Наталья Бриз: «Олохпут уустугурда диэбэккэ, куруук үлэ үөһүгэр…»
Бүгүн мин эһиэхэ саха эстрадатын биир кэрэ уонна күүстээх куоластаах ырыаһытын билиһиннэриэхпин баҕарабын. Кини өссө 2000 сыллар саҕаланыыларыгар Наталья Исакова диэн аатынан биллэн барбыта. Араас күрэхтэргэ, бырайыактарга кыттан, дьон-сэргэ тапталын ылыан ылбыта. 2004 сыллаахха Дьокуускайга «Устудьуон сааһа» ырыа күрэҕэр Гран-при, Мирнэйгэ «Туой Хайа» ырыа бэстибээлигэр лауреат, кэлин «Саҥа ырыа» күрэххэ, 2012 сыллаахха «Виктория» араадьыйа тэрийэн ыытар «Этигэн Хомус» бэстибээлгэ «Сыл арыйыыта», 2014 сыллаахха «Певица года» номинацияларга, о.д.а. ситиһиилээхтик кыттыбыта. Онтон сахалыы араадьыйа долгуннарыгар кини «Икки сүрэх тэҥҥэ тэптин», «Дьоллоохпун мин», «Таптыам», «Нарын» ырыалара үгүс истээччи кутун туппута.
Онтон билигин Наталья БРИЗ – Сахабыт сирин биир кэскиллээх архитектора, бэйэтэ чааһынай тутуу фирмалаах, үс оҕо ийэтэ, тапталлаах кэргэн.
Сэргэх сэһэргэһээччибин кытта бу күннэргэ Дьокуускай куорат биир биллэр кафетыгар көрсөн, атах тэпсэн олорон кэпсэттибит.
Пандемия
– Наталья, үтүө күнүнэн! Оллоонноон олорон аһаҕастык кэпсэтиэх эрэ… Ааспыт 2020 сыл барыбытыгар да уустук буолла, быйыл да араас хааччахтар бааллар. Дьаҥ, харантыын, бэйэ изоляциятын эрэсиимэ.… Эстрада ырыаһыттарыгар улахан охсуулаах буолла. Кэлии-барыы, кэнсиэртэр, араас бырааһынньыктар урукку курдук ыытыллыбаттар. Эйиэхэ үлэҕэр бу төһө улахан дьайыыны оҥордо?
– Үтүө күнүнэн! Кырдьыгынан эттэххэ, олох чуҥкуйбатым (күлэр). Олохпутугар төһө да хааччахтары көрсүбүппүт иһин, киһи санаатын түһэрбэккэ син биир үлэлиэхтээх, олоххо саҥаттан саҥаны киллэриэхтээх дии саныыбын. Оччоҕо эрэ биһиги сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буолабыт. Арай кылгас кэмҥэ, баҕар, ырыам тохтуу сылдьыбыт буоллаҕына, бэйэм сүрүн үлэбэр сынньалаҥ диэни билбэккэ күүстээхтик үлэлээн кэллибит уонна үлэлиибит даҕаны. Мин идэбинэн архитекторбын, кэргэммин кытта чааһынай тутуу фирмалаахпыт. Хас да биригээдэлээхпит. Дьокуускайынан, өрөспүүбүлүкэ улуустарынан чааһынай дьиэлэри тутабыт, сакаастары ылабыт. Үлэбит саас кулун тутартан саҕаланар уонна кыһын сэтинньи ыйга биирдэ түмүктэнэр. Биһигини кытта үлэлэһэр уонна үлэлэспит киһи элбэх. Онон олох иллэҥ булбаппыт кэриэтэ. Кэргэним дьиэ тутар, матырыйааллары суоттуур, оттон мин бырайыактары, докумуоннары оҥоробун, дьону кытта кэпсэтэбин, консультация биэрэбин, ыйытыыларга эппиэттиибин, о.д.а. Үлэбит ити курдук куруук оргуйан олорор. Дьону, килийиэннэри кытта үлэлиир буоламмыт элбэх бириэмэбитин аныыбыт. Кырдьыгынан эттэххэ, сынньанарбыт да ахсааннаах. Арай ааспыт кыһын кэргэмминиин Сочига баран кэлбиппит. Адлерга, Сочига бэйэтигэр уонна «Красная Поляна» курорка сынньаммыппыт, өссө биир күн Абхазияҕа тахсан киирбиппит. Онон аҕыйах күн иһигэр биир эрэ отельга сыппакка, хас да сири уларыта сылдьыбыппыт үтүө эрэ өйдөбүлү үөскэтэр. Быйыл эмиэ дьиэ кэргэммин кытта тас дойдуга барар былааннаахпыт.
– Дьиэ кэргэҥҥитигэр бизнес, үлэ чааһыгар ордук ким эппиэттиирий, ким бүтэһик быһаарыныыны ылынарый?
– Дьэ, эриэхэбэй ыйытыыны биэрдиҥ. Дьиэ кэргэнинэн бииргэ бизнес тэрийэр, тэҥҥэ үлэлиир чэпчэки дьыала буолбатах. Бастатан туран, манна өйдөһүү, өйөһүү наада. Тоҕо диэтэххэ, үлэ сүнньүнэн араас уустуктар тахсыахтарын сөп. Холобур, быйыл тутуу матырыйааллара, буруус сыаната олус ыараата. Биллэн турар, бу үлэбитигэр харгыстары үөскэтэ сырытта. Ол гынан баран, кэргэмминиин сөптөөх быһаарыныы ылынан, уустук кэмнэри туораатыбыт, онон үлэбит этэҥҥэ бара турар. Биһиги ханнык баҕарар боппуруоһу иккиэн тэҥҥэ быһаарабыт, ол эрээри, син биир сүрүн киһим кэргэним буолар.
– Күн аайы бизнеһинэн эрэ олордоххо, аны кэргэнниилэргэ сыыйа бизнес сыһыан үөскүүр, бэйэ-бэйэлэрин бизнес-партнер курдук көрө сылдьар буолаллар диэн этэллэр. Маны туох дии саныыгын?
– Оннук баар, сөбүлэһэбин. Ол иһин кэргэнниилэр кэмиттэн кэмигэр үлэттэн сынньаныахтаахтар, үлэ тиэмэтин таарыйбакка, дьиэ кэргэҥҥэ, бэйэ-бэйэҕэ ураты, сылаас болҕомто ууруллуохтаах.
Ырыа эйгэтэ
– Наталья, эн дьоҥҥо-сэргэҕэ ырыаһыт быһыытынан киэҥник биллэҕин. Артыыстарга былырыыҥҥыттан ыла эмиэ үлэлэригэр охсуулаах буолла. Билигин ыллыыгын дуо? Саҥа ырыалары таһаарар былааннааххын дуо?
– Ырыа диэн мин хоббим, сөбүлүүр дьарыгым. Пандемия да иннигэр оннук үлэлээн кэллэҕим. Билиҥҥитэ сүрүн үлэлээх киһибин. Арай урут театрга үлэлиэхпин баҕарар этим. 2009 сыллаахха Эстрада театрыгар кастины ааһан, штакка киирэн артыыс быһыытынан үлэлии сылдьыбыттааҕым. Биир кэмҥэ Санита Ай, Сандал, Святослав Эверстов буолан тэҥҥэ киирбиппит. Ол гынан баран, оччолорго кыра оҕолоох буоламмын, кэлэрбэр-барарбар уустуктары көрсөн тохтуурга күһэллибитим. Дьокуускайга ыытыллар кэнсиэртэргэ, чааһынай бырааһынньыктарга ыллата ыҥырдахтарына, куруук үөрүүнү кытта барабын, чугас улуустарынан да гастроллуубун. Билиҥҥитэ репертуарбар 20-ни кыайбат ырыалаахпын. Кэлиҥҥи кэмҥэ өссө эбэҥкилии ырыалары ыллыыбын уонна эбэҥки култууратын пропагандалыыбын. Бу сыллар тухары араас тэрээһиннэргэ кыттан кэллим. Онон, төһө да хааччахтар киирбиттэрин иһин, ырыаттан тэйбэппин, ыллыырбын олус сөбүлүүбүн уонна истээччилэрбин өссө да үөрдэ туруом диэн эрэнэбин.
– Урут эстрадаҕа тахсаргар уустуктары төһө көрсүбүккүнүй? Ким эйиэхэ бастаан күүс-көмө буолбутай?
– Дьылҕа Хаан баарыгар итэҕэйэбин. Миэхэ хайдах эрэ барыта хара маҥнайгыттан табыллан, сатанан испитэ. Бэйэм да ылсыбыт дьыалабар оттомноохтук, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһабын. Сыанаҕа кэтэр көстүүмнэрбэр куруук болҕомтобун уурабын. Хата, чугас дьүөгэм таҥастарбын тигэн абыраабыта. Репертуар талыы бэйэтэ туһунан уустуктардаах. Үөһэ эппитим курдук, сорох ырыаларбын бэйэм айабын. Холобур, «Икки сүрэх тэҥҥэ тэптин», «Дьоллоохпун мин», «Саҥа дьыл» диэн бэйэм ырыаларым. Сүрүннээн музыкатын айабын. Дьоҥҥо-сэргэҕэ биир саамай биллэр ырыам – «Икки сүрэх тэҥҥэ тэптин». Бу ырыанан 2011 сыллаахха «Саҥа ырыа» телевизионнай күрэххэ кытта сылдьыбытым. Урут 2004-2005 сылларга Клим Федоровтыын гастролларга барсарым, онтон тамада Дмитрий Ядрихинскай араас бырааһынньыктарга ыллата ыҥырара, билигин да үлэлэһэбит. Онон миэхэ сүрдээҕин күүс-көмө буолбуттара диэн махтана саныыбын. Баҕа санааларыҥ туолаллара, былааннарыҥ олоххо киирэллэрэ барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах.
– «Бриз» диэн псевдонимы хайдах ылыммыккыный? Туох суолталааҕый?
– Бастаан эдэрбэр Наталья Исакова диэн аатынан ыллыы сылдьыбытым, онтон билигин кэргэним араспаанньатынан Большакова буолабын. Онтон кэлин сыанаҕа тахсарбар псевдоним наадатын өйдөөбүтүм. «Бриз» диэн ааты биһиги дьүөгэбиниин тылдьыты көрө олорон бэрт судургутук талбыппыт (күлэр). Суолтата «саҥа тыын» диэн буолар. Бэйэм ааппар олус барсар уонна киһи өйүгэр түргэнник киирэр. Онон билигин эстрадаҕа Наталья Бриз диэн аатынан ыллыыбын.
– Наталья, бэйэҥ сөбүлүүр ырыаһыттааххын дуо? Кими ордук сэргээн истэҕиний?
– Омук артыыстарыттан Уитни Хьюстоны, Кристина Агилераны, Бейонсены сөбүлээн истэбин. 2012 сыллаахха «Этигэн Хомус» бэстибээлгэ Уитни Хьюстон «Телохранитель» ырыатын сахалыы тылбаастаан толорбутум бэйэтэ туспа долгутуулаах түгэн этэ.
Тутааччы дьиэ кэргэнтэн
– Наташа, аны оҕо сааскыттан быһа тардан кэпсээ эрэ. Дьиэ кэргэниҥ эмиэ ырыа куттаах дуо?
– Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм, улааппытым. Бииргэ төрөөбүт үс кыыспыт. Мин саамай кыраларабын. Дьиэ кэргэним ырыаҕа сыһыана суох диэбэппин. Ол курдук, аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Валентин Исаков – норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, алгысчыт, СӨ үтүөлээх артыыһа. Ону таһынан аҕам ийэтэ, эбэм эдэр сылдьан сөбүлээн ыллыыра. Кэлин оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына күн сириттэн барбыта. Онон, төрүттэрбэр ырыаһыттар баар буолуохтарын сөп эрээри, бэйэлэрин кэмнэригэр сайыннарбакка хааллахтара дии… Төрөппүттэрим идэлэринэн тутааччылар. Аҕам Еремей Гаврилович өр сылларга СГУ-га ИТФ преподавателинэн үлэлээбитэ, тутааччы, ийэм Августина Николаевна эмиэ тутааччы. Биир эдьиийим учуутал, оттон биир эдьиийим аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар култуураларын үлэһитэ.
Мин кыра эрдэхпиттэн музыканы интэриэһиргиирим. Музыкальнай оскуоланы кыһыл дипломунан бүтэрбитим, 10 сыл устата фортепианоҕа дьарыктаммытым. Бэйэм Дьокуускайдааҕы 33 нүөмэрдээх оскуолаҕа үөрэммитим. Манна наһаа үчүгэй «Айыллаана» диэн ырыа ансаамбылыгар сылдьыбытым. «Туймаадалар» курдук араас куоластарга арахсан академическайдык ыллыырбыт. Оччолортон да кыралаан солисткалыыр этим эрээри, тоҕо эрэ кыбыстарым.
Онтон оскуоланы бүтэрэрбэр култуура эйгэтигэр барбакка, архитектура идэтин талбытым. 2000 сыллаахха Хабаровскай куоракка архитектураҕа туттарсан киирбитим. Ыал кыра, атаах оҕото буоллаҕым дии… Аан бастаан дьоммуттан ыраах барбытым. Тиийэн баран дьоммун, дьиэбин наһаа ахтар этим. Хата, ити кэмҥэ, мин дьолбор, Дьокуускайга ЯГИТИ-га архитектура идэтэ арыллыбыта. Онон өр толкуйдуу барбакка, үөрэхпин онно көһөртөрөн, дойдубар төннөн кэлбитим. Архитектордар алта сыл үөрэнэллэр, онон манна кэлэн эбии биэс сыл үөрэммитим.
– Үөрэххин бүтэрэн баран ханна анаммыккыный? Аан бастаан тугу үлэлээбиккиний?
– Икки сыл устата практикаламмыт сирбэр «Якутпроект» тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбитим. Бастаан миигин кыыс диэн ылымаары гыммыттара. Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ кыргыттар кэлэллэр, оҕолоноллор, хас да сыл дьиэҕэ олорон хаалыахтарын сөп. Ол иһин миигиттэн эмиэ оннук сэрэхэдийбиттэрэ (күлэр). Хата, мин кэтээн көрүүнү этэҥҥэ ааһан, штат үлэһитэ буолбутум. Оччолорго «Якутпроект» 200-тэн тахса үлэһиттээх улахан тэрилтэ этэ. Билигин даҕаны мин сүрүн үлэбинэн «Якутпроект» буолар. Манна элбэх билиини-көрүүнү, уопуту ылбытым. Кэлэктииппинэн киэн туттабын уонна муҥура суох махтанабын.
Бастакы истээччим, сыана быһааччым
– Наташа, эн билигин тапталлаах кэргэҥҥин, үс оҕо ийэтэҕин. Олоҕуҥ аргыһын кытта хаһан, хайдах билсибиккиний?
– 2007 сыллаахха ыал буолбутум. Мин кинини кытта уопсай доҕотторбут бырааһынньыктарыгар билсибитим. Бастакы көрүүттэн таптал эҥин диэн суоҕа. Ол күн көннөрү билсибиппит эрэ. Онтон хас эмит кэм ааспытын кэнниттэн аны Дьокуускайга дискотекаҕа көрсө түспүппүт. Ол кэнниттэн чугастык билсэн, доҕордоһон, түргэн баҕайытык ыал буолан хаалбыппыт. 2008 сыллаахха кыыс оҕоломмуппут. Быйыл бииргэ олорбуппут 14 сыла. Үс оҕолоохпут. Икки улахаммыт – кыргыттар, кырабыт уол.
– Кэргэниҥ култуураҕа, эстрадаҕа сыһыаннаах дуо? Билиһиннэрэ түс эрэ…
– Аналым Константин Үөһээ Халыма Арыылаах нэһилиэгиттэн төрүттээх. Култуура, музыка үөрэхтээх киһи буолбатах. Ол гынан баран ырыаларым бастакы истээччитэ, сыана быһааччы – кини. Туох итэҕэс баарын этэр, сүбэлиир, кириитикэлиэн да сөп. Билигин кэргэмминиин үлэбит, олоххо сыалбыт-сорукпут биир. Иккиэн тэҥҥэ үлэлиир буоламмыт өйбүтүнэн-санаабытынан сөп түбэһэбит, куруук бииргэ сылдьабыт, барытын сүбэлэһэн оҥоробут.
– Тас дойдуларга, Арассыыйа куораттарыгар төһө сынньана бараҕын? Ханна сылдьыбыккыный?
– Дьиэ кэргэн сынньалаҥын тэҥҥэ былаанныыбыт. Бу пандемия иннинэ бары Москванан, Калининградынан сынньанан кэлбиппит. Калининград – олус кыраһыабай, европейскай истииллээх куорат. Дьон сынньанарыгар араас усулуобуйа элбэх, сервистэрэ наһаа үчүгэй. Тас дойдулартан урут Таилаҥҥа сылдьыбыппыт. Онтон ааспыт кыһын Сочига, Абхазияҕа сынньанныбыт. Инникитин да үлэбититтэн быыс-арыт булан араас сирдэри көрөр былааннаахпыт.
– Ханнык баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ үп-харчы улахан оруолу оонньуур. Эн санааҕар, кэргэнниилэр харчыны тэҥҥэ туталлара ордук дуу эбэтэр тус-туспа?
– Биһиги ыал хара маҥнайгыттан харчыбытын биир кумааһынньыкка угабыт, иккиэн тэҥҥэ сүбэлэһэн туттабыт эрээри, сүрүннээн мин эппиэттиир курдукпун. Дьиэҕэ-уокка, оҕолорго ону-маны атыылаһыы биир үксүн мин үрдүбүнэн барар.
– Билигин интэриниэт ситимэ күүскэ сайынна, ырыаһыттар, араас биллэр дьон инстаграмтан арахсыбат буоллулар, үгүс киһи бэйэтин блогер дэнэр. Эн социальнай ситимҥэ күн аайы төһө бириэмэҕин аныыгын, чааһы чааһынан олорор күннэрдээххин дуо?
– Ити үөһэ эппит дьонуҥ ахсааныгар киирбэппин (күлэр). Күнү быһа интэриниэккэ олорор иллэҥим да суох, атын биллэр дьон курдук хас хардыыбын устан таһаарбаппын, оннугу төрүт сөбүлээбэппин. Биирдэ эмит туһаныахпын сөп.
– Наталья, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабын. Ырыа уонна бизнес эйгэтигэр эйиэхэ үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, үгүс кыайыылары-хотуулары баҕарабын!