15.01.2021 | 07:34

Надежда Егорова-Намылы: «Санаабар, суруйартан атыны сатыа суохпун...»

Надежда Егорова-Намылы: «Санаабар, суруйартан атыны сатыа суохпун...»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэчээт күнүгэр бүгүҥҥү ыалдьыппытыгар “Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх суруналыыһа” үрдүк ааты туттардылар. Өр сыллаах айар үлэтин үтүө түмүгэ сыаналаммытынан биир идэлээхтэрэ итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Бүгүн кинини сытыы бөрүөлээх суруналыыс быһыытынан эрэ буолбакка, суруйааччы, личность быһыытынан арыйарга дьулустубут.

Надежда Егорова-Намылы – СӨ култууратын, СӨ бэчээтин туйгуна, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, "Көдьүүстээх суруйуу иһин" Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун бириэмийэтин хаһаайката, Арассыыйа Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ.

Кинигэни, хаһыаты, үлэни өрө тутан

– Надежда Парфеньевна, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. “Оҕо олоҕун оонньуур” диэн этии баар. Эн тугу сэргиир оҕо этигиний? Суруйар дьоҕуруҥ хаһааҥҥыттан биллибитэй? Баҕар, учуутал сабыдыала баара буолуо?

Мин тоҕус оҕолоох Марфа Ивановна уонна Парфений Данилович Николаевтар дьиэ кэргэннэригэр сэттис оҕонон төрөөбүтүм.

Төрөппүттэрим үлэлэригэр бардахтарына, балтым Раялыын учуутал уонна үөрэнээччи буолан оонньуур этибит. Остуол  таһыгар аҕабыт оҥортообут кыра олоппосторун уурталаан баран, “оҕолорбутун үөрэтэрбит”. Хайабыт эрэ үтүө санаалаах, хайабыт эрэ кыыһырымтаҕай учуутал буоларбыт.  Күндэ аатынан Кутана орто оскуолатыгар нуучча уонна саха тылларын куруһуоктарыгар дьарыктаммытым. Саха тылын учуутала Дора Николаевна Потапованы уонна соҕурууттан кэлэн үлэлии сылдьар нуучча тылын  учуутала Фаина Владимировна Панфилованы кумир оҥостон,  гуманитарнай өттүнэн барбыппын дии саныыбын. Ону сэргэ, бу эйгэни таларбар, биллэн турар, төрөппүттэрим сабыдыаллара улахан. Элбэх кинигэ ортотугар улааппыппыт. Аҕабыт Парфений Данилович  улуус киинигэр Сунтаарга киирдэҕинэ, кэмпиэт оннугар сиэккэ муҥунан кинигэ кэһиилээх кэлэрэ. Дьоммут “Бэлэм буол” хаһыаты, “Мурзилка” сурунаалы суруйтаран, ааҕыы эйгэтигэр интэриэһи оҕо эрдэхпититтэн тардыбыттар эбит. Ол эрээри, кэлин суруналыыс буолбут атын оҕолор курдук, тоҕо эрэ хаһыакка биир да матырыйаалы суруйан ыыппатаҕым. Хата, кылааспыт уолаттара Владик Попов, Андрей Тимофеев, Саша Александров эдкордуур быһыылаахтара.  Оччолорго суруналыыс идэтэ баарын туһунан улаханнык билбэт да этибит. Онон  ким да суруналыыс буоларга уһуйбатаҕын да иһин, учуутал, айар үлэһит эйгэлэригэр чугас сылдьыбыт эбиппин.

- Оҕо сааһыҥ биир саамай күлүм түгэнин ахтан ааһыаҥ дуо?

Тыа сиригэр төрөөбүт, улааппыт буоламмын, оҕо саас дьоллоох, умнуллубат түгэнэ элбэх. Билигин санаатахха, аҥаардас тыаҕа үөскээбиппит, үлэни-хамнаһы  билэ улааппыппыт бэйэтэ туһунан дьол эбит! Оттон билигин ахтаары олорор түгэним күлүм түгэн дэнэрэ дуу? Төрөппүттэрим “Элгээйи” сопхуос Угут Күөлгэ ыытар ыһыаҕар  хас да сыл хорчуоппалаабыттара. Ыһыахтыыр сир айылҕата  олус да кэрэ этэ.  Атын оҕолор курдук ол күөх дуолга мэниктии сүүрбэккэ, ыһыах умнуллубат түгэннэрин көрбөккө, дьоммор көмөлөһөн иһит сууйа турарбыттан наһаа  хомойор уонна кыбыстар да быһыылааҕым. Ол гынан баран, төрөппүт тыла сокуон буоллаҕа. Хорчуоппа кэнниттэн төрөппүттэрим миэхэ олус кыраһыабай, мэктиэтигэр күҥҥэ күлүмүрдүү оонньуур таастаах хары чаһытын ылан биэрбиттэрин олус күндүтүк саныыбын. “Ким үлэлиир – ол аһыыр” дииллэринии, ийэлээх аҕам ас-таҥас халлаантан түспэтин өйдүү үөрэппиттэригэр муҥура суох махтанабын. Бастакы улахан бэлэхпин хаһан да умнубаппын, олус күндүтүк саныыбын.

– Кыра эрдэххиттэн тутан улааппыт үөрүйэхтээххин, дьикти дьарыктааххын дуо?

– Биһиги саҕана үөрэхтэн  атыҥҥа улаханнык аралдьыйбат этибит. Арай, уруһуйдуур кыргыттар, маһынан уһанар уолаттар кыралаан бааллара. Иккис убайым Валериан Николаев кэргэнэ Мария Протопопова, талыы-талба Тааттаттан кийииттии кэлэ сылдьан,  миигин аан бастаан испииссэнэн баайарга үөрэппитигэр олус махтанабын. Онон кыралаан баайар буолбутум. Ийэбэр анаан баайбыт таҥаспын наар кэтэ сылдьарын көрдөхпүнэ, олус астынарым. Кэлин солом да суоҕунан ити сөбүлүүр дьарыкпынан үлүһүйбэтэҕим. Инникибэр хаһаанабын быһыылаах.

Аҕам хаһыакка интэриэһиргээн аахпыт матырыйаалларын кырыйан мунньарын көрө улаатан эбитэ дуу, эмиэ оннук дьарыктаахпын. Интэриэһинэй суруйуулары быраҕан кэбиһиэхпин илиим барбат, анал файлларга мунньабын. Арыый иллэҥсийдэхпинэ, картотека курдук оҥостуохпун баҕарабын.

– Аҕаҕыт ааҕыы алыптаах дойдутугар сирдээбит эбит дии? Оскуолаҕа сылдьан сөбүлээн, умсугуйан аахпыт айымньыҥ? 

Оннук. Аҕам ааҕыы алыптаах дойдутугар сирдээбитин  билинэртэн хаһан да сылайбатым буолуо. Сопхуос  ыарахан үлэтиттэн быыс булан, кинигэ, хаһыат ааҕа сытара харахпыттан хаһан да сүппэт. Бэйэтин кэмигэр үөрэммитэ буоллар, арааһа, дьикти өйдөөх-санаалаах киһи тахсыахтааҕа. Дойдум дьоно аҕабыттан истибит, билбит, сурунан ылан кинигэҕэ киллэрэн үйэтиппит түгэннэрэ элбэҕинэн киэн тутта саныыбын. Сир түннүгэ киһи этэ. Оскуолаҕа сылдьан аан бастаан сөбүлээн аахпыт улахан кинигэбинэн Софрон Данилов “Киһи биирдэ олорор” арамаана этэ. Онтон Николай Якутскай “Төлкөтө”, С.Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары” уо.д.а. Оҕо сүрэхпинэн “таптаан” кэбиспит Алааһаппын Саха театрын артыыһа, киһи кэрэтэ, артыыс алыптааҕа Николай Попов оонньуурун көрбүт дьоллоохпун.

–“Киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор” диэн этиигэ сөбүлэһэҕин дуо? Эбэтэр Дьылҕа Хаан ыйааҕа диэн баар дии саныыгын дуу?

– Бастакы этиигэ сөбүлэһэбин. Киһи орто дойдуга ананан кэлэн, туох эрэ сыал-сорук туруорунан олох олорор, үлэлээн үлүмнэһэр, дьиэ-уот тэринэр, оҕо-уруу тэнитэр. Онтон да атын сыала-соруга, баҕа санаата элбэх, олоҕун бэйэтэ оҥосторго дьулуһар. Оттон Дьылҕа Хаан ыйааҕа баарын олох барахсан эмиэ көрдөрөр, итэҕэтэр. Бэйэҥ оҥосторгуттан ураты кини дьаһайара диэн эмиэ баар...

Айар суолга үктэнии

- Суруналыыстыкаҕа хайдах кэлбиккиний? Машинистка үлэтиттэн саҕалаабыккын сэргии истибитим. 

- Оҕолорбун көрөн үлэлээбэккэ олорор кэммэр ДОСААФ-ка машинисткалары үөрэтэр куурус аһылларын  истэн, онно  барбытым.  Арабелла Николаевна Богомолова диэн преподаватель биэс тарбаҕынан барытынан бэчээттииргэ үөрэппитигэр күн бүгүҥҥэ диэри махтанабын. Ол иннинэ хас биирдии буукуба атын-атын тарбаҕынан баттаныллыахтааҕын билбэт этим. Онон быраабыла быһыытынан үөрэнэн, биэс тарбахпынан баттыыр, кумааҕыбын (билигин экраммын) көрбөккө эрэ “аптамааттыыр” машинистка идэтин баһылаабытым.

- Суруналыыстыка эйгэтигэр сиэтэн киллэрбит, үөрэппит-такайбыт дьонум диэн кими ааттыыгыный? 

- Бииргэ төрөөбүт эдьиийим, суруналыыс, суруйааччы Галина Васильевна Нельбисова. Киниэхэ чугас, кини идэтигэр «ымсыыра» да диэххэ сөп, сырыттаҕым дии. Оттон аан бастаан  үлэҕэ аҕалбыт киһибинэн суруналыыс Афанасий Григорьевы-Чойу ааттыыбын. Афанасий Саха информационнай агентствотыгар (СИА-ҕа) машинистка үлэтэ баар диэн кылаабынай эрэдээктэри солбуйааччы Дмитрий Ильич Пуховка сиэтэн киллэрбитэ. Онтон ыла Дмитрий Ильич, баҕар, бэйэтэ да билбэтинэн, миигин үөрэппит-такайбыт эбит.

- Хаһыакка бастакы матырыйаалгын өйдүүгүн?

- Билигин күлүөм уонна сонньуйуом иһин, Саха театрын туруоруутун кириитикэлээһин этэ. Биир испэктээги көрөн баран, «Биһиги тапталлаах театрбытыгар кэрэҕэ-үтүөҕэ уһуйулла, төрөөбүт тылбыт сүмэтин эппитигэр-хааммытыгар иҥэринээри кэлэбит. Оччоҕо тоҕо күн аайы уулуссаҕа көрөр итирикситтэрбит быдьар тылларын театр сыанатыгар истиэхтээхпитий?...» диэн суруйан турардаахпын.

Айан барыта умнуллубат

- Суруналыыс үгүстүк кэлэр-барар, айанныыр. Үлэҕинэн элбэх сири кэрийдэҕиҥ. Биир эмит умнуллубат сырыыҥ туһунан ахтан ыларыҥ буоллар.

- “Суруналыыһы атаҕа аһатар” дииллэр. Билигин суруналыыс кэлэр-барар үлэтин суохтуох курдукпун. Онлайн үлэ диэн  атах тэпсэн олорон аһаҕастык, киэҥник-куоҥнук  кэпсэтэргэ тэҥнэһиэ дуо? Саха киһитэ тутан-хабан, бигээн көрдөҕүнэ астынарыныы, кэпсэтэр киһигин кытары сүрэххинэн, дууһаҕынан эмиэ чугасыһыаххын, өйдөһүөххүн наада эбээт. Айан, сырыы барыта  умнуллубат түгэнинэн өйгөр-санааҕар хаалар, онон суруналыыс идэтин талбыппар дьылҕабар олус махтанабын. Санаабар, суруйартан ураты тугу да атыны сатыа суох курдукпун.

- Ааҕааччыларбытыгар ууга-уокка түспүт, ыксаллаах быһыыга-майгыга түбэспит көрдөөх түгэҥҥин кэпсээ. 

- Арай биирдэ Бырабыыталыстыба отчуотугар Кэбээйи улууһугар бардыбыт. Дойдубар Сунтаарга көтүүгэ регистрация куруук хойутууругар эбэтэр тардылларыгар үөрэнэн хаалан дуу, тоҕо эрэ, таксибын хойут сакаастаан, аэропорка хойутаан тиийдим. Ол саҕана суотабай сибээс суох. Арай, регистрацияҕа чугаһаабыппар, уун-утары таайым Михаил Иванович Егоров сүүрэн иһэр (Бырабыыталыстыба үлэһитэ буолан, отчуокка барар-кэлэр дэлэгээссийэлэри  дьаһайара). Биллэн турар, мөҕүлүннүм. Кырдьык, сөмөлүөт дьоно миигин эрэ күүтэн турбуттар эбит этэ. Онно барар сирим баҕана үүтэ, кэлэр сирим кэлии үүтэ буола кыбыһынным. Хата,  таайым кэлэн сүүспүттэн сыллаан алы гыммыта. Онтон дьэ Кэбээйигэ тиийбиппит кэннэ, аэропорка көрүстүлэр. Нэһилиэк баһылыга кэлэн улахан суумкабын тутта, бэйэбитин хас да массыынаҕа олортулар. Итиэннэ суумкабын харахтаан көрбөтөҕүм. Атын нэһилиэккэ барар массыынаҕа угуллан хаалбыт этэ. Бүттэхпит ол. Ити командировкам тухары мала-сала суох сылдьан эрэйдиммитим курдук суоҕа... Ол иһин умнуллубат түгэн. Биллэн турар, кэлин ити барыта күлүүгэ, көргө-нарга кубулуйбута.

Киһи – кинигэ, таайыллыбат таабырын

- Эн биир интервьюгар дьону личность быһыытынан сырдатарга дьулуһабын диэбиккин сэргии истибитим. Сорох дьоруой кинигэ курдук интэриэһинэй буолар, бэйэтэ аһыллар. Ким эрэ таайыллыбат таабырын кэриэтэ хаалар. Эбэтэр тимир аан курдук бүтэй. Оттон эн дьоруойдаргын туохха холуоҥ этэй? 

- Биир идэлээҕим, олус сөпкө бэлиэтээтиҥ. Мин дьоруойдарбын эмиэ  ааҕылла илик кинигэҕэ тэҥниибин. Суруйуохтаах дьоруойум кыратык эбэтэр чугастык билэр киһим да буоллаҕына, ситэри ааҕылла илик эбэтэр иккистээн эргиллэн атын харахпынан көрүөхтээх кинигэбэр холуубун. Ол курдук, киһи эмиэ   олоҕун тухары уларыйар, онон таабырына хара баһаам буолар. 

–Хаһыакка, сурунаалга суруйбут дьоруойдаргын кытта кэлин билсэҕин дуо? Баҕар, дьүөгэ, доҕор оҥостубут дьоннооҕуҥ буолаарай?

- Кырдьык, элбэх дьоруойдарбын кытары билсэбин. Сорохторун кытары дьүөгэлии буолан хааларбыт эбэтэр истиҥник санаһан, салгыы атын бырайыактарга үлэлиирбит эмиэ баар буолааччы. Кими эрэ ааттаабакка, хомоппокко эттэххэ, холобур, Саха театрын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа Маргарита Борисованы кытары хаһыакка суруйууларбыттан чугастык билсэн, «Ыра санаа ыллыгынан» диэн кинигэни ааҕааччыларга бэлэхтээбиппитин ахтыахпын сөп.

Суруналыыс үтүөтэ, ытык иэһэ

 - Цифровизация кумааҕы бэчээти улам үтүрүйэр. Хаһыат дьылҕатын хайдах көрөҕүн?

- Олус хараастабын, хомойобун. Ол эрэн, истэ-көрө сылдьарбыт курдук, олох туруорар ирдэбилэ буолан иһэр. Дьиҥэр, төһөнөн элбэх сахалыы хаһыат, сурунаал, кинигэ баар даҕаны, саха ааҕааччыта оччонон сүүйүүлээх тахсар. Кини таларыгар кыах бэриллэр.

- Суруналыыстыкаҕа үлэлээбитиҥ ырааттаҕа. Бу эйгэ төһө уларыйда дии саныыгын?

- Эйгэни сэргэ, суруналыыс таһыма, идэ аптарытыата эмиэ уларыйда курдук. «Кэм-кэрдии көрдөрөн иһиэҕэ» диэн  этэн кэбиһиэххэ эмиэ сөп эрээри, суруналыыс идэтэ ситэ сыаналамматыттан биир идэлээхтэрим тустарыгар «ыалдьабын». Суруналыыс төһөлөөх киһи кыһалҕатын суруйарый, дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатарый, кинилэргэ тустаах дьон көмөтүн ситиһэрий? Суруналыыс ону үтүөнү оҥорбутунан да аахпат, ытык иэһин, эбээһинэһин курдук ылынар.  Оттон бэйэтэ социальнай өттүнэн төһө көмүскэллээҕий?! Ону талан ылбыт идэтигэр бэриниилээх киһи бэйэтэ эрэ билэр...   

- Идэҥ үтүө уонна мөкү өрүттэрэ?

– Үтүө өрүттэрэ – мэлдьи дьон ортотугар, олох үөһүгэр сылдьыы, олох уларыйыыларыгар туох эрэ суолу хаалларыы. Оттон мөкүтэ – дьиэ кэргэҥҥэр, оҕолоргор болҕомтоҥ, бириэмэҥ тиийбэтэ.

Уус-уран литератураҕа күлүүс

–Айар аартыгыҥ хаһан арыллыбытай, туохтан саҕаламмытай

– Хаһыатым үлэтиттэн диэхпин сөп. «Саха сирэ» хаһыакка олохтоохтук кэлиэхпэр диэри өрөспүүбүлүкэ атын да хаһыаттарыгар бэчээттэнэрим.  Суруйар киһи илиитигэр уруучуканы ылбатаҕына, санаатын сайа эппэтэҕинэ тыына-быара хаайтарар. Уус-уран үлэҕэ ылсарбар “Саха сирэ” хаһыат “Саха ыала” сыһыарыытыгар  үлэлээбитим көмөлөспүтэ. Холобур, политика дуу, спорт дуу, экономика дуу отделыгар түбэспитим буоллар, нууччалыы эттэххэ, лиирикэлиир, уус-уран суруйууларга тардыһар кыах бэриллиэ суох этэ. Онон, хаһыаппыт редактора Наталья Ивановна Харлампьева суруналыыстарга айар дьоҕуру  хааччахтаабатаҕар, бэйэ күлүүһүн буларга кыах биэрбитигэр махтанабын.

Намылы диэн ааты хаһан, хайдах ылыммыккыный?

- Бастакы кинигэм бэчээттэнэн тахсар буолбутугар «Бичик» редакцията псевдоним аат булунарбар эппитэ. Дьүөгэлэрбин, биир идэлээхтэрбин кытары сүбэлэһэн баран, ити ааты ылыммытым. Саарбахтыы санааммын, Багдарыын Сүлбэҕэ эрийэн ыйыппыппар бэйэҕэр сөптөөх аат диэн алҕаабыта. Билигин ардыгар кыргыттарым: «Намылы диэн ааты ылаҥҥын, наһаа бытаарбыккын, налыйбыккын», – диэн күлэллэр. Ардыгар чахчы оннук буолан, бэйэбин да  бэркиһэтэн ылар ээ. Кэлэктииппэр  убаастыыр биир идэлээҕим, бу бэҕэһээ эрэ “Сыл медиа-персоната”  үрдүк ааты ылбыт Иван Иванович Ксенофонтов: “Ханна намылыйан иһэҕин?” – диэн күлүү-оонньуу курдук этэрэ истиҥ бэйэлээхтик иһиллэр...

Биир сиргэ тэпсэҥнээбэт, дьоҥҥо чугас

Сюжеты, айар уобарастаргын хантан булаҕыный? Эмискэ көтөн түһэр, үүйэ-хаайа тутан сордуур дуо?

- Үгүс ааҕааччым бэлиэтиирин курдук, бастакы кэпсээннэрим сорохторо автобиографичнай соҕус буолуохтарын сөп. Тоҕо диэтэххэ, бэйэҥ эт хаанынан билбитиҥ, сүрэххинэн аһарбытыҥ ордук чугастык уонна ылыннарыылаахтык суруллар айылгылаах. Уопсайынан ыллахха, сюжеттар олохтон-дьаһахтан, көрбүккүттэн-истибиккиттэн тахсан кэлэллэр. Биллэн турар, ону сайыннараҕын, сороҕун бэйэҥ айаҕын. Айар киһи биир сиргэ тэпсэҥниэ суохтаах, кэбиниэт үлэһитэ буолбакка,  сири-дойдуну кэрийиэхтээх, элбэҕи билиэхтээх-көрүөхтээх, дьоҥҥо чугас буолуохтаах дии саныыбын. Суруналыыс идэҥ көмөлөһөр дуу, мэһэйдиир дуу?

- Толкуйдаан көрбөтөх  уонна судургута суох ыйытыы эбит ээ. –Уопсайа хас кинигэлэнниҥ?

- Тус санаабын эрэ быктардахха, суруйар киһи хас кинигэлээҕэ буолбакка, кинигэ ис хоһоонуттан ураты уус-уран таһыма, ааҕааччыга тириэрдэр, эттээн-хааннаан көрдөрөр дьоҕура, үтүө дьайыыта бастакы миэстэҕэ туруохтаах дии саныыбын.  Суруйар киһи бэйэтин кинигэтинэн ааҕааччы ааҕар таһымыгар, төрөөбүт тылбыт симэлийбэтигэр  улахан  оруолу оонньуурун хаһан да умнуо суохтаах. Атын үлэлэспит уонна бэлэмнээн оҥорбут кинигэлэрбин аахпакка,  3 уус-уран кинигэлээхпин.

- Сахалыы суруйар (уопсайынан, национальнай тылынан) ааптардар Арассыыйаҕа, аан дойду ааҕааччытыгар биллэллэрэ уустук. Айар куонкурустарга кыттар кыахтара суох. Бэчээт өҥөтө ыарахан, ааптар эрэ барыта уйуммат. Тылбаас туһа туспа. Аны сахалыы ааҕар киһи ахсаана аҕыйаан иһэр. Өрөспүүбүлүкэ кытыы улуустарыгар кинигэ атыыга тиийэрэ да уустук. Бу туһунан санааҥ.

- Айыына, хомойуох иһин, барыта баары таба эттиҥ. Арассыыйаҕа тахсарга, сэбиэскэй кэмнээҕи курдук, тылбаас күүскэ сайдыахтааҕа буолуо. 15 өрөспүүбүлүкэ баар эрдэҕинэ, тылбаас көмөтүнэн норуоттар доҕордоһууларын (ол иһигэр, литератураҕа) умнубат көлүөнэ билигин да баар. Аны айар киһи айымньытын тылбаастатар үбүн уйунара эмиэ ыарахан. Сахалыы кинигэни күүтэр уонна ааҕар  дьиҥнээх саха ааҕааччыта тыа сиригэр олорор. Оттон билиҥҥи сайдыылаах диир олохпутугар бэчээттэнэр кинигэ ыраах сытар улуустарга тиийэрин, бу дойду киһитин ааҕар остуолугар сытарын ситиспэппит соччо кыайан өйдөммөт. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр ыытыллар  куонкурустар тустарынан эттэххэ, биир улууска литературнай куонкурустарга наар биир дьон, ааҕааччыга биллибит суруйааччылар бастыылларын иһин: “Эдэрдэргэ суолу биэриэххитин...”, – диэбиппин сөбүлээбэтэхтэрэ ээ.  

 - Билиҥҥи кэм ааҕааччыта тугу ордук сэргиирий? 

- Айар-тутар дьон «Билиҥҥи ааҕааччы аахпат буолла, бэйэ-бэйэбитигэр эрэ суруйан эрэйдэнэбит быһыылаах” диэн хомойо-хоргута этэллэрин истэбин. Түргэн-тарҕан тэтимнээх үйэҕэ олорорбутунан дуу, билиҥҥи ааҕааччы судургу, чэпчэки, киһини улаханнык толкуйдата сатаабат, бүлүүдэҕэ ууран бэриллибит түмүктээҕи сөбүлүүр буолбутун көрө-истэ сылдьабыт. Хомойуох иһин, ити көстүү суруналыыстыканы эмиэ тумнубата.   Лев Аннинскай "Норуот бэйэтэ улахан айымньылары ылынарга төһө бэлэмий?" диэн этиитин санаан кэллим.

Кинигэттэн – киинэҕэ

- “Тайҕа таайыллыбатах таптала” айымньыгытынан киинэ уһула сылдьаллар диэн истибитим.  Бу туһунан кэпсии түһүөҥ дуо? Хайдах эбитий?

– Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үлэлээх-хамнастаах Хатастааҕы “Тускул” Култуура киинин үлэһиттэрэ Иннокентий Попов-Оҕуруоттаахтыын суруйбут кинигэбитинэн киинэ устуохтарын баҕаралларын туһунан эппиттэригэр бастаан олус соһуйбутум. Быйыл  айылҕаҕа тахсан кинигэбит күһүҥҥү көстүүлээх сюжеттарын устууну саҕалаабыппыт.  Ол эрээри, хамсык  хааччаҕар хаайтаран, айылҕа сорох сюжеттара ситэри уһуллубатахтара. Онон аны күһүн салгыы уһуллуоҕар эрэнэбит. Кинигэттэн сиэттэрэн, эмиэ ураты көрүүлээх, интэриэһинэй эйгэҕэ киирэн тахсыбыппыттан олус үөрэбин. Киһи олоҕун тухары үөрэнэр диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

- Айар үлэҕэр суруналыыһыҥ баһыйар дуу, суруйааччыҥ дуу?

- Билиҥҥитэ суруналыыһым да буолуон сөп. Суруйааччыта баһыйарыгар үүнүөххэ-сайдыахха наада. Нуучча суруйааччыта Сергей Довлатов  “Миигин үчүгэмсийэр дии санаамаҥ. Ол гынан баран,  суруйааччыбын диэн ааҕынарбар эрэлим суох. Мин бэйэбин кэпсээнньитинэн ааҕыныахпын баҕарабын. Бу –  биир буолбатах. Суруйааччы  улахан кыһалҕаларынан дьарыктанар – кини дьон туох туһугар олорорун суруйар. Оттон кэпсээнньит дьон-сэргэ хайдах олорорун суруйар. Мин санаабар, Чехов үйэтин тухарыкэпсээнньиппин дуу, суруйааччыбын дуу диэн кыһалҕалаах этэ. Чехов кэмин саҕана ити быыс кыһалҕа өссө да баара”, – диэбитин сөбүлүү аахпыттаахпын.

Дьиэ кэргэн, иллэҥ кэм, пандемия

- Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ. Чугас дьонуҥ төһө өйүүллэрий?

- Бииргэ төрөөбүт  убайдарым  Валериан, Борис Николаевтар уонна кыра эдьиийим Галина Нельбисова суруналыыс, суруйааччы үрдүк аатын сүгэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Атын эйгэҕэ олохторун анаабыт бииргэ төрөөбүттэрим Валерий, Степан, Фатина, Раиса – эмиэ сүрүн өйөбүл буола сылдьар саамай чугас уонна итэҕэйэр дьонум. Бэйэм дьиэ кэргэним туһунан эттэххэ, икки уол оҕолоохпун, икки сиэннээхпин.  

 - Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын? 

- Куорат театрдарыгар, литературнай көрсүһүүлэргэ сылдьан сынньанабын. Айылҕалыын алтыһарбын олус сөбүлүүбүн. Айылҕаҕа сырыттахпына,  айыах-тутуох баҕам күүһүрэр, санааҥ ырааһырар, саҥа санаалар үөскүүллэр. Бурятияҕа, Алтайга массыынанан айаннаабыт курдук сырыыларбыт өссө да элбии туруохтарын баҕарабын.

- Дьокуускайга олохсуйбутуҥ төһө ыраатта? Киин куоракка сөбүлээн сылдьар сириҥ?

- 1985 сылтан олоробун. Киин куоракка саамай сөбүлээн сылдьар сирим – Кырдьаҕас куорат.

- Пандемияҕа төһө хаайтардыҥ? 

– Этэргэ дылы, чуҥкуйар соло суоҕун кэриэтэ. Төһө да барыы-кэлии хааччахтаннар, бииртэн биир үлэ күөрэйэ турар. Дьиэҕэ да олордоххо бириэмэ тиийбэт буолар эбит. Манна эбэн эттэххэ, дьоҥҥун-сэргэҕин, чугас дьоҥҥун, доҕотторгун кытары үөрэ-көтө көрсүһүү, ис сүрэхтэн истиҥник кэпсэтии суоҕа киһини олус баттыыр.

Намылы тылдьыта

Киһи – олоҕу салҕааччы.

Санаа – тыыннаах буолуу туоһута.

Олох – саамай күндү бэлэх. 

Таптал – умсугутар күүс.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...