21.12.2023 | 16:00

Надежда Тимофеева: «Политехническай үөрэхтээһин сайдарыгар атын толкуй, ураты көрүү уонна өйөбүл наада...»

Надежда Тимофеева: «Политехническай үөрэхтээһин сайдарыгар атын толкуй, ураты көрүү уонна өйөбүл наада...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта Саха политехническай лицей 45 сыллаах үбүлүөйүн, лицей аатын ылбыта 10 сылын үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтэ. 2022-2023 үөрэх дьылын түмүгүнэн СПЛ Уһук Илин 20 бастыҥ оскуолатын кэккэтигэр, оттон өрөспүүбүлүкэҕэ топ-10 иһигэр киирэн, үөрүүтэ үгүс. 
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – лицей дириэктэрэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи Политехническай хайысхалаах оскуолалары сайыннарар партнерство бэрэссэдээтэлэ, регионнар икки ардыларынааҕы “Исследователь” уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Надежда Константиновна ТИМОФЕЕВА.

Үөрүү, ону тэҥэ улахан эппиэтинэс

– Надежда Константиновна, үбүлүөй хайдах ааста?

– Дьокуускай куорат 14-с №-дээх оскуолата 1978 сыллаахха Николай Алексеевич Ааллааҕыскай, Мария Петровна Бубякина туруорсууларынан аһыллыбыта. Бастакы учууталларбыт курдук идэлэригэр бэриниилээх дьон баар буоланнар, оскуолабыт сайдыы саҕахтарын арыйбыта.

Быйыл оскуолабыт тэриллибитэ 45 сылын, политехническай лицей аатын ылбыппыт 10 сылын бэлиэтээтибит. Үбүлүөй диэн үөрүү, ону тэҥэ улахан эппиэтинэс. Бэлиэ сылбытыгар анаан икки кинигэни бэчээккэ бэлэмнээн таһаардыбыт. Выпускниктарбытын, бэтэрээн учууталларбытын ыҥыран чиэстээтибит, историябытын ахтан-санаан ыллыбыт, төрөппүттэрбитин, оҕолорбутун, кэллиэгэлэрбитин кытта улахан тэрээһини ыыттыбыт. Дьоро күммүт “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр буолан ааста.

– Лицей бүгүҥҥү үлэтин ааҕааччыларбытыгар сэһэргии түһүөҥ дуо?

– Мин 2003 сыллаахха дириэктэринэн ананан кэлбитим. Сайсары түөлбэтин оҕолорун инникилэрин толкуйдаан, политехническай хайысханы тутуспуппут. Биллэн турар, сүрүн болҕомто итиннэ ууруллар. М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты кытта дуогабар түһэрсэн, араас факультеттары кытта күн бүгүҥҥэ диэри ыкса ситимнээхтик үлэлии олоробут. Ону сэргэ, Томскайдааҕы политехническай университеты, “Газпром” тэрилтэни кытта үс өрүттээх дуогабар түһэрсэн, кэскиллээх санааларбытын олоххо киллэрэбит. Оҕолор экскурсияларга, лиэксийэлэргэ сылдьан, элбэҕи билэн-көрөн кэлэллэр. Итини таһынан, Н.Э. Бауман аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай техническэй университеты кытта бииргэ үлэлээбиппит сүүрбэччэ сыл буолла. Сорох выпускниктарбыт бу үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн, хайыы үйэ үлэлии сылдьаллар.

Бу иннинэ Соҕуруу Кэриэйэни кытта биэс сыл устата, ону тэҥэ Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин Харбин, Далянь политехническай университеттарын кытта олус таһаарыылаахтык үлэлээн кэлбиппит. Сеулга Робототехника Үрдүкү оскуолатыгар бара сылдьан 40 оскуола дириэктэрин кытта көрсүбүппүт, материальнай-техническэй баазалара баайын, тупсаҕайын сөҕөн-махтайан кэлбиппит. Ол саҕана “Автодело” дьарыкпытыгар икки массыыналаах буолан үөрэр-көтөр, баай оскуола курдук сананар этибит (күлэр). Кинилэргэ сабыс-саҥа 30 массыына турарын көрөн соһуйбуппут. Аны сыбааркалыыр аппарааттара элбэҕэ, керамика мастарыскыайдара улахана, киэҥэ-куоҥа, оборудованиелара ордук сөхтөрбүтэ. Санкт-Петербурга 777-с №-дээх Инженернэй оскуола эмиэ ол курдук үлэлии олорор. 

Урукку хаартыскалар - история кэрэһиттэрэ

Саха сирэ Татарстаны кытта ыкса ситими олохтоото, Казань куоракка элбэх сырыы тэриллэр. Урукку миниистирдэрэ Рафис Бурганов өрөспүүбүлүкэбитигэр хаста да кэлэ сылдьыбыта. Кини: «Надежда Константиновна, Саха сирэ уопут атастаһа Казань куоракка тиийиэ суохтаах, төттөрүтүн, биһиги эһиэхэ кэлиэхтээхпит. Сахалар толкуйгут чыҥха атын, эһигиттэн элбэххэ үөрэниэхтээхпит», – диэн турар. Мин санаабар, кырдьык, биһиги өрөспүүбүлүкэбит учууталларынан, оҕолорунан, ситиһиилэринэн Татарстантан олох хаалсыбат.

Быйылгы сылга дьоһун хардыыбытынан Санкт-Петербург куоракка “Арассыыйа Федерациятыгар оскуолаларга инженернэй-технологическай үөрэхтээһини сайыннарыы” Консорциуму уонна дойду үрдүнэн аатырбыт 777-с №-дээх Инженернэй-технологическай оскуоланы кытта сөбүлэҥ түһэрсибиппитин ааттыахха сөп. Ити Консорциумҥа Арассыыйа 78 регионуттан уонна үс норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола киирэллэр. Кинилэри кытта инникитин ыкса ситимнээх үлэ барыахтаах.

Итини сэргэ, «Инженернэй үөрэхтээһин» бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн «Arman Holding» корпорацияны (Санкт-Петербург к.) кытта сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Манна даҕатан эттэххэ, бу корпорация хас да хайысханы дьүөрэлээн үлэлиир. “Просвещение” кинигэ кыһатын кытта ааптардары түмэн, үөрэх кинигэлэрин бэлэмнээн бэчээттииллэр, бөдөҥ собуоттары кытта бииргэ үлэлээн, техническэй хайысхалаах оскуолаларга сөптөөх оборудованиелары оҥорон таһаараллар, бырагыраамалары суруйаллар эбит.

Маны таһынан, оскуолабытыгар «Интегрированные образовательные проекты по отраслям промышленности РС (Я)» инновационнай бырайыакпытын салгыы олоххо киллэрэбит. Чиэппэринэн үллэрэн, араас маастар-кылаастар, уруоктар, экскурсиялар, кылаас чаастара, көрсүһүүлэр тэриллэллэр. Холобур, оҕолор ас-үөл бырамыысаланнаһын кытта билсэллэр, таарыйа өбүгэлэрбит төрүт астарын, иһиттэрин-хомуостарын, дьарыктарын үөрэтэллэр.  Бу үлэбитинэн босуобуйа суруйа сылдьабыт.

Лааҕырбыт - оҕо аймах талаһар сирэ

Ону тэҥэ хас биирдии оҕоҕо тиэмэ сөпкө тиийиэхтээх диэн санааттан “Үөрэнээччи уонна учуутал тус маршруттара” оҥоһуллубута, ол үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр сонун сүүрээни киллэрэригэр саарбахтаабаппын. Билигин Арассыыйа үрдүнэн патриотическай иитиигэ болҕомто ордук күүһүрдэ. Ити хайысханан оскуолаҕа ситимнээх үлэ ыытыллар. Тэрээһиннэргэ, аахсыйаларга көхтөөхтүк кыттабыт, туора турбаппыт.

Оҕо аймаҕы чэбдигирдэр “Радуга” сайыҥҥы лааҕыры үлэлэтэбит. Кэлэр сылга улахан өрөмүөн ыытыллыахтаах. Куорат баһылыга Евгений Григорьев, үөрэх управлениетын начаалынньыга Мария Петрова өйүөх, үп-харчы көрүөх буолан үөртүлэр. Былырыын, иллэрээ сыл куорпус иһигэр душ, туалет оҥорторбуппут. Онон эһиил остолобуойбутугар уонна куорпуспутугар тупсарыы үлэтин былаанныыбыт.

Лааҕырбыт олус кэрэ айылҕалаах сиргэ турар. Бэл диэтэр, Соҕуруу Кэриэйэттэн ыалдьыттарбыт астына-дуоһуйа сынньанан бараллара. Манна өссө куонкуруска хапсыбыттар эрэ кэлэллэрэ. Аспытын сөбүлээн, олус тотоойу диэн хайҕыыллара.  

 

Лицей кэлэктиибэ — үлэни кыайар күүс!

Идэҕэ бэлэмнээһин – сүрүн хайысхабыт

– Профильнай үөрэхтээһиҥҥэ ураты болҕомтобутун уурабыт, онон кылаастар хайысхаларынан арахсан, биирдиилээн предметтэри (математиканы, физиканы, информатиканы, биологияны, химияны, гуманитарнай предметтэри) дириҥэтэн үөрэтэллэр. Ити үтүө түмүктээҕэ, көдьүүстээҕэ билиннэ. Ол курдук, оҕолор талбыт хайысхаларынан үөрэххэ киирэллэрэ элбээтэ, олимпиадаларга, араас күрэхтэргэ ситиһиилэрэ да үксээтэ.

Үөрэнээччилэри идэҕэ бэлэмнээһин – лицей биир сүрүн хайысхата. Оҕолорбут 2-с разрядтаах столяр, ювелир, гончар, иистэнньэҥ, 3-с разрядтаах парикмахер, “В” категориялаах суоппар идэлэригэр уһуйуллаллар, оскуоланы бүтэрэллэригэр аттестаты кытта сибидиэтэлистибэ ылаллар.

Оҕолор атын хайысханан да бардахтарына, оскуолаҕа ылбыт сатабыллара хаһан баҕарар туһалыыр. Холобур, устудьуоннар иллэҥ кэмнэригэр эбии үлэлээн, харчы оҥостуохтарын сөп. Иистэнньэҥ, парикмахер сатабылларыгар уһуйуллубут выпускниктарбыт махтаналлара үгүс. Төрөппүттэриттэн көрдөөбөккө, бэйэлэрэ таҥас тигэн, баттах кырыйан, эбии харчыланаллар үһү. Кэтээн көрдөххө, оҕолорбут маастардарын баһыйар да түгэннэрэ элбэх. Кыргыттар тирии кууркалара, суумкалара диэн... туох да олус кэрэ буолар. Онон оҕо, сөпкө тайаннаҕына, төһө баҕарар айыан-тутуон, сайдыан сөп.    

 

Сатабыл — ситиһии төрдө

Каадырдары оскуолаттан үүннэрэн таһаарыахтаахпыт

– Үрдүк үөрэх кыһаларын уонна бырамыысаланнай тэрилтэлэри кытта үлэ олус инникилээх диэн көрөбүн. Биһиги биир баҕа санаабыт – выпускниктарбыт инженернэй эбэтэр оробуочай идэлэри баһылаан, төрөөбүт дойдуларыгар үлэлии хаалалларын ситиһии. Ити сыалтан орто сүһүөхтэн саҕалаан ХИФУ горнай институтун уонна ГРФ кытта үлэлиибит. Ону сэргэ, “Алроса онлайн-кылаас” диэн арыйбыппыт. Быйылгыттан “Фаворит” үөрэх киинин кытта “Горнорабочий надземный” диэн идэҕэ бэлэмниибит. СӨ Хотугу эргимтэтин сайыннарар пуонда дириэктэрэ Петр Петрович Чехордун көмөтүнэн бырамыысаланнай тэрилтэлэри кытта үлэлэһэбит.

Мин санаабар, бырамыысаланнай тэрилтэлэр олохтоох каадырдары үүннэрэн таһаарар үлэни үрдүк үөрэх кыһаларыгар эрэ ыыппакка, оскуолаттан саҕалыахтарын наада. Араас куонкурустары ыытан, оҕолору көҕүлээн, идэҕэ хайысхалаан, сирдээн, интэриэс күөдьүтэн, төрөөбүт дойдуларыгар үлэлии хаалалларын ситиһиэхтэрин сөп. Чинчийии көрдөрбүтүнэн, бырамыысаланнай тэрилтэлэр идэтийбит исписэлиистэргэ олус наадыйаллар. Итини тэҥэ, биһиги оҕолору бэлэмниир оробуочай идэлэрбитигэр үлэһиттэр тиийбэттэр диэн этэллэр. Аны туран, аныгы олох ирдэбилинэн, ханнык баҕарар тэрилтэҕэ цифровой технологияны баһылаабыт дьону үлэҕэ үөрүүнэн ылаллар. 

Соҕуруу куораттар бөдөҥ тэрилтэлэрэ бэйэлэрин оскуолаларын аһыахтарын наада. Холобур, “Росатом”, “Роснефть”. Кинилэр идэлэригэр үөрэнэ киирбит оҕолору өйөөн, үчүгэй үөрэхтээхтэргэ истипиэндьийэ көрүөхтэрин, онтон выпускниктарын тэрилтэлэригэр сүүмэрдээн, үлэҕэ ылар курдук дьаһаныахтарын сөп. Оччоҕуна төрөппүт эмиэ сэргиэ, оҕото үлэлээх уонна хамнастаах буоларыгар интэриэһэ үрдүө этэ дии саныыбын.

Кэлин үчүгэй олоххо үөрэнэн диэбиккэ дылы, оҕолорбут наар сылаас сиргэ, тупсаҕай усулуобуйаҕа эрэ үлэлиэхтэрин баҕарар курдукпут. Биллэн турар, биһиги курдук тыйыс айылҕалаах дойдуга тулуурдаах, билиилээх уонна интэриэстээх эрэ дьон ыарахан үлэҕэ бараллар. Туох да диэбит иһин, олохтоох каадырдарбытын оскуолаттан бэйэбит бэлэмнээн, үөрэтэн-такайан, үүннэрэн таһаарыахтаахпыт.     

Уол оҕо олоххо бэлэмнээх буолара ордук

Оҕо дьарыктаах буолуохтаах

– Лицейгэ эбии үөрэхтээһиҥҥэ, дьарыктаах буолууга улахан болҕомто ууруллар. Оҕолорбут оскуолаттан туох эрэ сатабыллаах, олоххо-дьаһахха бэлэмнээх тахсыахтаахтар диэн санаанан салайтарабыт.  Бу диэн эттэххэ, ФГОС киириэн да инниттэн ити хайысхаҕа үгүс үлэ саҕаламмыт эбит. Холобур, “Самолетостроение”, “Ракетостроение”, “БПЛА”, “Робототехника” курдук сонун дьарыктары киллэрбиппит. Билигин интеграцияны таба туһанан, технология уруогун, эбии үөрэхтээһини уонна идэҕэ бэлэмнээһини дьүөрэлиир, холбуу тутар кыахтанныбыт.

2021-2022 үөрэх дьылын түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ политехническай оскуолаларын рейтинигэр бастыҥ көрдөрүүлэнэн, быйыл күһүн үөрэх министиэристибэтин өйөбүлүнэн Инженернэй оскуолабыт баазатыгар “Кванториум” арыйдыбыт. Ону сэргэ, сантехниканы, электриканы, гидропониканы уонна тутуу матырыйаалларын үөрэтэр дьарыктар тэриллэллэр. Мин санаабар, уол оҕо сантехникаҕа быһаарсар, саатар бэйэтин дьиэтин иһигэр уот тардар буолуохтаах, ханнык тутуу матырыйааллара баалларын билиэхтээх. Тоҕо диэтэххэ ити сатабыллар инженернэй, оробуочай идэлээх дьоҥҥо эрэ буолбакка, биһиги курдук тыйыс, тымныы усулуобуйалаах регион олохтоохторугар олус наадалаахтар.

 

Талааннаах оҕолорбутунан киэн туттабыт

Бу олоххо быстан-ойдон биэрбэт...

– Оҕо бэйэтин култууратын, куоратын, норуотун туһунан билиэхтээх диэн санааттан оскуолабытыгар “Дьокуускай куорат култуурунай нэһилиэстибэтэ” бырайыагынан үлэ тиһиктээхтик ыытыллар. Оҕолорбут алын кылаастан саҕалаан киин куоракка баар пааматынньыктары, култуура тэрилтэлэрин, кэрэхсэбиллээх сирдэрин үөрэтиэхтээхтэр, култуурунай эбийиэги барытын киһи оҥорбутун, үлэһит сыратынан ситиһиллибитин өйдүөхтээхтэр, сыаналыахтаахтар уонна киэн туттуохтаахтар. Экскурсияҕа сылдьыынан эрэ муҥурдаммакка, чинчийэр үлэни көҕүлүү сатыыбыт. Билэ-көрө, информацияны хасыһа, анаалыстыы үөрэммит оҕо ырааҕы-киэҥи толкуйдуур, бу олоххо быстан-ойдон биэрбэт булугас өйдөөх буолар диэн санаалаахпын.  

 

Сүрүн куорпус хапытаалынай өрөмүөн кэннэ

Баҕа санаабыт  – салҕааһын тутуллуута

– Үс сиринэн үлэлии, үөрэнэ олороҕут, лицей сүрүн куорпуһугар салҕааһын тутулларын туруорсубуккут ыраатта. Кэлин туох диэн буолла, хамсааһын тахсыах курдук дуо?

– Бүгүҥҥү туругунан лицейбитигэр 1652 оҕо үөрэнэр, 162 үлэһиттээхпит. Сүрүн куорпуспут Лермонтов уул., 128, турар. Алын кылаастарбыт сорохторо Лермонтов уул., 152, бааллар. Инженернэй оскуолабыт Бүлүүлүүр суол 4-с км үлэлиир. Биллэн турар, үс сиринэн үлэлиир, үөрэнэр ыарахан. Инженернэй оскуолаҕа оптуобус 10-на кырынар. Аны парковката суох буолан, ыарахаттары көрсөбүт.

Уопсайынан, эбии үөрэхтээһиҥҥэ үлэлиир, идэҕэ бэлэмниир политехническай хайысхалаах оскуоланы өйөөн, салҕааһын тутуллара, билиҥҥи ирдэбилгэ хоруйдуур инженернэй оскуола аһыллара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Оҕо биир сиргэ үөрэнэрэ, эбии дьарыктанара ордук. Аныгылыы тэрилинэн-тээбирининэн толору хааччыллыылаах мастарыскыайдар үлэбитин өссө кэҥэтиэхтэрэ, сайдыы суолун арыйыахтара этэ дии саныыбын. Биһиги бэлэм каадырдардаахпыт, үлэ хайдах барыахтааҕын билэбит. Уһук Илин, Арассыыйа таһымыгар тэҥҥэ күрэстэһэр кыахтаахпыт. 

 

Эппиэтинэспит икки бүк үрдээтэ

– Өрөспүүбүлүкэ политехническай хайысхалаах оскуолалара партнерство тэриммиккит. Эһиги сайдар кэскилгитин хайдах көрөҕүн? Сөптөөх өйөбүл баар дуо?

– Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 38 политехническай хайысхалаах оскуола баар. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев уонна Ил Түмэн дьокутааттара өйөөн, “Үөрэхтээһин туһунан” уонна “Бырамыысаланнас туһунан” сокуоннарга политехническай хайысхалаах оскуолалары сайыннарыы туһунан эбии киирдэ. Итинэн эбээһинэспит элбээтэ уонна эппиэтинэспит икки бүк үрдээтэ, туһааннаах көмө баар буолуо диэн эрэлбит улаатта. Биһиги выпускниктарбыт техническэй хайысхалаах үрдүк үөрэх кыһаларыгар, факультеттарга киирэллэригэр, оробуочай идэлэри баһылыылларыгар болҕомто өссө күүһүрүөҕэ диэн санаабыт бөҕөргөөтө.

Регионнар икки ардыларынааҕы айымньылаах педагогтар “Исследователь” уопсастыбаннай хамсааһыммыт норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа таҕыста. Биһиги оскуолабыт Саха сиринээҕи сүрүннүүр киин быһыытынан үлэлиир, иллэрээ сыл “Бастыҥ регионнааҕы киин” аатын ылбыппыт. Конференцияҕа сыл аайы өрөспүүбүлүкэ политехническай хайысхалаах оскуолаларыттан 15-тии оҕону ыытабыт. Онно кытыннахтарына, үөрэххэ туттарсан киирэллэригэр баал эбиллэр. Итини сэргэ, Арассыыйатааҕы “Шаг в будущее” ыччакка уонна үөрэнээччилэргэ аналлаах научнай-социальнай бырагыраама регионнааҕы сүрүннүүр киинин быһыытынан үлэлиибит.

Аныгы үйэҕэ политехническай үөрэхтээһиҥҥэ атын толкуй, ураты көрүү, онно эбии судаарыстыба өттүттэн өйөбүл наада. Оччоҕуна бу хайысха төһө баҕарар сайдар кыахтаах. 

Биллэн турар, агро хайысха – килиэппит, ыччаппытын тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыарыахтаахпыт. Ол эрээри ити да эйгэҕэ техническэй сатабыл хайаан да наада.

 

Сахалыы эйгэлээх оскуола элбээтин

–14-с оскуола урут-уруккуттан сахалыы тыыннааҕынан биллэр. Куорат усулуобуйатыгар ийэ тыл эйгэтин тэрийии туһунан санааҥ.

–  Дьиҥэр, киин куоракка оскуола аайы син биирдии-иккилии саха кылааһа баар. Ол эрээри сахалыы тыыннаах, оннук эйгэлээх оскуола олох аҕыйах: “Айыы Кыһата”, национальнай гимназия, Саха гимназията, СПЛ, 2-с, 12-с №-дээх оскуолалар. Итиннэ куорат кытыы нэһилиэктэрин оскуолалара эбиллэллэр – Хатас, Тулагы.

Сыл ахсын оҕобут ахсаана элбии турар. Холобур, быйыл биһиэхэ маҥнайгы кылааска 120 миэстэҕэ 360 сайабылыанньа киирбитэ. Онон эбии биир кылааһы арыйарга, сорох кылаастарбытын үлүннэрэргэ күһэллибиппит.

Кэнники кэмҥэ төрөппүттэр оҕолорун нууччалыы кылааска биэрэллэрэ элбээн иһэр. Ити уһуйаан үксэ нууччалыы буолан быһыылаах. Ол эрээри куорат оҕотугар сахалыы эйгэ хайаан да баар буолуохтаах. Оччоҕуна эрэ төрөөбүт тылын билэр дьону иитэн таһаарар кыахтаахпыт. Мин санаабар, уокурук аайы саатар биир сахалыы эйгэлээх оскуола баар буолуон наада.   

Ийэ тылынан оҕону иитиигэ, үөрэхтээһиҥҥэ болҕомто хайаан да ууруллуохтаах. Манна Феодосия Васильевна Габышева, Антонина Афанасьевна Григорьева, Павел Валериевич Ксенофонтов курдук норуот инникитин саныыр дьоммут үгүс үлэни ыыталлар. Биһиги оскуолабыт уонна куорат учууталларын кыттыһыннаран, 1-6 кылаастарга математикаҕа сахалыы үөрэх босуобуйаларын оҥорбуппут. Учуонайдарга көрдөрө биэрбиппит, тахса илик. Итинник төрөөбүт тылбытынан, икки тылынан (билингвальнай) босуобуйалар элбии туралларыгар баҕарабыт.

Мин санаабар, оҕолор алын сүһүөххэ аҥаардас сахалыы, онтон 5-7 кылаастарга икки тылынан, 8 кылаастан наука тылынан үөрэниэхтээхтэр. Төрөөбүт тылын билэр оҕо атын култуураны ытыктыыр, харыстыыр буолар.

 

Сквер, ама, кыаллыа суоҕа дуо?

– Киин куоракка сыһыаннаах ыйытыы: быйыл 2024 сылга тупсарыллар уопсастыбаннай туоналары талар Бүтүн Арассыыйатааҕы рейтиннээх куоластааһыҥҥа “Алмаастаах сквери тупсарыы” бырайыаккытынан кытынныгыт. Бу эбийиэги инникитин хайдах көрөҕүн?

Урут норуокка Георгий Яковлев скверинэн биллэрэ. Кэлин Алмаастаах сквер диэн буолла. Бу эбийиэк Саха политехническай лицей аттыгар турар. Урукку бырайыага табыгаһа суох – парковка миэстэтэ суох, оптуобус тохтобула турар сирэ учуоттамматах. Парковкалаах, дьон-сэргэ сынньанарыгар, сылдьарыгар табыгастаах, кыра, дьоҕус сквер оҥоһулуннаҕына, биһиги көрүө-истиэ этибит. Итиннэ, мин санаабар, куорат эрэ буолбакка, алмааска сыһыаннаах тэрилтэлэри кытыннарыахха наада. Киэһээҥҥи өттүгэр уот-күөс холбонорун курдук оҥордоххо, төгүрүччү ыскамыайкалары туруордахха, тула өттүн сибэккинэн сиэдэрэйдик симээтэххэ, олус кэрэ көстүүлээх сквер буолуо этэ. Ама, кыаллыа суоҕа дуо? 

 

Төһө баҕарар сайыннарыахпытын сөп

– Дьиҥэр, хайысхабыт, баҕа санаабыт, былааммыт олус элбэх. Барыта – оҕолор тустарыгар. Биллэн турар, үөрэнээччи уруокка үчүгэйдик үлэлиэхтээх, киэҥ билиини ылыахтаах. Ол эрээри кини куруук дьарыктаах буоларыгар улахан болҕомто ууруллуохтаах. Мин санаабар, оҕо бэйэтигэр сөптөөх суолу булунарыгар, үчүгэй үлэһит, үтүө киһи үүнэн тахсарыгар оскуола төһүү күүс, көмө буолуохтаах.

Оҕо күн аайы туох эрэ үчүгэйтэн соһуйуохтаах, сөҕүөхтээх. Мин үлэлээбитим тухары бу санаанан салайтарабын. Биһиги оҕолорбут наһаа талааннаахтар. Ол иһин араас хайысханы эргитэ сылдьан, кэнчээри ыччаппытын төһө баҕарар сайыннарыахпытын, Арассыыйа, аан дойду таһымыгар таһаарыахпытын сөп дии саныыбын.

– Надежда Константиновна, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабын. Кэнчээри ыччаппыт сайдарын туһугар ыытар үлэҕит кэскилэ кэҥээн истин, толкуйдаабыккыт туоллун, талбыккыт табылыннын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....