28.01.2023 | 19:00

Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар

Алтыс чааһа
Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар
Ааптар: Захар Федоров
Бөлөххө киир

Сааскытыҥы ыраас чаҕылхай күннэр турдулар. Биир маннык күн Сэгэдьик уол доҕорунаан табаларын көлүнэн, эбии таба сэтиилэнэн тыаларыгар бултана таҕыстылар. Аллараа улахан байҕал диэки түһэн хонуктаан сылдьан кыыл таба тохтоон аһыан сөптөөх алыыларын кэрийэн көрөр санаалаахтар. Хаар арыый чараас үрдүк бэстээх сирдэринэн айанныы сатыыллар. Онон-манан тайахтар, кыыл таба да суоллаабыттара элбээн истэ. Уол хаһан эрэ аҕатын кытары сылдьан элбэх кыылга түбэһэн бултуйбут сирдэригэр тиийэр санаалаах иһэр. Аара икки маар икки ардынан табалар орох тэппиттэригэр түбэстилэр. Кыыллар орохторун быспакка төннөн тахсан бэс быыһыгар тохтоотулар. Табаларын чэҥкээйилээн баран ыыталаан кэбистилэр. Уот оттуммакка эрэ уол кырачаан ыһыктааҕыттан иккиэн үллэстэн үссэммитэ буоллулар.

Уол таба тэллэҕин кыбынан кыыллар орохторугар киирэн маныыр санаалаах, кыыл суола элбэх, орохторун устун төттөрү-таары икки алыы икки ардынан күннэтэ кэлэллэр-бараллар  быһыылаах, суоллара олох сибиэһэй. Бу эргин тохтоон кыстаабыттар курдук көстөр. Бөрөтө сыт ылан табалар чугас баалларын биллэ          быһыылаах, соруйтара барбакка бэлэм орох устун субурус гынан хаалла. Бэйэтэ талахтар быыстарыгар киирэн халыҥ хаары хастан баран таба тэллэҕин үрдүгэр олорунан кэбистэ. Аҕата урут маннык кэтээн олорон орох устун иһэр үөр табалары инникилээн иһэр бэриэтчик атыырдары аһартаан баран улахан тыһыларын талан ытыалаан баһаам элбэх кыылы охтортуур этэ. Үөр ортотугар иһээччилэр, инники ойбут бас бэринэ, наар батыһа сылдьыбыт баһылык атыырдарын батыһан төттөрү түспэккэ иннилэрин хоту түһэллэр эбит, хайа уонна кэннилэриттэн суолу бүөлээн эмиэ элбэх таба анньан истэҕэ эбээт. Дьэ ол иһин ыксаабакка эрэ биир сиргэ олорон ытыаланыахтааххын. Аҕата ытыгас баҕайы киһи ыттаҕын аайы охтортоон, кэнниттэн иһээччилэр онно мэһэйдэтэн        бугуйан бытаарар кэмнэригэр туттумахтаан хаалар этэ. Уол санаатыгар эмиэ аҕатын курдук дьаһанар баҕалаах. Дьэ хайдах буолар.

Балайда өр олордо да туох да биллибэт, бөрөтө эмиэ мэлийдэ. Кыыллары эккирэтэн ыраах түстэ бадахтаах. Уол тоҥо быһыытыйан барда, сотору кэминэн халлаан хараҥаран барыахтаах. Ол курдук кэтэнэн кулгаах уонна харах иччитэ буолан олордоҕуна     киэһээҥҥи дьыбарга кэнниттэн тоҥ чигдитийбит хаарга туйахтарын тыаһын чыбырҕатан кыыллар иһэллэрэ билиннэ. Ону истээт уол сүрэҕэ тэбэн кэбистэ, били тоҥмута ханна баарый, эт-этэ сылыйа охсон, долгуйарыттан илиитэ атаҕа салҕалаан бардылар, эбии кирийбитэ буолан  хамнаабакка олордо. Тыынарын кыатана сатаан арыый уоскуйда. Ол бириэмэҕэ табалар бу тиийэн кэллилэр,          тымныы дьыбардаах салгыҥҥа тыыннара бурҕаҥнас, сэрэйбитин курдук адаарыйбыт муостаах аарыма атыыр суол үктээн инники түһэн иһэр, тугу да сэрэйбэккэ ааһа хааман курдурҕата турда. Бэлэм олорор уол биэс-алта кыылы аһараат тугу да билбэккэ иһэр улахан тыһыны бүлгүнүн көрөөт ытан саайда, ытыллыбыт кыыл испитин курдук иннин диэки нахчас гына түстэ, атыттара таптарбыт кыылтан мэһэйдэтэн чыпчылыйыах түгэнэ бытааран бэйэ-бэйэлэригэр анньыалаһа түстүлэр, ону туһанан уол хаста да ытан субурутта, бары үтүрүһэ-үтүрүһэ иннилэрин хоту ыстаннылар, бу бириэмэҕэ уол олоҕуттан ойон тураат ааһа көтөн иһэр кыыллары ииттэ-ииттэ хастыыта эмит субурутан ытыалаан хаалла. Элбэх үөрдээх кыыл кэлэн ааста, бүтэһик кыыллар көстүбэт буолтарын кэннэ уол саһа сыппыт сириттэн ойон тахсан үөрүүтүттэн аан дойду иччилэрин айхаллаан, муҥур халлааны кууһан ылыахтыы икки илиитин  өрүтэ анньыалаан  «Алакыы, алакыы» диэн үөгүлээтэ. Бу хотугу норуоттар бултуйдахтарына туттар үгэстэрэ буоларын уол аҕатыттан истибитэ уонна илэ хараҕынан да көрөн турардаах. Былырр-былыргаттан хаалан хаалбыт үгэс көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн салҕанан иһиэхтээҕин аҕата үчүгэйдик үөрэппитэ. Кыылларыгар тиийбитэ доҕоор, аҕатын баай байанайа өлгөм үгүөрү соҕустук өлүүлээбит, ааһан  испит суолларыгар түөрт кыылы охтортообут, арыый тэйиччи баран икки охтубут, биир кыыл таптаран баран ойоҕолуу хомурахха тиийэн батылла сытар, өссө да тыына ситэ быстыбакка хаартан тахса сатаан мөхсөр. Чэ, сытан эрдин хата сотору доҕорум кэллэҕинэ тыыннаах кыылга үөрэтэ,такайа  таарыйа киниэхэ дьаһайтарыллыа дии саныы сырыттаҕына хата доҕоро саа тыаһын истибит быһыылаах, субу сүүрэн кэллэ, онуоха тутатына тыыннаах мөхсө сытар табаҕа илдьэн соруйардыы үҥүлүттэ. Бөрөтө куотан сүүрэ сылдьар кыыллары кыайан ситэн тардыбатах абатыгар буолуо, кыаммат кыыл үрдүгэр түстэ, бастаан ханан түбэһиэх момуойдаан иһэн онтон туһа тахсыбатын сэрэйдэ быһыылаах, хабарҕатыгар түһэн тардыаласпытынан барда, тэриитин тоҕо тардан этин хадьырыйбытынан, сылаас сибиэһэй хааҥҥа баҕатын ханнаран умсулҕаннаахтык түһүстэ. Уол бөрөтө ман      нык умсулҕаннаахтык тугу барытын умнан туран дьарыгырарын одуулаамахтаан баран бачча үлүгэр бултуйбут киһи быһыытынан үөрэ-көтө тохтообут олохторугар таҕыста.

Табалара ырааппатахтар, биир сэтии табатын тутан булдун биир биир состорон олохторугар муста. Ол сылдьан бөрөтө баттыы сытар кыылын биэримээри кыыһырса сырыттылар. Мас мастаан улахан кутаа уот отунна, хаар үрдүн тарыйан көмүрүөтүн баһан уотугар оргута уурда. Наҕылыччы уотун иннигэр сөһүргэстээн олорон эһэкээнин аһатан байанайын бэйэтэ билэр тылларын уоһун иһигэр ботугураан алҕаабыта буолла. Били мааҕыҥҥы былдьаһыктаах кыылы иһин хайа тардан ылан бөрөтүгэр биэрдэ. Биирдэрэ маннык өлүүлээһиҥҥэ үөрэммит буолан күүтэ сытан өлүүтүн ылаат туора баран аһаабытынан барда, уол бэйэтэ ис бүөрүнэн үссэннэ, быартан быһан ылан үтэһэ оҥосто охсон онно үтэн сии сырытта. Сэгэдьик уол бу орто дойдуга  төрөөн баран бу бастакы улахан булда, байанай барахсан биэрэн биэрдэ. Оо, дьоно бааллара буоллар төһөлөөх үөрүөхтэрэ этэй, аҕата олох кыра эрдэҕиттэн сыралаһан үөрэппит эрэйэ таах хаалбатаҕын, бэйэтин туйаҕын хатарар дьиҥнээх хотугу хоһуун уһаарыллан тахсан эрэриттэн ийэлэригэр киэн туттан туран кэпсиэ эбитэ буолуо.

Халлаан хараҥара оҕуста, кутаа уотун сырдыгар сылдьан табаларын биир-биир  астаабытынан барда. Өр бадьыыстаһан үс табаны сүлэн истэрин оротолоото, дэлби сылайан хаалбыт кыылларын хааннарын сүүрдэн баран утуйан ыларга быһаарынна. Уотугар ускунньахтары булан эбии күөдьүтэн, эһэкээнэ үөрэн сытыы төлөнө хараҥа халлааны кууһуохтуу өрө харбыаластылар. Бөрөтүгэр эбии атах сотолорун быраҕаттаан биэрдэ. Аҕата кыһыҥҥы тымныыларга сиргэ хонорго анаан ийэтигэр тиктэрбит таба тэриитэ мөһөөччүккэ киирэн турку сыарҕа үрдүгэр сытан утуйан хаалла. Төһө өр утуйбута буолла тоҥон уһуктан кэллэ, халлаан өссө да сырдыы илик, кутаата өһөн хаалбыт. Уол ойон туран уотун күөдьүтэн эбии оттон биэрдэ. Табалара  аһылыктаах сиргэ түбэһэн топпуттар быһыылаах, кутаа таһыгар кэлэн сыппыттар. Бөрөтө эмиэ тот киһи сиэринэн аргыый аҕай хамсанар. Таба быарын уокка сырайан онон үссэнэ түстэ. Халлаан сарсыардатааҕы дьыбара түһэн кыһыҥҥы тымныы турар, күнүһүн дьыбара таҕыстаҕына арыый сылыйар ини.

Күнү быһа бадьыыстаһан кыылларын астаан бүтэрдэ. Бэлэм чугас сылдьар табаларын тутаттаан аҕалан туркучааныгар үс улахан кыыл этин тиэннэ, биир сэтиилэнэн кэлбит табатын миинэн, көлүүр туркулаах табаларын холбонон айаҥҥа туруннулар. Халыҥ тоҥуу хаары тыыран кэлбит суолларын туттулар, биир хонук иһигэр турку сыҥааҕын суола тоҥон, таһаҕастаах турку онно уйдаран халыйара чэпчэки соҕус курдук, ол да буоллар арыый хаара халыҥ намыһах хотоол сирдэргэ табалар таһаҕастарын ыарырҕатан дьүккүҥнэһэллэр, оччоҕо уол түһэн  көлүүр табаларын сиэтэн үрдүк сиргэ таһаартыыр. Итинник тохтуу-тохтуу дьүккүһэн айаннаан олохторун түүн үөһүн саҕана биирдэ буллулар.         Табаларын ыыталаан, тордоҕун оттон баран сылаарҕаабыта таайан уол утуйан хаалла. Сарсыарда сөпкө туран дьэ наҕылыччы киһилии күөстэнэн аһаата. Табаларын сынньатан бүгүн  ханна да барбакка өрөөтүлэр, ол да буоллар уол таах сыппата, олохторун таһыгар баар булдун тэрилин сөргүтэн көрүтэлээтэ.  Нөҥүө күнүгэр бэлэм тэпсиллибит суолунан баран хаалбыт эттэрин тиэнэн кэллилэр. Кыһыны туоруур эттэннилэр, аны туох да буолбаттар. Итинник айахтарын этин булунан, бу икки доҕордуулар истэрэ тот буолла даҕаны туох буолуохтарай, күндү түүлээх соноро эмиэ табыллан, аар тайҕалара маанылаах  күндү кырымахтаахтарынан сөбүгэр өлүүлээн биэрдэ.

               

Бытархай тымныылар сымнаан, сарсыардааҥы дьыбар таҕыстаҕына        күнүһүн сыыйа сылыйан истэ. Күн биллэрдик уһаабыта билиннэ. Күүтүүлээх сандал саас кэлэн иһэрэ биллэн барда. Күндү түүлээх соноро дьыл баччатыгар тохтонор, кыыллар айылгыларынан удьуордарын салҕаан төрүүр-ууһуур кэмнэрэ саҕаланар, аҕата баарыгар саас аайы баччаларга булдун тэрилин эһэн   «маска ыйыыр» буолара. Аар тайҕа төһө да баайын иһин булдун барытын эһэн кэбиспэккэ бириэмэтигэр төрөтөн-ууһатан быйыл ылбыт түүлээххин эһиилигэр ахсаан өттүнэн тэҥнээн бэриллиэхтээҕин туһунан аҕатын үөрэҕин уола умнубат гына  өйүгэр хатаабыта. Бу күннэргэ уол туут хайыһарынан сылдьан булдун тэрилин  барытын эстэ уонна былыргылар этэллэринии «маска ыйаталаата».

Доҕордуулар табаларын манаан, мас мастаан ханна да         ырааппакка олохторун таһыгар сылдьаллар. Ол курдук сырыттахтарына биир  күн күүттэриилээх күндү ыалдьыт кэлэн үөртэ-көтүттэ. Ол ыалдьыт кырдьык бу эргин сыл баһыгар-атаҕар биирдэ кэлэн барар саха омук ааттаах атыыһыта Хаабыһап диэн киһи. Хас да сэтии сыарҕаннан элбэх таһаҕастаах, сирдьитинэн     уонна табаһытынан уол билбэт бу эргин олохтоох эбэҥки киһитэ сылдьыһар быһыылаах. Айанньыттар табаларын ыыталаан наҕылыччы хонордуу оҥоһуннулар. Атыыһыт уол соҕотоҕун дьиктиргии көрөн дьонун туоһуласпытыгар уол дьону көрсөн кэпсэппэтэҕэ, аһыытын дьоҥҥо таһаарбатаҕа ырааппыта таайан     ытыахча курдук буолуталаата, атыыһыт туох эрэ куһаҕан буолбутун сэрэйэн уолу уоскута сатаата. Аттыгар олордон туох-ханнык буолбутун истэн баран улаханнык хомойбутун биллэрэн саҥата суох бүк түһэн олорбохтуу түстэ. Хамсатыгар табаах уурунан чачайа-чачайа тардан унаарытта. Сирдьит киһи уолу      кытары таһырдьа тахсан эмис таба этин киллэрэн улахан олгуйга буһара уурдулар. Атыыһыт киһи хомолтото икки хос өрүттээх, бииринэн ыал ыалынан эстэн хаалара дьэ кырдьык иэдээннээх суол, өссө эбии хомолтолооҕо бу эргин биир саамай элбэх түүлээҕи туттарар чулуу булчутуттан ытыһын сотуннаҕа. Чахчы Бакыас эрэйдээх бу эргин чулуу булчут этэ, сылын аайы атыыһыт бу сиртэн өлгөм түүлээҕи эргитэн барар буолара, онто баара ханна баарый бу сыыҥын соһо сылдьар оҕочоон төһө бэйэлээҕи бултуой, ол бултуохтааҕар дьэ аны соҕотоҕун бэйэтэ хайдах айаҕын ииттэн олороохтуур диэн арааһы ырааҕынан эргитэн саныы олордо. Ол бириэмэҕэ күөс этэ буһа охсон дьиэлээх хаһаайын быһыытынан уол этин хотордо, атыыһыт аргыһын соруйан таһыттан биир иһит арыгыны киллэттэрдэ. Аһыы олорон сибиэһэй сыалаах баҕайы таба этин көрөн атыыһыт хайдах эрэ мунааран, дьиэҥ табатын идэһэлэнэн эрэр эбиккин дуу диэн ыйытааччы буолла.Уол кырдьыгынан быйыл кыһын уонча кыыл табаны, эбиитин икки тайаҕы бултаабыттарын кэпсээтэ. Онуоха аны туран ол кимниин бултуугун диэн ыйытыы үөскээн тахсыбытыгар уол бөрө оҕотун ииттэн, ол бөрөтүнээн иккиэн хайдах бултаабыттарын барытын сиһилии кэпсээн биэрдэ. Дьоно оччо итэҕэйбэтэх курдук сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Атыыһыт уруккутун курдук элбэх арыгыны испэтэ, биир чохоолу иһэн баран тохтоото, хата эмис эти хамаҕатык харса суох хабыалаата. Бакыас баара буоллар атах тэпсэн олорон арааһы барытын  ырытан хойукка диэри сэлэһиэх этилэр. Ол да буоллар атыыһыт үгэһинэн буоларын курдук ыраах улахан куорат диэки дьон хайдах олороллорун, ханнык эрэ атыыһыттар тустарынан эҥин элбэҕи кэпсээтэ, онтон уол өйдөөн хаалбыта диэн ыраах соҕуруу күн ыраахтааҕыны суулларан, дьон бэйэ-бэйэлэрин утарыта туран сэриилэһэн улахан айдаан тахсан эрэр үһү. Аһаан-сиэн бүтэн айанньыттар чэпчэтинэ таарыйа таһырдьа тахса сырыттылар, ол туран атыыһыт көрдөҕүнэ лаабыс таһыгар ыттан олох атын кыыл сытарын көрөн ыҥыран көрбүтүгэр анараата дьиэ  кыыла буолбатаҕын биллэрэн көхсүн бөгдьөтөн, аһыытын көрдөрөн ырдьыгыныах курдук гына-гына туора хаамта. Атыыһыт көрбөтөҕүн көрөн аны киһи  үрдүгэр түһүө диэбиттии наадатын толороот тордоҕу былдьаста.

Айанньыттар уһун сыралаах айантан сылаалара киирэн утуйарга бардылар. Ол уоһаҕа куура илик эмньиэр оҕону кытары тугу мээнэ лэбэйдэһэ олоруохтарай, сытаат муннулара хаһыҥыраабытынан барда. Уол атыыһыт уруккутун курдук түүлээх туһунан тугу да ыйыппаҕын хайдах эрэ дьиктиргии санаата, урукку сырыыларыгар аҕатын кытары кэпсэллэрэ эрэ наар түүлээх тула буоларын уол сэҥээрэн истэр буолара. Ол гынан баран түүлээҕи анаан мэнэйдэһии сарсыардаттан буолааччы, кэлбит киэһэлэригэр аһаан-сиэн сэлэһэн тахсар идэлээхтэр этэ. Итинник саныы-саныы уол эмиэ оронун оҥос тон утуйардыы сытта. Сытан да утуйан биэрбэтэ, сарсыарда туран кыһыны быһа бултаабыт түүлээҕин хайдах туох табаарга мэнэйдэһиэн оҥорон көрөн сабаҕалыы сытта. Буоларын курдук бастатан туран саамай наадалаах табаары дорообо чээйи, уол чээйэ бүппүтэ ыраатта, дьоно муспут хатыҥ чээрэтин иһэ сылдьыбыта, туус уонна саамай наадалааҕа саатын сэбэ. Табаах уонна арыгы антах анньылыннылар, уол олорго наадыйбат.Дьоно баалларыгар ол табаарга балайда тириини биэрэр быһыылаахтара. Аны туран уол түүлээх атыыланар сыанатын отой билбэт, эгэ кэлэн табаар сыанатын билиэ баара дуо… Чэ, ол да буоллар хайдах эмит быһаарсаллар ини, быһаарсыахтара баара дуо, атыыһыт быспыт сыанатынан баран эрдэҕэ, уол мэнэйдэһэр, сыана түһэрсэн быһаарсар кыаҕа да, санаата да суох. Урут аҕата кэпсииринэн атыыһыт Хаабыһап дойду  саха омук киһитэ, ыраах ол дойдуга элбэх киһи бииргэ мустан олорор улахан түөлбэтиттэн сылдьар. Кыһын аайы турку суола турдаҕына бу хоту дойду булчуттарын кэрийэн түүлээх хомуйар идэлээх эбит. Ол хомуйбут түүлээҕин өссө ыраах ханна эрэ илдьэн мэнэйдэһэн бу кинилэргэ олус наадалаах табаары аҕалан абырыыр эбит. Кырдьык бу эргин олорор хоту дойду булчуттара бултаммыт бултарын бэйэлэрэ ханна илдьэн мэнэйдэһиэхтэрэй, аһыыр астарын, таҥнар таҥастарын, сааларын сэбин бу Хаабаһап эрэ аҕалан абырыыр. Онон булчуттар бары даҕаны атыыһыты кытары улаханнык мэнэйдэһэ барбаттар,        кини быспыт сыанатынан кыһыны быһа бултаабыт түүлээхтэрэ босхону эрэ үрдүнэн баран иһэр. Ол саастарын тухары үрэх баһыгар үөскээбит, үөс сирдэринэн атахтарын укпатах дьон түүлээх, атын мал-сал дьиҥнээх сыанатын хантан билиэхтэрэй уонна бу ыарахан олохторугар иһэр чээй, тардар табаахтарын кинилэргэ ким аҕалан биэриэй. Онон атыыһыт Хаабыһап бу хоту дойду эбэҥкилэригэр кырдьык абыраллаах киһи, абыраллаах эрэ буолуо дуо, күүтүүлээх күндү ыалдьыт, үҥэр таҥараларын кэриэтэ киһи буолар.

Онтон дьиҥнээҕэр бу Хаабыһабыҥ сайынын уу суолунан Уркуутускайтан баран булчуттарга наадалаах табаардарын борохуотунан аҕалтарар. Күһүн эрдэттэн сыарҕа суола турдар эрэ элбэх сэтии сыарҕалаах бу хоту дойду булчуттарын кэрийэ тахсар.              Аара оттонор ходуһалаах сирдэр бүтүүлэригэр сыарҕалаах ат көлөтүн сөбүгэр сыанаҕа торгуйдаһан хаалларар уонна мантан чугас олохтоох эбэҥкилэри кытары эттэһэн элбэх сэтиилээх таба сыарҕатыгар көһөр. Ол дьонун кытары эрдэттэн төннөн иһэн кыра табаарга, ордук хоту наадалаах «харах уутугар»                        кэпсэтэн, илии охсуһан кэбиһэллэр. Ол дьонуҥ ыппыт ох курдук көнө сүрүннээх дьон «тоҥус болдьоҕун» өлүөхтэрэ да буоллар толорон баран тэйэр омуктар. Эһиилигэр атыыһыт кэлэригэр суолугар тордохторун тардан күүтэн олорор буолаллар. Эрэйдээхтэр күүтүмүнэ даҕаны, иһэр чээйдэрэ, тардар табаахтара, хайа уонна ордук күүтүүлээх «харах уутугар» ким хайа иннинэ    тиксиэхтэрэ турдаҕа. Атыыһыт бу дойдуну булбута ыраатта, хаһыс да сылыгар барда. Бастаан дойдутугар этинэн-арыыннан эргинэ сылдьыбыта, кэлин кини курдук эргиэнинэн дьарыгырар киһи элбээн барбыта, ону кытары ол дойду киин куоратыгар быһыллыбыт сыана быһа баттаабыт курдук түспүтэ. Онтон    сылтаан бу эргин эргиэнинэн дьарыгырар барыыһы киллэрбэт курдук буолбута. Оччолортон баччаҕа диэри атыы-эргиэн сокуона уларыйбат биир соруктаах – барыс киллэриитэ. Биэс харчылаах табаары ыраах илдьэн батарар буоллаххына айанын ороскуотун ааҕан туран уон харчыга атыылыаххын наада.  Маннык мэнэйдэһии бу киин дойду сиригэр-уотугар барбат. Дьэ ол инниттэн айана ырааҕын кэрэйбэккэ, оччолорго саас ортолоох, хайа баҕарар сырыыны кыайар, күөгэйэр күнүгэр сылдьар Мэхээлэ Хаабыһап хоту Эдьээн эбэҥкилэригэр тахсарга быһаарыммыта.

Бастаан аҕыйах сэтии туркуннан сылдьан арыый чугас олохтоох булчуттары кэрийэн баһаам элбэх түүлээҕи туппута. Хоту дойду      сирин-уотун, дьонун-сэргэтин кытары билсибитэ. Бу эргин олохтоох булчуттар ордук туохха наадыйалларын билбитэ. Кэлин сырыыларыгар сылдьар ыыра кэҥээн, түөлбэттэн түөлбэлэргэ түһэттээн, ол аайы сирдьиттэрин, табаһыттарын уларытан иһэрэ. Элбэх дьону кытары сирэй көрсөн билсибитэ, ол быыһыгар эдэр кыргыттар, сулумах дьахталлар туора туран хаалбатахтара, олорго анаан-минээн солко таҥас, оҕуруо сыысчаанын кэһиилэнэн кэлэн эдэр киһи сүрэхтэрин туппута. Аҕалбыт табаарын бастаан эргэ куоракка туттаран иһэн, кэлин өйдөнөн уу суолунан баран Уркуутускай куорат атыыһыттарыгар арыый үрдүк сыанаҕа туттаран баран, чэпчэки сыанаҕа булчуттарыгар наадалаах табаардарын атыылаһан аҕалар буолбута. Кэлин сыыйа куорат иһигэр биллэр атыыһыт буолан барбыта. Бэйэтэ туспа бирикээсчиттээх лааппы арыммыта. Ордук хото бу лааппытыгар анарааттан чэпчэки сыанаҕа аҕалан атыылыыр чиэппэрдээх испиирэ барар буолбута. Ити курдук Мэхээлэ Хаабыһап сыыйа байан билигин улахан биллэр атыыһыттар ахсааннарыгар киирэн сылдьар. Өссө мантыҥ өрө баран чыынын-хаанын үрдэтэн, гиилдьийэлээх атыыһыт буолар баҕалаах. Ол да иһин бу маннык адаардаах арҕастаах тоҥ таас Дьааҥы хайалара сабардаан сытар ыырдарынан, томороон тымныылары, чысхааннаах будулҕан        буурҕалары быыстарынан өлөрүн-тиллэрин кэрэйбэккэ маннык кутталлаах уонна мүччүргэннээх сырыылары сылдьан эрдэҕэ. Чыын-чыынынан, оттон кини атыыһыт быһыытынан төһө да барыһы эккирэтистэр, бу хоту дойду сэмэй, олус көнө дьонун ньүдьү балай балыйталаабатаҕа уонна аны кэлэн балыйтыа дуо, бу дьон байанайдаах бултара, кырымахтаах күндү түүлээхтэрэ      кинини атаҕар туруордахтара дии. Ол манньатыгар кинилэр сакаастарын олох умнубакка барытын, иннэтигэр, сабыгар тиийэ аҕалар. Эбиитин оҕолорго, эдэр кыргыттарга анаан туһунан кэһиилээх буолан ол аймаҕы олох сиэтэлээтэ. Эгэ кэлэн кыыһынан сылдьар сулумах дьахталлар умнууга хаалыахтара дуо, олорго табаларын сынньатар аатыран хонон-өрөөн барааччы. Сөп дии, унньуктаах уһун кыһыны быһа ыарахан айаҥҥа сылдьар киһи айылгытынан эйэ дэмнээхтик эйэргэһэн, таҕылын таһааран нус-хас сынньанан ааһан эрдэҕэ. Дьэ итинник бу тыйыс хоту дойдуга оҕолуун-уруулуун күүтүүлээх күндү киһи, ааттаах атыыһыт дойду уола Мэхээлэ Хаабыһап.

                 

Сарсыарда уол арыый хойутаан уһугунна, хоноһолоро хайыы-үйэ турбуттар, сирдьит киһи чээй, күөс буһара уурбут, бэйэтэ табаларын тутан аҕалтаабыт. Ол аата дьоно чээйдээн баран салгыы айаннаан эрдэхтэрэ. Атыыһыт эрдэ таһыттан улахан хааһаҕы киллэрэн хасыһа олорор. Хааһаҕыттан биир-биир оротолоон бу эһиэхэ, эйиэхэ уонна балтыгар Ньукааҕа кэһиим этэ дии-дии икки тус-туһунан суулаахтары уолга уунна, ийэлэригэр сиидэс таҥас лоскуйун, иистэнэр араас саптары, иннэлэри, түөрт устуука чээй иһэр саҥа чохооллору, аҕаларыгар анаан саа сэбэ бөҕөтүн аҕалбыт, өссө аҕаҥ үлэҕэ диэн мас эрбиир тимир эрбиитин уол сонургуу көрдө. Таарыччы бу тимир малга соҕотох киһи анаан эрбииригэр хайдах маһынан тутаах оҥостору сүбэлээтэ. Улахан бытыылкалаах арыгыны уонна хас да мөһөөччүктээх арааһа табаах быһыылаах ороон  баран, аны балар эйиэхэ наадата суохтар диэбиттии туора анньыталаата. Хас да устуука билииткэ дорообо чэй лиистэрин, улахан обургу мөһөөччүктээх тууһу туһунан киниэхэ анаан анньыталаата. Чэ,уонна эн өлүүҥ манан бүтэр диэбиттии уолчааны аһыммыттыы одууласта. Дьэ манна эрэ уол мэнэйдэһиэхтээх тириилэрдээҕин өйдөөн таһырдьа ойдо, лаабыс үрдүгэр аналлаах хааһахха бу олорор атыыһыты күүтэн сытар тириилэрин хааһахтары баҕастары чуумҥа соһон киллэрдэ. Онуоха атыыһыт дьиктиргээн уолтан бу тугуй диирдии ыйытардыы көрөр, уол хааһаҕын бүүйүүтүн сүөрэн тус-туһунан сууламмыт саһыл, киис, тииҥ, кырынаас тириилэрин оротолоото. Атыыһыт соһуйан туран     иһэн төттөрү олоро биэрдэ. Уоскуйан маны барытын уол бэйэтэ бу кыһын бултаабытын истэн баран сөҕөн эрэ кэбистэ. Кырдьык атыыһыт манна кэллэ-кэлээт, уол дьоно суорума суолламмыттарын истэн баран туох кистэлэ кэлиэй кутурҕанын кытары тэҥҥэ кэриэтэ чулуу булчутуттан матан, мантан өлгөм түүлээххэ оросчуоттаммыта мэлийэн тахсарын, ороскуотун барыллаан ааҕа     охсубута. Онто баара ханна баарый, бу саҥа борбуйун көтөҕөн эрэр, сыыҥын соһо сылдьар уол бачча өлгөм булду бултуоҕа диэн санаан да көрбөтөҕө. Ол да буоллар уол дьонуттан элбэх барыһы киллэриммит буолан уонна соҕотох хаалбыт уолчааны киһи быһыытынан аһынан, дьонун кэриэстээн ити босхо ас-таҥас бэрсибит дьүһүнэ этэ. Атыыһыт атыыһыта өтөн бу маннык буоллаҕына бу уол улаатан истэҕин аайы түүлээх соноругар өссө эбии сыстан үчүгэй булчут буолсу, аҕатын батан бу эргин суох улуу булчут буоллаҕына да киһи соһуйуо суоҕун курдук. Оччотугар атыыһыт бу түөлбэттэн уруккутун курдук өлгөм түүлээҕин хомуйбутун курдук хомуйа туруо этэ буоллаҕа. Итини      барытын эргитэ саныы олорон чороҥ соҕотох, тулаайах хаалбыт уолга доҕор, чуум хаһаайката наадатын толкуйдуу оҕуста.

Былыр былыргаттан бу омуктар  оҕолорун олох эдэр саастарыттан кинилэр баҕаларын ыйыппакка да эрэ холбоотттоон ыал оҥороллорун туһунан атыыһыт бэркэ билэр. Ону таһынан күһүн       хаар чарааһыгар кииһи сонордоон үрэн биэрэр ыт наадатын эмиэ тобула оҕуста. Ол бөрөтө киниэхэ кииһи үрэн биэрбэтэ чуолкай, итинник атыыһыт наар кэлтэччи түүлээх булдун кыһалҕаларыгар эрэ кыһаллар, буолумуна даҕаны, өлгөм барыһы киллэриниэххин баҕарар буоллаххына, олору бултатар дьоҥҥор бары усулуобуйаны барытын тэрийдэххинэ, булт тэрилинэн толору хааччыйдаххына эрэ сатанарын билбит баҕайыта.

Итинник ыраахтан эргитэн толкуйдаан аара баран иһэн Сыалаахтар түөлбэлэрин ытык кырдьаҕаһыгар Ньаалайга тохтоон бу уол кыһалҕаларын быһаарсан аастаҕына сатаныыһы. Кырдьаҕас бэйэтэ үс кыыстаах, онтон кыралара арааһа бу уолу кытары араа-бараа саастаах буолуон сөп, ээ онтон биир-икки сыл балыһа, улахана туох да  мэһэй буолбат, таарыччы ыт оҕотун эмиэ быһааран ааһыллыа. Бүтэһигэр уолу дэлби хайҕаан, киһиргэтэн түүлээҕи хоторо бултууругар, эһиил баччаларга кэлэригэр өлгөм бултаах көрсөрүгэр баҕарда. Булгуччу анаан-минээн ириэрии буола илигинэ үөһээ олорор Сыалаахтарга бара сылдьарыгар, онно Ньаалай    кырдьаҕаһы булан, хайаан да көрсүөхтээҕин сүбэлээтэ. Бу кинилэр тэбистэрэн барбыт суолларын батан бардахха хонукккар тиийэр сирин туһунан уонна тыал-куус түһэн суолу тибэ илигинэ уталыппакка тэринэн баран дьону-сэргэни кытары сибээһи олохтоон, билсэн-көрсөн кэлэрин тоһоҕолоон эттэ. Баралларыгар икки өттүттэн барыстаахтык мэнэйдэспит, барыны-бары быһаарсыбыт дьон быһыытынан эйэ дэмнээхтик быраһаайдаһан араҕыстылар.

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....