Натали: «Билиҥҥи кэмҥэ киһи ханнык баҕарар куораттан үлэлиэн сөп»
Кэлиҥҥи сылларга сахалар Арассыыйа араас куораттарыгар: Москваҕа, Питергэ, Краснодарга, Сочига о.д.а. көһүүлэрэ, кыстыы барыылара элбээтэ. Ким эрэ дьиэ кэргэнин, оҕолорун кытта дьиэ-уот атыылаһан букатын көһөр, сорохтор сылаас сиргэ кыстаан кэлэллэр. Маннык хорсун санаалаах дьону иһиттэххэ, тоҕо эрэ “Онно тиийэн тугунан дьарыктаналларый, тугу үлэлииллэрий, хайдах дохуоттанан олороллоро буолуой?” дии саныыгын. Икки сыллааҕыттан урукку бэйэбит кэллиэгэбит, өр сылларга “Киин куорат” хаһыакка үлэлээбит суруналыыс Наталья Протопопова – Натали эмиэ Краснодарскай кыраай сылаас куораттарыгар кыстыыр, үлэлиир.
Төһө да ыраах Саха сириттэн тэлэһийэ сырыттар, бу соторутааҕыта “Айар үлэҕэ – үйэ чиэппэрэ” диэн саҥа кинигэтэ күн сирин көрдө.
Бу күннэргэ Наталины кытта бүгүҥҥү айар үлэтин, Краснодарскай кыраай олоҕун-дьаһаҕын, былааннарын о.д.а. туһунан кэпсэттибит.
– Натали, саҥа кинигэҥ күн сирин көрбүтүнэн эрэдээксийэ аатыттан ис сүрэхтэн төлөннөөх эҕэрдэ! Күннээҕи олоххун, үлэҕин социальнай ситимнэринэн көрө олорор буоламмыт, аттыбытыгар баар курдуккун. Төһө бэркэ кыстаан кэллиҥ уонна айар биэчэрдэриҥ, кинигэҥ туһунан сиһилии билиһиннэриэҥ дуо?
– Эҕэрдэҕит иһин улахан махтал! Сөпкө бэлиэтээтиҥ, уруккум курдук айар-тутар баҕабын ыһыктыбаппын уонна, төһө да нуучча куоратыгар олордорбун, сахалыы куппун сүтэрбэппин. Мин иккис сылбын Краснодарскай кыраайга кыстаатым. Бастакы сылбар Сочига олорбутум, онтон былырыын сайын Краснодарга көспүтүм. Ааспыт ыйга кинигэм тахсыбыта, ол иһин айар биэчэрдэрбин тэрийэр былааннаах быйыл эрдэ кэллим. Дойдубар Салбаҥҥа тахсан “сүрэхтээтим”, аны, кэлэр ыйга, бэс ыйын 9 күнүгэр, Нам киинигэр, от ыйын 21 күнүгэр Тааттаҕа Ытык Күөлгэ ыытыллыаҕа. Кэпсэтиини барытын ыыппытым, бэлэмнэнии үлэтэ бара турар. Намҥа биир дойдулаахтарым эҕэрдэлиэхтэрэ, бырагыраамата сүрдээх сэргэх буолуоҕа: оонньуу, куонкурус хайаан да ыытыллыа, сүрүн бирииһим – “Вива тур” туристическай фирма аатыттан Сочи куоракка икки киһиэхэ путевка. Айар биэчэрим ыытааччыта Александр Максимов – Сааска уол.
– Соҕуруу куораттарга көһүү, кыстык туһунан кэпсэтиэххэ... Билигин Краснодарскай кыраай диэки сахалар төһө элбэхтэрий? Сүрүннээн тугунан дьарыктаналларый, тугу үлэлииллэрий?
– Мин көрдөхпүнэ, сахалар ордук сылаас сиргэ талаһаллар, ол иһин Краснодарскай кыраай диэки элбээтилэр. Ким эрэ Сочига, Анапаҕа, Геленджиккэ олорор, онтон ким эрэ Краснодары талар. Кыстааччы уонна көһөн кэлээччи элбэх. Үгүстэрэ араас удаленнай үлэлээхтэр, бизнестээхтэр. Саха кыргыттара риэлторскай хампаанньа арынан кыбартыыралары, чааһынай дьиэлэри атыылыыллар, кыраһыабай буолуу салоннаахтар, нэһилиэнньэҕэ тыҥырах, кыламан, сирэй процедураларын, массаас өҥөтүн оҥороллор, сорох кыргыттар коучтар, араас марафоннары тэрийэллэр, шопинг, “Вайлдберис” интэриниэт маҕаһыыҥҥа, сетевой хампаанньаларга, туризмҥа үлэлииллэр. Оттон эр дьон таксилыыллар, автосервис арыналлар, тэрилтэлээхтэр, үгүстэрэ урбаанньыттар. Тоҕо эрэ Краснодар, Сочи тэрилтэлэригэр киирэ сатаабаттар. Мин эмиэ көҥүлү уонна кимтэн да тутулуга суох буолууну сөбүлүүр буоламмын, бэйэм бэйэбэр үлэлиибин. Суруналыыстыканан, туризмынан, рекламанан дьарыктанабын. Өссө быйылгыттан тутулуга суох финансовай сүбэһит быһыытынан үлэбин саҕалаатым. Ол курдук, харчыны хайдах сөпкө туттарга, мунньунарга, былаанныырга үөрэтэбин. Уопсайынан, үлэм барыта – өҥө. Төһөнөн элбэх килийиэн, турист о.д.а. кэлэр да, мин оччонон дохуоттанабын. Онон ыйдааҕы дохуотум куруук хамсыы турар, барыта бэйэм хайдах үлэлиирбиттэн тутулуктаах. Бүддьүөт тэрилтэтин курдук бэлэм хамнаһы күүтэн олорбоппун. Удаленнай үлэлээх буоламмын, ханнык баҕарар куораттан үлэлиэхпин сөп. Ол эбэтэр Москваттан, Сочиттан, Краснодартан, Дьокуускайтан, баҕар, омук да сириттэн интэриниэт ситиминэн үлэлиир кыахтаахпын. Урут хаһыакка үлэлиир эрдэхпинэ сылы быһа уоппуска күүтэрим, талбыппынан барар-кэлэр кыаҕым суоҕа, ол иһин билиҥҥи үлэбиттэн астынабын, дуоһуйабын. Аны күһүҥҥэ диэри Саха сиригэр баарбын, ол иһин бу сайын устата тамадалыыр, араас бырааһынньыктары ыытар былааннаахпын. Ити курдук, куруук үлэ үөһүгэр сылдьабын.
– Дьиэ-уот, кыбартыыра, куортам сыаната хайдаҕый? Киһи дьиэ ылынарыгар төһө усулуобуйа баарый? Холобур, кыстыы барар киһи төһөҕө куортамнаһыан сөбүй?
- Мин көрдөхпүнэ, куортам чааһа Дьокуускайтан быдан чэпчэки. Дьокуускайга 15 тыһ. солк. киһи хос эрэ булар буоллаҕына, Краснодарга 1 хостоох кыбартыыра булуохха сөп. Устуудьуйалар 10-12 тыһ., 1 хостоох – 13-15 тыһ., икки хостооҕу 18-20 тыһ., үс хостооҕу 25-30 тыһ. бааллар. Биллэн турар, дьиэ ханнык оройуоҥҥа турарыттан эмиэ улахан тутулуктаах. Оттон Сочи курорт буолан, сыана лаппа үрдүк. Онно үгүстэрэ кыһыҥҥы кэмҥэ Гостевой дьиэлэргэ хос куортамнаһаллар. Толору хааччыллыылаах хостору биир ыйга 12-15 тыһ. солк. куортамныыллар, кыбартыыралар сыаналаахтар. Сайын сезон кэмигэр сыана үрдүүр. Онтон атыы-кутуу өттүн эттэххэ, Краснодарга сыана удамыр соҕус. Ол курдук, кыра устуудьуйалары былырыын 2 мөл. 200 тыһ. саҕалаан атыылаабыттара; уопсайынан, устуудьуйа атыыта онно элбэх. Биир хостоох кыбартыыраны 3 мөл. 300-500 тыһ. солк. булуохха сөп, олох үчүгэйдик көрдөөтөххө, 2 мөл. 800 тыһ. солк. бааллар. Мин былырыын Краснодарскай кыраай климатын сөбүлээммин, инники олохпун, үлэбин онно көрөр буоламмын, Дьокуускайдааҕы кыбартыырабын атыылаан туран, 1 хостоох кыбартыыра ылыммытым. Онон бу кыһын куортам диэни төлөөбөккө, бэйэм бас билэр дьиэбэр олорон сынньанным. Кыһыҥҥы өттүгэр үксүн Москва, Краснодар, Сочи куораттарынан сылдьар былааннаахпын, инники өттүгэр оҕолор да кэлиэхтэрэ. Сахалар син балайда дьиэлэнэн эрэллэр, Сочига, Анапаҕа, Краснодарга ылыннылар, Москва туһунан этэ да барбаккын. Кэлин саха риэлтордара тас дойдуларынан тахсан эрэллэр, Дубайга кыбартыыра бөҕө атыылаатылар. Онон омук да сиригэр дьиэлэниэххэ сөп диэн санааҕа кэллим.
– Краснодарга ас-үөл, бородуукта, таҥас-сап сыаната хайдаҕый?
– Ас сыаната кэлин ыараабыт курдук. Ол эрээри чэпчэки сыанаҕа кууһунан атыылыыр ас, бородуукта маҕаһыына элбэх, удамыр сыанаҕа сибиэһэй оҕуруот аһын, фрукта ылыахха сөп. Мин Краснодарскай кыраай ынаҕын этинэн, кууруссанан, индейканан кыстаатым. Биирдэ эмит сахалары кытта көрүстэххэ, сахалыы аһынан күндүлүүллэр. Холобур, хаан, тоҥ балык, кус, хаас, быырпах о.д.а. Киһи ыраах сылдьан син биир төрөөбүт аһын ахтар. Бу кыһын онон саҥа дьылбын Саха сиригэр көрсөр былааннаахпын. Сочига тэҥнээтэххэ, Краснодарга шопинг ордук, улахан атыы-эргиэн кииннэрэ бааллар, киһи талара элбэх.
– Натали, интэриэһинэй, сэргэх кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Өссө туох инники былааннааххыный? Баҕа санааларыҥ.
– Былаан уонна баҕа санаа хара баһаам. Урут хаһыаттарга өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээбитим уонна, саамай үөрэрим диэн, кэмигэр барбыппын дии саныыбын. Киһи биир сиргэ олордоҕуна, улугуран хаалар эбит, сайдыбат, олох, бириэмэ тохтообукка дылы буолар. Мин билиҥҥи көҥүл олохпуттан дуоһуйууну ылабын, үлэбин барытын бэйэм былаанныыбын; баҕардахпына үлэлиибин, баҕардахпына сынньанабын (күлэр-Аапт.). Туризм эйгэтигэр үүнэр, сайдар былааннаахпын. Бу кыһын Чечняҕа, Домбайга, Пятигорскайга, Абрау Дюрсо, Новороссийск, Геленджик, Сочи, Москва куораттарынан бэркэ сынньанным. Арай бу саас аэропорт сабыллан, Татарстаҥҥа сынньана барыахтааҕым табыллыбата. Уруккум курдук сири-дойдуну кэрийэрбин олус сөбүлүүбүн, бу да кыһын былаан киэҥ. Олоҕу интэриэһинэйдик олорорбун ордоробун. Ол гынан баран сахалыы куппун сүтэрбэппин, биирдэ эмит суруйуох санаам кэллэҕинэ, “Үйэ” сурунаалга, урут бэйэм үлэлээбит “Киин куорат” хаһыаппар суруйабын. Түмүккэ, “Киин куорат” хаһыат кэлэктиибигэр уонна ааҕааччыларыгар бары үчүгэйи, кэрэни, баҕа санаа туолуутун, умнуллубат үтүө сайыны баҕарабын!