20.04.2022 | 19:30

Наталья Пахомова: «Сахам сирэ саргылаах сарсыҥҥылаах!»

Наталья Пахомова: «Сахам сирэ саргылаах сарсыҥҥылаах!»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Наталья Николаевна Пахомова – «Социальнай хааччыйыы өрөспүүбүлүкэтээҕи кэлим киинэ» СӨ СБТ дириэктэрэ, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай үлэһиттэрин холбоһугун бэрэссэдээтэлэ, «СӨ Үһүс саас оскуолата» уопсастыбаннай хамсааһын ааптара. Кини – «Бастыҥ социальнай партнер - 2014», «Социальнай хааччыйыы кэлим киинин бастыҥ дириэктэрэ-2018» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар кыайыылаахтара, СӨ Социальнай сулууспатын үтүөлээх үлэһитэ.

Кырдьаҕаһы-кыамматы көрүү-истии, судаарыстыба оҥорор өйөбүлүн тиэрдии – бу дойдубут ыытар социальнай бэлиитикэтин олоххо киллэрэр тиһиктээх үлэ. Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтигэр социальнай хааччыйыы өҥөлөрүн тиэрдии, бу хайысхаҕа үлэ саҥа көрүҥнэрин, социальнай үлэһиттэри бэйэлэрин өйүүр дьаһаллар туһунан нэһилиэнньэни социальнай хааччыйыы өрөспүүбүлүкэтээҕи кэлим киинин дириэктэрэ, Саха сирин социальнай үлэһиттэрин холбоһугун бэрэссэдээтэлэ, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата Наталья Пахомованы кытта кэпсэттибит.

— Наталья Николаевна, эн нэһилиэнньэни социальнай хааччыйыы салаатыгар үлэлээбитиҥ номнуо 20-тэн тахса сыл буолбут уопуттаах тэрийээччи быһыытынан биллэҕин. Тэрилтэҥ үлэтин туһунан кылгастык билиһиннэр эрэ.

«Социальнай хааччыйыы өрөспүүбүлүкэтээҕи кэлим киинэ» диэн ааттаах өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэ киин куорат территориятыгар соҕотох олорор эбэтэр аҕам саастаах, көрүүгэ-истиигэ наадыйар дьоҥҥо, олох очуругар түбэспиттэргэ араас көрүҥнээх социальнай өҥөнү тиэрдэр сыаллаах үлэлиир. Ааспыт 2021 сылга биһиги 480 тыһыынчаттан тахса араас хабааннаах социальнай өҥөнү уопсайа 1000-тан тахса киһиэхэ тиэртибит. Тэрилтэ 198 үлэһиттээх, 15 араас салаанан арахсан социальнай үлэһиттэрбит кырдьаҕастары-кыамматтары дьиэлэригэр көрөллөр, сорох үлэһиттэр стационар усулуобуйатыгар аҕам саастаах, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону кытта үлэни ыыталлар. Түптээн олорор сирэ суох дьону быстах кэмҥэ олордон, уопсастыбаҕа таһаарарга көмөлөһөр анал салаа эмиэ биһиги тэрилтэбитигэр киирсэр.

— Сүрүн социальнай бырайыактаргыт ханныктарый?

Компьютернай кылаастарбыт, сенсорнай хостор, патронаж сулууспата, мобильнай биригээдэ, техническэй сириэстибэлэри арендалыыр пууммут – бу барыта социальнай өҥөнү ылааччыларга табыгастаах буоллун диэн толкуйдаммыт бырайыактар. Уопсайынан, социальнай үлэ уопсастыба ирдэбилэ уларыйыытын тута өйдөөн, үлэлиир ньымаларын дьон наадыйыытыттан көрөн уларытан иһэр уратылаах. Биһиги үлэбититтэн дьон олоҕо быһаччы тутулуктаах, онон биир олохтоммут үлэ пуорматыттан тутуһан олорбокко, хайдах табыгастааҕынан саҥа хайысхалары киллэрэн иһэргэ дьулуһабыт.

— Оччотугар коронавирус пандемията эмиэ үгүс уларыйыыны үөскэттэҕэ?

Оннук, пандемия бүтүн аан дойдуга дьон олоҕун тосту уларытта дии. Кырдьаҕас-кыаммат, доруобуйаларын туругунан дьиэ түөрт истиэнэтигэр хаайтарбыт дьоммутугар ордук охсуулаах буолла. Ону көрөн хааччах усулуобуйатыгар дьон олоҕун чэпчэтэр, өйөбүлбүт, көмөбүт тиийимтиэ буоллун диэн социальнай үлэ алгоритмын хос көрдүбүт. Ону сэргэ, бассаап ситимҥэ «Алтыһыы уонна үтүө санаа эйгэтэ» диэн анал бөлөх, «Үтүө сарсыарданан» диэн радиоэфир, дьиэтээҕи санаторий уо.д.а. онлайн-сибээстээх үлэ ньымалара киирбиттэрэ. Ордук улахан болҕомтону аҕам саастаах дьоммутугар уурдубут. Үһүс саас оскуолатын дьиэҕэ олорор дьоммутугар анаан тэрийэммит, улахан наадыйыы баарын биллибит. Дьарык хайысхата араас. Доруобуйаны көрүнэр дьарыктартан саҕалаан, иис, баайыы, ырыа, хомуска үөрэнии, көмпүүтэри, смартфону баһылааһын, английскай тылы үөрэтии курдук уонна да атын хайысхалар бааллар. 2020 сыллаахха Үһүс саас оскуолатын дьарыктарыгар уопсайа 20 тыһыынча, онтон 2021 сылга 37 тыһыынча киһи үөрэннэ. Хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи буолбутунан көрдөххө, аҕам саастаах дьоммут сайдарга, саҥаны билэргэ уонна, кылаабынайа, алтыһарга наадыйаллара көһүннэ. Итиэннэ айар үлэнэн үлүһүйүү чэгиэн доруобуйаны кытта быһаччы ситимнээҕэр өссө төгүл итэҕэйдибит.

— Соҕотох олорор кырдьаҕастарга, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо дьиэлэригэр тиийэн көмөлөһөр, санааларын көтөҕөр, алтыһар эмиэ туһугар уустук үлэ. Уйулҕа уйуон, эт-сиин да чөл буолуон наада. Социальнай үлэһиттэргитин бэйэлэрин өйүүр үлэ эмиэ наада курдук эбит дии.

Оннук бөҕө буоллаҕа дии. Биһиги нэһилиэнньэҕэ тиэрдэр сүүһүнэн тыһыынча өҥөбүт – бу барыта үлэһиттэрбит күннээҕи түбүктэрэ, кинилэр билиилэрэ, уопуттара уонна идэлэригэр бэриниилэрэ, дьоҥҥо сылаас сыһыаннара. Пандемия кэмигэр социальнай үлэһит суолтата өссө улаатта, дириҥээтэ. Биһиги дьоммут көрөр-истэр кырдьаҕастарын харыстаан, бу икки сылы быһа бэйэлэрэ туора дьону кытта алтыһыыларын тосту аҕыйатан, иккилии нэдиэлэ буола-буола анаалыс туттаран үлэлээтилэр. Дьиэҕэ хаайтаран олорор дьоҥҥо тас эйгэни кытта ситимниир соҕотох сонун тиэрдээччи, аймаммыттарын, куттаммыттарын уоскутааччы эмиэ кинилэр буола сырыттылар. Биллэн турар, бу хайа да киһи ис туругар охсуулаах. Онон, үлэһиттэрбит доруобуйаларын, ис туруктарын харыстыыр сыалтан, тэрилтэбитигэр «Здоровье» диэн анал бырагыраама олохтоон үлэлэтэбит. Маны сэргэ, икки сыл устата социальнай үлэһиттэргэ анал психологическай цикл тэрийэн ыыттыбыт. Салгыы да үлэһиттэр доруобуйаларыгар улахан болҕомто ууруллуоҕа.

— Инникитин да олох уларыйыытын кытта тэҥҥэ саҥа ньымалар, хайысхалар киирэр буолуохтаахтар.

  Дьон наадыйыытыттан көрөн, үлэбитигэр уларыйыылар киирэллэр. Холобур, «Аҕам саастаах уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону уһун кэмнээх көрүү-харайыы» диэн дойду үрдүнэн үлэлии турар бырайыакка Саха сирэ кыттыһар. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу бырайыагы сүрүннээччинэн биһиги тэрилтэбит ананан турар. Нэһилиэнньэ сааһырыыта курдук социальнай кыһалҕанан көмөҕө наадыйааччыларга медицинскай-социальнай өҥөнү тэҥинэн тиэрдэр сыаллаах бырайыакка биһиги үлэһиттэрбит анал үөрэҕи ааһан кыттыһан саҕалаатыбыт. Итини сэргэ, доруобуйаларын туругунан хааччахтаах дьон бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһанар буолалларыгар анаммыт «Тренировочнай квартира» диэн бырагырааманы олоххо киллэриигэ эмиэ үлэлэһэбит. Аҕам саастаах дьоммут наадыйыыларынан уонна дьиҥ-чахчы туһалааҕын көрөн «Дьиэтээҕи санаторий» диэн өҥөбүтүн сайыннарар былааннаахпыт. 

— Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаатын быһыытынан эмиэ үгүс үлэни ыытаҕын. Дьон ордук тугу туруорсарый?

Социальнай блок дьокутаата буоларым быһыытынан, сүрүннээн дьиэ-уот, араас көмө боппуруостарын туруорсаллар. Холобур, ааспыт сыллааҕы үлэни ылан көрөр буоллахха, талыллыбыт Алексеевскай уокуругум олохтоохторо кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр киирии, социальнай өйөбүл миэрэлэрин, олорор усулуобуйаны тупсарыы туһунан  ыйытыылаах кэлэ сылдьыбыттара, материальнай көмөҕө наадыйааччылар бааллар. Дьокутаат быһыытынан сырдатар-быһаарар, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ, социальнай ситимнэргэ дойдубутугар, өрөспүүбүлүкэбитигэр олохтонор саҥа өйөбүл миэрэлэрин туһунан иһитиннэрэр үлэҕэ кыттыһабын. Уокурукпут олохтоохторугар – саастарын тухары үлэни өрө тутан кэлбит кырдьаҕастарбытыгар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрбитигэр бэлиэ түгэннэринэн, бырааһынньыктарынан болҕомтобутун биллэрэбит, хайаан да махтал тыллаах эҕэрдэбитин ыытабыт, араас хайысхалаах аһымал аахсыйаларга кыттыһабыт. Хас биирдии уокурук олохтооҕун кытта көрсөргө, кинилэр кыһалҕаларын, мунаарар боппуруостарын истэргэ, быһаарсарга бэлэммит.

— Наталья Николаевна, бу кэпсэтиибит Олохтоох бэйэни салайыныы уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күннэрин көрсө тахсар. Саха сирин олохтоохторугар туох-ханнык санааҕын тиэрдиэххин баҕараҕын?

Мин Сахам сирин саргылаах сарсыҥҥылаах диэн бигэ эрэллээхпин. Тоҕо диэтэр биһиги – хоту дойду хоһуун дьонобут. Тыйыс усулуобуйаҕа олох оҥостор, оҕону-урууну улаатыннарар дьон сүрүн сыаннаспыт – киһи олоҕо, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах амарах сыһыан, хардарыта көмөлөсүһүү уонна түмсүүлээх буолуу. Сайдыы баар, судаарыстыба өйөбүлэ баар, түмсүү уонна сиэр-майгы баар буоллахтарына, Саха сирин дьоно өлөн-охтон биэрбэппит.

— Наталья Николаевна, быыс булан кэпсэппиккэр махтал, тус бэйэм уонна хаһыат ааҕааччыларын ааттарыттан түбүктээх үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...