19.08.2022 | 12:00

Наукаҕа анаммыт олох

2019 сыл атырдьах ыйын 8 күнүгэр философскай наука кандидата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бочуоттаах бэтэрээнэ, РАЭ профессора, олоҕун наукаҕа уонна педагогикаҕа анаабыт Ким Дмитриевич Дьячковскай – Анаарар орто дойду олоҕуттан туораабыта.
Наукаҕа анаммыт олох
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ Ким Дмитриевич бэчээттэммэккэ хаалбыт ыстатыйаларын, суруйууларын түмэн, кэргэнэ Елена Васильевна, кыыһа Туйара, уолаттара Дмитрий, Василий, Владимир икки кинигэни таһааран, бар дьонноругар бэлэх ууннулар – "Этносемиотика народа саха: избранные статьи и выступления" уонна "Олоххо тардыһыы" диэн аҕаларын хоһооннорун, суруйууларын хомуурунньуга.

Ол курдук, К.Д. Дьячковскай – Анаарар научнай үлэлэрин электроннай варианын справочник гынан оҥорбуттара науканан интэриэһиргиир дьоҥҥо улахан көмө буолара саарбаҕа суох. Бу этносемиотика диэн наука категориялара этнобэлиэлэр норуот олоҕо-дьаһаҕа (култуурата) хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин, ис дьиҥин уратытын уонна ол уратыны төһө дириҥник иҥэриммитин көрдөрөллөр. Норуот туттар тэрилэ, тыл-өһө, аһа-үөлэ, таҥаһа-саба, мала-сала, иһитэ-хомуоһа, ойуута-мандара, сиэрэ-туома, үгэһэ-итэҕэлэ, алгыһа-арчыта, араҥаччыта-ымыыта, майгыта- сигилитэ, кута-сүрэ, уйулҕата-айылгыта, быһыыта-таһаата, имэҥэ-кыдьыга, ырыата-хоһооно, оонньуута-дьээбэтэ, көрө-нара, күлүүтэ-көрүдьүөһэ, кэбэ- кэмэлдьитэ, фольклора, литературата, искусствота о.д.а. кинини атын норуоттар билэллэригэр, өйдүүллэригэр тирэх буолаллар, кини майгытын, өйүн-санаатын таһымын быһаарарга көмөлөһөллөр. Кинилэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, тустаах норуот олоҕун туругун, сайдыытын таһымын туоһулаан, бу норуот генофондун курдук суолталаахтар уонна норуот тыыннааҕын тухары үөрэтиллэн, туһаныллан, сайыннарыллан иһиэхтээхтэр.

Ким Дмитриевич Дьячковскай – Анаарар 1938 сыллаахха Чурапчы оройуонугар Чурапчы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1966 сыллаахха СГУ историко-филологическай салаатын бүтэрээт, аспиранынан хаалар. 1975 сыллаахха Е.П. Попов буоланнар университет иһинэн КИД (Клуб Интернациональной Дружбы) тэрийэллэр. Оччотооҕу устудьуон аймахха патриоттуу тыыҥҥа иитиллии бу кулууп тула күүстээхтик ыытыллан, кулууп Прага куоракка Аан дойду ыччаттарын уонна устудьуоннарын ортотугар Бочуотунай дипломунан наҕараадаланыыта университет улахан ситиһиитинэн буолбута. 1978 сыллаахха Ким Дьячковскай М.В. Ломоносов аатынан МГУ иһинэн идэни үрдэтэр институту ситиһиилээхтик бүтэрэр. 1997 сыллаахха диссертациятын көмүскүүр. Кини манна, үөһээ ахтан аһарбыппыт курдук семиотика наукатыгар олоҕуран этносемиотика диэн термины аан маҥнай киллэрэн, наукаҕа улахан, сонун хардыы оҥоһуллубута. Бу үлэтинэн К.Д. Дьячковскай Арассыыйатааҕы естественнэй наукалар академияларын (РАЕ) профессора буолбута.

Ким Дьячковскай – Анаарар элбэх научнай ыстатыйа, пособие ааптара. Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнин быһыытынан өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар култуура, наука, духуобунас темаларыгар 950 тахса ыстатыйата бэчээттэмитэ. Биэс кинигэ уонна брошюра ааптара. Бу биир киһи олоҕор сөҕүмэр элбэх үлэни оҥороругар биэс уонтан тахса сыл бииргэ олорбут кэргэнэ, библиотекарь идэлээх Елена Васильевна маҥнайгы сүбэһитэ, уҥа илиитэ этэ. Оттон Дьячковскайдар оҕолоро бэһиэн үөрэх, идэ ылан, бэйэлэрин суолларын булбут, билигин бэйэлэрэ эбээ, эһээ дьон. Сиэннэр эмиэ дьиэ кэргэҥҥэ олохсуйбут үгэс быһыытынан бары үрдүк үөрэх кыһатыгар холобурга сылдьар ыччаттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....