09.08.2020 | 19:09

Наталья Зотова: "Сиргэ сатаан үлэлиир буоллубут"

Наталья Зотова: "Сиргэ сатаан үлэлиир буоллубут"
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат таһынааҕы нэһилиэк олохтоохторо, ыһыллыы-тоҕуллуу, уларыта тутуу саҕана, саҥа үйэ сонун хайысхаларыгар көспөккө, сирдэрин-уоттарын тутан хаалбыттара, билиҥҥэ диэри бэркэ дьаһанан олороллоро хайҕаллаах. Оттон киин сиргэ тыа хаһаайыстыбатын өрө туталлара өссө ордук кэрэхсэбиллээх.

Бүгүн “Олимп” ТХПК бэрэссэдээтэлэ Наталья Борисовна Зотованы кытта кэпсэтэбит.   

– Наталья Борисовна, саха дьонун сиэринэн, баһаалыста, бэйэҕин билиһиннэр.

– Мин Тулагы-Киллэм төрүт олохтооҕобун. Манна төрөөбүтүм, улааппытым, оскуоланы бүтэрбитим. Аҕам сэрии, ийэм тыыл бэтэрээннэрэ этилэр. Сэттэ оҕолоох ыалга алтыс оҕонон күн сирин көрбүтүм. СГУ-ну бүтэрбитим, юрист идэлээхпин.

–Хаһаайыстыбаҕытын хаһан тэриммиккитий? Үлэлээбиккит ыраатта дуо?

– 2004 сылтан, ол аата номнуо 16 сыл ааспыт. Куорат таһынааҕы хаһаайыстыбалар эстэллэрин, моҥкуруут баралларын саҕана, сирбитин-уоппутун тутан хаалаары,  бииргэ үлэлээбиттэр бэһиэ буолан, “Олимп” диэн ТХПК тэриммиппит. Бастакы бэрэссэдээтэлбит Тимофеев Николай Васильевич этэ. Мин юриһынан үлэлээбитим. 2014 сыллаахха бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым. Үгүстэр сааһыран, билигин биэнсийэҕэ олороллор. Сорохтор пайщигынан сылдьаллар, хомуур үлэтигэр көмөлөһөллөр.    

– “Сир – сүрүн баайбыт. Сатаан туһаныаҥ – сайдар суолу тобулуоҥ” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Төһө сирдээххитий?

– Хаһаайыстыбабыт билигин 1500 гектар сирдээх. Ол иһигэр 100-тэн тахса гектар оҕуруот аһын олордор сирдээхпит. 500-тэн тахса гектар сири элбэх сыллаах окко бэлэмнии сылдьабыт. Сороҕун ыспыппыт. Ону таһынан оттуур уонна мэччирэҥ сирдээхпит.

– Тугу үүннэрэҕит, олордоҕут?

– Тугу барытын үүннэрэбит. Элбэх тэпилииссэлээхпит, онно оҕурсу, помидор олордобут. Моркуоп, сүбүөкүлэ, баклажан, минньигэс биэрэс, чэ, элбэх. Арбузка тиийэ үүннэрэбит.

Бастаан улахан көмөтө суох буоламмыт, кыайбакка, сирбитин соччо үлэлэппэккэ олорбуппут. 2014-15 сылтан сирбитин төһө кыалларынан туһанарга туруммуппут. Бааһыналарбытын барытын үлэҕэ киллэрбиппит үс хас сыл буолла. Министиэристибэ, куорат дьаһалтатын көмөтүнэн субсидия биэрэр, ночоот толугун төлүүр бырагыраамаларга киирбиппит.

Кыралаан да буоллар, сыл аайы дохуоппут аргыый аҕай  үрдээн иһэр. Үлэбит түмүгэ син көстөн эрэр.

– Граннарга кыттаҕыт дуо?

- Үлэлээбиппит ыраатан, хапсыбаппыт быһыылаах. Уоҕурдууга, сиэмэлэрбитин ыларга көмө ылабыт. Онтон тирэхтэнэн бу үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

- Сыл аайы уопутуран истэххит. Туохха ордук болҕомто уураҕытый? Приоритеккыт уларыйар дуо?

- Уруккуну кытта тэҥнээтэххэ, сиргэ сатаан үлэлиир буоллубут. Баһылаан эрэбит. Өссө сирдээхпит буоллар, бородууксуйабытын элбэтиэ этибит. Куорат дьаһалтата сир биэрэрэ буоллар, хортуоппуйу да, хаппыыстаны да хото олордор баҕалаахпыт.

– Хас үлэһиттээххитий?

 – Биһиэнэ сезоннай буолан, сайыҥҥы өттүгэр үлэһиппит элбиир. 40-чаҕа тиийэр. Кыһын аҕыйыыбыт.

Агрономнаахпыт, буҕаалтырдаахпыт. Оҕуруокка үчүгэйдик үлэлиир дьонноохпут. Биригэдьиирдэрбит бааһыналарын көрөллөр-истэллэр, үчүгэйдик үлэлииллэр. Олохтоох Тулагы уолаттарын биир биригээдэ оҥорбутум. Сүүрбэччэ гектар хортуоппуйу дьаһайаллар. Уолаттарым, бырааттарым, аймахтарым көмөлөһөллөр. Бэйэм оҕолорум оттууллар, пилорамалаахтар. Тулагы уолаттара уонча буолан, мобильнай улахан биригээдэ тэринэн үлэлииллэр. Эдэрдэр, онон тиэхиньикэҕэ сыстаҕастар. Кыһын пилорамаҕа мас бэлэмнииллэр.

Олохтоохтору да, кэлии да дьону ылабыт. Олордууга, хомуурга көмөлөһүннэрэбит. Биллэрии таһаардахпытына, оннооҕор чугас улуустан хортуоппуй хомууругар кэлээччилэр. Холобур, горнайдар эҥин.

Үөрэх кыһаларын кытта дуогабардаһан, практиканнары эҥин үлэлэппэккит дуо?

Тиэйэр, куоракка төттөрү-таары илдьэр-аҕалар кыахпыт суох. Бааһыналарбыт олус ыраах сыталлар. Таһарга бириэмэ баранар. Ол иһин оннук үлэлэспэппит. Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ хортуоппуй хомууругар сыл аайы сылдьаллар. Оҕолор абырыыллар.

Бородууксуйаны батарыы – төбө ыарыыта

– Үүннэрии, олордуу, көрүү-харайыы диэн үлэ аҥаара, саамай үлэлээх батарыы дииллэрэ кырдьык дуо?

– Дьэ, чахчы сөптөөх этии. Быйыл оҕурсубут сиэри таһынан үүннэ. Онтубутун кыайан батарбакка, хаһыа да буолан сылдьан, куорат тэрилтэлэригэр атыылыы сатыыбыт. Куоракка уларытан оҥоруу (переработка) суоҕа куһаҕан. Бу – сүрүн кыһалҕабыт. Ыксаан, Мохсоҕоллооҕу кытта кэпсэтэ сатаатыбыт. Кинилэр онон дьарыктаналлар ээ. Ылбатылар. Бэйэлэрин бородууксуйалара элбэх.

Ханна да кыайан туттарбаппыт. Оҥорон таһаарар тэрилтэ баара буоллар, биһиги төбөбүт ыалдьыбакка, утары туттаран иһиэ этибит. Билигин нэдиэлэбит бородууксуйа батарыытыттан саҕаланар. Тэрилтэ, дьон бөҕөнү кытта кэпсэтэбит, оннооҕор аадырыстарыгар диэри тиэрдэн биэрэбит. Дьиҥэр, сүрүн үлэбит үүннэрии буоллаҕа. Тулагыга оҕуруот аһын уурар, тутар  (хранилище) уонна уларытан оҥорор сир баар буоллаҕына, олох абыраныа этибит. Билигин бу тыын боппуруос аһаҕас турар. Туруорса сатыы сылдьабыт. Сир боппуруоһа ыарахан соҕус. Сири түҥэтиини барытын куорат дьаһайар. Дьиҥэр, нэһилиэк баһылыга, олохтоох дьаһалта ким үлэлиэн сөптөөххө көрөн биэрэрэ буоллар диэн биир бэйэм тус санаалаахпын. Бу сир тугунан тыынан сытарын олохтоохтор бэркэ билэллэр. Аҥаар кырыытыттан түҥэтэллэрэ соччото суох. Көҥүллүүллэрэ буоллар, аргыый аҕай переработканы да бэйэбит киллэриэ этибит.

– Оччоҕуна хортуоппуйгутун, хаппыыстаҕытын ханна уураҕытый?

Кыра соҕус сирдээхпит. Онно хортуоппуйбутун уурабыт. 50-60 туонна курдук эрэ киирэр. Ол кыра. 200-тэн тахса туонна бородууксуйаны уурар сир баара буоллар, оруобуна сөп буолуо этэ. Хаппыыстабытын ханна да харайар сирбит суох, ол иһин тута батарабыт. Оҕурсубутун буорту буолбатын, бардын эрэ диэн кыра сыанаҕа атыылыыбыт, туттарабыт.

– Сакаасчыттаргыт суохтар дуо? Олохтоох уһуйааны, оскуоланы кытта сакаасчыт быһыытынан үлэлээбэккит дуо? Эбэтэр ас-үөл тэрилтэлэрин кытта дуогабардаспаккыт дуо?

Билигин туох да үлэлээбэт. Бу иннинэ үүнүүбүт кыра этэ. Быйыл эбии тэпилииссэ туттаран, бородууксуйабыт элбээтэ. Быйыл оҕурсу үүнүүтэ үчүгэй.

Биһиги  оскуоланы, оҕо уһуйааннарын кытта үлэлиэхпитин баҕарбыппытын да иһин, кинилэр бары тендеринэн үлэлииллэр. Көнөтүнэн, быһа туттарар кыахпыт суох. Эрдэттэн тендер ааһаллар дии. Оннооҕор сибэкки арассаадатын атыылыыр кыахпыт суох. Былырыын дьаһалтабыт ылбыта. Быйыл ылбатылар. Үс уһуйааны хааччыйар кыахтаахпыт да...

– Арассааданы хаһааҥҥыттан олордоҕутуй? Бука, тутар анал тэпилииссэлээххит буолуо?

– Кулун тутартан олордон саҕалыыбыт. Сонун суортары, арааһы бары боруобалыыбыт. Ылыахтара диэн, аныгы суортарыгар тиийэ.

Быйыл уу кэлэн, улахан хоромньуну оҥордо. Өрүс үрдүгэр турар бааһынабытыгар анаан-минээн арассаадаҕа диэн тэпилииссэ туппуппут. Ону уу ылан элбэх арассаадабыт ууга барбыта. Аҥаардас 22 тыһыынча оҕурсу арассаадата ууга барбыта. Ону ол диэбэккэ, син барытын чөлүгэр түһэрдибит.

– Уоҕурдуу, аһатыы үлэтин хайдах ыытаҕытый?

Ульяна Ксенофонтовна Эверстова диэн күүстээх агрономнаахпыт. Кини биригээдэ аайы аһатыыны кэпсээн,  нуорматын барытын көрдөрөн үлэ барар. Барыта хонтуруол. Уоҕурдууну ылан биэрэбит. “Сахаагро” тэрилтэ утары баран, бастаан 40 бырыһыаны төлөөн, барытын кинилэртэн ылабыт.

Аны туран, сыыс оту ыраастыыр эмиэ туспа үлэ. Холобур, хаппыыста хаппырыыһа элбэх. Сыыс оту кыайдахха, үүнүүнү ылаҕын. Сороҕор сыыс окко былдьатабыт. Ити дьыаланы барытын агрономмут дьаһайар. Ульяна Ксенофонтовналыын алтыс сылын тутуспутунан үлэлиибит.

– Үүнүү күн-дьыл туругуттан төһө тутулуктааҕый?

– Тутулуктаах бөҕө буоллаҕа. Куйааска арбуз үчүгэйдик үүнэр. Быйыл хото үүнэр куйааһа буолла. Ардаҕа суох, кураан сылга элбэх уу кутабыт. Ардахха үүнээйи үчүгэйдик үүнэр. Хортуоппуй да, хаппыыста да. Куйааска үүнүүлэрэ бытаарар.

– Тулагы сирэ урут-уруккуттан уйгулаах-быйаҥнаах дииллэр. Төрүт олохтоох киһи, бу этиини кытта сөбүлэһэҕин дуо?

– Тулагы былыргыттан өлгөм үүнүүлээх. Киэҥ, аһаҕас сир. Үлэлиир киһи тугу барытын үүннэриэн, олордуон сөп. Кыах эрэ наада. Биһиги ийэлэрбит-аҕаларбыт бааһына бөҕө көрөллөрө. Аҥаардас Сыырдаах дьоно, оччолорго биир отделение диэн буолара, 242 гектары көрөллөрө. Өлгөм үүнүүнү ылаллара. “Якутскай”, “Маҕан”, “Хатас” сопхуос өрөспүүбүлүкэни барытын кэриэтэ хааччыйан олордохторо.

– Тиэхиньикэни төһө туһанаҕытый?

– Билигин, үйэ сайдан, тиэхиньикэтэ суох сатаммаппыт. Хоруттарабыт, хортуоппуйу олордобут, көмөбүт, оту эмиэ тиэхиньикэнэн оҕустарабыт. Элбэх гектардаах сири онон кыайабыт. Кыра-кыралаан сыл аайы саҥа тиэхиньикэ ылынабыт. Былырыын Новосибирскайтан тыраахтар ылбыппыт. От охсор, хомуйар кыраабыл, пресстиир эмиэ, бааһына хоруттарар тиэхиньикэ ылбыппыт.

– Оккутун ханна батараҕытый? Былааҥҥыт туолуох курдук дуо?

– Атыыга син барар. Манна сүөһү, сылгы иитэр улахан хаһаайыстыбалар бааллар. Кинилэр атыылаһаллар. Ону таһынан билигин бэйэбит сылгы, ынах кыралаан тутабыт. 

Быйыл аллараа кытылы уу ылбыт буолан, от үчүгэйдик үүннэ. Ходуһаны барытын ылбыта. Онон үүнүү үчүгэй.

Бааһынабыт быраҕыллар кутталлаах

Билигин сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэр. Үлэҕит сарсыарда эрдэттэн саҕаланара буолуо. Хаһаайыстыбалаах дьон күнэ хайдах ааһарый?

Эрдэ турабыт. Кэргэним – суоппарым. Сарсыардаттан чэйдээн баран, агрономмутун илдьэ бааһыналарбытын кэрийэ барабыт. Күнү быһа сылдьабыт. Биригэдьиирдэрбитин, үлэһиттэрбитин кытта кэпсэтэбит, боппуруостарбытын быһаарабыт, ырытабыт. Түөрт биригээдэлээхпит. Бары тэйиччилэр. Холобур, биир өрүс аттыгар, иккис мыраан аттыгар үлэлиир. Оннук ырааҕынан эргийэн, көрөн-истэн күммүт бүтэр.

– Хаһаайыстыбаҕыт сүрүн кыһалҕата?

– Иллэрээ сылтан уубут суоҕа сүрүн кыһалҕабыт буолла. Үөһээ баар 46 гектардаах бааһынабыт күөлэ уолан хаалла. Үһүс сылын мыраантан уу киирбэт буолан, бааһынабыт быраҕыллар кутталлаах. Ол иһин быйыл онно 7 гектар хаппыыста олордубуппут уонна 30-ча гектарга эбиэс ыспыппыт. Быйыл эмиэ кураан бөҕө.

Мелиорация боппуруоһа көрүллүөн наада. Үчүгэйкээн бааһыналарбытын быраҕан кэбиспэккэ, хайдах эрэ уу боппуруоһун быһаарарбыт буоллар, бэрт буолуо этэ. Син чугас күөллэр бааллар. Онтон уу хачайдаан дуу, хайдах дуу.

Саха киһитэ сүөһүтэ суох сатаммат

Эн санааҕар, эдэр дьон тыа хаһаайыстыбатыгар төһө сыстан эрэрий?

Бэйэм уолаттарым сыстан эрэллэр. Биир уолум ИП буолла. Биригээдэтэ барыта эдэр дьон. Мин санаабар, ыччат тыа хаһаайыстыбатын диэки хайыһан эрэр. Ынах сүөһү, сылгы эмиэ туталлар. Оҕуруот үлэтигэр, окко сылдьаллар, пилорама үлэлэтэллэр.

– Ынах сүөһү иитэр дьон кэнники сылларга биллэ аҕыйаата. Урукку өттүгэр куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ элбэх ыал хороҕор муостаах, хотонноох буолара. Ааспыкка Пригороднайга бара сырыттахпына, оннооҕор ынах маҥырыыра да иһиллибэт этэ. Эһиэхэ хайдаҕый?

 Кырдьык, урут сүөһү хас ыал аайы баар буолара. Билигин ахсааннаах киһи тутар. Холобур, билигин Сыырдаахха элбэх ыал  сүөһүтүн эстэ. Дьон сылгыны элбэтэр диэн көрөбүн.

Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туохха көрөҕүн?

Улуус-улуус тус-туспа дьаһанан олорор. Хайа эрэ улуус сүөһү иитиитинэн дьарыктанар. Сорох сиргэ сылгыны өрө туталлар. Биһиги диэки бааһынаҕа оҕуннубут. Сүөһү олус аҕыйаан, эстэн эрэр диэн көрөбүн. Саха киһитэ сүөһүтэ суох хайдах да олорбот. Урут-уруккуттан хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн олордоҕо. Өрөспүүбүлүкэ бу хайысханы өйүөн наада. Сорохтор, баҕарбыттарын да иһин, оттуур да сирдэрэ суох. Аны туран, үлэ миэстэтэ аҕыйах. Холобур, Тулагы үгүс олохтооҕо куоракка үлэлиир. Онон ынахтарын кыайан көрбөттөр. Чэ, ити холобурдаан эттим. Сүөһүнү биир да өрөбүлэ суох көрүллэр буоллаҕа. Ол иһин эстэн эрэр дии саныыбын.

Киһи хайдах да тута кыайбат үлэтэ

Саҥа саҕалаан эрэр дьон туохтара эрэ сатаммата да, быраҕан кэбиһэллэр дии. Үгүстэрэ барыһын көрө сатыыллар, тута баһан ылыахтарын баҕараллар...

Тыа хаһаайыстыбатыгар оннук табыллыбат. Барыта кыраттан саҕаланар ээ. Биһиги бастаан 10 гектары киллэрбиппит. Оннук аргыый аҕай улаатыннаран испиппит. Билигин 300 гектар үлэҕэ киирдэ. Киһи хайдах да тута кыайбат. Биир сыл олох да ытыс соттон хаалыаххын сөп. Аҥаардас ночооттоох тахсыаххын эмиэ син. Саҕалаатыҥ да, тиһэҕэр диэри бара туруохтааххын. Кэнники син биир ситиһэр. Үлэ түмүктээх, таһаарыылаах буоллаҕына, киһи санаата көтөҕүллэр. Биһиги үүнүүбүтүн көрдөхпүтүнэ, харахпыт сырдыыр.

Киһи тугу баҕарар кыайар, санаатын ууруо эрэ кэрэх диэн этии баар. Билигин үлэһит киһиэхэ кыах барыта баар. Үөрэниэххэ-үлэлиэххэ, үүнүөххэ-сайдыахха үтүө үйэ үүннэ дииллэр...

Киһи ханнык баҕарар үлэни кыайар кыахтаах. Биһиги олох суохтан саҕалаатахпыт дии. Бастаан эдэр дьоҥҥо саҕалыылларыгар судаарыстыбаттан көмө, тирэх наада. Билигин субсидия биэрэллэригэр оҥор, оччоҕо төлүөхпүт дииллэр. Холобур, хранилищены тутан бүтэр, оччоҕо көмө биэриэхпит диэн буолар. Саҥа саҕалаан эрэр киһиэхэ хантан ылбыт харчыта кэлиэй? Дьиҥэр, оҥорон баран да отчуоттуон сөп буоллаҕа. Күрүөҕүн оҥор, сиргин хоруттар, оччоҕо төлүөхпүт дииллэрэ оруна суох дии саныыбын...

Эһиги кыаммат дьоҥҥо көмөлөһөргүтүн истибитим. Ол туһунан бэрт кылгастык кэпсии түһүөҥ буолаарай.

Элбэх оҕолоох дьоҥҥо, инбэлиит оҕолорго, кырдьаҕастарга, бэтэрээннэргэ көмө оҥоробут. Саҥа дьылга кулуупка аниматордары оҥорон, бэлэх атыылаһан, оҕолорго аналлаах бырааһынньык тэрийбиппит. Кыайыы күнүгэр бэтэрээннэргэ бэлэх биэрэбит. Спонсор быһыытынан онтон да атын көмөнү оҥоробут.   

Тыа хаһаайыстыбатыттан тэйиэ суохтаахпыт

Үгүс хаһаайыстыба моонньоҕон, клубника олордор. Бу сонун хайысханы сэҥээрэҕит дуо?

Иллэрээ сылтан моонньоҕону олордон эрэбит. 40-50-ча уктаахпыт. Кыралар. Ону өссө элбэтэр, сирбитин кэҥэтэр санаалаахпыт. Бу күһүн эбии атыылаһыахпыт. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун кытта дуогабардаһабыт. Быйыл Нам Хамаҕаттатыттан Сергей Кривошапкины кытта кыттыһан, клубника ылбыппыт. 400 курдугу. Бааһынабытыгар олордубуппут, үүнэр. Итиэннэ дьоҥҥо атыылаабыппыт. Аһа үчүгэй диэн хайҕаатылар. Эһиил эмиэ Сергейи кытта кыттыһан ылыахпыт. Маладьыас, бу хайысханы баһылаата.

Кини агротуризмы сайыннаран эрэр. Дьэдьэннээх, клубникалаах бааһынатыгар  ким баҕалаах тиийэн, төһө кыайарынан хомуйан барар. Ол туһунан хаһыаппытыгар суруйбуппут. Эһиги оннук боруобалаабаккыт дуо?

Биһиги эмиэ оннук боруобалыа этибит. Холобур, дьон бэйэлэрэ кэлэн буолаҕа олордоллорун, күһүн хомуйалларын курдук тэрийиэххэ сөп. Үчүгэйдик үөрэтэн көрөн баран, эһиилгиттэн бу хайысханы киллэриэ этибит. Сопхуоска оннук курдук гынар этибит. Тэрилтэлэр олордоллор, сыыс отун ыраастыыллар, күһүн кэлэн хомуйаллар этэ.

Дьиэ кэргэниҥ туһунан кылгастык кэпсии түһүөҥ дуо?

Үс оҕолоохпут. Икки уол, биир кыыс. Бары улахан дьон, туспа ыаллар. Биэс кыыс сиэннээхпит. Уолаттар бэйэбитин кытта үлэлииллэр. Кыыспыт психолог үөрэхтээх, Марха оскуолатыгар үлэлиир. Улахан уол, бэйэм курдук, эмиэ юрист, тыа хаһаайыстыбатыгар көстө. Идэбин олох сирбэппин.

Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьоҥҥо баҕа санааҥ.

Саха сирин олохтоохторо тыа хаһаайыстыбатыттан тэйиэ суохпутун наада. Сир үлэтигэр төһөнөн дууһаҕын ууран үлэлиигин да, соччонон биэрэр. Үлэлээҥ диэхпин баҕарабын. Бары доруобай буолуҥ. Бэйэҕитин харыстаныҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...