31.12.2022 | 17:00

Надина Эльпис: «Сүрэҕим тугу этэринэн...»

Надина Эльпис:  «Сүрэҕим тугу этэринэн...»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Саҥа дьыллааҕы нүөмэрбитигэр саха эстрадатын биир кэрэ куоластаах, дьон-сэргэ сөбүлүүр ырыаһыта Надина Эльпис ыалдьыттыыр. Надина эстрадаҕа үлэлээбитэ, көрөөччү кутун туппута уонтан тахса сыл буолла. Бу сыллар тухары артыыс элбэх альбом, клип таһаарда, айар кэнсиэртэрин оҥордо. Билигин Дьокуускайга араас бырайыактарга, кэнсиэртэргэ кыттар, өрөспүүбүлүкэ устун гастроллуур.

Надина Эльпис – ааптар-композитор, “Этигэн Хомус” бэстибээл лауреата, “Саҥа ырыа” телевизионнай күрэх, “Үрдэл” музыкальнай бириэмийэ кыттыылааҕа. 
2012 сыллаахха Хакасияҕа буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы этно-бэстибээл 2-с степеннээх лауреата. 
Биэс альбомнаах: “Лыах” (2010), “Абылаҥ” (2014), “Туймаада Куо” (2015), “13 түүн” (2019), “Тоҕо?” (2021). Уопсайа 15 клиптээх. Дьокуускайга үстэ улахан айар кэнсиэрин тэрийбитэ: “Лыах”, “Абылаҥ”, “13 түүн”. 
Надина – Абый нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо уонна “Абый улууһун култууратыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайката. 
2019 сыллаахха Дьокуускайдааҕы Арктическай Судаарыстыбаннай институту бүтэрэн, актер-режиссер уонна култуурунай-маассабай тэрээһиннэри тэрийээччи идэлэрин баһылаабыта. 

Артыыстарга төһө даҕаны бырааһынньыктааҕы сүпсүлгэн күннэрэ буоллар, Надина интервью биэрэргэ улгумнук сөбүлэһэн, куорат биир рестораныгар көрсөн, сылаас чэй иһэ-иһэ истиҥник сэһэргэстибит.

– Надина, эйигин кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин. Дьэ эрэ, билиҥҥи айар үлэҥ туһунан кэпсэтиэх. Кэлиҥҥи кэмҥэ туох саҥаны айдыҥ, тугу таһаардыҥ? Туох былаан баар?

– Үтүө күнүнэн! Эҕэрдэҕэр улахан махтал! Пандемия арыый намыраан, артыыстар үлэлээн-хамсаан эрэбит. Быйылгы сыл миэхэ олус айымньылаахтык ааһан эрэр. Бу сайын “Икки Сардаана” диэн ырыаны таһаарбытым, клип уһулбутум уонна атырдьах ыйыгар оруобуна төрөөбүт күммэр “сүрэхтээбитим”. Аны бу соторутааҕыта бэйэм тылбар уонна матыыппар “Бүлүү хонуу” диэн саҥа ырыабын таһаардым. Уопсайынан, ырыам элбэх, репертуарым киэҥ. Былыргы ырыалары саҥалыы тыыннаан таһаарарбын элбэх киһи билэр. Үксүн биир дойдулаахтарым, абыйдар, ырыаларын таһаара сатыыбын, араас ааптардары кытта үлэлэһэбин. Бүгүҥҥү күҥҥэ саха эстрадатын ырыаһыттарын ортотугар саамай элбэх клиптээхтэрэ мин, уопсайа 15 клиби уһуллум. Ону сэргэ араас бырайыактарга, кэнсиэртэргэ кыттабын.

– Надина, эн билигин ханна үлэлиигиний? Тыйаатырга бааргын дуу, урбаанньыт быһыытынан көҥүл сылдьаҕын дуу?

– Кэккэ сылларга Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатырыгар артыыс быһыытынан үлэлээбитим. Онтон кэлин бэйэм бэйэбэр көҥүл сылдьан айабын-тутабын, “көҥүл худуоһунньукпун” (күлэр).

– Ырыаһыттар социальнай ситимнэргэ үлэлэрин-хамнастарын, ханна кэнсиэртии сылдьалларын үгүстүк таһаараллар. Ону таһынан тус олохторун кытта сырдаталлар. Социальнай ситимҥэ эн төһө элбэх бириэмэҕин аныыгын?

– Хайаан да бачча бириэмэ олоруохтаахпын эҥин диэн хааччахтаммаппын, төрүөт баар эрэ буоллаҕына киирэбин. Айар үлэбин уонна тус олохпун сэҥээрэр сурутааччыларбар сонуммун үллэстэр эбээһинэстээх даҕаны курдук сананабын. Иккиһинэн, социальнай ситим миэхэ үлэбинэн олус наадалаах. Тоҕо диэтэххэ продюсерым суох буолан, сакаас куйаар нөҥүө эрэ киирэр. Рекламалары, биллэриилэри, ханнык кэнсиэркэ кыттарбын эмиэ  социальнай ситимҥэ таһаарабын. Онон интэриниэт көмөтө, туһата элбэх дии саныыбын.

– Биллэр киһиэхэ дьон сыһыана араас буолар. Эйиэхэ соччото суох суруйуу, хаҕыс тыл-өс, үөҕүү төһө киирэрий? Маннык түгэҥҥэ хайдах сыһыаннаһаҕын?

– Оо, мин олохпор арааһы барытын ааспыт киһибин. Уопсай пабликтарга төһөлөөх ыйытыыта суох таһаарбыттара, сымыйанан холуннарбыттара буолуой?! Онно хайдах сыһыаннаһаҕын диэ... Хобу-сиби тарҕатар бөлөхтөрү ааҕа да барбаппын, хара санаалаах дьону кытта аахсан да диэн. Итинник суруйууларга, дьон араас саҥатыгар наадыйбат буолбутум ыраатта. Барыларын кытта айдаарса сырыттахха, ханна ыраатыахпытый? Оттон тус страницабар баар дьон, сурутааччыларым куһаҕаны суруйбаттар.

– Пандемия кэмигэр кэнсиэртэри, маассабай тэрээһиннэри бобоннор, үгүс артыыс улахан охсууну ылбыта. Онон Арассыыйа да, саха эстрадатын да ырыаһыттара билигин айар үлэлэрин таһынан бизнес арынар буоллулар. Эн инникитин туох эмэ бизнестэниэххин баҕарбаккын дуо?

– Ол туһунан билиҥҥитэ толкуйдуу иликпин. Арай “Тугунан дьарыктаныаҥ этэй?” диэн ыйыталлара буоллар, баҕар, интэриниэт-маҕаһыын арынан, таҥас-сап, наһаа үчүгэй былаачыйалары эҥин атыылыам эбитэ буолуо... Оттон билиҥҥитэ ырыанан эрэ олоробун. Ону таһынан сыбаайбалаах, үбүлүөйдээх, төрөөбүт күннээх дьону видео нөҥүө эҕэрдэлиибин.

– Интэриниэт-бизнес, кырдьык, наһаа сайынна. Сорох артыыстар сетевой маркетиҥҥа, инвестиционнай платформаларга үлэлээн, эбии дохуот аахсаллар.

– Кырдьыгынан эттэххэ, итинник араас инвестиционнай үлэлэртэн, сетевой маркетинтан олох ыраах киһибин уонна улаханнык өйдүү да сатаабаппын. Хайдах эрэ бэйэм туспа эйгэҕэ сылдьар уонна атыҥырыы көрөр курдукпун (күлэр).

– Тас дойдуларынан сынньанаргын сөбүлүүргүн билэбин. Ханна сылдьыбыккыный уонна саамай сөбүлээбит сириҥ ханныгый?

– Сөпкө этэҕин. 2012 сылтан үгүстүк айанныыбын. Ол курдук, Таилаҥҥа, Египеккэ, Кытайга, Дубайга, Туниска, Турцияҕа, Бакуга, Ереваҥҥа, Дагестаҥҥа, Чечняҕа, Хакасияҕа, Казахстаҥҥа, Абхазияҕа, Арассыыйа куруортарыттан Сочига, Анапаҕа, Крымҥа, Геленджикка сылдьыбытым. Айанныы үөрэммит киһи өссө да айанныы туруон баҕарар дииллэрэ чахчы эбит. Саамай сөбүлээбит сирим Турция дии саныыбын, хаста да сырыттым. Стамбул, Анкара, Анталья, Алания о.д.а. кэрэ сирдэрин көрдүм. Соторутааҕыта эрэ Армения Ереван куоратыттан кэллим. Инникитин Марокко, Саудовскай Аравия о.д.а. барыахпын баҕарабын.

– Сынньалаҥы, айаны олох эрдэттэн былаанныыгын дуу эбэтэр соһуччу барыылар эмиэ баар буолааччылар дуу?

– Эмискэ быһаарынан көтөн хаалыахха сөп бөҕө буоллаҕа (күлэр). Ол гынан баран барыта харчыттан уонна оҕолорбуттан тутулуктаах. Суох кэммэр оҕолорбун эбээлэригэр хаалларабын уонна олус көмөлөһөрүгэр, миигин өйдүүрүгэр, өйүүрүгэр наһаа махтанабын.

– Дьыл ханнык кэмигэр сынньанаргын сөбүлүүгүн уонна муораны ордороҕун дуу, хайалары дуу?

– Ханнык кэмҥэ сынньанарым улахан оруолу оонньообот. Бу өйдөөтөххө, хайалаах дойдулары ордорор эбиппин. Күнү быһа муораҕа сытыы, күнү-күннүктээн сөтүөлээһин – миэнэ буолбатах. Көхтөөх сынньалаҥы, экскурсияларга сылдьары, араас дойдулар куухуналарын амсайары, тыыннаах муусукалаах рестораннары сөбүлүүбүн. Хас сынньалаҥ кэнниттэн өйдүүн-санаалыын “ыраастаммыт” курдук кэлэбин, олус чэпчээбиккэ дылы буолабын. Ол кэнниттэн санаам, сүргэм көтөҕүллэн, дуоһуйа үлэлиибин.

– Надина, харчыга сыһыаныҥ хайдаҕый? Кытаанаххын дуу, чэпчэкитик арахсаҕын дуу?

– Саҥа ырыа оҥорторуутугар, аранжировкаларга, сценаҕа кэтэр көстүүмнэрбэр үтүмэн үп барар. Ырыаһыт буоларым быһыытынан айар үлэбэр төһө да харчыны кэрэйбэппин. Тоҕо диэтэххэ ол, бастатан туран, көрөөччүм ирдэбилэ диэххэ сөп. Тас дойдуларга, араас куораттарынан сынньалаҥмар эмиэ харчыбын харыстаабаппын. Тоҕо диэтэххэ киһи үчүгэйдик, дуоһуйа сынньаныахтаах, өйгө-санааҕа үтүө, сырдык өйдөбүл хаалар гына. Оттон күннээҕи таҥас-сап өттүн эттэххэ, муоданы аһара сырсыбаппын.

– Дьиэҕэр баар кэмҥэр иллэҥ бириэмэ үөскээтэҕинэ тугунан дьарыктанаргын сөбүлүүгүн?

– Оннук улахан хобби диэбит курдук үлүһүйүүм, дьарыгым суох. Арай киинэ көрөрбүн сөбүлүүбүн. Киинэ диэн миэхэ саамай үчүгэй сынньалаҥ. Ордук дьиҥнээх олоххо олоҕуран уһуллубут эбэтэр историческай киинэлэри сөбүлүүбүн.

– Надина, интэриэһинэй, истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Түмүккэ “Киин куорат” хаһыат кэлэктиибигэр уонна ааҕааччыларбытыгар тугу баҕарыаҥ этэй?

– Туох эрэ кыһалҕалаах, быһаарылла илик дьыалалардаах буоллаххытына, санааҕытын олох түһэримэҥ, куруук үөрэ-көтө сылдьыҥ, киэҥ көҕүстээх буолуҥ, сүрэххит тугу этэринэн олоруҥ, хас биирдии күнү, түгэни сыаналааҥ уонна кэлэр 2023 сылга барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....