Надежда Иванова: «Хорсун санаабынан сыалбын-сорукпун олоххо киллэрэ сатыыр дьүккүөрдээхпин»
Сахабыт сирин кыра нэһилиэгиттэн Москва курдук улахан дьалхааннаах куоракка тиийэн үлэ булан, уһун кэмнээх ипотека хабалатыгар киирбэккэ эрэ дьиэ атыылаһан ис кыахтаах, бэйэтигэр эрэллээх дьон олохсуйар. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт кинилэртэн биирдэстэрэ – Ньурба Маалыкайыттан төрүттээх, Москваҕа «Этажи» дьиэ-уот атыылыыр хампаанньаҕа үлэлии сылдьар Надежда Иванова.
Кини Москва курдук улахан куоракка риэлтор төһө харчыны ыларын, дьиэ сыанатын, 0,1-3 %-наах ипотека усулуобуйатын уонна бэйэтэ ипотеката суох хайдах дьиэ ылбытын туһунан кэпсээтэ.
Сылгы собуотуттан саҕалаабытым
Саас-сааһынан саҕалаатахха, Надежда оскуола кэнниттэн Өлүөхүмэтээҕи колледжка экономист үөрэҕин бүтэрбитэ. Салгыы үрдүк үөрэххэ киирэн, 2002 с. Дьокуускайга ДьТХА экономическай факультетын, онтон 2008 с. СГУ Үп-экономика институтун дипломун ылбыта. Үлэтин төрөөбүт дойдутугар Маалыкайга Степан Васильев аатынан сылгы собуотугар, экономика салаатыгар саҕалаабыта.
«Мин олохпор, ордук үлэбин саҕалыыр кэммэр үтүө санаалаах, мындыр сүбэлээх настаабынньыктар көстөн, үлэҕэ эрэ буолбакка, олоххо эмиэ үөрэппиттэрэ. Ол курдук Вера Григорьевна Соловьева бэйэ үлэтин ытыктыырга үөрэппитэ, билигин үйэ чиэппэрэ ааспытын кэнниттэн ити тыл дириҥ суолтатын өйдүүбүн.
Онтон Ньурбаҕа көспүтүм, уонча сыл тухары «Сахателеком» хампаанньаҕа үлэлээбитим. Салайааччым, тэрилтэ кылаабынай экономиһа, үтүө сүбэһитим Римма Анасовна Ярош эмиэ элбэххэ үөрэппитэ. Кини куруук күлэ-үөрэ киһи санаатын көтөҕөрүн, идэни баһылыырга, үлэҕэ сатабыллаах буоларга үгүс-үтүмэн сүбэтин өйдүү-саныы сылдьабын. Мин сайдыыбар кини сүҥкэн улахан кылааты киллэрбитэ, онон кинини өрүү махтана сылаастык саныыбын. «Сахателеком» Ньурбатааҕы салаатын дириэктэрэ Каролина Семеновна Чистякова улахан кэлэктииби биир иллээх хамаанда курдук тутара, олохпор биир саамай чаҕылхай кэмим онно ааспыта», — диэн кэпсээнин саҕалыыр.
Саҥаттан саҥа саҕахтар
Надежда биир сиргэ олорон хаалбат, өрүү иннин диэки саҥаттан саҥа саҕахтары баһылыыр дьүккүөрдээх. Ол курдук, Дьокуускайга Росреестрга үлэлии сылдьан, дьиэ кэргэнигэр чугаһаан, Нерюнгри куоракка көспүтэ, онно МФЦ-га үлэлээбитэ. Бэйэтэ туспа тэрилтэ арыйан, урбаан эйгэтигэр холонон көрүөн баҕарар ыра санаатын батыһан, эко-тур хайысхатынан үлэлээбитэ. Бизнес-былаан суруйан, бэйэ дьыалатын арыйарга өрөспүүбүлүкэтээҕи грант сүүйбүтэ. Бу эйгэҕэ саҥа хардыы оҥорор дьоҥҥо билигин судаарыстыба өттүттэн араас көмө оҥоһуллар, ону таба тайаныахха эрэ наада диир.
Ити ыра санаатын толорон баран аны саҥа үктэли дабайан, «Газпром» улахан корпорацияҕа үлэҕэ киирбитэ. Туораттан көрдөххө, киһи баҕарбыта барыта баар курдуга: үчүгэй үлэ, улахан хамнас, 3 хостоох киэҥ-куоҥ дьиэ, аттыгар чугас дьоно.
«Ол эрэн син биир туох эрэ тиийбэт курдуга, баҕар, ис кыахпын арыйыахтааҕым эбитэ дуу, уолум Москваҕа үөрэххэ киирбитин кэннэ иккиэн дойду тэбэр сүрэҕэр көһөргө санаммыппыт. Билигин «Этажи» хампаанньаҕа дьиэ-уот ырыынагын исписэлииһинэн үлэлиибин, бу эйгэҕэ араас идэлээх дьон кэлэллэр.
Манна “самозанятай” эбэтэр урбаанньыт быһыытынан үлэлиигин, тэрилтэҕэ наймылаһан үлэ буолбатах, онон социальнай хааччыллыы эмиэ суох, дохуотуҥ хайдах үлэлииргиттэн, тус бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах.
Москваҕа көһүөм иннинэ манна үгүстүк сылдьыбыт буолан, куораты, оройуоннары, метро ситимин үчүгэйдик билэр этим. Аныгы үйэҕэ Яндекс-каарта, 2ГИС туһанан, айаҥҥар төһө бириэмэ барарын эрдэттэн суоттанаҕын, күҥҥүн былаанныыгын.
Биллэн турар, оҕоҕун кытта иккиэйэҕин турдуҥ да, Саха сирэ курдук ыраах сиртэн Москваҕа көһөн кэлэр чэпчэки буолбатах. Ол эрэн мин төһө да кэрэ аҥаар буолбутум иһин, айылҕаттан хорсун санаалаахпын, сыал-сорук туруоруннахпына, ону олоххо киллэрэ сатыыр дьүккүөрдээхпин.
Москваҕа ким баҕалаах үлэ булар
Улахан куоракка үлэ булар уустук буолбатах, дойду киин куоратыгар киһи ааҕан сиппэт араас тэрилтэтэ, үп-харчы эргийэр корпорацията, урбаан кииннэрэ бааллар. Үлэлиэн баҕалаах киһи бэйэтигэр сөп түбэһэр үлэ, ымсыырар хамнаһын булар. Арассыыйа гражданстволаах үлэ көрдүүр дьоҥҥо Москваҕа «Мин карьерам» диэн киэҥ ситимнээх тэрилтэ үлэһиттэрэ көмөлөһөллөр. Ити киин нөҥүө идэҕэр сөп түбэһэр үлэ булуохха сөп.
Ол да буоллар, улахан куоракка көһөн кэлиэн баҕалаах киһи хайаан да саатар сыл аҥаарыгар тиийэр харчы хаһаастаах буолуохтаах. Үлэ көрдүүргэр син биир бириэмэ барар. Ыксаллаах быһыыга-майгыга киирбэт туһугар эрдэттэн уурунан, хайа баҕарар түгэҥҥэ саппаас туттар харчы баара ордук. Оччотугар наһаа ыксаабакка-ыгылыйбакка, төһө хамнаска наадыйар үлэҕин көрдөөн булаҕын.
Москваҕа көһөн кэлиэҥ иннинэ, биллэн турар, дьиэ-уот куортамныырга анаммыт ЦИАН, Авито курдук саайтары, биллэриилэри көрөн төһө сыаналааҕын, оройуонун, дьиэни бас билээччи эбэтэр агентство куортамныырын үөрэтэҕин. Атын региоҥҥа олорон, хаартысканан көрөн куортамнаан, бэлэм дьиэҕэ кэлиэххин сөп. Бу эйгэҕэ наһаа элбэх агентство үлэлиир, кинилэр, хомойуох иһин, үгүстэрэ чиэһинэйэ суохтар, көрдөрбүтүнэн дьону албыннаан харчы оҥостоллор. Кинилэр угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэримиэххэ наада.
Улахан мегаполиска бары өттүнэн сөп түбэһэр, сөбүлүүр дьиэҕин тута булар уустук. Метроттан чугас эрээри, дьиэҕэ киирбитиҥ подьеһа кирдээх, өрөмүөнэ эргэ эбэтэр санааҥ таһынан, балкона суох буолуон сөп. Куортам ырыынагын, оройуону, араас дьиэ ис-тас оҥоһуутун, ыалларыгар тиийэ үчүгэйдик билэр агент көмөтө суох тус ирдэбилгэр эппиэттиир дьиэни булар ыарахан.
300-тэн тахса дьиэ-уот саҥа киинэ тутулла турар
«Этажи” хампаанньа дойду үрдүнэн дьиэ-уот ырыынагар биир саамай улахан тэрилтэ быһыытынан биллэр, Арассыыйа араас куораттарыгар уопсайа 200-кэ офистаах, кини салаата Дьокуускайга кытта баар. Хампаанньа аан бастаан 22 сыл анараа өттүгэр Тюмень куоракка аһыллыбыта, тэрийээччи Ильдар Хусаинов, кини билигин да тэрилтэни салайар. Москваҕа «Этажи” икки салаалаах.
Биллэн турар, дьиэ сыбаайата саҥа түһэн эрэр кэмигэр сыаната быдан чэпчэки, атыы саҕаламмытын кэннэ бастакы түһүмэххэ биир кв.м сыаната 250 000 солк. Ол курдук, Москваҕа 30 кв.м иэннээх 1 хостоох дьиэ 7,5 мөл. солк., регионнарга сыана эмиэ итинник.
Москваҕа дьиэ-уот ырыынага хаһан баҕарар ликвиднай, ол эбэтэр үрдүк сыанаҕа атыыга барар. Онон харчылаах дьон дьиэҕэ-уокка харчыларын уган, кэлин улаатыннаран таһаараллар.
Күн бүгүн Москваҕа уонна Московскай уобаласка 300-тэн тахса дьиэ-уот саҥа киинэ тутулла турар. Хас биирдии киин уратылаах, хатыламмат оҥоһуулаах. Москваҕа 12 административнай уокурук баар, онон сыана оройуонуттан тутулуктаах. Холобур, киин сиргэ дьиэ-уот ордук сыаналаах.
Саҥа тутулла турар сүүһүнэн дьиэ-уот кииннэрин көрөн баран хааһы да саламаат курдук булкуллан хаалыахха сөп. Ол иһин «Этажи» хампаанньа үлэһиттэрэ буор-босхо ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Тэрилтэ тутуу хампаанньаларын кытта быһаччы үлэлиир, агентскай хамыыһыйаны кинилэр төлүүллэр. Атыылаһааччыны илиититтэн сиэтэ сылдьан барытын көрдөрөн, кэпсээн баран тугу сөбүлээбитин талан ыллаҕына, сделка түһэрсэбит.
Саҥа дьиэ сыаната түргэнник үрдүүр
Ону таһынан, хамсаабат баай-дуол кыбартыыра уонна апартамент диэн тус-туһунан статустаах. Кыбартыыраҕа уһун болдьоххо үйэҥ да тухары пропискаланыахха сөп, оттон апартамеҥҥа ити кыаллыбат, быстах кэмҥэ 5 сылга эрэ диэри регистрациялыыллар. Апартамент сыаната арыый удамыр, ол эрэн оҕолоох киһиэхэ барсыбат, чугаһынан социальнай эбийиэктэр, оҕо саада, оскуола, поликлиника суох.
Москва атын куораттартан уратыта диэн кэлин элбэх апартамент тутар буоллулар, ону инвестор атыылаһааччылар хамаҕатык ылаллар, тоҕо диэтэххэ саҥа дьиэ сыаната түргэнник үрдүүр.
Сорох дьон тутуу хампаанньатын кытта быһа сибээстэспэккэ, ол тоҕо «Этажи» нөҥүө эргийэбитий дииллэр. Тутааччы бэйэтин эрэ эбийиэгин атыылыыр интэриэстээх, онтон дьиэ-уот ырыынагын үлэһиттэрэ килийиэҥҥэ атыыга баар дьиэни барытын көрдөрөллөр, туох-баар итэҕэһин-быһаҕаһын кэпсииллэр уонна киниэхэ сөп түбэһэр дьиэни булан биэрэллэр.
0,1 %-наах ипотека
Күн бүгүн Москваҕа дьиэ-уот ырыынагар 0,1 %-наах ипотека баар, ол субсидированнай бырагырааманан үлэлиир, 3% саҕаланар ипотека судаарыстыбаттан өйөбүллээх, онно элбэх оҕолоох ыаллар киирсэллэр, кинилэргэ ВТБ баан чэпчэтиилээх кирэдьиит биэрэр. Ону таһынан, дьиэ кэргэҥҥэ, байыаннайдарга, IT-үлэһиттэргэ чэпчэтиилээх ипотека баар.
0,1 %-наах ипотека тутуу хампаанньатыттан быһаччы субсидияланар, ыйдааҕы төлөбүрэ төһө баҕарар дохуоттаах киһи уйунар курдук 18 000-20 000 солк. Ол эрэн маннык дьиэ сыаната хайаан да 35% диэри эбиллэр, баан дохуот ылбакка эрэ харчытын иэс биэрбэт.
Субсидированнай бырагырааманан сойуомсукка хааччах суох, оттон судаарыстыбаттан өйөбүллээх ипотекаҕа туһунан ирдэбиллээх.
Тус бэйэм ипотеканы баҕа санааны олоххо киллэрэр ньыма курдук көрөбүн, хас биирдии киһи туспа муннуктаах, дьиэлээх-уоттаах буолуон баҕарар уонна тута хас да мөлүйүөнү ууран биэрэр кыаҕа суох түгэнигэр баантан уһун болдьоххо кирэдьиит ылар.
Биллэн турар, 30 сылга диэри хамнаскын ипотекаҕа төлүү олорор кэмҥэр араас барыта буолуон сөп, аны ити болдьоххо дьиэҕин бас билэр кыаҕыҥ суох, баантан быһаччы тутулуктанаҕын. Онон ноутбуктаах олорон аан дойду хайа баҕарар куоратыттан онлайн үлэлиир дьон ипотеканы ылбаттар, көҥүллүк сылдьалларын ордороллор. Кинилэр хайа баҕарар куоракка дьиэни куортамнаан олороллор. Биир куоракка өр хаалар былаана суох эрээри, ипотека ылар сыыһа дии саныыбын.
Дохуот саҥа таһымыгар тахсарга
2021 с. мин Максим Темченко үп-харчы эйгэтигэр дьон өйүн-санаатын уларытар, анал стратегия оҥостон, дохуот саҥа таһымыгар тахсар кууруһугар 3 ый үөрэммитим. Манна үп-харчы өттүгэр саҥа кирбиини дабайыан баҕалаах, мөлүйүөнүнэн дохуот оҥостор ыралаах дьон кэлэллэр. Саамай бастыҥ инвестиция — бэйэҥ сайдыыгар, үөрэххэр диэн сөпкө этэллэр. Үөрэхпит кэмигэр элбэх дьону кытта билсибиппит, хас биирдии киһи олоҕор уустук түгэннэр бааллар, ону чэпчэкитик аһарынарга бу саҥа билсибит дьонум көмөлөспүтэ. Ыарахан кэмҥэр аттыгар өйдүүр-өйүүр дьон баара хаһан баҕарар наадалаах.
Ону таһынан, мин элбэх кууруска сылдьан үөрэнэбин уонна үөрэх харчыта төһө да сыаналааҕын иһин ону аахпаппын. Биэрбит билиилэрэ олоҕуҥ тухары хаалар, ону араас түгэннэргэ туттуохха сөп. Москва наһаа улахан куорат, араас регионнартан тус-туһунан санаалаах дьон кэлэр, кинилэр быыстарыттан бэйэҥ интэриэскэр барсар киһини булан доҕордоһор уустук. Дьон чуолаан маннык куурустарга кэлэн билсэр, кинилэри кытта алтыһан, кэпсэтэн, үпкүн-харчыгын хайдах улаатыннарарга саҥа санаа үөскүүр.
Түөрт дьиэбин ипотеката суох ылбытым
Москваҕа дьиэбин ипотеката суох атыыласпытым, уопсайынан, бу иннинэ үс олоро сылдьыбыт дьиэбин эмиэ ипотеката суох ылбытым. Бастакы дьиэбин дойдубар, Ньурбаҕа атыыласпытым, ол ыра санаабын толороору, «Сахателеком» хампаанньаҕа үлэлии сылдьан харчы мунньуммутум. Потребительскай кирэдьиит ыларбар ол бастакы усунуос буолбута. Дьиэбин киһи кута тохтуур курдук өрөмүөннээбитим уонна куоракка көһөрбөр икки бүк улахан сыанаҕа атыылаабытым. Ол харчыбынан Дьокуускай куорат киин сиригэр 1 хостоох дьиэ ылбытым, аҕыйах сыллаах кирэдьииппин этэҥҥэ төлөөн бүтэрбитим.
Салгыы Дьокуускайтан Нерюнгри куоракка көспүтүм, онно дьиэ-уот сыаната олох чэпчэки этэ, 1 хостоох дьиэбин атыылаан баран анараа киэҥ-куоҥ 3 хостооҕу эмиэ ипотеката суох ылбытым.
Москваҕа көһөн кэлэн баран дьиэ ыларбар дьоллоох түгэн тосхойон, саҥа дьиэни рассрочкаҕа атыылыыр бырагыраама баар этэ. Онон Нерюнгрига баар дьиэбин түргэнник атыылаан баран бастакы усунуос курдук туттубутум, онон ипотека ылбатаҕым.
Олоҕуҥ тухары бааҥҥа иэстээх сылдьыбат туһугар ипотеката суох киһи дьиэлэниэн сөп, ону олоххо киллэрэргэ дьиэ-уот ырыынагар үлэлиир уопуттаах дьону кытта сүбэлэһиэххэ наада.
Саҥа Москва
Москваҕа дьиэ атыылаһар дьон бары тус-туһунан сыаллаахтар, ким эрэ оҕотун үөрэҕин таһыгар дьиэ көрдүүр, атыттар саҥа тутууга харчыларын угаары, 3-4 сылынан ону хас да бүк эбэн атыылаары ылаллар. Дьиэ атыылаһарга биһиги, бастатан туран, килийиэн тугу баҕарарын учуоттуубут.
Сорох тутааччылар ыйыллыбыт болдьоххо дьиэлэрин тутан бүтэримиэхтэрин сөп, онон бу ырыынакка 20-тэн тахса сыл үлэлиир «Этажи» хампаанньа эрэллээх, ол аата бэрэбиэркэни ааспыт тутааччылар дьиэлэрин килийиэҥҥэ көрдөрөр.
Москваҕа кэскиллээх оройуон ахсааныгар арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа уонна соҕуруу тутуллар дьиэлэр, «Роза ветров» киирсэллэр. Атын сиртэн дьиэ атыылаһар дьон Москватааҕы пропискаҕа наадыйаллар, ону Зеленоградскай, Саҥа Москватааҕы уокурук эмиэ оҥороллор.
Соҕуруулуу-арҕаа диэки туһаайан сытар Саҥа Москваны билигин эдэр Москва дииллэр, кини сирэ-уота, бэл, Москваттан өссө улахан. Манна элбэх дьиэ-уот кииннэрэ тутуллаллар, инфраструктурата сайдар. Билигин метро Сокольническай кыһыл салаатыгар 8 саҥа станция тутулунна, онон Саҥа Москва куораты кытта ситимнэннэ. Бу сотору Саҥа Москваҕа метро 7 станцията эбии тутуллуоҕа. 2027 сылга диэри өссө 6 станция аһыллыаҕа.
Москваҕа риэлтор төһөнү ыларый?
Билэр дьонум бары миигиттэн итини ыйыталлар. Москваҕа үлэлиир риэлтор баччаны ылар диэн чуолкай сыыппара суох. «Этажи» хампаанньаҕа агентскай хамыыһыйа кээмэйэ дьиэ сыанатыттан 2,5 %, оттон саҥа дьиэлэргэ тутааччылар 1-5% төлүүллэр. Ортотунан аахтахха, биир сделкаттан саамай намтаабыта 200 000 солк. киирэр, онтон аҥаарын ылаҕын.
Сорох риэлтордар куорат тас өттүгэр дьиэ атыылыыллар, онно хамыыһыйа кээмэйэ эмиэ атын. Коттедж дьиэ сыаната таһыччы үрдүк буолан, риэлтордар ылар харчылара эмиэ улахан. Холобур, орто сыананан 20 мөл. солк. атыылаатаҕына, илиитигэр 300 000 солк. ылар.
Риэлтор идэтигэр төһө харчыны ыларгар хааччах суох, мин билэр дьонум ыйга 500 000-700 000 солк. оҥороллор, бу харчы халлаантан түспэт, сыралаах уонна түбүктээх үлэ түмүгэ.
Оттон тэрилтэҕэ бэлэм акылаакка олорон үлэлээтэххинэ, маннык харчыны оҥорбоккун.
Москва олус улахан куорат буолан, олорор дьиэҥ оройуонугар үлэлиир ордук. Мин дьиэбиттэн чугас Измайлово, Преображенская, Сокольники баар дьиэлэри көрдөрөбүн, онон куорат биир уһугар айаннаан бириэмэбин бараабаппын. Өскөтүн килийиэн дьиэни сөбүлээбэтэҕинэ, чугастааҕы эбийиэктэри көрдөрөҕүн.
100 мөл. солк. тахса сыаналаах дьиэ
Мин атыылыыр дьиэлэрим ахсааннарыгар Котельническай набережнайга 100 мөл. солк. тахса сыаналаах дьиэ баар, ону интэриэһиргиир, ыйыталаһар дьон бааллар, онон сотору атыыга барыа диэн эрэнэбин. Оттон саамай чэпчэки сыанаҕа 1 этээскэ баар 1975 сыллаахха тутуллубут кирпииччэ дьиэни 10 мөл. солк. атыылаабытым. Бастакы этээскэ дьиэни атыылыыр ыарахан дииллэр эрээри, оннук буолбатах, сорох дьон бастакы эрэ этээһи ыйыталлар. Ол доруобуйаларын туругуттан, харчыларыттан тутулуктаах буолуон сөп.
Мин санаабар, ханнык баҕарар дьиэни атыылыахха сөп, ону сатыахха эрэ наада.
Москваҕа мин иккис сылбын олоробун, ол тухары пааркаларын, култуурунай тэрээһиннэрин наһаа астынабын, куораты ис сүрэхпиттэн сөбүлээтим. Кэлиҥҥи кэмҥэ Москва улаханнык сайынна, уларыйда, ордук баһылык Сергей Собянин кэлиэҕиттэн. Мин урут манна үгүстүк сылдьыбыт буоламмын, тэҥнээн көрөбүн.
Бастакынан быһыы ылбытым
Хамсык дьаҥын кэмигэр дьоҥҥо бастакы боруобаҕа быһыы биэрэллэрин саҕана Гамалеи институтугар тиийэн «Спутник-V» ылбытым, ол саҕана маассабайдык биэрэ иликтэр этэ. Онон миигин быраастар хамыыһыйалара кэтээн көрбүтэ, этим-сииним быһыыны үчүгэйдик ылыммыта. Көмүскэллээхпин, онон Covid-19 ыалдьыбаппын диэн бигэ эрэлим куйах курдук дьаҥы киллэрбэтэҕэ. Москва үрдүнэн пандемия кэмигэр элбэх киһи ыалдьыбыта, олохтон да туораабыта. Оттон миэхэ быһыы дурда-хахха буолбута.
«Спутник-V» ылан баран сыл аҥаара ааспытын кэннэ иккистээн быһыы ылбытым уонна метронан сылдьар, элбэх дьону кытта алтыһар эрээри, хамсыкка хаптарбатаҕым. Ону таһынан, волонтер быһыытынан үлэлээн, төлөпүөҥҥэ олорон, дьоҥҥо сүбэ-ама биэрэр этим.
Манна элбэх саха олорор
Мин улахан дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм уонна бииргэ төрөөбүттэрим Москваҕа хайаан да тохтоон ааһаллар, командировкаҕа, уоппускаларыгар кэлэллэр. Куруук көрсөр буолан, тэйиччи сылдьарбын билбэппин даҕаны. Уолбун кытта бырааһынньыктарга саҥаттан саҥа сиргэ сылдьабыт, Москваҕа олорон киһи чуҥкуйбат.
Манна элбэх саха олорор, интэриэскиттэн көрөн кинилэри кытта социальнай ситимнэринэн, мессенджер нөҥүө кэпсэтиэххэ сөп. Мин бачата хайысхатынан кэрэ аҥаардарга үҥкүү бөлөҕүн тэрийбит Юлия Кузнецованы кытта билсибитим, биһиги өрөбүл аайы мустан, төрөөбүт тылбытынан кэпсэтэбит, үҥкүүлүүбүт, кафеҕа сылдьабыт.
Күннээҕи олоххо сөбүлүүр дьарыктаах, дьоҥҥо туһалааҕы тэрийэр дьону олус ытыктыыбын.
Сайын Коломенскай пааркаҕа Үрүҥ Тунах ыһыахха элбэх саха мустубутун көрөн соһуйбутум. Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ тиһигин быспакка саха киинэтин көрдөрөр, ырыаһыттарын кэнсиэрин тэрийэн ыытар. Онон тэрийээччилэргэ махталбыт улахан», — диэн Надежда ис сүрэхтэн истиҥник аһыллан туран сэһэргээбит кэпсээнин түмүктүүр.
Туохтан да толлумаҥ
Үгүс дьон социальнай ситимнэринэн улахан куоракка, сылаас муора кытылыгар олорор сахалары көрөн ымсыырар эрээри, үөрэммит сылаас эйгэтиттэн тахсыан толло саныыр. Кинилэргэ анаан Надежда саҥа олоххо, саҥа куоракка, саҥа үлэҕэ иннигит хоту хардыылаан, дохуот саҥа таһымыгар тахсартан куттанымаҥ, оччоҕуна күннээҕи олоххут уларыйан, чаҕылхай дьүһүнүнэн дьиримнии оонньуо, олох кэрэтэ аһыллыа диэн бэлиэтиир.