27.01.2023 | 19:00

Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар

Бэһис чааһа.
Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар
Ааптар: Захар Федоров
Бөлөххө киир

Биир сарсыарда Сэгэдьик уол туут хайыһарын анньынан чугас эргин түүлээх соноругар таҕыста. Бөрөчөөнө хата батыспакка табаларын кытта хаалла. Бу иннинээҕи күннэргэ уол эриһэн туран бөрөчөөнүн үөрэтэ сатаабыта, чугас булт тэрилин иитэлиир сырыыга батыспатын курдук, ол инниттэн чаахаан уонна айа оноҕоһун үҥүлүтэ-үҥүлүтэ быһаара сатаабыта, барарыгар тайах сототун уҥуоҕун биэрэн, биирэ ону кытары бадьыыстаһа хаалбыта. Тыаҕа киис, тииҥ, кырынаас, албынчай саһыл да суоллара баар курдук. Күнү быһа сылдьан булдун тэрилин барытын бырахта, ол быыһыгар биэс тииҥи бултуйда, быйыл тииҥ баар буолсу быһыылаах уонна хара маска олорбут курдук. Булдун балай да бачыыстаһан аҕата үөрэппитинэн таҥастаата, этин лаабыска ууран хаһаанан иһиэхтээх, сааскы тутат кэмҥэ тииҥ да этэ наада буолан кэлиэн сөп. Уол аҕатыгар улаханнык махтана саныыр, баарын саҕана бу маннык алдьархай ааҥнаан кэлиэн хайдах эрэ этинэн-хаанынан сэрэйбит курдук уолун бэйэтин кытары батыһыннара сылдьан булт араас таайыллыбатах кистэлэҥнэригэр барытыгар үөрэппитэ бу туһалаан эрдэҕин.

Хас да күн тура тэбинэн туран туут хайыһарынан сылдьан булдун тэрилин барытын оннуларын буллартаата. Ордук хото түүлээх саамай кылааннааҕынан аатырар саарбаҕа арыый хото соҕус элбэх чаахааны бырахта. Аар тайҕа биир саамай маанылаах күндү түүлээҕин кытары эриссэр үлэлээх соҕус курдук. Хас чаахаан аайы хаарынан тибэн бугул курдугу оҥорон, ол иһин дьөлөн, мэҥиэҕин ол иһигэр быраҕан баран ол дьөлөҕөһүн ааныгар чаахааҥҥын хаарга көмөн, көстүбэт гына уураҕын. Уол эмиэ аҕатын үтүктэн саас, сайын балык элбэҕэр хара балыгы туһунан түүлээх мэҥиэтигэр диэн сытытан хаһааммыта. Сытыйбыт сыты бу сатанаҥ ыраахтан ылар, кини эрэ буолуо дуо, баччаларга кыс ортото айахтарын эрэ айдааныгар сылдьар кыыллар бары да айылгыларынан сытымсахтара сүрдээх, албынчай    саһыл, солоҥдо, кырынаас даҕаны бу сыты ыраахтан ылан кэлэн күүтэ сытар тэрили үктүөхтэрин сөп. Итинник күн тура-тура бадьыыһыран уол булдун ахсаана күн аайы эбиллэн иһэр, ордук хото кииһи кыайда, киис быйыл мэнээктээбит уонна төһө да күндү буоллар булт тэрилигэр тоҕо эрэ атын кыыллартан кииримтиэ соҕус курдук. Онуоха холуйдахха саһыл сатана, ааттыын албынчай дииллэринии сэрэҕэ сүрдээх, киис курдук кэллэ да мэҥиэҕэ түһүспүтүнэн барбат эбит, кини обургу суолу-ииһи барытын чинчийэн, чүүччэйэн баран сэрэхэдийэн тэйэ хаампыт буолар.

Биир уһулуччу өйдөөх саһыл түбэһэн сордоото, чаахаан бугулугар кэлэн чүүччэйэн көрөн баран бугулу нөҥүө өттүнэн, чаахаана суох сиринэн хаһан мэҥиэни илдьэ барар буолла. Ол да буоллар уол эриһэн туран табыгастаах сиргэ айа тарпытыгар онно табыллан бурҕалла сытарын булан уол кыр өстөөҕүн суоһарбыт курдук сананан үөрээхтээбитэ. Үөрүмүнэ даҕаны бу эдэркээн уолчаан аар тайҕа саамай өйдөөх кыылын өйүнэн, сатабылынан баһыйар буолан иннин ыллаҕа эбээт. Кырдьык Сэгэдьик уол бу кыаттарбатах саһылын уһуннук эриссэн туран айатын кирсигэр үктэтэн ылан баран хаарга өр олорон элбэҕи санаан аһарбыта. Улаатан, борбуйун көтөҕөн, номнуо бу умсулҕаннаах булт араас таайыллыбатах кистэлэҥнэригэр бэйэтэ сыстан үөрэнэн эрэрин, кэлин улаатан истэҕин аайы баай байанайа өссө да  араас булдуттан утары уунуон сөбүн сүрэҕинэн сэрэйбитэ. Кылгас да кэм иһигэр буоллар, уол бу күндү түүлээх соноругар сылдьан элбэҕи биллэ-көрдө. Көрбөтөҕүн көрдө, билбэтэҕин биллэ. Кыылларынан араартаан, хайа кыылга         хайдах, ханан булт тэрилин уурары, кыыл туох мэҥиэҕэ ордук кииримтиэтин үчүгэйдик удумаҕалатар буолла. Киис обургу сытыйбыттан ураты мас көтөрүн таптаан бултаһарын биллэ, ол сордоохтор хаар анныгар утуйа сыттахтарына үөмэн кэлэн соһуччу үрдүлэригэр түһэн көтүппэккэ эрэ тутаттыыр эбит. Ол иһин мас көтөрүгэр түбэстэҕинэ ытан ылар, этэ бэйэҕэ сиэнэр, түүтэ мэҥиэҕэ    барсар. Уопсайынан киис улахан сиэмэх кыыл эбит, тииҥ эрэйдээх уйатыгар мас көҥдөйүгэр утуйа сыттаҕына тутан сиир, аны өссө онно топпокко куобах эрэйдээҕи наадыйдаҕына ороҕор тоһуйсан, эккирэтэн даҕаны тутан сиир олох  адьырҕа кыыл буоларын биллэ. Ити курдук уол сыыйа айылҕа суруллубатах кытаанах сокуонугар элбэҕи билэн-көрөн истэ.

Бу аар тайҕа икки атах санаата да тиийбэт киэҥ уораҕайдарынан күннэтэ айахтарын эрэ туһугар сылдьар, ол да буоллар айылҕа биэрбит аналынан төрөөн-ууһаан удьуордарын салгыыр туһуттан кытаанах оскуоланы бараллар эбит. Тыыннаах хаалар туһуттан хабыр  хапсыһыылар, уньуктаах уһун бэйэ-бэйэни ир суолларын ирдэһии, ким күүстээх ол тойон, иккиттэн биирэ эрэ тыыннаах хаалара бу айылҕа ханна да суруллубатах тыйыс сокуона буолар эбит. Ити курдук күннэтэ дьаныһан туран дьар ыгыран түүлээх бөҕөтүн бултаата, сорох күн өрөөн олорон түүлээҕин таҥастаан күнү быһа бадьыыһырар, хата бөрөчөөнө киис, кырынаас, саһыл этин  хамаҕатык сиэн иһэр, бөрө бөрө курдук айаҕын аһылыгар ыт курдук талымастаммакка туох да буоллун аҥаар кырыытыттан хадьырыйбытынан барар, ол эмиэ улахан сыраттан көстөр кыылларын этин икки айах кэмчилээн, нуормалаан сииллэригэр эбиискэ курдук буолла.

Биирдэрэ түүлээх соноругар, иккиһэ табаларын манабылыгар буолан кыыдааннаах тымныы кыһын обургу оройо ааһа охсубутун билбэккэ да хааллылар. Сурчаан табаларын доҕор оҥостубут курдук, күннэтэ кинилэри кытары эриссэн тахсар, биир эмэ таба үөртэн арахсан бэйдиэ бараары гыннаҕына кэнниттэн эккирэппэккэ иннин күөйэ охсон үөрүгэр төттөрү түһэрэр, борук-сорук буолуута үүрэн хараалларыгар аҕалтыыр. Кыыл кыыла өтөн, булчут удьуорун хаана киирэн сорох-сороҕор такымнарыгар түһүөх айылаах гынаттыыр, онтон анараалара бөрөлөрүн кытары доҕордоһон куота да сатаабаттар, бэйэлэрэ да хараалларыгар кэлиэх дьону харабыллара аһара түһэн илбис хаанын ханыаран эккирэтиһэ оонньоон эрдэҕэ.

Кыстык хаар халыҥаан, сатыы киһини самаҕынан буолла, сыыйа-баайа күн уһаан барда. Сэгэдьик уол биир өйүгэр хатыы сылдьар уурумньу санаалаах. Баччаларга күһүөрү хотуттан «мэйиилэ», ол аата баһаам элбэх, аата-ахсаана биллибэт кыыл таба үөрэ тахсан сир-дойду аайы ыһыллан, улахан үрэхтэр тардыыларынан аһылыктаах сири булан үөл маска тохтоон, кыстаан турар кэмнэрэ. Уол бу кыылларга бултанар санаалаах. Аҥаардас тайах этигэр     салҕан да бардылар, хайа уонна баччаларга эмис таба этэ сымнаҕаһа, миинэ барымтыата дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо. Аҕата дьыл баччатыгар кыыл таба бөҕөтүн сууһаран, хаһаанан өргө диэри таба этэ аһылыктаах буолаллар этэ. Бу эмиэ элбэх сыраны, сатабылы эрэйэр булка уол бөрөчөөнүн эрэнэр, наар кэннилэриттэн түһүспэккэ уолга ыттарар курдук эргитэн аҕалтыыра буоллар ханнык диэн бөҕөх санаалаах. Доҕоро сибиэһэй хааны амсайбатаҕа ыраатта, этэҥҥэ бултуйдахтарына сиэмэх хараанын уталытан, кыыл таба булдугар ылларан, умсугуйан туран бултаһар буоларыгар баҕалаах. Дьиэ табаларын эккирэтэн, иннилэрин күөйэ оонньуурунан көрдөххө син бултаһыан сөп курдук көстөр, онтон диҥнээх булдугар, элбэх үөр кыылга түбэстэҕинэ хайдах буоларын туох билиэ баарай. Сотору кэминэн уол бөрөтүн кытары тэринэн кыылга тахсардыы оҥостор.

Санаммытыҥ, күүппүтүҥ бу баар дииллэринии арай биир күн уол тордоҕун таһыгар сырыттаҕына дьиэ табатын батыһан эмиэ соччо элбэх  үөрдээх кыыл табалар хараал таһыгар тоҕо анньан кэллилэр, дьиэ табалара үөрүйэхтэринэн аһаҕас хараал аанын көрбүтүнэн кэлэн онно дьылыс гына оҕустулар, кыыллар онно киирбэккэ хараал сиэрдийэлэриттэн иҥнэн хорус гынан ханна барыахтарын билбэккэ чөмөхтөһө түстүлэр, бөрөтө кэннилэриттэн сырсан кэлбит. Уол хап-сабар лаабыс атаҕар ыйанан турар саатын эһэ      тардан ылаат арыый бэтэрээ соҕус сылдьар адаарыйбыт муостаах атыыры кыҥаат чыыбыһын тардан кэбистэ, атыыр дьиһигис гынаат кэннин кыаммакка олорон барда, атыттара саа тыаһыттан үргэн хараалы кыйа ойон истэхтэринэ бастакы кыылы ытан умса хорутта, кэнниттэн иһээччилэрэ, онтон мэһэйдэтэн хорус гыныыларыгар уол тутуу былдьаһан иккитэ ытан хаалла, кыыллар үрүө-тараа ойдулар, бөрөтө кэннилэриттэн түһүстэ. Уол эмиэ кинилэри суоллаан     кэннилэриттэн батыста, хата биир кыыл таптарбыт эбит, өлөн охто сытарыгар кэтиллэ түстэ. Салгыы сатыы ханна ыраах барыаҥый, санаатыгар баҕар бөрөтө төттөрү бугутан аҕалтыа диэн саспыта буолан күүтэн көрдө да туох да биллибэтэ. Сыыдам атахтаах кыыллар куотардыы оҥостон муҥ кыраайдарынан харса суох бардахтарына дэбигис ситтэрбэттэр. Ол да буоллар уол саатын сүгэ сылдьан хараалтан көлүүр табатын таһааран бултарын быалаан баран лаабыс таһыгар чугаһаталаата уонна биир биир астаталаабытынан барда. Ол курдук халлаан хараҥарыар диэри бадьыыстаста. Ол тухары бөрөтө биллибэтэ. Уол эт буһарынан сии-сии күүтэн көрөр. Кэнникиннэн ыксаан, дьиксинэн да барда.           Кыыллары эккирэтэн ыраах түһэн хаалан баран арааска түбэһиэн сөп, уол куттанара диэн бэйэтин удьуордарыгар түбэһиэн сөп,анараа кыыллар дьиэтийбит удьуордарын биир биэс тыла суох тутан аһылык оҥостоллоро саарбаҕа суох. Оннооҕор куттаммакка олохторугар кэлэн тута сыспыттара, кини суох бириэмэтигэр эбитэ буоллар тутан сииллэрэ чуолкай этэ. Куһаҕан санаатын үүрэ таарыйа этин, иһин барытын лаабыска таста, сүһүөхтээн араарыллыбыт атахтарын чуумҥа мас курдук кыстаан кэбистэ, тоҥорбокко эрэ тыстарын сүлэттиэ, хайа уонна атах уҥуоҕун силиитин охсон сиэ турдаҕа.

Ол курдук утуйбакка доҕорун күүтэ сырыттаҕына, түүн оройун саҕана анараата дьэ тиийэн кэллэ. Илистэн сылайбыта тута харахха быраҕыллар, түүтэ дэлби кырыаран баран тоҥон муус кыһааламмыт. Уол эмиэ өтөрүнэн үөрбэтэҕин үөрэн доҕорун аһатар түбүгэр түстэ. Бөрөтө улаханнык аччыктаабыт бадахтаах ситэ тоҥмотох сибиэһэй таба иһиттэн харса суох хабыалаабытынан барда, хаарга хам тоҥмут хааны салаамахтыыр. Сэрэйдэххэ кыылларын кэннилэриттэн сырсан ыраах түһэртээн баран, кыайан тохтоппокко сэниэтэ эстэн төннөөхтөөбүт быһыылаах. Чэ, туох буолуой эрэй үөрэтэр дииллэр, сыыйа кэһэйэн истэҕин аайы аччыктаатаҕына айбыт удьуордарын батан харса-хабыра суох да буоллар сааһын ситэрин саҕана чөмчөкөтө кимнээҕэр үчүгэйдик үлэлиир буолан иһиэҕэ турдаҕа. Бу да сырыыга хантан эрэ кэлэн ааһан иһэр кыыллары үөрүгэр холбуу охсон барыларын бииргэ үүртэлээн аҕаллаҕа дии. Аҕата баарыгар бу кыыл таба мэнээгиттэн сэрэнэр буолара, элбэх үөрдээх кыыл таба ааһан иһэн дьиэ    табатын үөрүгэр холбоон илдьэ баран хаалаллар эбит. Табаҕыттан мэлийдэҕин ол дии. Хата оччолорго эрэллээх табаларын манабыллара Баһырҕастаах Түргэн бэйэлэрин табаларыгар кэлии кыыллары чугаһатан бэрт, оннооҕор сур бөрөлөрү чугаһаппатахтара, өлөллөрүн кэрэйбэккэ ол адьырҕалары кытары    киирсэн табаларын быыһаан турардаахтар. Оо, билигин ол ыттара баар буоллунар, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй. Оччотугар өйдөөх баҕайы ыттар Сурчааны кыра эрдэҕиттэн бэйэлэрин кытары илдьэ сылдьан барыга-бары үөрэппит, такайбыт буолуо этилэр. Үс буолан тугу тулутуохтарай, аҕыйах бөрөҕө кыайтарбаттара биллэр, соҕотох бөрө түбэстэҕинэ үһүөн куолаан, дэлби мөрөйдөөн     туталлара чуолкай. Хаар халыҥар кыыл табаны эмиэ куолаан тоһуйсан эҥин, сэниэлэрин эһэн бэйэлэрэ да тутаттыыр буолуохтара хааллаҕа.

                    

Кыһыҥҥы томороон тымныылар тыыннара тахсан, арыый сымнаан              кылгас кыһыҥҥы күннэр уһаабыкка дылы буоллулар, мэктиэтигэр бары барыта, сирдиин-халлаанныын сырдаабыкка дылылар. Ол да буоллар күн үрдүк туруук хайалартан мэһэйдэтэн быган бэйэтин көрдөрө илик. Чысхаан тыал сиккиэрэ киһи сирэйин хаарыйыах айылаах чыһыыран хаар үрүт сымнаҕаһын талан хотуттан соҕуруу үүрэн чыһыырдар. Намыһах хотоол сирдэргэ киллэрэн мунньар, маннык кытааппыт хомурахха түбэстэххэ кыыл батыллар дьаабыта.          Дьэ бу маннык халыҥ хаар кытааппыт кэмигэр кыыл сырыыта бытаарар, хамныыр да буоллахтарына бэриэтчик атыыр тэлбит олугар үктээн орох тэбэллэр. Бу маннык орохторго түбэһиннэрэн булт тэрилин айа эбэтэр туһах иитиэххэ сөп. Биирдэ аҕатынаан сылдьан бу маннык орохторугар ииппит туһаҕар кыыл таба иҥнэн турарыгар түбэспиттэрэ. Билигин ааспытын кэннэ кэлэн санаатахха аҕата уолун олох эрдэттэн батыһыннара сылдьан айах кэпсээнинэн эрэ буолбакка, дьиҥнээхтик тыыннаах булду илиитинэн атаҕынан тутуһуннаран туран үөрэппит, бэрэбиэркэлээбит эбит. Кырдьык оччолорго Сэгэдьик онно кыылга бастаан түбэһэн уонна оҕо оҕото өтөн, ол доҕуур угаайытыгар киирэн иҥнэн баран кыайан босхоломмокко көҥүлгэ көтөөрү мөхсө сатыыр табаны аһынан уонна долгуйан хаалан үһүс ытыытыгар биирдэ табан охторбута. Онно аҕата кыыһырбатаҕа, хата кыыл табаны, тайаҕы ханан кыҥаан ытыллыахтааҕын, уйан миэстэлэрин көрдөрө-көрдөрө быһаара сатаабыттаах. Дьэ билигин кэлэн кинини үөрэтэр, такайар киһи суох, ол да буоллар уол оҕо сааһа аҕатын кытаанах     оскуолатын барбытынан уонна тыыннаах хаалар туһуттан бэйэтин эрэ эрэннэҕинэ табыллар.

Бу кылгас кыһын иһигэр уол элбэххэ үөрэннэ, үөрэниэ эрэ дуо,          өссө эбиитин бэйэтэ булка үөрэтэр киһилээх. Онто бэйэтин курдук бытаан да буоллар син оннукка-манныкка үөрэниэх курдук чинчилээх. Уол өйдөөн көрдөҕүнэ бөрөчөөнө эт тутан арыый баараҕадыйбыт, түүтэ уһаан, атахтара модьураабыт курдуктар. Бэйэтэ арыый өйүн туппут киһилии барытын өйдүүр курдук     сытыы саһархайдыҥы харахтарынан тонолуппакка одуулаһар, олохторун таһыгар манна мин эмиэ хаһаайыммын диэбиттии аа-дьуо хаамыталыыр. Инньэ гыннаҕына уол лаабыстан ылан тугу эмит быраҕан биэрдэҕинэ үөрбүтүн, махтанарын биллэрэн ыт курдук кутуругунан оонньоон, сылаас баҕайытык көрүтэлиир. Итинник эйэ дэмнээхтик, туох да кыһалҕата суох табаларын манаан, бултаан-алтаан кыһыны туораан истилэр. Ону баара чугаһынан бөрөлөр бааллара билиннэ, биллиэхтэрэ эрэ дуо, табаларыгар саантаан хараалга чугаһыы сырыттылар. Табалар ону билэн дьиэ таһыттан арахпат буоллулар, бөрөчөөнө эмиэ       удьуордарын билэн тэһииркэйбит курдук, били бу иннинэ удьуордара тута сыспыттарын өйдөөтөҕө буолуо, уруурҕаһан утары барбата,хата хайдах буолабыт диирдии иччитин көрүтэлиир. Сэгэдьик арыый тэйиччи хараалга чугаһыы сатыыр орохторун булан айа тарта. Өр буолбата биир түүн ол диэки алдьархайдаах хадьырыйсыы буолла, бэйэ-бэйэлэрин кытары киирсэн харса суох хадьырыйсаллар быһыылаах. Уол хаппыт маһы мунньан улахан кутаа оттон күдээриттэ, саатын бэлэм туппутунан бөрөчөөнүнээн уот сырдыгар табаларын таһыгар сырыттылар. Бөрөлөр антах балайда мадьыктаһан баран чуумпурдулар. Сарсыарда халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ баран көрбүттэрэ ыраас хаарга ынырыктааҕай кыргыһыы буолан ааспытын бэлиэтэ хаан-сиин бөҕөтө, хаары үнтү тэпсэн чигди оҥорбуттарыгар онно-манна көмүллэммит уҥуохтар, сото, агда адаарыһа сыталлар. Сирийэн көрдөххө бастаан испит бөрө айа кирсин таба үктээн айа дьөрбөтүгэр таптаран өлөр өлүүтүнэн мөхсүбүтүгэр, сибиэһэй хаан сытын ылбыт аччык адьырҕа удьуордара тутатына бары өттүттэн үрдүгэр саба түһэн хадьырыйбытынан барбыттар быһыылаах, ол былдьаһыгар илбистээх киирсиигэ хотторон хааннырбыт сордоохтору эмиэ тутаттаан сиэн кэбиспиттэр. Киһи олоҕор дэҥҥэ көстөр олох сэдэх алдьархайдаах икки атах куйахата күүрэр көстүүтэ. Бу алдьархай төрүөтүнэн буолбут айаҕа таптарбыты кытары өссө эбии икки сордооҕу сор суоллаабыттар. Бөрөлөр тустарынан уол аҕатыттан истэн элбэҕи билэр. Үөр бөрө, биир ийэ уруута, бары биир ийэттэн-аҕаттан төрөөбүттэр бииргэ сылдьан биир мөлтөөбүтү, эбэтэр урутаан хаан таһаарбыты балыс-быраат диэн араарбакка тутан сиэн кэбиһэллэрин туһунан элбэҕи истибитэ. Дьэ кытаанах дьикти  адьынаттаах кыыллар диэтэҕиҥ.

Биир өттүнэн санаан көрдөххө  эмиэ да оннук буолуохтааҕын курдук, айылҕа тыйыс усулуобуйатыгар кыһыҥҥы тымныыга кур аччык сылдьар бөрө ууһа сибиэһэй хаан сытын ылла да туймааран, сиэмэх айылгыта киирэн кэлэр эбит. Өр кэмҥэ айахтарын кыайан булуммакка олох быстаран да хаалыахтарын сөп, аччыктаан сэниэлэрэ эстибит кыыллар кыайан бултуйбакка тыыннара быстарыгар тиийэр, онон аттыларыгар сылдьар биир мөлтөөбүтү ыһык гынан арыыйда сэниэ киллэринэн олохторун салгыыллара бу айылҕа бэйэтэ билэринэн айбыт суруллубатах сокуона буолан эрдэҕэ. Ол да иһин бөрө обургу бу орто дойдуга түөрт атахтаахтартан саамай сиэмэхтэрин аатын сүгэн сырыттаҕа. Бэйэлэрин удьуордарын үссэнэн сэниэ киллэриммит адьырҕалар төннүбэттии ыраата барбыттар быһыылаах, кэлин биллибэтилэр. Оннук эрэ буоллун диэн санаалаахтар бу икки доҕордуулар.

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...