курдук сатаммакка олордор да хараҕын кырыыта туой кыргыттартан арахпат, тартара турар. Тартарымына даҕаны уол хаһан-ханна сылдьан бу маннык кыргыттары көрбүтэ баарай, кини көрдөҕүнэ бу          кыргыттар киһи эрэ ымсыырыах курдук үһүөн бэйэ-бэйэлэригэр олус диэн майгыннаһар, үчүгэйкээн бэйэлээхтэр.

Күөс буһан остуол тула олорон асааһын буолла. Ийэлэрэ тоҕо эбитэ буолла кыра кыыһын илиититтэн сиэтэн аҕалан уол аттыгар кэккэлэһиннэрэ олордон кэбистэ. Уол төһө да аччыктаан олордор хоторуллубут сыалаах таба этигэр саба түспэтэ, куругар иилинэ сылдьар харыс усталаах быһаҕын таһааран кыра  кырбас эти ылан иһэн итии эккэ илиитин сиэтэн быһаҕын төлө тутан һуу-һаа бөҕө буола түстэ, аттыгар олорор кыыс онтон күлэн илиитинэн сирэйин саба туттан баран икки санна дьигиҥнии олордо. Ону оҕонньор сөбүлээбэтэҕин биллэрэн кыыһын диэки супту көрөн кэбистэ уонна уол быһаҕы мүччү туппута, ол кини сүрэҕэ  бу чуум иһигэр кимиэхэ эрэ хатаммытын сибикитэ диэн саҥа таһааран иһиллэр гына тойонноото. Кыыстаах уол эбии кыбыстан бүк түһэргэ дылы гыннылар. Ол да буоллар арыый тыын ылан сойбут эттэн кыыһыгар кырбаан бэристэ, онуоха кыыс махтанарын биллэрэн сылаас баҕайытык уол диэки көрбүтэ олох сүрэҕин көрбүтүнэн киирдэ. Эдьиий кыргыттар балтыларын ордуҕурҕаабыттыы, арааһа       күтүөт буолуох уолга ымсыырбыттыы көрүтэлииллэр. Бу икки улахан кыыс эрдэттэн Дьааҥы хайатын быыһыгар олохтоох элбэх табалаах эбээн табаһыттарын кытары илии охсуһан олохторун холбуурга кэпсэтии баран турар. Онон бу кыргыттар дьылҕалара эрдэттэн быһаарыллан сылдьар, онтон бууттарын этэ сиппит ону-маны ыйдаҥырдар буолбут кыргыттар айылгыларынан кыыбаҕалара киирэн, эр киһиэхэ баҕалара күүрэн кэлбитэ омнуо буолбат, кинилэр оннук дьолго тиксэр болдьохторо чугаһаан сылдьар.

Аһаан-сиэн бүтэн уол таһырдьа тахсан дьэ һуу гынна, табаларын таһараа ураһаҕа олорор бука сэрэйдэххэ табаһыттар буолуо, дьаһайан ыыталаабыттар, бөрөчөөнө ыттартан антах тэйиччи туспа хаарга чөм түһэн сытар, иччитин көрөн аһыан баҕарарын биллэрэн туран тыыллаҥнаата, уол диэки көрүтэлиир. Иччитэ дьиэлээхтэр ыттарыгар бэлэмнээбит астарыттан бэриһиннэрэн доҕорун аһатта. Таһырдьа төттөрү-таары тэпсэҥнии түһэн баран, хайа муҥун таһырдьа туруой иһирдьэ киирдэ. Дьиэлээх дьахтар уолга таба тэллэххэ орон оҥорон биэрбитин ыйбытыгар уол оҥостон сытта. Кыргыттар улаҕаа диэки үһүөн хоонньоһо сыппыттар, ол сытан      утуйбакка тугу эрэ сибигинэһэн кэпсэтэ-кэпсэтэ истэригэр күлсэллэрэ иһиллэр. Уол олох уута көтөн хаалбыт, санаата олох кыргыттарга тартара турар, оҥорон көрөн кыра кыыс Нуураны кытары хайдах эйэргэһиэҕин санаан сүрэҕэ өрүкүйэн, этэ-сиинэ минньигэстик дырылаан, били ииктиир тэрилэ улаатан, туран     хоройо сатаан сыайатын иһигэр минньигэстик ньүөлүйтэлиир. Бу кылгас олоҕор итинник минньигэс иэйиини аан бастаан билбит уол, ол иэйиитин кытары  өр утуйбакка сытан баран уһун айантан сылаарҕаабыта таайан утуйан хаалла.           

Сарсыарда хойутаан уһуктубута оҕонньор эмээхсининээн хайыы-үйэ туран чээй сылытан, күөс буһаран олороллор эбит, хоноһо сып-сап таҥна охсон таһырдьа ойдо, дэлби хабаҕарбыт, чэпчэтинэ охсоот сирэйин хаарынан ньухханан сууммута буолла. Чуумҥа киирбитигэр чээйгэ ыҥырдылар, уол хап-сабар оҕонньор аттыгар кэлэн олорунан кэбистэ. Бэйэтэ да билбэтинэн уол бүгүн арыый сытыырхайбыкка дылы, бэҕэһээҥҥи курдук кыбыстан дук-дах туттара уурайбыт курдук, баҕар ол кыргыттар аттыгар суохтарыттан эбитэ дуу. Ньаалай кырдьаҕас хамсатыгар табаах уурунан аа-дьуо онтун соппойон унаарытар. Ол олорон быһа-бааччы уолтан ыйыта да барбакка, бу Сэгэдьик уол уонна кыра кыыс Нуура аны күһүн холбоһон ыал буолуохтаахтар үһү. Икки улахан кыргыттары суол хаала илигинэ Сэбээн Күөл диэки олохтоох табаһыт дьон кэлэн кэпсэтии быһыытынан илии охсуһан сүгүннэрэн илдьэ барыахтаахтар эбит. Онон эмискэ биирдэ үс оҕолоруттан матар кэриэтэ ытыстарын соттон хаалаллара сүрэ бэрт диэннэр кинилэри кэпсэтии быһыытынан аны күһүн холбооттуурга быһаарбыттар. Ону эн эдэр киһи туох дии саныыгын диирдии кырдьаҕас уолу тургутан көрөн сытыы харахтарынан тобулута одуулуур, уол туох диэҕэй «ыык» диирдии умса нөрүйдэ. Кырдьаҕас барыта икки өттүттэн сөбүлэҥинэн уоллаах кыыс инники олохторун дьылҕата быһаарыллыбытын биллэрэн күө-дьаа буолла. Аны күһүн үрэхтэр, күөллэр муустара турдар эрэ, кыһыҥҥы суол аһыллыыта уол кэлэн хоойго сытар холоонноох доҕорун илдьэ барыахтааҕын, тулаайах дьадаҥы оҕоттон туох да энньэ таба эрэйиллибэтин туһунан быһааран кэбистэ.

Оҕонньордоох бэйэлэрэ улахан ыстаада муҥунан табалаахтар, олору маныыр анаан табаһыттардаахтар эбит. Итинник олохтоох кэпсэтии бүтэн оҕонньор уоллуун таһырдьа тахсан табаларын көрдүлэр-иһиттилэр, ол сылдьан кырдьаҕас уол бөрөтүн сонуйан көрдө, анараата бэйэтигэр олох да чугаһаппата, чугаһыы да сатаабата. Хата кырдьаҕас уолга анаан, аны күтүөтүгэр буоллаҕа дии, били бөрөҕө куттаммакка эккэлиир ытын оҕотун бэлэхтээтэ, уол онтон олус диэн үөрдэ. Үөрээхтээминэ даҕаны бу дойдуга тыа киһитигэр, булчукка, эбиитин чороҥ соҕотох туран хаалбыт киһиэхэ үчүгэй ыт куһаҕан доҕордооҕор ордук буолан эрдэҕэ.

Табаһыттар,кырдьаҕас оҕонньор сорудаҕынан буоллаҕа буолуо, эмис дьиэ табатын өлөрөн аҕалбыттарын уол туркутугар тиэйэн өтүүлээн биэрдилэр. Ол кэннэ ураһаҕа киирэн чээй иһиитэ буолла, кыргыттар турбуттар, уол кэргэн ылыахтаах кыыһын Нуураны кытары эмиэ кэккэлэһэ олордулар, саҥата-иҥэтэ суох аһаабыта буоллулар. Кырдьаҕас оҕонньор Ньаалай, чуум хаһаайына хоноһо уол айаҥҥа турара сөп буолбутун биллэрэн кыра кыыһын уолу тахсан атаарарыгар соруйда. Уоллаах кыыс таһырдьа тахсан тугу да сатаан кэпсэппэккэ тэпсэҥнэһэ турдулар, хата кыыс уу-хаар баспыт харахтарынан уолу быраһаайдаһардыы көрбөхтөөт «кэлээр,      күүтүөм» диэт, кыбыстан туора хайыста, уол туох да диирин умнан, дьэ наадата суохха түргэтээбитэ сүрдээх, наартатыгар олоро биэрээтин кытары айаннаары бугуһуйан турар табалар кэлбит аартык суолларын хоту түһүнэн кэбистилэр. Уол дьэ кэлэн өй ылан кэннин хайыһан быраһаайдаһарын биллэрэн илиитин уунан далбааттаммыта буолан иһэн көрбүтэ, Нуурата соҕотоҕун ураһа таһыгар сайыспыт курдук туттан далбаатана хаалаахтаата. Сынньанан сэниэ киллэриммит табалар чигди суолга киирэн, дьиэлэригэр баран эрэллэрин сэрэйэн сиэлэн сиксилдьитэн харса суох тамайан бардылар.

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....