01.11.2020 | 09:24

“НАТАШАЛАР”, КЫСТЫККА БЭЛЭМҤИТ ДУО?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат устун хааман иһэн көрдөххө, портативнай гараастар, норуокка биллэринэн “Наташалар” аҕыйахтар. Улаханнык тымныйа илик буолан, тимир көлөлөр сылаас “соннорун” кэтэ,  ичигэс “суорҕаннарын” сапта иликтэр, баччааҥҥа диэри  “сыгынньах” тураллар.

Массыыналаах уонна бас билэр гарааһа суох буоллаххына, кыһын аайы ханна туруорабын диэн төбөҕүн сынньаҕын. Дьэ, бэйэтэ туһунан кыһалҕа.  Бу боппуруоһу ким хайдах быһаарарын туһунан  куорат олохтоохторун кытта кэпсэттибит.

СУДУРГУ НЬЫМА

Саамай судургу ньыма – тоҥоруу. Сорох суоппардар олорор дьиэлэрин таһыгар миэстэ булан туруораллар. Кэккэ табаарыстар, уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, подъезтан тахсааты кытта, аан айаҕар тоҥорон кэбиһэллэр.  

Вера, куорат олохтооҕо:

–Биһиги куорат киинигэр, элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олоробут. Сыл аайы подъезд иннигэр тоҥорон кэбиһэр “өйдөөх” хайаан даҕаны көстөр.  Ыалларбытын кытта ол туһуттан кыыһырсабыт даҕаны, син биир истибэттэр. Онто да суох киирэр-тахсар сирбит кыараҕас. Этэргэ дылы, “ни пройти, ни проехать”.  

Чааһынай дьиэлээх дьону билэр буоллаххына, саас сылыйыар диэри тиэргэннэригэр уурарга кэпсэтэҕин. Уонна кыһыны быһа сатыы сылдьаҕын.

Сергей, эдэр исписэлиис:

–Биһиги массыынабытын улахан тымныы түһүөр диэри сүүрдэн баран тоҥоробут. Бииргэ үлэлиир табаарыһым чааһынай дьиэлээх, онно кэпсэтэн босхо туруорабыт. Саас кулун тутарга ылабыт.

КУОРТАМ УОННА БИЗНЕС

Түөрт көлүөһэлээх аргыскын кытта арахсыаххын баҕарбат буоллаххына, дьиэҕиттэн чугас гараас куортамныыгын. Бу сороххо эбии ороскуот, кимиэхэ эрэ –  бизнес.    

Александр, “Индрайвер” таксиһа:

–Мин күнү быһа куорат устун сүүрэбин. Үлэм оннук. Дьиэбэр кэлэн сынньана түһэн, эбиэттээн баран түүннэри сылдьыахпын сөп. Бас билэр гарааһым суох. Дьиэбит “сноскаҕа” барыахтаах. Онон тимир гараас ылар санаам суох. Сыл аайы дьиэбититтэн чугас гараас куортамныыбыт. Икки сыл чааһынай дьиэлээх дьоҥҥо массыынабын туруоран абыранным. Кыһын тымныыга төһө баҕарар киирэбин-тахсабын. Сылытан күммүн-дьылбын бараабаппын. Олордум да, гаастаан кэбиһэбин. Көрүнэрбэр да үчүгэй. Массыынам эргэ буолан, көрүүнү-истиини, өрөмүөнү эрэйэр. Онон бэлэм гарааска дьылыс гынабын. Ыйга 7000 солк.төлүүбүн. 

Семен Николаевич, биэнсийэлээх:

–Түөрт миэстэлээх гараастаахпын. Урут үс миэстэбин куортамҥа биэрэрим. Сыл аайы турар килийиэннэрдээх этим. “Наташа” элбээн, кэлин бизнеһим хаахтыйда. Суукканан тура сатыыллар. Арааһа, ириэрэ түһээри гыналлар. Ону сөбүлэспэппин. Кинилэри маныы олоруом дуо? 

АБЫРАННЫБЫТ

Бастаан утаа “Наташа” эрэ баар эбит буоллаҕына, кэлин сатабыллаах сахалар, кытайдар кытта портативнай гарааһы оҥорон таһаарар буоллулар. “Саха тент”, “Хоту тент”, “Arctic box”, о.д.а. ырыынагы баһылаатылар. Сыаналара араас.

Суоппардар илдьэ сылдьарга табыгастаах, үп-харчы өттүнэн эргиччи барыстаах дииллэр.

Кэлин өссө каркаас гараастары айдылар. Биллэриилэри көрдөххө, кээмэйэ, сыаната араас. Холобур, 170 см үрдүктээх 2, 5х4,5 м гараас 45 000 солкуобайга атыыланар. Кварцевай подогревателэ – 7000 солк. Оттон 2, 3 миэтэрэ үрдүктээх уонна 3х6 м кээмэйдээх маннык каркаас гараас сыаната 56 000 солк.  

Анастасия, үс оҕолоох ийэ:

–Куорат курдук барыылаах-кэлиилээх, бириэмэ былдьаһык сиригэр массыына абырыыр. Кыра оҕолордоох буоллаххына, тимир көлөтө суох сатаммаккын. Оҕолорбун уһуйааҥҥа, оскуолаҕа таһабын, бэйэм үлэбэр сылдьабын. Бас билэр гарааһа суох эрэй. Былырыын портативнай гараас атыыласпыппыт. Үчүгэй. Ол эрээри төттөрү-таары хомуйарбар, сабарбар ыарахан. 

Вадим, ыстаастаах суоппар:

–Икки сыллааҕыта “Наташа” оригиналын ылыммытым. Көрдөххө, чараас курдук эрээри, бэртээхэй. Ыйааһына суох. Ол иһин хомуйарга чэпчэки. Куурдарга да үчүгэй. Былырыын “Короллам” кыһыны туораабыта. Томороон тымныыга субу-субу собуоттуур этим. Быйыл “Рено Логан” ылынным. Дьэ, хайыыр.

Владимир, суоппар:

–Мин сахалартан атыыласпытым. Биллэн турар, дьиҥнээх гарааска тиийбэт. Түүннэри-күнүстэри туруорарга табыгаһа суох дии саныыбын. Арай үлэ кэмигэр илдьэ сылдьан быстах бүрүйэргэ үчүгэй. 8-9 чаас холкутук турар. Суукканы быһа тымныыга туруордахха, курутуой да массыына кэбириир ини.  Арай кытайдартан икки “портативканы” ылан баран олбу-солбу уларыта сылдьан туттуохха сөп. Олох тымныыга иккиэннэринэн сабыаххытын сөп диэн сүбэлиибин.

Ис дьыала министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйарынан, куоракка портативнай гарааһы уоруу түбэлтэтэ сыл аайы тахсар. Туох да бэлиэтэ суох гараастары ордук уораллар. Онон ис өттүгэр суураллыбат кыраасканан массыынаҕыт нүөмэрин суруйуҥ диэн сүбэлииллэр. Өссө сорох булугас өйдөөхтөр матырыйаал ис өттүгэр бэлиэ тигэллэр. Оччоҕо уоруллубут гарааһы булар түргэн.  

ТИМИР ГАРААС

Киһи барыта тимир гараас атыылаһар кыаҕа суох. Сыаната “тос” курдук. Сорохтор мал-сал уурарга, хочуоҥка курдук оҥосторго табыгастаах дииллэр.

Галина Борисовналаах быйыл кыбартыыраҕа көстүлэр. Бу иннинэ чааһынай дьиэҕэ олорбуттара. Кыараҕас кыбартыыраҕа туох да батыа суоҕа диэн, биллэриинэн контейнер эбэтэр тимир гараас көрдөөбүттэрэ. Онтон огдообо дьахтартан 65 000 солкуобайга атыыласпыттар. Көҥүл ылан, манипуляторынан аҕалан туруорбуттар.   

Бэйэ гараастаах быдан үчүгэй!

Серафим, Пригороднай олохтооҕо:

– Толору хааччыллыылаах, гараастаах чааһынай дьиэ ылынан абыранныбыт. Ол иннинэ сыл аайы гараас кыһалҕата этэ. Сороҕор дьоммутугар туруорарбыт, ардыгар куортамныырбыт. Кэлин “Наташа” атыылаһан абыраммыппыт.   

Багажникка укта сылдьан ханна баҕарар тиийэн турарым. Тыбыс-тымныыга массыына аһаҕас халлаан анныгар “сыгынньах” кэһэйэр. Онон быстах кэмҥэ тимир көлө хорҕойоругар үчүгэй. Уу мустар, ол иһин ыйааһына ыарыыр дииллэр. Төһө кыалларынан, нэдиэлэ аайы куурдуҥ. Үчүгэйэ диэн туох да көҥүл ылар наадата суох.

КӨҤҮЛЭ СУОХ ТУРУМАҤ!

Сорох дьон тимир гараастарын таптаабыт сирдэригэр аҕалан туруораллар. Аны сылы-сыллаан көҥүл ылбаттар, сөбүлэҥ түһэрсибэттэр. Оннук көҥүлэ суох эбийиэктэри “Жилкомсервис” МУТ ыстараап стоянкатыгар тиэйэн илдьэн туруораллар. Бу туһунан тустаах үлэһиттэн кылгас комментарий ылаары, ыраата барбакка, Сайсары управатыгар эрийдим. Землеустроитель биир сиргэ олорбот, эбийиэктэринэн кэлэ-бара сылдьар. Иккис күммэр нэһиилэ таба туттум. Ону даҕаны айаннаары турар. Аҕыйах этиинэн быһыта-орута кэпсээтэ (аатын эппэтэ):   

–Быйыл көҥүлэ суох сиргэ турар 115 тимир гарааһы тиэйдибит.  Гаас, канализация, уу ситимэ тардыллыбыт сирдэригэр, суол ситимин харыстанар зоналарыгар гараас турара көҥүллэммэт. Аны туран, баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбилинэн, тимир гараастар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн 15 миэтэрэ тэйиччи туруохтаахтар. Куораппытыгар тутуу олус тэтимнээхтик ыытыллар. Онон улам кыараан, тимир гараастарга сир булар уустук буолан иһэр.

Бастатан туран, сир ылар киһи олорор уокуругун управатын кытта хайаан да сөбүлэҥ түһэрсиэхтээх. Ол эбэтэр пааспарын, эбийиэк туруохтаах сирин схематын илдьэ кэлэр. Оччоҕуна биһиги сири баран көрөбүт. Бары ирдэбилгэ эппиэттиир буоллаҕына, көҥүл биэрэбит. Суох буоллаҕына – аккаастыыбыт. Көҥүл ылбыт, сөбүлэҥ түһэрсибит киһи биир сылга 6000 солк.төлүүр.

Подъезд иннигэр тоҥорон кэбиһэллэрэ көҥүллэммэт. Суһал сулууспалар (“Суһал көмө”, баһаарынайдар, о.д.а.) тохтоон туралларыгар, дьон кэлэр-барар суолларын мэһэйдиэ суохтаахтар.     

   

Дьахтар буолбатах, гараас!

Хас эрэ сыллааҕыта “Наташа” диэн портативнай гараастар саҥа үөдүйбүттэрэ. Убайым аах сыаната арыый чэпчэки диэн интэриниэтинэн сакаастаабыттара. Ол дьыл кыһыммыт эрдэ кэлбитэ. Күн аайы тымныйан испитэ.

Биир сарсыарда ийэм:

– Били уол массыыната иэдэйдэҕэ, – диэн долгуйар.

  • Ээ, “Наташалара” кэлэ илик үһү. Аҕыйах күнүнэн кэлэр ини, – диэн уоскутабын.

Хас эрэ хонон баран, сарсыарда чэйдии олорон аҕабын кытта кэпсэтэллэр.

  • Уол гараас булбут үһү дуо? – аҕам ыйыталаһар.
  • Суох, суох. Натааһа диэн дьахтардара баччааҥҥа диэри кэлэ илик үһү. Туох ааттаах айгыстыбыт дьахтар эбитэ буолла? Атын да гарааһы була туруо эбиттэр, – диир ийэм.
  • Маамаа, “Наташа” диэн дьахтар буолбатах, гараас ээ, – күлэрбэр буолан чэйбэр чачайа сыһабын.

Ийэм “Наташа” диирбин гараас куортамныахтаах дьахтардара дии санаабыт. Дьэ, бэйэтэ туспа көрүдьүөс!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...