26.01.2023 | 14:53

Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар

Төрдүс чааһа.
Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар
Ааптар: Захар Федоров
Бөлөххө киир

Уол бу хотугу дойду хоһуун удьуорун хаана тардан бу түбэлтэни түргэнник аһара охсон уонна биир үксүн өссө да бэйэтэ айаҕын булунар кыаҕа суох доҕоро сибиэһэй эккэ наадыйарын, ону таһынан ол сибиэһэй эти хайдах, хантан булар албастарга үөрэтээри нөҥүө күнүгэр эмиэ тыаларыгар таҕыстылар. Бу сырыыга эмиэ үрэхтэрин таҥнары батан иһэн туора арахсар атаҕы,      үрүйэни тутустулар, манна кумахха тайах суола хойдон барда, ону кытары Сурчаана тыаҕа тахсан сүтэн хаалла. Өр өтөр буолбата үөһээттэн үрдүк күрүлгэн үрдүттэн биир кыра тайах ыстанан түстэ да дьара үрэх уутугар киирэн, арааһа куоттум, бөрө ууга киириэ суоҕа диэбит курдук турунан кэбистэ, төбөтө кэннигэр биэрэккэ сүүрэ сылдьар бөрөҕө буолла, уолу көрбөт. Сэгэдьик ол бириэмэҕэ сааскы уу аҕалан хаалларбыт адаарыйбыт силистэрин кытары сытар улахан мас силиһин кэннигэр сөрүөстэ охсубута. Уоскуйан баран саатын силискэ ууран өйөннөрөн туран өөр да өөр кыҥаан баран ытан саайда, тайаҕа иннин хоту ыстаныах курдук гынан иһэн умса хоруйда, уол үөрүүтүттэн быһаарыыта суох саҥа аллайаат, хаххатыттан ойон тахсан тайаҕар сүүрдэ, арай ол сүүрэн иһэн көрбүтэ тайаҕа ойон туран куотардыы күрүлгэн диэки атаралаан эрэр, Сурчаан кэнниттэн түһүстэ, тайах сааҕа таптаран мөлтөөбүт көрүҥнээх, күрүлгэн анныгар тиийэн турунан кэбистэ, Сурчаан оҕотук санаатыгар бу адаарыйбыт улахан кыылтан толло быһыытыйан чугаһаабат, ол да буоллар суоһурҕанан тиистэрин килэтэн, көхсүн бөгдьөтөн баран кэннигэр ырдьыгыныы сыл     дьар, уол бу иннинэ тайахха тэбистэрэ сылдьыбытын өйдөөн наһаа чугаһаабата, тэйиччи туран иккиһин ытан саайда, тайах ыгдах гынаат атахтарын адаарыппытынан иттэннэри баран түстэ. Сурчаан өссө да тэбиэлэнэ сытар тайаҕы сытырҕыы-сытырҕыы эргийэ хаамар, онтон субу сибиэһэй хаан сытын ылла быһыылаах, тиистэрин килэппитинэн түбэһиэх түһүтэлээн түүтүн үргээбитинэн      барда. Аҕата булка наадалаах оскуолатын барбыт уол тайаҕын хабарҕатын хайа тардан хаанын сүүртэ уонна бөрөтүн онно үҥүлүттэ, биирдэрэ соруттара барбакка иҥсэлээхтик хааннаах хабарҕаҕа түһүспүтүнэн барда, уоҕа харыырын күүтэ таарыйа, тайаҕын сойутан баран кэнниттэн саҕалаан сүлбүтүнэн    барда. Иһин хайытан, онтон бөрөчөөнүгэр мэһэйдэспэтин диэн туспа өлүүлээн уурбутун анараата истэ үөрэммитинэн туора сытан сиэбитинэн барда, бэйэтэ тайах бүөрүн хабыалаан үссэммитэ буолар. Күнү быһа бадьыыстаһан киэһэриитэ дьэ бүттүлэр. Тайахтарын этин мас тэлгэтэн баран онно чөмөхтөөн, тириитинэн сабан кэбистилэр. Эмиэ аҕатын үтүктэн хаппыт тиит маһы кысталаан сытыы төбөлөөх айа ырбатын курдуктары оҥорон этин тула кумахха туруору аста.Ол аата сиэмэх суордары куттуур албаһа буолар. Уучахтарыгар тайах  иһин уонна ойоҕосторун ындан баран бу сырыыга баҕас бултуйбут дьон быһыытынан үөрэ-көтө хараҥаны сирэйдэнэн олохторун быстылар.

                   

Кэлиҥҥи кэмҥэ бөрөтө төһө да киһиэхэ убанан дьиэ кыыла буолан сырыттар, бөрөтүн хаана өтөн, сиэмэх кыыл удьуора буоларын биллэрэн ыраах туруук хайалар диэки олоотон олорон ыйдаҥалаах түүннэргэ улуйар буолан барда. Чугас аһыы сылдьар табалар ону истэ-истэ сэрэхэдийбит курдук  тордох таһыгар мустан хонор буоллулар. Ол курдук биир түүн улуйа олордоҕуна чугас аһыы сылдьар табалар туохтан эрэ үргэн тоҥ сиргэ сүүрэн лиһигирэһэн кэлэн тордох иннигэр хорус гынан, чөмөхтөһө түстүлэр. Түүнүн куруутун сэргэх сытар уол саатын туппутунан таһырдьа ойон таҕыста, табалар сүрдэрэ турбут, бордурҕаһа-бордурҕаһа тордох иннигэр аалыҥнаһа сылдьаллар, хайа тэллэҕин диэки арыый тэйиччи адьырҕалар хабыр хапсыһыылара оргуйан олорор, хапсыһыы буолуо дуо, кини Сурчаанын хас да бөрө охторо сытыаран бары өттүттэн түһүөлүү сылдьаллар, уол ону ыйдаҥа сырдыгар көрөөт, куттанарын умнан туран хаһыыра-хаһыыра сүүрэн иһэн тыас таһааран үрдүлэринэн ытан хабылыннарда, ону күүппэтэх бөрөлөр үрүө-тараа ыстаннылар, оҕотун олох сиэбиттэр, кыайан турбакка төбөтүн өндөтөн аһыннараары гыммыт киһи курдук ыйылаамахтыыр эрэ, уол оҕотун сыһан-соһон тордоҕор киллэрэн таба тэриитин тэлгэтэн онно сытыарда. Таһырдьа тахсан отуутугар улахан кутаа отунна, хаппыт мастар таһыгыраччы умайан уот төлөннөрө халлааны харбыалаһан күдэпчилэннилэр. Бөрөтүн сирийэн көрбүтэ улахан аһаҕас баас суох да буоллар, бүтэйдии убахтаабыттар быһыылаах, ыараханнык тыына-тыына сытаахтыыр. Уол хайдах да көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан уонна доҕорун аһыйан уу-хаар баспыт харахтарын туора соттор. Бу түүн утуйбакка кутаатын күөдьүтэн биэрэ-биэрэ киирэ-тахса сырытта. Бөрөлөр барбыттар курдук, кэлин биллибэтилэр. Табалар уоскуйан тэлгэһэҕэ сытынан кэбиспиттэр. Ол аата чугаһынан куттал суоһуура уҕараабыт быһыылаах диэн быһаарда бу эргин соҕотох икки атах.

Уол хас да күн ханна да барбакка бөрөтүн таһыгар сырытта. Эт     буһаран ол миинин иһэрдэ сатыыр. Икки-үс хонугунан ыарыһах бастаан эт миинин иһэр буолла, аһаҕас баастарын саланан тахсар, сыыйа таһырдьа содьороҥноон да буоллар тахса сырытта, бэттэх кэлэр чинчилэннэ. Кыыл тостубатах мүлүгүр баастарын бэйэтэ эмтэнэр диэн аҕатын кэпсээнэ оруннаах курдук буолан тахсар. Кырдьык сотору кэминэн бөрөтө атаҕар туран чугас эргин көҥүл сылдьар буолла. Ол оннугар тоҕо эрэ аны бэйэлэрин хаан-уруу удьуордарын ыҥырсан улуйбат буолла, эбиитин соҕотоҕун ыраата барарын-кэлэрин тохтоппут курдук. Уол тойоннуурунан, бөрөтө бу аар тайҕа үрдүнэн бу уолтан ордук доҕор суоҕа, хаан-уруу удьуордара киниэхэ доҕор буолуохтааҕар кырыктаах     өстөөхтөрө буолалларын этинэн-хаанынан, сүрэҕинэн сэрэйбит курдук. Төһө да  адьырҕа кыыл удьуора буоллар бу саҥа өйүн-төйүн булан эрэр бөрө оҕото бу орто дойдуга билбитэ эрэ уонна өлөр өлүүттэн быыһаппыт икки атахтааҕа киниэхэ соҕотох эрэлэ, доҕоро буоларын эмиэ билиннэ. Ити түбэлтэ кэнниттэн доҕордуулар сыһыаннара эбии тупсан, бэйэ-бэйэлэрин өссө ыкса чугаһыннартаата, ханна да буоллун, ханнык да ыксаллаах түбэлтэҕэ аар тайҕа суруллубатах сокуонунан доҕор туһугар, кини көмүскэлигэр өлөрү да кэрэйбэт буолуу икииэннэрин өйүгэр-санаатыгар бигэтик хатаммыт курдук буолла.

                    

Сотору кэминэн кыыдааннаах тымныы кыһын сыыйа кэлэн иһэрин биллэрэн бастакы хаар түстэ. Айылҕа уларыйар кэмнэрэ эмиэ биир дьикти көстүү, ол тыа киһитигэр ордук күүскэ биллэр уонна олоҕор-дьаһаҕар барыта олус  суолталаах буолар. Бастакы хаары кытары таба көлүүрэ саҕаланар, турку сыарҕаннан айанныырга чэпчэкитэ, олорсо сылдьан туох да сылаата-элээтэ суох ханна баҕарар тиийиэххэ сөп. Аны туран биир саамай умсугутуулааҕа күндү түүлээх булда саҕаланар, хайа ону кытары унньуктаах уһун кыһыны быһа сиир эккин тоҥорон хаһаанарыҥ олус табыгастаах. Биир күн уол улахан көлүүр табаларын тутан, бөрөтүн батыһыннаран тыаҕа таҕыстылар. Доҕоро  үтүөрэн, тэлгэһэттэн тэйбэтэҕэ таайан көнньүөрбүт, бултанар, хаан таһааран баҕатын ханнарар баҕата уһуктан илин-кэлин түһэ сылдьар. Баччаларга, аҕата кэпсииринэн, тайахтар хаайсан «таҕылларын таһааран» уоскуйан, өссө да ыытыспакка сылдьан, сэниэ киллэринэн талахтаах сиргэ тохтоон бииргэ сылдьар кэмнэрэ буолуохтаах. Бу сырыыга сирэ-уота көнөтүн талан хайа тэллэҕинэн соҕуруу хайысханы тутустулар. Балайда барбахтаан иһэн күн ортотун саҕана кыра үрүйэ талаҕыттан биир тайаҕы туруоран,бөрөтө кэнниттэн түһүстэ. Уол суолларын батан иһэн өйдөөн көрбүтэ бөрөтө наар кэнниттэн кутурук уопсан сырсар эбит, Баһырҕастаах курдук иннилэригэр түһэн, күөйэн тохтотор диэни сатаабат буолан эрдэҕэ. Оннук күнү быһа кэннилэриттэн сырсан өссө атын икки тайаҕы куоттардылар. Олохторуттан ыраатан хаалан халлаан борук-сорук буолуута уулаах, таба аһылыктаах үөл сири булан хоннулар.

Халлаан суһуктуйа сырдыыта туран саҥардыы хоҥнон иһэн үс тайахха түбэстилэр. Үрүйэ талаҕар аһыы турбут аарыма лөкөй оҕолоох тыһытын көмүскээн, арааһа соҕотох оҕотук бөрөнү сэнээбит быһыылаах, куттанан куоппакка буугунуу-буугунуу адаарыйбыт муостарынан силбиэтэнэн бөрөчөөнүгэр түһүөлүү сатыыр, бөрөтө аһыытын ардьатан, ырдьыгыныы-ырдьыгыныы туора көтөн биэрэр, оҕолоох тыһы онтон эр ылан, атыырдарыгар эрэнэн сэрэхтэрин сүтэрэн туох буоларын кэтээн тураллар. Уол онон туһанан сытын ылларымаары эргийэн сарсыардааҥҥы салгыны утары, талахтарынан хаххаланан тыһы тайахха чугаһаан истэ, онтон тайахтар тыаһырҕаатылар быһыылаах, тугу эрэ сэрэйэн хамнаан, ийэ тайах хата саа тэбэр сиригэр ырааска тахсан биэрдэ, уол тутуу былдьаһан ытан саайда, тайах буулдьалыы ыстанна, кэнниттэн оҕолоох атыыр ыстаннылар, бөрөтө эмиэ  кэннилэриттэн түһүстэ. Уол байанайдара итиччэ үлүгэр тохтотон биэрбит тайахтарын куоттарбытыттан абатыйан, ытыахча курдук буолуталаата, ол да буоллар санаата буолбакка тайахтар суолларын батта, арай ол иһэн көрбүтэ хаарга хаан таммалаабыт, уол ону көрөөт сүрэҕэ тэбэн кэбистэ, хаамыытын түргэтэтэн хааннаах  суолу батыһан истэ, аны тайах хаана таммалаабакка икки өттүнэн ыһыахтаан хойдон барда, ону кытары бэскэ тахсан охтон адаарыйа сытарын бөрөтө хааннаах сиринэн убахтыы аҕай сылдьар, хаана турбута сүрдээх. Уол тайаҕы хабарҕатын быһан хаанын сүүрдүбүтүгэр, бөрөтө ону эрэ күүппүт курдук түһүспүтүнэн барда. Аара хаалларбыт табаларын аҕалан, лабыкталаах бэскэ ыыталаан баран хаппыт мас мунньан кутаа отунна уонна наҕылыччы тайаҕын сүлэн барда. Ол курдук эт үөлэн үссэнэ-үссэнэ, икки тот дьон манна күнү быһа бадьыыстастылар. Халлаан хараҥаран манна хонор буоллулар. Тот дьон туох буолуохтарай, уол уотун эбэн, күөдьүтэн баран таба тэллэҕин тэлгэнэн утуйан хаалла. Сарсыарданан тыҥ хатыыта тоҥон уһугунна, уотун эбэн, эт үттэн сии-сии халлаан сырдыырын кэтэстэ. Табалара аһылыктаах сиргэ түбэһэн хата ырааппатахтар, эттэрин тиэнэн олохторун быстылар.

                       

Бу күннэргэ былыттаах ичигэс күннэр турдулар, хаар түһэн үллүктүүр. Маннык силбиктээх күннэргэ кыыл мээнэ хаампат, ол аата суоллаабат буоларын уол сүрэҕинэн сэрэйэр. Доҕордуулар олохторуттан ырааппаттар. Уол аҕатын булдун тэрилин лаабыстан түһэрэн онтун бэрийэр, хайа сотору күндү түүлээх соноругар тахсыахтара турдаҕа. Таах олоруохтааҕар уол бөрөтүн хайа сатанарынан булт тэрилин чааххааны, айаны, ол кирсин быһа хаампатыгар бэйэтэ билэринэн үөрэппитэ буола сатыыр, көрбөтүгэр тордохторун эргин чугас чааххаан иитэн онно үктэтэн сарылатар, айа оноҕоһунан тамнааттаан дэлби кыыһырдар, араас илэ-была тылларынан, бу сатаммат диэни өйүгэр хатыы сатыыр, бөрөтө төһөтүн өйдүүрэ эбитэ буолла, ол да буоллар уол санаатыгар ыт курдук «чоот» диири син аҕай өйдүүр курдук.

Ол үөрэхтэрин быыһыгар табаларын маныыллар, бу эмиэ биир туспа үөрэх. Ыраатыннарбакка үксүн олохторун таһыгар тута сатыыллар. Хата бөрөтө табалары кытары ыалласпыт курдук, сыыйа үөрэнэн ыраатаары гыннахтарына күөйэн олохторугар чугаһата сатыыр буолла. Дьиэ табаларын иннилэригэр түһэн бугутан иччитигэр уонна тордоҕор күөйэн аҕалар буоллаҕына кыыл табаларга түбэстэҕинэ хайдах дьаһаныа эбитэ буолла диэн санаа уолтан арахпат буолла, сотору кыыл таба үөрэ алларааттан тахсан киэҥ сиринэн ыһыллан маска кыстыахтара турдаҕа, дьэ онно уол бөрөтүн үөрэтэн бултанар санаалаах. Онтон бэйэлэрэ тарбахха баттанар аҕыйах ахсааннаах көлө уонна төрүүр табалаахтарыттан маппатахтарына табыллар, баччаларга хаар чарааһар түөрт атахтаах сур бөрөлөр онон-манан сундулдьуһан эрдэхтэрэ. Ол иһин сэрэхэдийэн түүнүн олохторун таһыгар аҕалан хараалга хаайан хоннороллор. Дьыл хонук бириэмэтэ кэллэҕэ буолуо, түүнүн тымныйталыыр, сарсыарданан дьыбарданан барда. Баччаларга күндү түүлээх түүтүн кырса ситэн күүттэриилээх кинилэргэ сонор кэмэ саҕаланар. Уол аҕата баччаларга түүлээх соноругар тахсар буоларын үчүгэйдик өйдүүр.

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....