23.01.2023 | 17:03

Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар

"Киин куорат" хаһыат литературнай күрэҕэр киирбит айымньылартан таһааран саҕалыыбыт.
Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар
Ааптар: Захар Федоров
Бөлөххө киир

Адаардаах арҕастаах таас Дьааҥы хайаларын тэллэҕэ. Бу үөһээ мэҥэ халлааҥҥа тиийиэхтии тоҥ муус хаары бүрүммүт, аан тымныыннан аҥылыйар былыкка тиийэ тарбачыспыт таас очуостардаах хайалар сири-дойдуну барытын сабардаан хотугу муустаах байҕалтан тардан бүтэр уһуктара киһи санаата тиийбэт уораҕайдарынан тайаан бардар бара тураллар. Дьэ манна унньуктаах уһун тостор томороон тымныылар сыыйа намыраан, саас барахсан эргиллэн кэлиитэ бу амырыын дойдуга эмиэ ханна да буоларын курдук аан айылҕа барахсан бүтүннүү уһуктан, көтөр-сүүрэр эриэккэс саҥатынан туолла, аардаах аргыардаах аан тымныыннан аҥылыйар аппалар быыстарыттан хаһан да ууллуо суох курдук сыппыт тоҥ муус хаардар сыыйа-баайа ириэрбит ууларын хаһааҥҥыттан эрэ анаан орох тэппит намыһах сирдэринэн, аппаларынан сыккыратан, аллараа киирдэхтэрин ахсын күүһүрэн, холбоһон, кэҥээн туспа ааттаах суоллаах үрүйэлэргэ, үрэхтэргэ кубулуйан бүтэн биэрбэт халлаан күөҕэ дьэҥкир ыраас ууларын улуу Өлүөнэ эбэккэҕэ түүннэри-күнүстэри тохтобула суох кутан куллугуратан бардылар.

Бу маннык үгүс улахан үрэхтэртэн көҕөрөн көстөр ыраас уутунан аатырбыт Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар, баараҕай хайалар тэллэхтэригэр кыракый ырааһыйа күөх хонуу баарыгар кырачаан ураһа-тордох сыысчаана көстөр. Манна тыынар-тыыннаах икки атах баарын туоһулуурдуу ураһа оройуттан бур-бур күөх буруо унаарыйар. Тордох иннигэр икки атаҕын оллооннуу ууран онтун үрдүгэр төбөтүн төҥкөтөн, бөгдьөйбүт саннын хам-түм иэттэн ибирдэтэ  эдэр уол оҕо олорор. Сааскы сылаас салгын уонна күн уота быһа сиэн хараардан килэрийбит сирэйин өрө көрбүтэ икки кыараҕас харахтарыгар уу-хаар баспыта улахан ыар санааҕа баттатан олорорун кэрэһэлиир курдуктар. Буолумуна даҕаны… Бу борбуйун саҥардыы көтөҕөн, икки атаҕар кыанан чиҥник турар эрэр уолчааҥҥа эмискэ үлүгэр күүппэтэх өттүттэн аан дойду иччилэрэ бу туох айылаах ыар айыытын оҥорбутугар дылы куһаҕан ыар тыыннарынан сабардаан, имири эһэн ааспыстара буолуой. Оо…олорбуттара ээ, бу аата ааттаммат ыар нүһэрэҥ ыарыы эйэ дэмнээхтик быр-бааччы олорбут ыалы имири эһэн ааста. Сэгэдьик уол быйыл саҥардыы уон биэс сааһын туолбута. Кыра балтын Ньукуну батыһыннара сылдьан бэйэлэрэ туспа дьаһанан кыра булка       куска, мас көтөрүгэр, куобахха тиргэлээн, айа-сохсо иитэлээн үчүгэйдик да сылдьыбыттара. Ийэлэрэ барахсан күннэтэ кинилэр таҥастарын-саптарын бэрийэн, чуум ис-тас үлэтиттэн орпот буолара. Аҕалара баай байанайдаах Бакыас бу сүдү хайалар быыстарынан күндү түүлээх соноругар, кыыл таба, тайах булдугар хонуктаан сылдьара. Сааһын-сайынын олохторун эбэккэтин таҥнаран киирэн балык арааһын хоторон тахсара. Ааттаах сонордьут уонна маныыһыт ыттарын батыһыннара сылдьан отучча үөрдээх дьиэтээҕи уонна көлүүр табаларын манаан, аһылыктаах сири кэритэн сотору-сотору көһөртөөн бадьыыһырара. Ити курдук эйэ-дэмнээхтик бур-бур буруо унаарытан олорбут дьону биллибэт ыар тыыннаах ыарыы туран барыларын судьуйан чуумнарын иһигэр охтортообута. Сэгэдьик уол төһө өр ыалдьан сыппытын өйдөөбөт, биирдэ өйдөнөн хабыс-хараҥа чуум иһигэр төбөтүн өндөтөн нэһиилэ саҥа таһааран дьонун ыҥыртаан көрбүтэ да, ким да эппиэттээбэтэҕэ. Уол эрэйдээх кинилэр тустарыгар улахан иэдээн эҥээрдэспитин сүрэҕинэн сэрэйэн сэниэтэ да суох буоллар ис-иһиттэн иҥиэттэн ытыы сытаахтаабыта… Ийэлээх аҕата уонна кыра балта Ньуку эрэйдээхтэр аны хаһан да уһуктубат ууларыгар утуйа сытахтыыллара. Оттуллубатаҕа ырааппыт тоҥ-хаһаа тордох аанын сэгэтэн уол таһырдьа тахсан ыраас салгыны эҕэрийбэхтии олорон  хайдах эрэ биллибэт  күүс сэниэ, күүһүгэр күүс эбэргэ дылы гынна, мэйиитэ эргийэрэ тохтоон, тулата сырдаан өлбөөдүйбүт  харахтара аһыллан бардылар. Бу аан дойду үрдүнэн соҕотоҕун хаалбытын өйдөөн уонна аны букатын бу ийэ сиртэн барбыт дьонун анараа дойдуларыгар бэйэтэ атааран харайыахтааҕын сүрэҕинэн сэрэйдэ. Маннык ыарахан балаһыанньаҕа хайдах буолуохтааҕын ким сүбэлээбитэ, үөрэппитэ баарай, ол да буоллар хантан өй ылбыта буолла, бу  маннык биллибэт ыарыыттан барбыт дьону уоттаныллыахтаах курдугун сэрэйэн дьонун биир-биир сосуһан, ураһа таһыгар чугас баар таптаан мэлдьи оонньуур кыракый томтор курдук сиргэ таһаартаан, тоҥ сир кырсын ылаттаан, онтугар кэккэлэһиннэрэ сытыартаан баран, таба тириитэ тэллэхтэринэн сапта. Тыаттан кураанах мас кэрдэн киллэрэн үрдүлэригэр чөмөхтүү мунньан баран уоттаан кэбистэ. Маны барытын ким эрэ көстүбэт күүс үтүрүйэн, дьаһайан оҥотторор  курдук. Бу аан ийэ дойдуга олох олордоору күн сирин көрдөрбүт  дьонун киирбэт күннээх түүн бадьыыстаһан син силигин ситэрэн ийэ буордарыгар кистээн дьаһайтаабыт курдук.

Аны салгыы хайдах буолар, тугу дьаһанар.

Итинник ыар санааҕа баттатан Сэгэдьик уол бу ураһатын иннигэр бүк түһээхтээн олорор. Санаан көрдөҕүнэ чугаһынан ыал баарын өйдөөбөт, арай биирдэ саас хаардаахха турку сыарҕаннан хонуктуу айаннаан улахан чыыстайга дьон мустан олорор түөлбэлэригэр тиийэ сылдьыбыттаахтар.Оо, онно дьон бөҕө мустан, араас мааны киэргэллээх таба таҥастаах кинилэр саастыыта оҕолору кытта оонньоон-көрүлээн да биэрбиттэрэ. Ол киһи санаата тиийбэт сиригэр бу билигин уу-хаар тахсан, үрүйэлэр, үрэхтэр толору   ууланан турар кэмнэригэр ыраах ханна да кыайан барыллыбатын Сэгэдьик уол син билэр. Муҥ саатар били эрэллээх доҕотторо ыттара суохтар, арыый үөһээ тахсан табаларын маныы сырыттахтара дуу, ол да буоллар итинник уһуннук сүтээччилэрэ суох этэ эбээт. Бу маннык олорон уол аччыктаабытын дьэ өйдөөтө. Тугу эрэ дьаһаннаҕына сатаныыһы, аны кэлэн киниэхэ урукку курдук ким даҕаны бэлэм аһы астаан биэрбэт. Бэйэтигэр эрэ эрэннэҕина сатанар. Туран тимир чаанньыгар үрэхтэн уу баһан таһаарда, лаабыстан хатарыллыбыт эт баарыттан түһэрэн, өтөрүнэн аһаабатах киһи онтун харса суох хабыалаата, чаанньыгын тумсуттан тымныы ууну иһэн киллиргэттэ. Арыый хараҕа сырдаан, сэниэлэммиккэ дылы буолла. Бастатан туран хайа тэллэҕэр үөһээ тахсан ыттарын уонна табаларын суолларын хайыахха, бу баччаҕа үөн-көйүүр түһэ илигинэ аһылыктаах сиргэ тохтоон турар буолуохтаахтар. Сып-сап ыраах барар киһи быһыытынан хомуммута буолан, аҕатын хаһан эрэ өрдөөҕүтэ түүлээх хомуйар атыыһыттан мэнэйдэһэн ылбыт эмэрикээнискэй бинчиэстэр саатын уонна саа сэбин уктар тирии суумкатын сүгэн ыраах ыарахан айаҥҥа турунна. Ыарахан хараҥа куһаҕан дьай ыарыыта кырачаан уолу улаханнык мөлтөппүт, сэниэтэ эстэн сотору-сотору тохтоон сынньанар. Үөһээнэн хойуу үөрдээх хаастар төрүү-ууһуу хоту ааһаллар, олору сайыспыттыы одуулаһа олорон дьонун суохтаан хараҕыттан уу-хаар бычылыйан тахсыбытын туора сооттоот туран салгыы  хаамар. Дьиэ табалара тохтоон туран аһаабыт-сиэбит хотооллоругар тахсан суолларын-иистэрин сэмээр сылдьан хайан көрбүтэ киһини эрэ ытырыктатар сабаҕалааһын ырылыччы көстө сытар, үөр таба туохтан эрэ үргэн күргүөмүнэн сир кырсын тоҕута тирэнэн, уулаах-хаардаах бадарааннаах сири тоҕута барчалаан бары хоту түспүттэр. Кэннилэриттэн ыраас буорга мөөмүк суола ыраах ыраах уурталаан от-сир кырсын тоҕута тэбиэлээн ааспыта бу ырылыйа сытар. Суолуттан көрдөххө  аарыма улахан кырдьаҕас табалар кэннилэриттэн түһүспүт. Баччатааҕы кэмҥэ, кыһыҥҥы уораҕайыттан саҥардыы тахсыбыт аччык аар-дьаалы олус кутталлааҕын уол уруккаттан билэр уонна соҕотоҕун бу сэниэтэ суох сылдьан кинини кытары туруулаһар кыаҕа суох. Бэйэтин былдьатыан сөп, мантыҥ саҥардыы күн сирин көрбүт тугутчааннары туппут буоллаҕына арахпат, сэмнэҕиттэн көҥөнөн билигин кимиэхэ баҕарар дьорҕойор кутталлаах. Ыттара барахсаттар өр кэмҥэ манаан, бүөбэйдээбит «оҕолорун» туһугар өлөллөрүн да кэрэйбэккэ охсуһан тыыннарын толук уурдахтара буолуо, биирдэрэ эмэ тыыннаах орпута буоллар, сыккырыыр тыыннара даҕаны дьиэлэрин булуохтаах этилэр.         

Салҕыыта тахсыаҕа.                                           

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...