28.09.2023 | 12:00

«Наливайкаларга» — ыҥырыыта суох ыалдьыттар

(«Киин куорат» кэрэспэдьиэнэ эриэйдэҕэ сылдьыста)
«Наливайкаларга» — ыҥырыыта суох ыалдьыттар
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Дьокуускай куорат дьаһалтатын уонна Уопсастыбаннай палаататын бэрэстэбиитэллэрэ арыгыны атыылыыр «туочукаларга» сылдьан, иһитиннэрии суруктары туттардылар.

Ураты хонтуруол күүһүрэр, ирдэбил кытаатар

Ааспыт нэдиэлэҕэ полиция үлэһиттэрэ уонна олохтоох салайыныы уорганнара «наливайкаларга» эриэйдэлэри ыыттылар. Ол түмүгэр 9 кэһии баара биллибит, 9 боротокуол толорулунна, 6 сэрэтии бэрилиннэ, 136 лиитирэ арыгы былдьанна. Балаҕан ыйын 25 күнүнээҕи туругунан 71 эбийиэктэн 9 сабыллыбыт.

Эппиэтинэскэ тардыы үлэтэ тэрилтэлэр техническэй былааннара (онно дьиэ иэнэ ыйыллар) суоҕуттан уустугурар. Бүтүн куораттааҕы планеркаҕа туһааннаах тэрилтэлэр РЦТИ-ны кытта бу боппуруоһу дьүүллэһэллэригэр сорудах бэрилиннэ.

Санатан эттэххэ, Ил Түмэн арыгы бородууксуйатынан эргинии бириэмэтин, усулуобуйатын уонна сирин эбии хааччахтыыр сокуону 2023 сыл олунньу ыйыгар ылбыта. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ баар уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ арыгыны атыылыыр саалаларын иэнэ 75 кв. миэтэрэттэн кыра буолуо суохтаах. Ол иннинэ ирдэбил быһыытынан 25 кв. миэтэрэ диэн этэ.

Кирилл Лазарев, Олохтоох дьаһалта Предприни-мательствоҕа, потребительскай ырыынакка уонна туризм сайдыытыгар департаменын начаалынньыгын солбуйааччы:

— Бүгүҥҥү күҥҥэ 56 аһылык тэрилтэтэ бу хааччахтарга хабыллар. Ону таһынан биһиги маннык тэрилтэлэр испииһэктэрин саҥардыыга үлэни ыыта сылдьабыт. Ол эбэтэр, бу испииһэккэ киирбит урбаанньыттар сөбүлэспэт түгэннэригэр, саалабыт 75 квадратнай миэтэрэттэн тахсар диэн бигэргэтэр докумуоннары аҕалыахтаахтар. Оттон ити нуормалары тутуспат дьоҥҥо иһитиннэрии суругу туттарабыт. Ол кэннэ кэһиилэри туоратарга 30 күн бэриллиэҕэ, онтон Ис дьыала министиэристибэтин үлэһиттэрэ хонтуруоллуур тэрээһиннэри ыытыахтара.

«У Бати» саалатыгар баара-суоҕа икки олоппос

Утарылаһыы дуу, куотунуу дуу?

Ол курдук, балаҕан ыйын 20 күнүгэр Губинскай уокурукка баар 6 сымыйа кафены кэрийдибит: “Пивчик”, “Визит”, “У Бати”, “Точка”, “Пивовар”, “У Бати” (Губин уул., 11в).

“Пивчик” бар-маҕаһыын 203-с түөлбэ 30 нүөмэрдээх дьиэтигэр турар. Чопчу эттэххэ, турар этэ. Иһигэр киирдэххэ, хас да аан баар, онуоха бииригэр кирдээх А4 кумааҕы илииһигэр: “Бар сабылынна! L диэн суруллубут. Аттыгар турар кэрэ буолуу салонун үлэһитэ тахсан: “Бар сабыллыбыта ыраатта”, — диэтэ.

«Визит» саалата: хааччахха хабыллымаары... төҥкөйөн да туруҥ

“Визит” пиибэ бара Ларионов уул., 16, “Парус” дьиэҕэ баар. Ол үрдүнэн киирии аана мээнэ ас-үөл маҕаһыынын иһигэр турар. “Саалаҕыт баар дуо?” диэн ыйытыыга кассир кыыс үөһэ ыйар. Ону баара иккис этээс курдук оҥоһууга тахсар кирилиэс турар эбит. Тахсан көрбүппүт, хаптаһын муосталаах этээскэ остуол, олоппос баара көстүбэт. Ону таһынан “иккис этээс” үрдэ аһара намыһах, киһи көнөтүк турбакка, төҥкөйдөҕүнэ эрэ батар кыахтаах.

202-с түөлбэҕэ турар “У Бати” бар өрөмүөҥҥэ сабыллыбыт. “Чугастааҕы филиалбыт Губин уул., 11в аадырыска баар”, — диэн сурук ыйанан турар. Онно тиийбиппитигэр, бар иһигэр 2 олорор олоппостоох. Уонна бүттэ.

“Точка” бар-маҕаһыыҥҥа (Губин уул., 35/1а) саала баара көстүбэт. Кассир уол иһитиннэрии суругу ылла.

«Пивчик» сабыллыбыта ыраатта

“Пивовар” (Губин уул., 11в ) бар-маҕаһыын дьаһалта үлэһиттэрэ кэлбиттэригэр тута ааннарын хатаан кэбистилэр. Ыҥырыыта суох ыалдьыттары ким да үөрэ көрсүбэтэ. Хаһаайка этэринэн, сабыллыахтаах “наливайкалар” испииһэктэригэр сыыһа киирбиттэр, тоҕо диэтэххэ атыы саалатын иэнэ 75 кв. м. куоһарар. Ол да буоллар, бар иһин көрдөрбөккө, иһитиннэрии суругу ылартан аккаастанна. Бар хаһаайына отой даҕаны камераҕа уста сылдьар суруналыыс төлөпүөнүн дайбаан түһэрдэ.

Ити курдук, ханна да "ытыс үрдүгэр түһэрбэтилэр", биһигини кырыы харахтарынан көрсө тоһуйдулар. Аһаҕастык кэпсэтэр киһи көстүбэтэ. Итинэн кинилэр саҥа киирбит уларыйыылары сөбүлээбэтэхтэрин өйдөөтүбүт.

Матвей Лыткин, Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ, “Трезвая Якутия” хамсааһын салайааччыта:

2018 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ арыгыны атыылыыр “туочука” ахсаана 500-нэн элбээтэ. Итини нэһилиэнньэ эмиэ өйдөөн көрөр. Куорат дьаһалтатыгар, предпринимательство министиэристибэтигэр арыгыны иһии элбээбитэ бүтүн өрөспүүбүлүкэ олоҕун аймыыр диэн олус элбэх үҥсүү киирэр.

Бүгүн сорох "туочукалар" сабыллыбыттарын, атыттар төһө кыалларынан саалаларын оҥосто сылдьалларын көрөбүт. Ол эрээри саҥа саалалар дьоҥҥо куттала суох буолалларын уонна санитарнай нуормалары кэспэттэрин дакаастыахтарын наада. Ону биһиги кыраҕытык кэтиэхпит, хонтуруоллуохпут.

Санатар буоллахха, 2022 сыл ыам ыйын 6 күнүттэн арыгыны атыылыыр эбийиэктэр үөрэх кыһаларыттан — 300 м, оҕо уһуйааннарыттан — 200 м, уопсастыбаннай аһылык эбийиэктэрэ оскуолалартан, үөрэх кыһаларыттан – 50 м тэйиччи туруохтаахтар, спа-салоннартан, массаас уонна лаборатория кэбиниэттэриттэн 15 м тэйиччи буолуохтаахтар. Арыгы маҕаһыыннара 14:00-20:00 чааска диэри үлэлииллэр, оттон уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ күҥҥэ хааччаҕа суох арыгыны атыылыахтарын сөп.

Иһитиннэрии сурук ханнык да ыйаахтааҕар кытаанах

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...